Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыыс олоҕо… (саҥа кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыыс олоҕо… (саҥа кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.11.2017 19:05
Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ оҕолорун Саргылаананы таптаан «Биhиги Ланчикпыт баарбыт-суохпут, биhиги дьиэ кэргэн эрэнэр кэскилбит», – диэн ааттаан, атаахтатан улаатыннарбыттара. Тускулаана, edersaas.ru Оҕо саадыгар, оскуолаҕа кини эрэ сыаналаах, кимиэхэ да суох таҥас маанытын таҥнара, ас амтаннааҕын билэрэ, биир тылынан эттэххэ киниэхэ барыта баара… Кыахтаах ыал соҕотох оҕолорун кимиэхэ да улаханнык саҥаттарбаттара, ханна да улаханнык сырытыннарбаттара, ол аайы кыыстара дьону бэйэтигэр тэңнээбэт, аттыгар баар дьону сэниир идэлэммитэ. Оҕо саас эдэр сааhынан солбуллуута – устудьуоннуур кэрэ кэм үүммүтэ. Ивановтар эрэллэрин Ланчигы үөрэххэ кыайан туттарсан киирбэтэҕин, элбэх харчыны төлөөн үчүгэй үөрэххэ киллэрбиттэрэ уонна оҕолоругар кииңңэ турар дьиэни атыылаhан бэлэх оңорбуттара. Күhүн буолан үөрэх саҕаламмыта, кыыстара «онтум суох, мантым тиийбэт» диэн муңатыйар тылларынан нэдиэлэ аайы харчы ыыттаран маҕаhыыннарынан сыаналаах таңаска-сапка, аска-үөлгэ барыыр идэлэммитэ. Сотору кэминэн сорох харчыта аhыы утах амсайыытыгар барар буолбута. Доҕор, атас диэни билбэтэх кыыска кыахтаах эрэ ыал оҕолоро үөрэнэр сирдэригэр бэйэтин курдук элбэх дьүөгэлэммитэ. Бу дьүөгэлэр кэпсээннэриттэн кини билбитэ, куорат курдук улахан сиргэ күүлэй баҕарбыккынан, уол талбыккынан баарын… Саргылаана төhө даҕаны дьүөгэлэринээн түүннэри күүлэйдээтэр үөрэҕэр ыксыыр төрүөтэ Игорь этэ. Игорь диэн кини бииргэ үөрэнэр уола, кыыс эрэ барыта киниэхэ хараҕа иңнэрэ, ону да бэйэтэ билинэрэ. Куруутун кыыс болҕомтотугар сылдьар тимир көлөлөөх, дьиэлээх-уоттаах уол, кыргыттарын бэччээккэ курдук уларытан истиң сыhыаны сыаналаабата биллэрэ. Сайын буолуута куурсунан тыаҕа күүлэйдии тахсыбыттара, онно Игорь Саргылаанаттан халты арахпакка ол киэhэ кинилиин буолбута – олоҕун дьоллоох түгэнэ этэ. Мантан саҕалаан иккиэн бииргэ түүңңү кулууптары кэрийэн күүлэйдииллэрэ үксээбитэ. Ланчик кинилиин куруутун бииргэ буолар сыалтан барытыгар эккирэтэ сылдьан тугу этэрин барытын толороро, бэл кини көрөн турдаҕына атын кыыстыын баран хаалара. Оттон сарсыныгар туох да буолбатаҕын курдук төлөпүөнүгэр эрийэн дьиэтигэр ыңырара. Таптал кутаатыгар уйдара сылдьар кыыс барытын бырастыы гынара, ыңырда да баар буолара… Онуоха дьүөгэлэрэ кэтээн көрө сылдьаннар «Эн кыыскын, төhө да таптаабытың иhин, кини иннигэр түhүмэ, акаарытыйан бүт» диэтэхтэринэ «Тугуй, күнүүлээн кэбилэнэҕит дуо?» диэн тылларынан хардаран улаханнык өhүргэтэн дьүөгэлэрэ аҕыйаан барбыттара. Биирдэ оннук кынаттанан кыыс тапталыгар тиийбитэ, атын кыыстыын куустуhан олорорун көрөн күнүүлээбит санаатыттан аhыы утаҕынан аhарынан, ол киэhэтигэр киниэхэ тиийбитэ. Ытаабыт-соңообут кыыhы уоскутан уол имэңнээх тапталыгар кууhан уоскуппута. Арай, сарсыныгар, үөрэҕэр кэлбитэ дьон-сэргэ сибигинэhэн күлүү-элэк оҥостоллорун бастаан өйдөөбөтөҕө, кэлин билбитэ, таптала бэҕэhээңңи имэңнээх түүннэрин интэриниэккэ уган күлүү оңостубут этэ. Онуоха атын дьон оонньуу оңостубут буолуохтаах диэн санааттан Игорьга тиийбитэ. Киhитэ: «Баран хаал эрэ, туох ааттаах киhини сырса сылдьаҕын, мин эйигин туhанаары эрэ сылдьыбытым», – диэбит ыарыылаах тыллара кини тапталын алдьаппыттара, ыраахха бүк түhэрбиттэрэ. Дьоңңо туох да эрэлэ суох кыыс үөрэҕиттэн уурайбыта, төрөппүттэриттэн тэйбитэ, саастыылаахтарын кытта алтыспат буолбута. Кэлэйии ыарын, таптал
туhата суоҕун билбит хаhан эрэ кубаҕа тэңнэнэр кыыспыт аhыы утаҕынан ыарыытын аhарынан күүлэйдиир буолбута. Ити курдук кыыс кэрэтэ кэминэн кэхтэн, айылгыта тапталтан алдьанан араас билбэт дьиэлэринэн сылдьан билэр, билбэт эр дьонноругар кэрэтиттэн бэрсэн айылгытын алдьатан барбыта… Тускулаана, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан