Кэпсээ
Войти Регистрация

Ахтылҕан

Главная / Кэпсээн арааһа / Ахтылҕан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
01.11.2019 17:29
Эрэдээксийэҕэ Уус Алдан Тумулуттан Ефрем Слепцов «Леди Муус «Ахтылҕан» романын аанын сэгэтэн көрдөххө...» диэн төбөлөөх суруйуута киирэн сытар. Онно маннык бэлиэ тыллар бааллар: «Театрга сырыттахха, улахан талааннар толорбут нүөмэрдэрин кэнниттэн саалаҕа чочумча сахсырҕа тыаһа иһиллэр чуумпута иһийэн ылааччы... Ол кэнниттэн, доҕоор, дьэ, тоҕо биэрэн, ытыс тыаһа, «бис!», «браво!» диэн ыһыы-хаһыы өрө оргуйа түһээччи. Бу айымньы бэчээттэммитин кэнниттэн эмиэ толкуйданыы, иһийии кэмэ турар быһыылаах». Сурук толору «Күрүлгэн» 6-с нүөмэригэр бэчээттэниэҕэ, ону кытта, эмиэ «иһийии» кэнниттэн диэххэ, Леди Муус романын салгыыта тахсыаҕа. Онон, кэлэр 2012 сылга «Ахтылҕан» салгыыларын долгуйа ааҕыахпыт диэн сэмээр эрэнэ саныаҕыҥ. Уонна бастакы сурунаалбыт «Саха саҥата» тахсыбыта 100 сылын күүстээх сурутуунан көрсүөҕүҥ — хас таммах, хас сыккыс күрүлгэн күрүлүүр-харылыыр мэктиэтэ буоларын умнумуоҕуҥ! Афанасий Гуринов-Арчылан. Ахтылҕан Перегонщик Киэскэй Гульмиратыныын уҥа-хаҥас мылаарыҥнаһан ааһа наҕыллык хаамсаллар. Киһи киһи кэнниттэн бүтэн, өссө сыана кэтэҕэр “интиимнээн”, кулууптарын хатааннар дьиэлээн иһэр быһыылара. Бытааннарыгар дьүөрэтэ суох сэргэх кэпсэллэриттэн сылыктаатахха, олус астына сынньаммыттар. – Гуля, эн биһи бүгүн жооска үҥкүүлээтибит уонна-а... история умалчивает... – Уой, не говори, Кеша. – Бааще куоска курдук имиллэҥнээтибит. Страшнайдык. Короче, жооска былааһы ыллыбыт! – Эн бэйэҥ просто былааһы ыллыҥ дии. Таансылаан дьону соһуттуҥ. – Ээ, ити диэн бааще кыра. Оройуоҥҥа куонкурустаһа барыахха баар этэ. Жооскайдык бэлэмнэниэм, күн аайы, күн аайы! Киэскэй сиэркилэҕэ көрүнэн ылбыттыы кыратык тохтоон ылла. Түөһүн имэриммэхтээтэ. Гульмирата ыйытардыы көрдө: – Чахчы да? Давай, барыах! Онно эмиэ былааһы ылыаҥ! – Профилар группаларыгар кыттыам. Бүгүҥҥүтээҕэр жооска муощнайдык саайыам, красавчикпын да! – ойоҕун кууспахалаата. Биирдэһэ куота көтөн, тутуспутунан кэннигэр түстэ. Эрин окумалын уһулу тарда сыһаат, хаһыыран тэһэ барда. – Аа-а! Уо-ай! Кеша-а, уой-уой! Көр-көр! Кутталы-ын, – дии-дии, ыга сыһынна. Кып-кыһыл саһарҕа кэлэн испит суолларын диэкиттэн дьулааннык кытыастан көһүннэ. – Жооска тобук дии да... – киһитэ сибигинэйдэ. Сибилигин көтөн-дайан, астынан-манньыйан испитэ уостан хаалла. Ньам барда. Хараҕын быччаччы көрдө. Илиитин ылыах курдук иҥнэри тардан иһэн эмискэччи санныттан анньан дьахтарын тиэрэ кэбэн кэбистэ. Гульмирата тас иэнинэн барда. Чигдигэ кэтэҕин тыаһа “лас!” гынна. Киэскэй онно эрэ кыһаммакка уот туһаайыытынан ыстана турда. Биирдэһэ ытыыр-хаһыытыыр кыаҕа суох “айыы-ыы” диэн, барбах улуйа эрэ хаалла. Охтубут сиригэр чочумча хамсаабакка сытан баран, сымнаҕас хаарга үҥкүрүйэн биэрдэ... “Кеша-а! Оттон миигин?” диэн, хаарга дьобуччу түһэн олорон хаһыытаһа-ыйыталаһа сатаата. Хойутаан хоболонон тугу абыраныай – хоруй дьолугар тиксибэтэ. “Эгоист, просто до невозможности эгоист, уеду. Сегодня же уеду...” – өһүрэн-өһүргэнэн дьигиһийэ олорбохтоото. Бабыгырыы тоҥно. Кыһыытыттан-абатыттан киҥэ-наара холунна. Мааҕыҥҥы мааны майгыта алдьанна. Урукку-хойукку хомнорун барытын аҕынна. Хайдах курдук кэһэтэн, букатыннаахтык арахсан барыаҕын өйүгэр ойуулаан-оһуордаан тоҥмутун да умунна. Ол да гыннар санаата батарбата. Дьахтар билиэн-көрүөн баҕарар айдарыыта кыайда.
Аргыый куоҕаҥнаан, аатыгар эрэ сыҕарыйан, киһитин кэнниттэн батыста... Киэскэйэ ырааппыт. Көстүбэт. Арай кыһыл саһарҕа улааттар улаатан, үрдээтэр үрдээн, сүр улаханнык сабардаан сарыалланан истэ. Кимнээх эрэ сүүрэн, ситэн аастылар. Биэдэрэ, күрдьэх туппуттар. Киһи эрэ буоллар, кини да ыксаата. Кэннилэриттэн тэлээрдэ. Перегонщик Киэскэй обургу илии-атах хабылыктанан, ойон-тэбэн кэлбитэ, доҕоор, Дьэбдьиэй эмээхсин дьиэтэ умайан аҕай эрэр эбит. Толкуйдуур да бокуойа суох күүлэ диэки ыстанна. Сүүрэн тиийэн аанын тэлэйэ баттыах санаалааҕа да, иһиттэн хатыылаах буолан биэрдэ. Атаҕынан тирэнэн чыраахтаһа-чыраахтаһа тардыалаата. Халыҥ мал кини күүһүргүүрүн төрүт билиммэтэ. Арай тутааҕа туллан кэллэ. Ыксаата, өмүттэн хаалан, аанын иһирдьэ анньыалаһан көрдө эҥин. Онтон өйдөнөн, күүлэни эргийэ көттө. Түннүгү тоҕо охсоот, иһирдьэ ыстанан кэбистэ... Алдьархай ортотугар соҕотохто дьирэс гына түстэ! Эчи, суоһукатын! Эчи, аһыыкатын! Бэргэһэтин саба тардынна. Туран хаамыталыах туһа суох. Аттыы сылдьан илиитин иминэн мэнээк-мэнээк харбыаласпахтаата. Ыыс-быдаан быыһыгар олус сылбырҕатык булумахтанна... Эмискэ сып-сымнаҕаска иҥиннэ, ону кытта ынчык иһилиннэ. “Жооска түргэнник буллум” диэн санаатыттан Перегонщик чэпчии түстэ. Күүһүгэр күүс эбиллэргэ дылы буолла. Эмээхсини кыбыммытынан түннүгүм туһаайыыта манан этэ диэн, эргичис гынна, бэрт түргэнник ол диэки сыылаҥхайдаата... Холуодаҕа быардыы түһэн сыттаҕына кимнээх эрэ эрчимнээх илиилэрэ иккиэннэрин таһырдьа соһо тардан ыллылар... * * * Куһаҕан сурах түргэн атахтаах. Дьэбдьиэй дьиэтэ уокка былдьаммытын иэдээнэ дэриэбинэни биир күн иһигэр тилийэ көттө. Бэйэтэ өлө сыспытын Перегонщик Киэскэй таһаарбыт. Балыыһаҕа укпуттар. Ол эрээри “эмээхсин мөлтөх үһү, бэттэх кэлэр кыаҕыттан тахсыбыт” диэн хомолтолоох сонун тилэх баттаһа тарҕанна. Өлөр-тиллэр былдьаһыгар кимиҥ-тугуҥ дьэ биллэр... Киэскэй хорсун быһыыны оҥорбут. Киһитэ кини буолан, уолуйан туран хаалбатах. “Маладьыаһын маладьыас” аатырбыт. Үчүгэйгэ эрэ аата ааттаммытын үрдүнэн биирдиилээн үөҕээччилэр син көстүбүттэр: “Түннүгүн алдьатан тягалаабатаҕа буоллар, дьиэни былдьатыа суох этибит”, – дэспиттэр. “Туох диэн эттэххитий? Дьиэ дуу, киһи дуу?” – атыттар бэркиһээбиттэр. Туттуулаах уол бу да сырыыга дьону соһутуон соһуппут. Хайҕааччыта быдан элбээбит. Ордук ойоҕо сөхпүт-махтайбыт. Бэйэмсэҕинэн үөхпүтүн, арахсан барар баҕатын таһы бааччы умнубут. “Да мой Кеша – спасатель, да мой Кеша – спаситель!” диэн нууччалыы эрэ кэпсээбит-ипсээбит (Москубаҕа иһиллиэ диэтэҕэ дуу). Ити сэһэнинэн киэн туттан бөһүөлэги дьулайынан таһымнаабыт, сонун оҥостон оройуону толорбут, ааһа баран куорат туонатын оломнообут. Табаарыстара, били, “Голливуд отдыхает” дэһэллэрэ дьиҥнээхтик кэлбит. Ойоҕунуун иккиэн олохтоох араадьыйаҕа субу-субу чуопчаарбыттар, тэлэбиисэргэ дэлэй-дэлэй көстүбүттэр. Уолаттар ону сыыска түһэриэхтэрэ баара дуо, таах хаалларбатахтар. Аатын сонно кутурукка олорсон уларыта охсубуттар. Тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах “араспаанньата” уурайбыт. Перегонщик буолан бүппүт. Сити күнтэн ылата МЧС Киэскэй аатырбыт. Киһи күлүү оҥостуох түгэнэ буолбатар да, суолтатын, кырдьык, уот харахха эппиттэр. Леди Муус.
kyym.ru сайтан