Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ааҕыллыбатах сурук (саҥа кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ааҕыллыбатах сурук (саҥа кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.11.2023 19:00
Елизавета Семеновна сарсыарда, түөрдү ааһыыта уһуктан баран, ааспыт олоҕун санаан уута кɵтɵн хаалла. Эмиэ даҕаны киһи сириэ суох олоҕун олорон кэлбит курдук, ол эрэн, олохпор аһары табылынным диирэ сымыйа, бэйэни алы гынан албыннаныы эбитэ буолуо. Бүгүн түүн, эдэр эрдэҕинэ кинини сырса сатаабыт уолу түһээн көрөн, сүрэҕэ күүскэ тэбэн, долгуйан уһугунна. Тоҕо долгуйбутун бэйэтэ да билбэккэ сытар. Ол уол кинини оскуола сааһыттан сырса сатаабыта да, кини атын уолга ойох тахсан дойдутуттан көһөн хаалбыта. Көһөн барыан иннинэ, күһүөрү сайын уол суолга кинини көрсөн, бакыаттаах суругу туттараат, тугу да диэн саҥарбакка, баран иһэр сирин диэки ааhа турбута. Син тэйэ түһэн баран, чочумча тохтоон, кэннин эргиллэн Лизаны уйадыйбыт хараҕынан көрөн ылбыта. Ити кинилэр бүтэһик көрсүһүүлэрэ этэ. Лиза, уол биэрбит суругун эргим-ургум тутан баран, илдьэ сылдьар суумкатыгар уктан кэбиспитэ. Дьиэтигэр тиийэн сурук туһунан отойун да умнан кэбиспитэ, билсэ сылдьар киһитэ эрийэрин күүтэн, имэ кэйэн, сэгэйэн төлөпүөн маныыртан соло булбатаҕа. Киэһэ төлөпүөн тыаһаабытыгар сүүрэн тиийэн туруупканы хаба тардан ылбыта. «Ало, ало… саҥарыый,» — диэн саҥаны истээри иһиллээн турдаҕына, төлөпүөнэ кулугураан тыаһаан переговор кэлбитин биллэрэн баран, ыраах баҕайы киһитин саҥата: «Алуо…» – диэн үөрдүбүтэ. Онно кэтэһэн олорбут эдэр кыыс, сүрэҕэ айаҕынан тахсыах курдук өрүтэ мөхсөн, бэйэтэ да долгуйан сап-салыбырас буолан хаалбыта. Тугу кэпсэппиттэрин бу диэн билигин олох өйдөөбөт, эдэр, таптаhар дьон ахтыспыттарын эҥин туhунан эппиттэрэ, быһыыта. Ол онно кэпсэтэ олорон, кыра балтыгар суумкабыттан бэлиэтэнэр киниискэбин баран түргэнник аҕал эрэ диэн этэн аҕалтарбыта. Киhитэ кинини ыла кэлээри сылдьарын истэн олус үөрбүтэ, долгуйбута. Сарсын туруналлар үһү диэн аны дьиэҕэ баар дьону үөһэ-аллара тутан, сарсыҥҥыга “күтүөтү” көрсүhүү туругар киирбиттэрэ. Киэһэлик утуйаары сытан, сурук туһунан санаан суумкатын ылан көрбүтэ, суумкатыгар суох этэ. Балтыттан ыйыппытыгар: «Ороҥҥор сытан хаалбыта,»- диэн хардаран баран, улаҕа диэки хайыһан утуйан мунна сурдурҕаабыта. Лиза суругун орон кэннигэр түһэн хаалбытын булан ылан ааҕаары арыйа баттаабыта, онтон сарсын аналлааҕа кэлэрин саныы биэрээт, аахпакка, тугу гынабын диэбиттии толкуйдуу түһэн баран, Жюль Верн “Таинственный остров” диэн ааҕа сылдьар кинигэтин быыһыгар укпута уонна кинигэ полкатыгар ыраах соҕус көстүбэт сиргэ батары анньан кэбиспитэ. Ити отуттан тахса сыл анараа өттүгэр буолбут түбэлтэни санаан, Лиза бүгүн хайаан да дойдутугар тиийэн дьонун дьиэтиттэн ол суругу буларга сананна. Дьонун дьиэтигэр билигин кыра балта дьиэлээн олорор. Сылга биирдэ-иккитэ сылдьар буолар этэ да, ол сурук туһунан хаһан да санаабат уонна өйдөөбөт да этэ. Бу бүгүн хайдах эрэ ол туһунан санаан ылла. Тоҕо да аахпатаҕын бэйэтэ соччо өйдөөбөт. Сэттэ чааһы ааһыыта такси сакаастаан, дойдутугар айаннаан тиийэн балтын ааҕы үөртэ. Били хаһан эрэ кини бэйэтин хоһугар киирэн кинигэ полкатын көрөөрү гыммыта, полка
суох этэ. Балтыттан кинигэлэри ханна гыммыттарын ыйыталаспытыгар кыыс мунаарда, эдьиийин соhуйбуттуу тэрбэччи кɵрдɵ. — Онтон ити таһырдьааҥы ампаарга бааллара буолуо, ол эргэ кинигэлэргэ туохха наадыйдыҥ? – диир балта. — Били өйдүүрүҥ дуу, мин мантан маҥнай көһөн барарбар суумкабыттан хостоон кэбиспит сурукпун?.. — Пахай, хантан өйдүөхпүнүй, мин онно оҕо буоллаҕым дии. — Дьэ ол суругу булаары бу кэлэн сырыттаҕым. — Кыһалҕаҥ да бэрт эбит дии. Оттон онно аахпатаҕыҥ дуо ол?.. — Суох, аахпатах буолан көрдүү кэллэҕим дии. — Ити оҕолор кинигэлэри хомуйбуттара, хостоон кэбиспэтилэр ини. Ханнык кинигэҕэ баар этэй ол сурук?.. — Дьэ, ону баҕас бэйэм билэбин. Онтон булбатахпына хайыахпытый, оннук дьылҕалаах диэн санаахтыыр эрэ буоллахпыт дии. Балтын кыра уолун илдьэ ампаарга тахсан, барыта быыл буолан хаалбыт кууллары сүөкэтэлээн кинигэлэри хостоотулар. Кинигэлэр быылларын сото-сото таһырдьа таһааран кыстаан истилэр. Кыра уол быылтан ытырдан ыла-ыла, сүрэҕэлдьээн кэтэҕин тарбана–тарбана турара элбээбитин иһин эдьиийэ Лиза уолга эттэ: «Чэ, эн баран оонньоо, мин бэйэм оргууй манна сылдьыаҕым.» Уол көҥүлгэ көппүт чыычаах курдук уулуссаҕа тахсан, оҕолору кытта мустан оонньуур сирдэрин диэки сүүрэ турда. Куулга баар кинигэлэри барытын хостотолоон таһаарда да, били кинигэтин булбакка ыксаан ылла. Онтон таска таһааран сааһылаабыт кинигэлэрин быыһыттан булан, көмүһү дуу, алмааһы дуу булбуттуу үөрэн, кинигэни сыллаа да сыллаа буолла. Сүтүгэ кɵстɵн сүрэҕэ битигирии тэптэ… Долгуйан, кинигэни түөһүгэр сыhыары тутан, арыйыаҕын куттанан олоро түстэ. Кини санаатыгар, суруга суох буоллаҕына хайдах буоларын билбэт. Сатаатар, суругу тоҕо да аахпакка бу кинигэ быыһыгар укпутай, бэйэтэ бэйэтиттэн кэлэйэ санаата. Онтон синэ биир диэн баран кинигэтин арыйа баттаата. Кинигэ быыһыгар суруга бу сытар эбит. Били кини кэмбиэри хастыы тардыбытынан, ситэри арыллыбакка сыппытын курдук сыппыт. Лиза салыбырас буолбут илиитинэн бакыаттаах суругу хаба тардан ылла. Дьэ уонна бакыат таһыгар суруллубуту хас да сыл ааспытын кэнниттэн сиһилии аахта. Петровой Лизе диэн баран, уол Попов Гоша диэн бэйэтин аатын суруйбут уонна сэттэ сүрэх сулуhу уруһуйдаабыт. Лиза бакыаты ситэри арыйан, урукку килиэккэлээх тэтэрээт лииһигэр суруллубут саhарбыт суругу хостоон таһаарда. Ааҕаары гыммыта, долгуйан эбитэ дуу, эбэтэр сааһыран дуу, хараҕа суругу таба көрбөккө кыҥастаһа сатаан баран, илдьэ кэлбит суумкатыгар ааҕарга аналлаах ачыкыта баарын өйдөөн, ону ыла дьиэҕэ киирдэ. Дьиэҕэ киирбитигэр балта ыйыта тоһуйда: — Хайа, эдьиэй, суруккун буллуҥ дуо? — Баар эбит, – Лиза суругу көрдөрөн баран сиэбигэр уктан кэбистэ, хоско киирэн суумкатыттан ачыкытын ылан таҕыста. — Чэ, кэл манна, ааҕыахха эрэ,– диэн балта дьыбааны ыйан көрдөрдө. — Суох. Мин бэйэм. Бэйэм эрэ… -диэн баран Лиза таһырдьа куотан таҕыста. Таска тахсан баран, ампаар таһыгар тиийэн ачыкытын кэттэ, суругу сиэбиттэн хостоон таһааран аахпытынан барда. «Лизушкам эҕэрдэ! Ити
эйигин Лизушкам диэбиппэр, эн миэхэ кыыһырбаккар көрдөһөбүн. Тоҕо диэтэххэ, эн курдук чугастык саныыр киһим миэхэ суох. Эн атын уолга кэргэн тахсан көһөн бараары сылдьаргын истэммин, наһаа да хомойдум. Мин эйигин “ТАПТЫЫБЫН” диэн тоҕо эрдэ эппэккэ сылдьыбыппын билигин сиһилии суруйан быһааран биэрдэхпинэ сатанар. Тоҕо, тоҕо, тоҕо ??? – бу үс тоҕо. Бастакы тоҕо. Эн миигиттэн үс сыл балыс буолаҥҥын, эн убайдаргын кытта бииргэ бодоруһан улааппытым. Ону эн барытын бэйэҥ билэҕин. Ол кэмҥэ эн наһаа да үчүгэйкээн кыра кыыс оҕо буоллаҕыҥ ээ. Эйигин көрө-көрө убайдаргар наһаа да ымсыырар этим, эн курдук балтыланыахпын баҕараммын. Кэлин улааттаҕым аайытын эйигин балты курдук ымсыырбакка, уол кыыһы сөбүлээн көрөрүн курдук көрөр буолан барбытым. Соруйан эйигин көрөөрү эһиэхэ тиийэрим, көрбөтөхпүнэ ол күнүм табыллыбатах курдук буолара. Оттон көрдөхпүнэ, миигиннээҕэр дьоллоох киһи суоҕун курдук сананарым. Эн ол кэмҥэ миигин өйдөөн таба көрөрүҥ эбитэ дуу, суоҕа дуу, ону мин билбэппин. Дьиҥинэн эттэххэ, убайдаргар мин отойун да наадыйбат буоллаҕым. Мин эйигин эрэ көрөөрү сылтах оҥостон сырыттаҕым дии. Чэ, итинник бастакы тоҕобун манан бүтэриим. Иккис тоҕо. Билэриҥ курдук, мин тулаайах, аймахтарбар иитиллэн олорбут буоламмын, таҥаһым-сабым куһаҕана сыттаҕа. Хаар түһүөҕүттэн ууллуор диэри хаатыҥканан сылдьарбын эн элбэхтэ көрбүт буолуохтааххын. Ууллубутун кэннэ киирзэбэй саппыкыны күһүн сир тоҥуор диэри кэтэрим. Хаһан да саҥа таҥас диэни оҕо сааспар кэппэтэҕим. Ким эрэ эргэтин, эбэтэр сирэн кэппэт буолбут таҥастарын миэхэ биэрбиттэрин кэтэн улааппытым. Эн да убайдарыҥ таҥастарын элбэхтэ кэппитим. Биирдэ эн дьонуҥ миэхэ өтүүккэ сиэтиллибит убайыҥ сибиитирэтин биэрбиттэрэ. Ону өйдүүрүҥ эбитэ буолуо. Оскуолаҕа кэтэн тиийбиппэр, переменаҕа көрүдүөргэ кыргыттары кытта тураҥҥын: “Оо, мин убайым киэнин кэтэ сылдьар дии, арааһа, уоран ылбыт быһыылаах биһигиттэн,” — диэбиккэр олуһун да кыбыстыбытым уонна сааппытым. Эйигиттэн эрэ итинник тылы истиэҕим дии санаабатаҕым. Онно оскуолаттан тыаҕа куотан бараммын, саһан олорон ытаабытым. Хаста да мээнэ тыаҕа атах балай бараары санаталаан ылбытым. Онтон эйигин көрбөппүттэн куттанан тохтообутум. Төһө да миигин уоруйах диэн эппиккиттэн өһүргэммитим иһин, эйигин син биир ТАПТЫЫРЫМ. Ол быһылаан кэнниттэн, дьонноруҥ таҥас биэрэ сатаатахтарына ылбат буолбутум. Күүстэринэн туттардахтарына баран иһэн таһырдьа көхөҕө ыйаан хаалларан кэбиһэр буолбутум. Кыбыстан биирдэ да оскуолаҕа ыытыллар биэчэрдэргэ сылдьыбат этим ээ. Тиийдэхпинэ даҕаны, биир эмит кылааска саһан, бүтүөр диэри оннук бүгэн олорорум. Биэчэр бүппүтүн кэннэ, таһырдьа тахсан эн бараргын кэтиирим. Кэннигиттэн батыһан ыраахтан дьиэҕэр дылы атаарар быһыым буолара. Эйиэхэ чугаһыахпын чахчы эттэххэ куттанар этим, убайдаргыттан. Биирдэ били эйиэхэ Болуодьа саппыыска суруйбутун убайдарыҥ билэннэр, ол Болуодьаны кэһэтэ түһэн биэрээри миигин ыҥырбыттарыгар, үөрүүнэн сөбүлэһэн барсыбытым. Ол уолу тутан ылан сиргэ төкүнүтэ сылдьан тэбиэлии түһэн биэрбиппит. Мин ис сүрэхпиттэн, күнүүлээн, тэбиэлээбитим. Бу иккис тоҕом манан бүтэр.
Үһүс тоҕо. Мин аармыйаҕа ыҥырыллан барбытым. Онно сылдьан эйигин санаабатах күнүм диэн суох этэ. Эн хаартыскаҕын күн аайы ылан көрөр уонна сыллыыр-ууруур буоларым. Хаартыскаҕын хантан ылбыт диир буоллаххына, оскуолаҕа Бочуот Дуоскатыгар турбут хаартыскаҕын уоран ылбытым. Мин үчүгэйдик уруһуйдуур буоламмын, оскуолаҕа куруутун ол бу былакааттары уонна Саҥа Дьыллааҕы уруһуйдары оҥорторор этилэр. Биир күн Бочуот Дуоскатын хаартыскаларын саҥардан биэрэргэ диэн ыҥыран көмөлөһүннэрбиттэрэ, мин онно оҕолор ааттарын уонна суругун-бичигин суруйталыыр этим. Эн хаартыскаҕын ылан бэйэбэр кистэнэн кэбиспитим. Хаартысканы ханна гынныҥ диэн ыйыта сатаабыттарын, отойун билиммэтэҕим. Кэлин атын хаартысканы булан ыйаабыттара. Эн ааккын саамай кыраһыабай буочарбынан кыһаллан туран астына-астына суруйбутум. Билигин даҕаны ол хаартыскаҕын харыстаан ууруна сылдьабын. Аармыйаттан кэлбитим кэннэ эн улаатан дьөссө тупсубут этиҥ. Икки сылы быһа көрбөккө сылдьыбыт киһиэхэ, ТАПТЫЫР кыыһын көрөрө хайдах да киһи кыайан суруйан эппэт түгэнэ буолар. Ити курдук ТОҔО диэннэрбин барытын сиһилии суруйдум быһыылаах. Оттон билигин эн миигиттэн баран эрэҕин. Ол гынан баран, син биир эйигин ТАПТЫАҔЫМ диэн этэбин. Мин билигин төһө да туга да суоҕум иһин, хайаан да барыта баар буолуоҕа. Хайаан да мин үрдүккэ тахсыам, ол курдук өйдөө!. Киһи бииргэ олорорго уонна сылдьарга сааппат киһитэ буолуоҕум!. Баҕардар хас да сыл, баҕардар үйэ да аастын, мин эйигин ТАПТЫЫРБЫН эн өйдөө. Бары үчүгэйи кытта. Эйигин ТАПТЫЫР уонна кэтэһэр Гоша.» Лиза суругу ааҕан баран өрдөөҕү буолбут кэми санаталаан ылаттаата. Кырдьык да, ити уол кинилэргэ кэллэҕинэ хараҕын киниттэн араарбат буолара. Убайдарыгар суруйан, наар кини туһунан ыйыталаhарын убайдара киниэхэ кэпсииллэрэ. Ол гынан баран бэйэлэрин ыккардыларыгар ити уолу күлүү гынар этилэр. Аармыйаттан кэлбит кэмигэр этэ. Гоша итирэн баран, кини иннигэр тобуктуу-тобуктуу, «Мин эйигин таптыыбын» дии-дии сордоммутун, убайа Гошаны кырбаары гыммытыгар, ол уол Лиза убайын бэйэтин кырбаабыта. Икки убайдара иккиэн кыттыһан кырбаан да хоппотохторо. Били кыра сылдьан баҕарбыттарынан охсо-тэбэ сылдьыбыт уоллара күүстээҕинэн уонна кыахтааҕынан быдан кинилэртэн таһынан этэ. Аһары кырбаныах дьоннору Лиза кэлэн буойбута. Кыыһы көрөн, уол охсуһарын тохтотон баран, Лиза иннигэр тобуктаан олордоҕуна, убайдар тула көтө сылдьан уолу дэлби тэбиэлээбиттэрин да үрдүнэн, туран көмүскэммэтэҕэ. Оннук кырбанан сиргэ сытан хаалбыта. Лиза, уолу тэбиэлии сырыттахтарына, тоҕо эрэ убайдарын тохтоппотоҕо. Кэһэйдэҕинэ киһини сырсыбат буолуо, кэһэйэ түстүн дии саныы турбута. Оннук куһаҕан быһыытын санаан билигин кыбыhынна, саатта. Уол кинини таптыыр буолан, бэйэтин көмүскэммэккэ, кырбанарыттан да куттаммакка, таах олорон биэрбитин билигин кэлэн өйдөөтө. Бу сурук сыппыта оруобуна отут сэттэ сыл буолбут эбит. Ол кэннэ туох-туох буолбута биллибэт. Маҥнайгы таптал ааһара биллэр буоллаҕа диэн санаан ылла Лиза. Балтыттан ити уол хайдах дьылҕаламмытын ыйыталаһар санаалаах дьиэҕэ киирдэ. Уонна суругу балтыгар биэрэн аахтарбытын кэннэ кыыс киниэхэ манныгы кэпсээтэ. — Попов
Егор Петрович улуус саамай баай киһитэ буолан олорор. Бэйэтэ бас билэр чааһынай хаһаайыстыбалаах. Сыhыы муҥунан сылгы, ынах иитэр уонна ону таһынан эргинэр. Оҕо-уруу диэн суох, аймахтарын оҕолорун барыларын үөрэттэрбит, үлэһит оҥортоон дьоһуннаахтык олорор. Эн тоҕо киниэхэ тахсыбатаххыный, киниэхэ тахсыбытыҥ эбитэ буоллар, киһи билбэт буола байыах эбиккин. Бу үнүр ити ииппит дьонун, кыыстарын кыыһын сыбаайбатыгар массыына бэлэхтээбитэ. Наһаа да үчүгэй буолуох эбит, итинник киһи эйигин таптаан сырса сылдьыбыта… Элбэх дьахтар ымсыыран ойох буола сатаабыттарын акаастаан, билигин да сулумах сырыттаҕа. Баҕардар, эйигин билигин да таптаан соҕотох сылдьара буолуо. Көрүстэҕинэ куруутун сураһааччы эн тускунан. Ону мин эйигин таптыы сылдьыбытын хантан билиэхпиний? Ол иһин сураһаахтыыр эбит дии, ол аата. Эдьиэй, билигин да баҕар таптыыра, кэтэһэрэ буолуо, кытаат, дьолгун мүлчү тутума. Кырдьар сааскар биирдэ көччүйэ түһүөҕүҥ. — Эс, сүрэ бэрт дии, дьэ кэлэн байбытын эрэ иһин биирдэ баар буола түспүт үһүбүн. — Ити суругун бүтүүтүгэр суруйбутун өйдөөн аах эрэ. «Хас да сыл, хас да үйэ аастын» диэбит буолбатах дуо?. — Оннугун оннук гынан баран, сүрэ бэрт. — Суруй-суруй, эппиэттээ. — Ол туох диэн суруйабын. Дьэ бу мин, бу баарбын диэн дуо?. — Онтон тыл үөрэхтээххин дии, тугу эмэ толкуйдаа ээ. Хас да сыл буолла дии соҕотох олорбутуҥ. — Саатабын. — Саатыма. Суруйбат буоллаххына, мин киниэхэ барытын кэпсээн биэриэҕим, оччотугар. — Кэбис, таах да эйиэхэ көрдөрөн. Киһини онно-манна киллэрээри. — Суруйаҕын дуу, суох дуу?. — Чэ, чэ суруйуохха. Туох диибит ол?. Түүнү быһа олорон, толкуйдаан суруктарын суруйан сарсыарданан бүтэрбиттэрэ. Балта суругу тиксэриэх буолан хаалбыта. Лиза төттөрү айаннаабыта. Саатан Гоша хараҕар көстүөн баҕарбатаҕа. Егор Петровиһы көрсөн балта суругу тиксэрбитэ. — Бу эйиэхэ сурук биэрбиттэрин тиксэриэхпин баҕарабын. — Миэхэ дуо… Лизаттан да? –диэн Егор Петрович Лизаттан дииригэр куолаһа титирэстээн, кэһиэҕирбит курдуга уонна илиилэрин ыстаанын буутугар соттон баран биирдэ суругу ылбыта. Ол ыларыгар илиитэ салҕалас буолбута. Егор Петрович массыынатыгар олорон, кыра оҕо эрдэҕиттэн сөбүлээн сылдьар биэрэгин үрдүгэр айаннаан тиийдэ. Массыынаттан тахсан улахан аарыма хатыҥ аттыгар хааман кэллэ. Хатыҥ туус маҥан субатыгар быһаҕынан хайа сотуллубут «ГОША + ЛИЗА» диэн суругу имэрийэ туран, хатыҥҥа кэпсиирдии оргууй саҥарда. — Хатыҥчааным, эн билэн эрдэҕиҥ барытын. Ол саҕана эн эдэр-сэнэх хатыҥчаан этиҥ, билигин бу аарыма хатыҥ буолан тураҕын. Ити эдэр эрдэхпинэ, эн эккэр быһаҕынан хайа сотон суруйбут суругум харааран тураахтыыр. Баҕар, ол да иһин биһиги бииргэ буолбакка сырыттахпыт буолуо. Бу бүгүн таптыыр киhибиттэн Лизабыттан сурук тутан, эйиэхэ кэлэн турабын. Ону эн биһиги иккиэн ааҕыахха, хайаан да эн ону истиэх тустааххын. Сааһыран баран биирдэ саныыр буоллум, бу бэйэлээх айылҕа кэрэ дьүһүнүн алдьаппыт буруйдаахпын. Чэ, суругу
иһит. Мин эйиэхэ ааҕан иһитиннэриэм», – диэтэ Гоша уонна сиэбиттэн суругу хостоон таһааран арыйа баттаата. «Егор Петрович, дорообо! Бу мин Лиза, Елизавета Семеновна суруйан эрэбин. Били бүтэһик көрсүһүүбүтүгэр биэрбит суруккун, отут сэттэ сыл буолан баран, дьэ аахтым. Ону бука диэн бырастыы гын диэн көрдөһөбүн. Эн миигин таптыыргын дьиҥинэн мин билэр уонна сэрэйэр этим. Убайдарым куруутун эн кэлэн бардаххына, миигин күлүү-элэк гынар буолаллара. Ити эйигин көрөөрү кэлээхтиир диэн этэр этилэр. Ол иһин мин наһаа да саатар этим. Ама, хайа кыыс таайыа суоҕай, таптыыр киһи харахтарын. Бэйэм туспунан кэпсээтэххэ маннык. Били көһөн барбытым кэннэ, эрбин кытта баара-суоҕа сэттэ эрэ сыл бииргэ олорбуппут. Ол быыһыгар икки кыыс уонна биир уол оҕоломмутум. Онтон эрим атын дьахтарга иирэн арахсан барбыта, үс кыра оҕолоох олорбутум курдук олорон хаалбытым. Эрим оҕолорбор дьиэбин хаалларабын диэн, дойдубар барбакка олохсуйа хаалбытым. Баҕар, суруккун эрдэ аахпытым буоллар дии саныыбын. Мин, дьэ кэлэн, эйиэхэ баайсар санаам суох. Эн билигин бэйэҥ билэҕин. Тоҕо ойохтоммокко бачча сааскар диэри соҕотох сырыттыҥ?. Биир эмит үчүгэй кыыһы булан ыал буолуоҥ хааллаҕа. Барытын миэхэ кэпсээбиттэрэ. Өр сылларга суруккун уура сытан баран, дьэ анаан сорунан туран кэлэн аахтым. Билигин биһиги эдэр оҕолор буолбатахпыт. Туох эмит санаа билигин да баар буоллаҕына, эр киһи буоллаҕыҥ дии. Чэ, манан кылгас сурукпун бүтэриим. Лиза-Елизавета Семеновна» Егор Петрович–Гоша суругун ааҕан бүтэрдэ, хатыҥы кууһан туран хараҕыттан улахан хааппыла таммахтар саккырыы тоҕуннулар. Арыый уоскуйан баран хатыҥҥа туһаайан эттэ: — Эн мин олохпун барытын билэн-көрөн турдаҕыҥ. Куруутун сыл ахсын кэлэн эйиэхэ барытын кэпсиирим, ситиһиибин, хомолтобун. Бу иһиттиҥ дии туох диэбитин. Туох эмит санаа билигин да баар буоллаҕына диэбит дии. Мин билигин да кинини ТАПТЫЫБЫН, ону эн эрэ билэҕин, хатыҥчааным. Мин кинини өр да кэтэстим. Сотору, кинини аҕалан эйигин хайаан да көрдөрүөм. Эн Лизаны эмиэ сөбүлээр, кини аатын эмиэ хас да сыл эккэр иҥэринэн турдаҕыҥ. Чэ, мин бардым, биһиги иккиэн кэлиэхпит…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан