Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күөрэгэй күҥҥэ тардыһар (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күөрэгэй күҥҥэ тардыһар (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
26.11.2017 12:06
Варя уонна Алексей ыал буолбуттара ахсыс сылыгар барда. Кинилэр билигин түөрт оҕолоохтор. Улаханнара сэттэтигэр сылдьар, атытттара киниттэн кыралар. Алексей бэйэтэ сопхуоска механизатордыыр. Варя училищеҕа үөрэнэр. Кини оскуолаттан уурайбыта бэрт өр буолла. Төһө да уон сыл буолан баран, үөрэх кыһатыгар буһарага-хатарга сананнар, эдэр ийэ бэйэтин толору дьоллооҕунан ааҕынар. Училищеҕа үөрэнэ бараҕын диэбиттэригэр үөрдэ да этэ. edersaas.ru Үтүөҕэ кэрэҕэ сирдиир үөрэх түбүгүн быыһыгар оҥой-соҥой көрбүт оҕолорун, тапталлаах кэргэнин, Алешатын, саныыр-ахтар. Оҕолоро барахсаттар буспут моонньоҕон курдук хап-харанан чоҕулуччу көрөннөр, ахтылҕан көстүбэт тумарыгынан бүрүллүбүт ийэ хараҕар элэҥнииллэр. Варя эдэркээн дьүөгэлэрин кытта уопсай дьиэҕэ олорор. Варя эдэр сааһын уонна ыллыы-ыллыы сиэтиһэн хаамсыбыт Алексейын ахтан-санаан кэлэр. Оччоҕо аан бастаан хайдах үрдүк уҥуохтаах, кырыылаах муруннаах, хара хаастаах, ип-итиинэнэн имэрийэ көрбүт харахтаах, будьурхай куудара баттахтаах эдэркээн уол ааһан иһэрин көрбүтүн санаатаҕына сүрэҕэр итии сүүрээн халыйан киирэр. Варя оччолорго сүүрбэччэ саастаах, тэтэркэй имнээх, кыра уҥуохтаах, төп-төгүрүк сирэйдээх кыраһыабай кыыс этэ, сопхуоска бэтэринээрдиирэ. Сүөһү түбүктээх үлэтин үөһүгэр сылдьара. Арай биирдэ пиэрмэҕэ сүөһү ыалдьыбытыгар Варяны ыҥырбыттара. Кини идэтинэн хап-сабар хомунан, далга атын тута тахсыбыта. Онно Алексей баара. Ат көрөөччү Варя атын үүнүн ити уолга биэрэн кэбиспит этэ. Варя онтон кыыһыран, Алексейы дэлби саҥарбыта. Оттон уол буоллаҕына, кыбыстыбыттыы сир диэки умса көрөн турара, сибилиҥҥи курдук Варя хараҕар көстөн ааста. Оччотооҕу үтүөкэн күннэр кыыс нарын дууһатыгар иккиһин тиллэннэр, ахтылҕан буолан угуттаатылар. Алексей сопхуос биир бастыҥ үтүө ыччата этэ. Тыраахтар тимир көлөлөөх тымныыттан-итииттэн толлубакка, таһаарыылаахтык үлэлиирэ. Биирдэ кини Варя олорор сиригэр атын отделениеттан көһөн кэлбитэ. Сарсыарда былыта суох халлаан оҕо иминии тэтэрбит. Күөх тыа туох эрэ кэрэни күүппүттүү, улуутуйан чуумпуран турар. Олус үтүө сарсыарда. Варя сүргэтэ көтөҕүллэн,ханнык эрэ дириҥ иэйиилээх ырыаны киҥинийэн ыллыы-ыллыы, сиртэн-буортан өрө тэйэн сиидэс ырбаахыта тэлээрэн, дэриэбинэҕэ баран иһэрэ. Арай эмискэ кинини уун-утары Алексей киэҥ-киэҥник атыллаталаан, тугу эрэ толкуйдаабыттыы дуоспуруннаахтык туттан, тиэтэйбэккэ хааман иһэр эбит. Варя эмньик сүрэҕэр урут биллибэтэх ураты сылаас, сылаанньытар сүүрээн киирбитэ. Оттон Алексей Варяны эмискэ көрсүбүтүттэн толлубут дуу, кыбыстыбыт дуу курдук гыммыта. Ол эрэн кинини ханнык эрэ кистэлэҥнээх көстүбэт күүс, кыыстан тэйиппэтэҕэ. Чочумча саҥата суох утарыта көрсөн турбахтаабыттар. Кинилэр үөрүүнэн туолбут харахтарыгар эдэр саас мичээрэ. Таптал саҥа тыллан эрэр кэрэ сибэккитэ буолан оонньуура. Устунан ирэн-хорон арааһы кэпсэппитэрэ. Онтон ыла аны Алексей Варяны көрүстэр эрэ сүрдээҕин симиттэр идэлэммитэ. Дьэ биирдэ, уол уола өтөн, үс күн чочуйбут суругун Варяҕа туттараат, үлэлиир сирин диэки түргэн үлүгэрдик бара турбута. Варя сирэйэ итийбэхтээбитэ, сүрэҕэ нүөлүйбүтэ, тиҥиргэччи тэппитэ. Суругу ааҕыан да инниттэн кини таабырыннаах, дьиктилээх ис хоһоонун сүрэҕинэн-быарынан таайбыта. Кичэллэхтик оҥоһуллубут бакыаты кыыс титирэстээбит илиитэ бэрт тиэтэлинэн алдьаппыта. Онно долгуйбут уол салҕалаабыт илиитинэн
саргылаах санаатын суруйбут буочара көстө түспүтэ. Кыыс тырымнаабыт харахтара аптаах буукубаларга хатан түспүттэрэ. Сурук ис хоһооно маннык буолан тахсыбыта: «Варя, эн биһикки дьылҕабыт, арааһа, биир быһыылаах. Били ааспыт үүн айдаанын кэнниттэн эйигин умнубат буолан хаалбыппын. Мэлдьи саныыбын. Бу туһунан эн туох санаалааххын? Биллэр. Алексей». Кыыс суругу уончата аахта. Аахтаҕын аайы кини ис-хоһооно өссө кэрэ, өссө дириҥ буолан истэ. Варя ити дьоллоох күнү күүтэн да биэрбитэ. Билигин күөрэгэйгэ сайын кэлбитинии, көҥүллүк киэҥник сананна. Ити кэмтэн ыла Алексейдаах Варя ордук чугаһаспыттара. Быыс буолаллар эрэ көрсүһэр идэлэммиттэрэ. Уол үлэтин кэнниттэн арыт Варялаахха кэлэрэ, күлэ-үөрэ чэйдииллэрэ. Кинилэр олохторун халлааныгар таптал күнүн таһаарбыт күөх саас биллибэккэ бараммыта. Эдэр дьон сайын буолтун билбэккэ да хаалтара. Алексей от үлэтигэр анаммыта. Варя пиэрмэҕэ сылдьа-сылдьа эмиэ окко үлэлиирэ. Саамал сайын мүөттээх салгыныгар уйгуну-быйаҥы уһанса сылдьан эдэр сүрэхтэр доҕордоһуулара өссө бөҕөргөөбүтэ, үлэлэрэ үрдээбитэ. Варя от мустаран бааралааҕын булбатаҕа. Алексей от оҕустаран тэҥнээҕин көрсүбэтэҕэ. Варя дьонноро Алексейы сүрдээҕин сөбүлүүллэрэ. Истэригэр кыыспыт ити уолу кытта кэскилин холбоотор диэн кистэлэҥ санаалахтара. Күһүн. Варялаах Алексей комсомольскай сыбаайбалара кулууп дьиэҕэ ньиргийбитэ. Кинилэр табаарыстара, доҕотторо бастыҥ остуолга олорон, мааны аһы аһаан саҥа ыалга саргылаах олоҕу, самныбат соргуну уонна тоҕус туруйа уолу, аҕыс кыталык кыыһы баҕаран олох суолугар айхаллаан киллэрбиттэррэ. Сопхуос салалтата, комсомольскай тэрилтэ умнуллубат бэлэхтэрин туттарбыттара. Дьэ ол күнтэн ыла Алексейдаах тоҥолох тоҥолохторуттан тутуһан, сарын сарыннарыттан өйөһөн олох улуу толоонун туоруур тускуллаах айаҥҥа туруммуттара. Эһиги тапталгыт, үрүҥ көмүс сыбаайбаны далаһалаан, кыһыл көмүс сыбаайбаны муосталанан тиһэҕэр тиийэ толору дьоллоох буоллун, кэнчээри ыччаккыт кэпсэлигэр киирдин! Вера Чарду Ыспыраапка: Бу дьиҥнээх олохтон кэпсээн «Эдэр коммунист» хаҺыакка 1964 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бу ыал быйыл бииргэ олорбуттара 60 сылын бэлиэтээтилэр.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан