Кэпсээ
Войти Регистрация

Бэдьэкэ «бандьыыт»

Главная / Кэпсээн арааһа / Бэдьэкэ «бандьыыт»

K
edersaas.ru Категорията суох
08.11.2017 16:00
Өлөөҥҥө Ээйик оскуолатыгар уһуннук учууталлаабыт таайым, фольклору хомуйааччы Ефим Афанасьевич Филиппов “Бэдьэкэ оһуокайа” диэн биир дойдулааҕа, Үөһээ Бүлүү Сургуулугун киһитэ Степан Васильевич Степанов (Суор Уолун уола) быһа тардан үтүктэрин 1952 с. сурукка түһэрэн ылбытын миэхэ көрдөрбүтэ. edersaas.ru «Кыһыл былаах сууллуоҕа», «Өктөөп аата үөҕүллүө» диэн тыллардаах оһуохайы ааҕан бараммын, төһө даҕаны “бандьыытын” иһин, сэттэ уон сылы өтө көрөн илбистээхтик-иччилээхтик эппитин сэҥээрэн, дьон-сэргэ билиитигэр аҥаардас тиэкиһин эрэ таһааран турабын (“Саха сирэ”, 07.08.1998). Бэдьэкэ диэн ким этэй? Бүлүүгэ Үгүлээт Этэкээнин түөлбэтигэр Андыҥда диэн күөлгэ Бадьыак Баһылай диэн кыанар киһи олорбут. Кини Сөдүөрэтинээн түөрт уолламмыттарыттан (сорох ахтыыга тыла суох кыыстаахтара ыйыллар) Васильевтар тэнийбиттэр. Уолаттартан улаханнара – Борукуоппай (Бэдьэкэ) эбит. Прокопий Васильев (Бадьыакап) 1910 сыллааҕы биэрэпискэ 9 ынах сүөһүлээҕэ, 1 сылгылааҕа суруллубут. Кырдьаҕастар ахталларынан, оҕо эрдэҕиттэн тыллаах-өстөөх, сытыы-хотуу киһи буола улааппыт. Бэдьэкэ 1921 с. 41 саастааҕар III Күүлэттэн, Тылгыныттан, Үгүлээттэн дьону хомуйан, сүүрбэччэ киһилээх этэрээт тэринэн, Бүлүү куораты осадалааһыҥҥа кыттар. Онтон сайын Дьокуускайтан элбэх киһилээх кыһыл ­этэрээтэ борохуотунан кэлбититтэн саллан, тыыннарын тэскилэтэн куоталлар. Бэдьэкэ этэрээтин ыһан баран, Амыһаахха (Үгүлээттэн 10 көс өрө) кэргэнин, оҕолорун кытта олорорун кыһыллар тутаннар, Бүлүүгэ киллэрэллэр. Хаайыыга кыстаабыт бадахтаах. Онтон амнистияҕа түбэһэн, эргиэҥҥэ агенынан ылыллан, Үгүлээккэ бурдук, чэй, табаах, о.д.а. табаары ындыыланан таһааран атыылаабыт. Ол күһүнүгэр Өлөөнүнэн, Анаабырынан, Таймыырынан ас-таҥас илдьэ барар. Ити сылдьан үрүҥ бырааттарын кытта булсубут быһыылаах. Сиикэй Талахтааҕы бүтэһик улахан кыргыһыыга сэриилэһэ сылдьан тутуллубут курдук сорохтор суруйаллар. Атын кэпсээнинэн сэбиэскэй былаас үлэһитин быһыытынан эмиэ даҕаны кыһыллары сирдээбит дииллэр. Үрүҥнэр ыстааптарыгар урут сүүрэн киирэн докумуоннары уоттаабыт. Онтон кумааҕы куоппуйата көстөн, Бэдьэкэ ыстаап чилиэнэ буоларын билэн тутан хаайбыттар уонна Красноярскайга (кыһыллар сорох этэрээт­тэрэ онтон кэлбиттэр) илдьэн иһэн өлөрбүттэр үһү. Эрдэттэн санаалаах буолан, эргиэҥҥэ сыстыбыт уонна сирдээбит (тоһуурга киллэрээри) буолуон сөп. Ити кыһыллар кэлэллэрин үрүҥ бырааттар сир ортотугар хаарынан-мууһунан бөҕөргөтүнүү оҥостон, саа уотунан тибиирэрдии тоһуйан сыппыттарын биир баай киһи табатын халыҥ үөрэ ортолорунан ааһан харгыстаабыт, кыһыллар табаларынан хаххаланан киирэн бэйэлэрин кыдыйбыттар. Прокопий Васильев-Бэдьэкэни, үөрэҕэ суох, орто бааһынай киһини, ГПУ Саха сирин уобаластааҕы холбоһуктаах отделын “тройката” РСФСР ХК 59-3 ыстатыйатынан баайын-дуолун тутан, ытарга уурбут. Кинини реабилитациялыыр туһунан уураах 2000 сыл олунньу 29 күнүгэр тахсыбыта. Онон сэбиэскэй былаас саҕана “бандьыыт” дьаралыктаах П.В.Васильев-Бэдьэкэ аата-суола тиллибитэ. “Миигин бырааппынаан оҕо сырыттахпытына, “бандьыыт аймахтара” диэн үөҕэн-үтүрүйэн аҕай биэрэллэрэ, ол иһин Бэдьэкэни өстөөҕүм курдук саныырым, — диир П.Васильев бииргэ төрөөбүт кыра инитин Харачаан сиэнэ, билигин 70-ча саастаах Анна Николаевна Мохначевская. – Ийэм, эһэм кэпсииллэринэн, Бэдьэкэ кэргэнин үс-түөрт (чуолкайа биллибэт) оҕотун кытта Дьэһиэйгэ илдьэн хаалларбыт. Араспаанньаларын уларыттаран, Соломоновтар буолбуттар. Кэлин биир уол суруйсубут уонна Үгүлээккэ билсэ кэлэ сылдьыбыт этэ…”
Бэдьэкэ оһуокайа (быһа тардыы) .. Оһуокайдыыр оһуокай, Эһиэкэйдиир эһиэкэй. Малтаччылыыр эттэххэ, Бассабыыктыыр баартыйа Ииннэригэ биллибэт Иэдээннэри тэрийдэ, Ааннарыга биллибэт Алдьархайы таһаарда, Тоҕус үйэ тухары Туругуран тупсубут Тоҕус иилээх-саҕалаах Туруу ийэ дойдубун Тордуйалаах уу курдук Тоҕу тэпсэн бардылар… Оһуокайдыыр оһуокай, Эһиэкэйдиир эһиэкэй. Үстүүр саха барахсан Өлөр-хаалар күннэрэ Өлөрсүүлээх атыырдыы Өрүтэ туран бардылар, Хаарыан үтүө дойдукам Хаалар-быстар күннэрэ Харсыылардаах оҕустуу Хардарыта анньыһар Хара сордоох кэмнэрэ Хабыр, дьолуо халлаантан Халыйаахтаан түстүлэр. Оһуокайдыыр оһуокай, Эһиэкэйдиир эһиэкэй. Үрүҥ саары суулларан, Ыраахтааҕы былааһын Ыйтан-күнтэн сүтэрэн, Күдэн гынан көтүтэн, Күрэстэһэн көрбүтү Күлэ-күлэ күөмчүлээн, Күллэригин булкуйан, Утарылыыр көрбүтү Оонньуу-оонньуу охторон, Уоттарыгын умуоран, Оһол-илбис олохтоох Ороспуойум былааһын Олохтуурга бардылар, Өһөх хааным үктэллээх Өрөпкүөмүм былааһын Өрө тутан бардылар, Сиикэй хааннаах силбиккэ Сэбиэттэрим былааһын Ситэрэргэ диэтилэр. Оһуокайдыыр оһуокай, Эһиэкэйдиир эһиэкэй. Соҕуруулуур дойдуга Соло-сокуон былдьаһар Суостаах сэрии күүһүрдэ, Бассабыыгы утары Байҕал түллэр баалыныы Бастыҥ сэрии кииристэ, Сахам сирин үрдүнэн Сата-буурай күүһүрдэ, Илбис кыыһа дьиэһийдэ, Оһол уола оонньоото, Кыалыыр хааным тоҕунна, Уһуннуура уҥуоҕум Урусхалга булкуста… Оһуокайдыыр оһуокай, Эһиэкэйдиир эһиэкэй. Уруу-хаанныыр дьоннорум, Бырааттарым эһиги, Модун киһи Борукуо, Бэртиир киһи Бэдьэкэ Үүннээх үтүө тылларын Өйдүүр-саныыр инигит. Онон эбит буоллаҕына, Өбүгэбит саҕаттан Үгэстэрдээх этибит: Үтүө киһи биир тыллаах, Соргулардаах соноҕос Соҕотохтуур кымньыылаах. Хааннаах былаас утары Харса-хабыр хааннанан, Өлөрсүүлээх былааска Өргөспүтүн сытыылаан, Өлөр-тиллэр сэриигэ Биирдиир бигэ тылбытын Бигэргэтиэх тустаахпыт. Үрдүк үҥэр айыыбыт Өһүллүбэт ыйааҕа – Төрүөн баран төннүбэт Төлкөлөммүт суох буолуо. Кыайтарбыппыт да иһин Сэбиэттэрин былааһа Сэттэригэ ситиэҕэ, Бассабыыктыыр баартыйа Бастарыга быстыаҕа, Кыһыллыыра сэриибит Кыайтарыаҕа, эстиэҕэ… Охсуһууну тэрийбит, Өстөһүүнү үөдүппүт Кыргыһыыны кыыртаабыт, Икки атах олоҕун Иэдьигэйдии иирдибит Бассабыыктыыр баартыйа Кырыыстарга туруоҕа, Кырамаҥҥа көтүөҕэ. Оһуокайдыыр оһуокай, Эһиэкэйдиир эһиэкэй. Туомтуу тардан эттэххэ, Кырыыс баһа хааннаах диэн Өбүгэбит үгэһэ – … Кыалыыр хааҥҥа тэтэрбит Кыһыл былаах сууллуоҕа, Өһөх хааҥҥа үктэммит Өктөөп аата үөҕүллүө, Бастыҥ дьону бараабыт Бассабыыкпыт бараныа… Субу сордоох кыргыһыы Сотору, баҕар, бүтүө диэн Көрүүлэнэн көрүөхпүн Ойуун, ичээн буолбатахпын. Оллуур эрэн, сэгэрдээр, Одун бииһин ууһуттан Уһаарыллан тахсыбыт Урааҥхай сахалар буолабыт, Үлүгэр-алдьархай дьылларга Өлөн-охтон биэрбэтэх Өбүгэ сахалар буолабыт, Тыгын кырдьаҕас саҕаттан Тыллыбыт-хайдыбыт дьылҕалаах Тыйыс сахалар буолабыт. Сахам сирин үрдүнэн Саргы-дьаалы салаллыа, Олох уста туруоҕа, Үгүс сылым ааһыаҕа, Үстүүр саха барахсан Үөскүү-үүнэ туруоҕа. Оччоҕуна, доҕоттоор, Убайдара – биһиги Ороскуоттаах, оһоллоох, Охсуһуулаах үйэбитин Ороһулаан төрөөбүт Оҕо-сэлэ дьоннорум Уһун түүнүм устата Олоҥхолуур буолуохтара. 1920-с сыллар. Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан