Кэпсээ
Войти Регистрация

ТЭМТЭРИЙИИ (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ТЭМТЭРИЙИИ (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
30.11.2017 18:00
Саша быйыл оскуолатын бүтэрэн киин сиргэ, куоракка, ИТФ үөрэнэ киирдэ. Кини үөрэххэ киирэр баҕаттан үс сылы быһа туһаан­наах предметтэргэ бэлэмнэнэн, БКЭ-тин баала үрдүк буолан, куонкуруһу этэҥҥэ ааста. Саша үрдүк уҥуохтаах, сытыы-хотуу, сырдык сэбэрэлээх уол. Кыра эрдэҕиттэн сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Улуус, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, бириистээх миэстэҕэ тиксээччи. Киирбит үөрэҕэр биир да кыыс суох, бары тыаттан сылдьар уолаттар буолан тапсаллар, биир тылы булаллар. Кини Сэргэлээххэ 66-с уопсайга киирдэ, хосторугар төрдөүлэр. Хата, барыта илин эҥээр улуус оҕолоро. Ас-үөл дьонноруттан тохтоло суох киирэ турар. Ол иһин харчыларын, атын оҕолор курдук, аска ыыппаттар. Хосторун уолаттара, хата, арыгылаабат, табах тарпат буолан биэрдилэр, бары спордунан дьарыктаналлар. Сашалаах Дима сүүрүүнэн, Максим буоксанан, онтон Слава тустуунан. Биир өрөбүл күн Дималара убайдарыгар кэпсэтэ-ипсэтэ диэн хоно барда. Ол түүн уоллара тугу гыммытын ким да билбэт. Сарсыарда эрдэ Дималара хайдах эрэ бэйэтиттэн астыммыттыы, киэн туттубуттуу киирэн кэлэр, сиэбиттэн икки ыарахан сыаналаах төлөпүөнү таһааран остуолга уурталыыр. Уолаттарыгар, силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы, киһиргээн кэпсиир: — Оо, бэҕэһээ түүн икки улахан убайбын кытта төлөпүөн «охсо» тахсыбыппыт. Убайдарым дьону ыйан биэрэллэр, ону мин сүүрэн тиийэн суумкаларын сулбу тардаат куотабын. Биир кыыс уола чуут ситэ сыспыта, хата, нэһиилэ куоттум, халтарыйбатаҕа буоллар ситиэ эбит. Бүгүн бу төлөпүөннэри батарыахпын наада. Уолаттар, баран атыылаан көрбөппүт дуо, бырыһыаннаан харчы биэриэм. Икки уол кыккыраччы аккаастаан, кэлэйбиттии көрөн кэбиһээт, тахсан бардылар. Онтон Саша сөбүлэһэр. Кини ити кэмҥэ харчыга наадыйа сылдьар кэмэ этэ. Бу ыйга дьоно туттарыгар биэрбит харчыларын оптуобуска уордарбыта, онон харчытын ити суолунан төннөрөргө быһаарыммыта. «Бүгүн эрэ тахсыһабын, кыратык харчыластахпына, тохтуом» диэн санаан ылбыта. Уопсай оҕолоругар эрэйэ суох үстүү тыһыынчаҕа атыылаан кэбиһэллэр. Дима Са­шаҕа биэс мөһөөҕү туттаран кэбиһэр. Ол күнтэн Дималаах Саша кирдээх суолга үктэнэллэр. Хас эрчиллии кэнниттэн Сэргэлээххэ «бултуу» тахсаллар. Сороҕор «байанайдара» кураанаҕы куустарар. Бэҕэһээ биир кыыстан төлөпүөнүн уонна биэс тыһыынча харчытын былдьаан ылбыттара. Ити быһыыларыттан кыбыстан да көрбөттөр, хата, «өҥнөөхтөр» курдук сананаллар. Сорох уолаттар Сашалаах Диманы киһиргэтэ-киһиргэтэ төлөпүөн сакаастыыллара. Онон уолаттар кыра харчы иһин түүн аайы «бултаһа» тахсаллар. Сашалаах Дима ити «кирдээх» быһыыларын хоско бииргэ олорор уолаттара сөбүлээбэттэрин этэн көрөллөр да дьонноро аахайбаттар, истэн эрэ кэбиһэллэр. — Тохтообот буоллаххытына, факультеккыт салалтатыгар этиэхпит, — диэн куттаан да көрөллөр. Биирдэ Дима өһүргэнэн, хоһун уолаттарын кытта охсуһа сыһар. Саша нэһиилэ тохтотор. Саша киэһэ доҕор кыыһыгар Катяҕа күү­лэйдии барар. Онуоха кыыһа кэпсии тоһуйар: — Бэҕэһээ эдьиийим 67-с уопсайга баран истэҕинэ, икки уол төлөпүөнүн, харчытын былдьаан баран куотан хаалбыттар. Тутуллаллара буоллар үчүгэйдик кэһэтэн биэриэххэ баар этэ. Саша кыыһын эдьиийин халаабытыттан соһуйан, саҥатыттан матан хаалар. Ол гынан баран, билинэ соруммат. Билиннэҕинэ иэдэйэр буоллаҕа. Таптыыр кыыһа быраҕар,
эбиитин милииссийэлэргэ үҥүстэх­тэринэ, үөрэҕиттэн уһуллар, хаайыыга да барыан сөп буоллаҕа. Ол иһин кистииргэ сананар. «Аны хаһан да төлөпүөн «бултаһа» тахсыа суохпун.. Диманы да тохтууругар этиэм» диэн иһигэр быһаарынар. Тапталлаахтар күннэрэ үүнэр. Саша тапталлааҕар бэлэх ылыан харчыта суох, эбиитин, дьоно хамнастара кэлбэккэ харчы ыыппатахтара ыраатта, стипендията да кэлбэт. Саша бүтэһигин «бултаһа» тахсарга сананар. Ол киэһэ биир да кыыс көстүбэт, арай, биир кыдьаҕас соҕус эр киһиэхэ хараҕа хатанар. «Ээ, чэ, ити киһиттэн бэргэһэтин уһулуохха, төлөпүөнүн былдьыахха» дии саныыр уонна ол киһиэхэ чугаһыыр. Киһитин охтороот, төлөпүөнүн, харчытын, бэргэһэтин былдьаат, куотар. Арай кэнниттэн ким эрэ: «Тохтоо, ытыам», — диэн хаһыытыыра иһиллэр. Уол кэннин хайыһан көрбүтэ, уһун уҥуохтаах милииссийэ пуормалаах икки уол эккирэтэн иһэллэр эбит. Саша куттанан, туох баар кыаҕынан сүүрэр уонна туохтан эрэ иҥнэн охтон түһэр. — Тутулуннуҥ, кэл, бардыбыт, — диэн уолаттар тараччы тутан илдьэ бараллар. Саша киһи эрэ буоллар: «Дьэ, бүттүм», — диэн иһин түгэҕэр саҥарар. Ол күнтэн ыйы-ыйдаан милииссийэлэргэ соһуллар. Үөрэҕиттэн уһуллар. Хата, Катята кэлэйэн, киэр хайыспатаҕа эрэ үөрдэр. Арай, «ити куһаҕан дьаллыккын бырахпатаххына арахсыам» диэн кытаанахтык эппитэ. Милииссийэлэр киниэхэ туох баар уоруллубут төлөпүөннэри барытын түһэрэ сатыыллар. «Баһаалыста, уган биэримэ», — диэн Димата кэлэ-кэлэ көрдөһөр-ааттаһар. Күнтэн күн ааһан, Саша сууттанар күнэ үүнэр. Эдэрин, көрдөһөрүн, урут сууттамматаҕын учуоттаан, икки сыл усулуобунай бириигэбэр биэрэллэр, ыстараап бөҕө төлүүргэ уураахтыыллар. Хантан бэйэтэ төлүөй, дьоно сүөһүлэрин харчытынан төлүүллэр. Саша хайыай, дойдутугар тахсар. Дэриэбинэтигэр дьон кэлэйбиттии көрөллөр, дорооболостоҕуна ким да хардарбат, көрбөтөх курдук туттан ааһаллар. Бэл, бииргэ оскуолаҕа үөрэммит уолаттара, урут куораттан таҕыстар эрэ суксуруһар бэйэлэрэ, билигин кэлэ да сылдьыбаттар. «Хайдах гынан бэйэм ыраас ааппын төннөбүн?» диэн толкуйга түһэр. Уол дьиэтигэр олорон курус санааҕа куустарар. Аармыйаҕа барыан, усулуобунайдаах киһини ылбаттарын билэр. Биир сарсыарда аҕата эрдэ туруорар. — Сөбүн сынньанныҥ. Бүгүн ынахтарбытын «Дьиэрэ» сайылыкка илдьэн туттарабыт. Онно эн бостуугунан үлэлиэҥ. Сарсыарда эрдэлээн туран, киэһэтин хойутаан утуйан балачча көлөһүнүҥ тоҕуннаҕына, харчы хантан кэлэрин билиэҕиҥ, — аҕата кытаанах саҥатыттан саллан, иһигэр төһө да сайыны быһа сайылыкка хаайтарарын сөбүлээбэтэр, хайыай, ойон туран таҥнан, хачыгырайбытынан барда. — Акаары, кими батан уоруйах буолбутай? Биһиги төрдүбүтүгэр уоруйах олох суоҕа. Киниттэн сылтаан эмээхситтэрбэр да сылдьыбат буоллум, — эбэтэ бүлүүһэҕэ чэйин сыпсырыйарын быыһыгар эбии ытаһалаан биэрэ олордо. — Алҕас… алҕас… — Саша үлүгүнэйэн ботугуруурун быыһыгар ийэтин диэки аһыннарбыттыы көрөн ылар. — Чэ, түргэнник таҕыс, айгыста олорума, — аҕата тилир-талыр үктэнэн тахсан барда. Саша бэйэтэ тэринэн, түргэн соҕустук аһаат, бэлэмнээбит үрүсээгин аан таһыттан ылан, тахсан барар. Урут ийэлээх эбэтэ икки өттүттэн ас бөҕөнү хадаҕалыыр бэйэлэрэ кэлин кыһаммат буолбуттарын бэлиэтии көрбүтэ ыраатта. «Кэһэй, акаары буолбат буол! Бэйэм акаарыбыттан
бэйэм тэмтэрийдим. Үөрэхпиттэн маттым. Бэл, ийэлээх эбэбин хомоттум. Арай… Катям билиҥҥитэ эрэнэр. Ити барыта Диматтан. Сураҕын иһиттэххэ, тутуу этэрээтигэр киирэн, хоту үлэлии барбыт үһү. Онтон мин бу сырыттаҕым…» — Саша ыгыллан кэлбит хараҕын уутун дьоно көрбөтүгэр туора-маары соттон кэбиһэ-кэбиһэ, аҕата кэтэһэн турарын көрөн, хотон диэки сүүрэн сарымтахтаата… В.Охлопков Хаартыскалар: интэриниэттэн * * * Кэпсээн В.В Охлопков «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Оо, эдэр саас!» сиэрийэнэн тахсыбыт «Дьикти түбэлтэ» кэпсээннэрдээх кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан