Кэпсээ
Войти
Регистрация
САХАЛЫЫ ЫАЛДЬЫБЫТ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ САХАЛЫЫ ЫАЛДЬЫБЫТ
K
edersaas.ru
Категорията суох
01.12.2017 18:26
Дьабыыл нэһилиэгин «Сайдыы» холкуоһа сэриигэ ыҥырылла илик кыайыгас эр дьону, ньирэй оҕото суох эдэр дьахталлары, саҥа сүһүөхтэригэр турбут туҥуй кыргыттары, барыта мунньан-тараан сүүрбэччэ киһини Кэбээйигэ оттото ыытар буолбута. Өйүөҕүт диэн ааттаан уонча ыанар ынаҕы үүрдэрэн ыыппыта. Ынахтарын ыан суораттаан, арыылаан аһыахтаахтара. Хааһылаан сииллэригэр аҕыйах куул бурдугу биэрбиттэрэ. Итини таһынан отчуттар бэйэлэрэ туу өрүнэн, туһахтаан эбии ас булунуохтаахтара. Холкуостара итинтэн ураты тугу да эбии биэрэр кыаҕа суоҕа. Сорудахтара аҥаардас оттооһун эрэ буолбатах этэ. Оттообут отторугар сөп буолар ахсааннаах сүөһү кыстыырыгар хотоннору, сүөһү көрөөччүлэр олорор балаҕаннарын тутуохтаахтара. Онон үксүлэрэ эһиил эрэ дойдуларыгар эргийэн кэлэрдии барбыттара. Биир охсор массыыналаах, биир мунньардаах, икки-үс таһаҕастарын тиэйиммит тэлиэгэлэрдээх, ыан иһэр сүөһүлэрин үүрэн, суол суох сиринэн суол солонон сордонон, бэрт өр айаннаан оттуур сирдэригэр улахан эрэйинэн тиийбиттэрэ. Тиийээт, массыынанан оҕустарааччылар, илиинэн охсооччулар, мунньааччылар тус-туспа арахсан үлэлээн барбыттара. Массыынанан оҕустарааччылар үһүө эрэ этилэр. Сирин кырса сымнаҕас уонна сэтиэнэҕэ бэрт буолан, аттар наһаа илистэллэрэ. Ол иһин күн аҥаара буолаат, аттарын солбуйан иһэллэрэ. Оттуур сирдэригэр тиийээт, найылаһыы тахсан, күҥҥэ-дьылга тардылык тахсыбатын диэн, отууларын үлэлэрин анал-анал түҥэтэн кэбиспиттэрэ. Холобур, сарсыарда аттары сылгылаан аҕалыы тыла суох Өндүрэй Романовка тиксибитэ. Оттон иккилэрэ уу баһаллара, мас мастыыллара, массыыналарын хотуурун чочуга оҕустаран сытыылыыллара. Массыыналарыгар солбуйса олороллоро. Өндүрэй аттарын көрдүү сылдьан туһахтаан көрөрө да, хам-түм биир эмэ куобаҕы аҕалара. Хата, кус элбэх буолан абыраабыта. Биирдии ытыынан хастыы да куһу биирдэ тэптэрэн ылан мииннэнэн абыраммыттара. Хаа-дьаа дьонноро суорат аҕалан биэрэн эмиэ тыын угаллара. Сотору соҕус буолан баран, илиинэн охсооччулар бары саба түһэн туу маһа тыыран уонча ардьа өрбүттэриттэн икки тууну аҕалан биэрбиттэрэ. Онон үксэ балык аһылыктаммыттара. Бурдуктарын, арыыларын төһө эмэ кэмчилии сатыылларын үрдүнэн харахха көстө көҕүрээн иһэрэ санаарҕатара. Аны күһүн сүөһү үүрэн таһаарааччылар эрэ бутугас оҥостон иһэргэ тиийэр-тиийбэт бурдук сыыһын таһаараллара буолуо. Онуоха диэри аҕалбыт бурдуктарын тириэртэхтэринэ сатанар этэ. Итинник оттуу сылдьан биир сарсыарда Өндүрэй аттарын көрдүү барбыта уонна сүтэн хаалбыта. Дьонноро олоруохтара дуо, илии хотуурунан отторун охсон барбыттара. Киһилэрэ күн ортотун саҕана аттарын дьэ тутуталаан аҕалтаабыта. Омурҕаннаабыттара. Чэйдии олорон Өндүрэйдэрэ кээҕинии-кээҕинии, илиитинэн-атаҕынан тугу эрэ бэркэ кыһанан кэпсии сатаабыта да, урут кинини кытта кэпсэтэ үөрүйэҕэ суох буолан, туох диирин олох өйдөөбөтөхтөрө. Сарсыныгар Өндүрэйдэрэ, дьоннорун иннинэ эрдэ турар бэйэтэ, кыайан турбатаҕа. Киһилэрин чинчийэн көрбүттэрэ: төбө тыырар аҥаара кытара иһэн хаалбыт этэ. Ону көрөн сир сиигэр оҕустардаҕа диэн, тэллэх отун уларытан, кураанах оту киллэрэн халыҥ гына тэлгээн Өндүрэйдэрин онно сытыарбыттара. Баҕар туһалыаҕа диэн барбыт чэйи сыҥалаан иһэрдэ сатаабыттара. Үчүгэйдик тириттэҕинэ, тымныйбытын ис чаанын ыган таһаараарай диэн, бэйэлэрин суорҕаннарынан үллүйэн, сабан кэбиспиттэрэ. Икки күн ааспыта да, Өндүрэйдэрэ үтүөрүөхтээҕэр эбии ылларан,
киэһэ диэкинэн энэлийэ былаан ынчыктаталыыр эрэ буолбута. Туох да эмэ-томо суох маннык сыттаҕына өлөн хаалыыһык диэн ыксаан, хайалара эрэ дьонноругар тиийэн тыллаабыта. Дьоно сүбэлэһэн баран: «Эмтэппэккэ таах сытыарар сатаммат. Онон сурах хоту арыый чугас баар Атамайга илдьиэххэ, биитэр онтон биэлсэр ыҥыран аҕалан эмтэтиэххэ», — диэн быһаарбыттара. «Киһигит ыҥыырга кыайан иҥнэн барыа суоҕа. Онон икки суксуруһуннары акка баайар гына наһыылката оҥоро туруҥ. Сарсын мантан кэм суолу-ииһи тобулан барыах айылаах икки киһини ыытыахпыт. Бэйэҕит бараргыт табыллыбат, эһигини солбуйан оҕустарар дьоннорбут суох», — диэн ыыппыттар. Наһыылкаларын оҥорон тиргиллэ сырыттахтарына, биир билбэт оҕонньордоро тиийэн кэлбит. Кимин-тугун сураспыттар. Оттоон-мастаан бүтэрэ чугаһаабыт бүдүгүрэ кырдьан эрэр эрээри, элэккэй майгылаах кырдьаҕас, ыйытыыны-сураһыыны бөрүкү кэтэспэккэ, улгум кэпсээннээх буолан биэрбит. — Мантан чугас олохтоох киһибин. Эһиги кэлбиккитин истибитим ыраатта. Туора сир дьонун сирэйгитин-хараххытын көрүөххэ, тылгытын-өскүтүн истиэххэ баҕа бөҕө эрээри, туой бокуой суох. Бу бүгүн дьэ соло булбучча билсэ-көрсө кэллим. Аара оҕустарбыт, мустарбыт сирдэргитин көрөн үөрдүм. Аҕыйах хонукка диэтэххэ, балачча киэҥ сири хастаабыккыт. Бу уруккута бэртээхэй сир лаҥха баттаан көйгөтүйэн эрдэҕинэ кэлэн өрүһүйдүгүт. Эһиил дьэ от бөҕө өрө анньан тахсыа. Сир барахсан хотуур түһэр, сүөһү мэччийэр буоллаҕына, тупсан, оттуун-мастыын чэлгийэн, киэркэйэн иһэр баҕайыта. Урут манна хас да ыал олорбута. Бөһүөлэктээһин буолбутугар көспүттэрэ. Оҕолорум, ыал буолан, эмиэ көспүттэрэ. Арай мин эмээхсимминээн, иккиэн үлэ сааспытын ааспыт, ким да биһиэхэ наадыйбат буолбут дьоно хамсаабакка лип олорон хаалбыппыт. Биһиги да манна төһө уһуурбут биллибэт. Уҥуох-иҥиэх ыараан, үлэ-хамнас улам кыайтарбат буолан иһэр. Чугас да сиргэ сир уларытар сыанан аҕаабат. Онон оҕустахха, бу эһиги улаханнык түбүгүрэргит буолуо. Туох ааттаах кураайы дойдуга олохтоох буолан, бачча үлүгэр эрэйи көрөн эрэр дьоҥҥутуй? Маннык муҥнанан төһө дуоннаах сүөһүнү иитэн абыранаргытын миигинньик киһи өйө кыайан хоппот суола быһыылаах, — диэн оҕонньор кини кэпсээнин сэҥээрэн истэр сонун дьоҥҥо түбэһэн, тыла-өһө аһыллан, хаатыйалана сылдьыбыт санаатын тоҕо сүөкээн истэҕинэ, отчуттар быһа түспүттэр. — Оҕонньор, биир киһибит эмискэ ыалдьан хаалан моһуогуран олоробут. Муҥар, сири-уоту, суолу-ииһи билбэт буоламмыт, киһибитин ханна илдьэн эмтэтиэхпитин билбэккэ, кус оҕотунуу харааччы мунан хааллыбыт. Дьолбутугар, хата, бу эн тиийэн кэллиҥ. Биһиги манна ыал баарын олох да билбэт этибит. Чэ, кытаат, сүбэлээ-амалаа, саатар, суолла ыйан кулу, — диэн көрдөһөн аймалаһа түспүттэр. Оҕонньордоро Өндүрэй туга, хайдах ыалдьыбытын сураспытыгар, киһилэрэ аттарын көрдүү барбытын уонна күн ортотугар диэри сүтэн хаалбытын, кинилэргэ тугу эрэ кэпсии сатаабытын, сарсыныгар оройунан тыырар аҥаара кытара иһэн хаалбытын туһунан кэпсээбиттэр. Онуоха оҕонньордоро отууга киирэн ыарыһаҕы көрөн тахсыбыт, уот кытыытыгар өр табахтыы түһэн баран: «Киһигитин, арааһа, сахалыы ыалдьыбыкка холуйдум. Сэрэйдэххэ, биһиги ытык кырдьаҕаспыт араҥаһын тыытан сээбэҥнэппитин иһин сэмэлээн муокастаабыт буолуон сөпкө дылы. Чэ, тугу
таайа сатыы туруохпутуй? Баран көрөн кэлиэҕиҥ. Мантан чугас», — диэбит. Оҕонньордорун батыспыттар. Алта атахтаах сабыс-саҥа араҥаска тиийбиттэр. Көрбүттэрэ: лаабыс биир атаҕар ачаахтаах мутуктар, адаархай силистэрдээх силиргэхтээх мастар өйөннөрүллэн тураллар эбит. — Киһигит бу ытта сылдьыбытын иһин ыалдьыбыт. Ылыҥ, бу өйөннөртөөбүт мастарын тэйиччи соҕус туора таһан кэбиһиэҕиҥ, — диэбит оҕонньор. Кутталларыттан чабырҕайдара чыбырҕаччы да кэйдэр, хайыахтарай, аны биһигини моһуоктуо диэн дьаархана саныы-саныы, Өндүрэй кирилиэс оҥостубут мастарын тэйиччи илдьэн биир чөҥөчөк аттыгар чөкө чохчолообуттар. Араҥастарыттан балачча тэйиэхтэригэр диэри иэннэрин иҥиирэ тардыалыы, эттэрэ-сииннэрэ дьаралыйа испиттэр. Отууларыгар төннөн кэлэн баран оҕонньор иннигэр сөһүргэстии эрэ түспэтэхтэр. — Куһаҕанын эттэххэ, киһибит эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына, кыбыстыыга киирэрбитин ааһан, олох да иэдэйэрбит буолуо. Сатаан аахсыбат тыла суох киһини илии-атах оҥостоҥҥут суорума суоллаатыгыт, бүтүн ыал дьону иитимньитэ суох хааллардыгыт диэн сэмэ-суҥха бөҕөҕө түбэһэр дьон буоллубут. Элбэх киһи хом тыла хонноҕуна тугунан-тугунан туолуйуо биллибэт. Биһиги киһибит «бу туох буоллаҕай?» диэн дьиибэргээн ыттыбыт буолуохтаах. Бу дойду куолутун-майгытын билбэт туора сир киһитэ, син күөл балыгын курдук буолаахтаатаҕа дии. Ону Ытык Кырдьаҕаскыт баалаабакка, бырастыы гыныан сөп этэ. Дьэ, оҕонньоор, киһибит үрүҥ тыынын өллөйдөө, хара тыынын харыстаа! Күн буол! Ый буол! Ытык Кырдьаҕаскыттан бырастыы гынарыгар үҥэн-сүктэн көрдөһөн кулу. Өҥөтөр, сирдээх-дойдулаах киһи көрдөһүүтүн ылынаарай, — диэн ааттаспыттар. Оҕонньордоро балачча саҥата суох олорбохтоон баран сөбүлэспит. Аттарыгар тиийэн биир сүүмэх сиэли быһа баттаан ылан, отууларын уотун күөдьүтэ туран арыы көрдөөбүт. Күлүк сиргэ остуолба иинин курдук иин сыыһын хаһан, уура сылдьар тууйастаах арыыларын ойутан аҕалбыттар. Оҕонньор онтон оймоон ылан сиэлигэр соппут уонна уотун иннигэр сөһүргэстээн баран, арыылаах сиэлин уокка биэрэ-биэрэ нөрүйэн туран туох эрэ диэн ботугуруу-ботугуруу тоҥхоҥнообут. Отчуттар туора хааман оҕонньор тугу гынарын кэтээн, бүтүннүү кулгаах, харах иччитэ буолан, хамсаан да көрбөккө турбуттар. Уоттара кэҥэрдии сытын таһааран, арыылаах сиэли сиэн бүтэрбитин кэннэ, оҕонньор атаҕар турбут, аа-дьуо хааман уот аттыгар сытар дүлүҥҥэ кэлэн олорбутугар, дьэ чугаһаабыттар, сирэйин-хараҕын кэтээбиттэр. Онуоха үөһэ тыынан баран: — Чэ, наһаа айманымаҥ. Киһигит үтүө буолуох курдукка холуйдум, — диэн үөрдүбүт. Эттэрэ-сииннэрэ чэпчии, харахтара сырдыы түспүт отчуттар киһилэрин тугунан да күндүлүүллэрэ суох буолан, кыратык бурдукта ылан бар диэбиттэр. Онуоха оҕонньордоро сонньуйбут. — Аанньа буолбуккутугар бачча ыраах оттуу кэлбит үһүгүөт. Өйүөҕүт да, бука, кэмчи буолаахтыа. Хата, бэйэҕит биирдэ эмэ миэхэ тиийэҥҥит өллө хаба түһэр буолаарыҥ. Уу-хаар аһылык, ымдаан-суорат дэлэй киһитинэбин. Балык да ас көстүөҕэ. Оол диэкинэн от үрүйэ түһэр. Үрүйэни батыһа барар омоон суолу тутустаххытына, мин олохпор тириэрдиэҕэ, — диэн суол ыйан биэрбит. Санаалара чэпчээн, истэригэр астара дьэ киирэр буолан чэйдии олорон, санаалара тулуппакка, араҥас туһунан ыйыппыттарыгар, оҕонньор хайдах баарынан кэпсээбит. Константин Охлопков, суруналыыс. * * *
Кэпсээн “Бичиккэ” тахсыбыт Е.Г. Спиридонов хомуйан оҥорбут “Иччитэх өтөххө кииримэ” кинигэтиттэн ылылынна. Кинигэ “Бичик” кыһа бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан