Кэпсээ
Войти Регистрация

ДЬИКТИ ТҮБЭЛТЭ

Главная / Кэпсээн арааһа / ДЬИКТИ ТҮБЭЛТЭ

K
edersaas.ru Категорията суох
28.11.2017 18:00
Биир күн киэһэлик Юра ийэтин сорудаҕар ыалга барда. Санаатын ситэн, төттөрү дьиэтигэр төннөн истэҕинэ, эмискэ халлаантан уот чыпчыҥныы-чыпчыҥныы кини диэки чугаһаата. «Биллибэт-көстүбэт эттик миигин ыла кэллэ» дии санаан, кутталыттан хаһыытыы-хаһыытыы, иннин хоту суол устун сүүрдэ. «Көстүбэт» эттик улам уота-күөһэ сырдаан, бу тиийэн кэллэ. Эбиитин киһи хараҕа саатар күүстээх уота тыкта уонна Юраны бэйэтигэр маҕыньыыт курдук тардан барда. Уол утарсан илиитинэн далбаатанна, атаҕынан тэбиэлэнэ сатаата да, эттигэ бэйэтин диэки тардара өссө күүһүрдэ. Эмискэ Юра уһукта биэрдэ. «Дьолго, түүл эбит» дии санаата. Кутталыттан сүрэҕэ эп-эппэҥнэс, көлөһүнэ сарт түспүт. Ити күн киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн, түһээбитин курдук, ийэтэ кинини ыалга ыытта. Юра барымаары төттөрүлэһэн көрбүтүн, ийэтэ чыпчаххайын үрдүгэр түстэ. Хайыай, барарыгар эрэ тиийэр. Сорук-боллур уолчаан дьиэтигэр төннөн иһэн, халлааҥҥа били түүлүгэр көрбүт эттигин көрдө. Уол куттанан, куотар аакка түстэ. Эттик чугаһаат, кинини бэйэтин диэки тардыбытынан барда. Юра, төһө да утарылаһа сатаабытын үрдүнэн, түлэй-балай түһэн, иһирдьэ ааҥнаабыт ыас хараҥаҕа киирэн, симэлийэн хаалла. Өйдөнөн кэлбитэ, уоттаах-күөстээх тэриэлкэ иһигэр сытар эбит. Уол наһаа куттанна. «Инопланетяниннар ылбыттар быһыылаах. Билигин төбөтүттэн биэс сыл оскуолаҕа үөрэнэн ылбыт билиибин барытын сотторуохтара, бэйэлэригэр иҥэриэхтэрэ эбэтэр миигин атыннык бырагыраамалаан ыытыахтара» диэн араас санааҕа ылларда. Хайдах эмэ гынан куотарга сананна. Уол ааны аһан ыстанаары гыммыта, олох да куйаарга көтө сылдьар эбит, сирэ ырыых-ыраах отон саҕа буолан көстөр. Эмискэ дьикти саҥа иһилиннэ. Эргиллэн көрбүтэ —робокка майгынныыр эрээри унуоҕунан кыра инопланетянин турар. Киһи соһуйуон иһин, сахалыы саҥарар. — Аатыҥ кимий? — Юра, — диир уол кутталыттан кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии. — Оттон эн кимҥиний? — Мин Робик диэммин. — Эн тоҕо миигин ыллыҥ? — Эн миигин көрбүтүҥ, ол иһин дьонугар кэпсиэ диэн куттанан илдьэ бардым. Биһиги олох атын планетаҕа олоробут. Эһигиннээҕэр сайдыылаахпыт. Оскуола диэн суох. Дьиэбитигэр олорон, көмпүүтэринэн Интернет нөҥүө үөрэнэбит. Сирдээҕи дьон олоҕун үөһэттэн көрөн олорон, бырагыраамалаан биэрэбит. Эйигин эмиэ бырагыраамалыахпын сөп, эн математикаҕа мөлтөхтүк үөрэнэр эбиккин. Хаһан да үчүгэй үөрэнээччи ахсааныгар киирбэтэххин, — диэн инопланетянина оҕо-оҕо курдук сэргэхтик кэпсэтэн барда. — Ол тоҕо миигиттэн куттаммыккыный? — Биһигини сир дьоно билиэ суохтаахтар. Биллэхтэринэ, Интернетинэн планетабытын көрдөөн булуохтара. Оччоҕо икки өттүттэн куйаарга сэрии буолуоҕа. — Мин олох кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа, тылбын биэрэбин. — Оччоҕо мин эйигин дьиэҕэр илдьэн биэриэм, кэпсээтэххинэ бэйэҥ кэмсиниэҥ, мин быһаара сатаатым. Билигин эйигин оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэриҥ курдук бырагыраамалыам, —инопланетянин үтүөнү оҥороору уолга чугаһаата. — Суох, суох, — Юра кэннинэн чинэрийдэ, хараҕа төгүрүйэн хаалла. — Мин робот буолуохпун баҕарбаппын, бэйэбинэн хаалыахпын баҕарабын. — Сөп, чэ, дьиэҕэр бар, — диэн Робик саҥарарын кытта ыас-хараҥа буола түстэ, кулгааҕа эрэ чуҥкунаата. Биирдэ өйдөммүтэ, эттиги көрбүт сиригэр, Сэһэн Ардьакыап
аатынан уулусса ортотугар турар эбит. Күн бүгүнүгэр диэри Юра дьикти түбэлтэни кимиэхэ да кэпсии илик. В.Охлопков *** Кэпсээн «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Оо, эдэр саас!» сиэрийэнэн тахсыбыт «Дьикти түбэлтэ» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан