Кэпсээ
Войти Регистрация

“Литературнай хаһыакка” Саха сирин суруйааччылара бэчээттэннилэр

Главная / Кэпсээн арааһа / “Литературнай хаһыакка” Саха сирин суруйааччылара бэчээттэннилэр

K
edersaas.ru Категорията суох
07.11.2017 18:04
“Литературная газета” хаһыат Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100 сылыгар анаммыт нүөмэригэр “Многоязыкая лира России” бырайыак чэрчитинэн, Саха сирин суруйааччыларыгар анаммыт 8 балаһалаах таһаарыы саха литературатын таптааччыларга күндү бэлэх буолла. Ону тэҥэ Арассыыйа бары ааҕааччыларыгар Саха сирин поэзиятын, прозатын билиһиннэрдэ. edersaas.ru Таһаарыы бастакы балаһатыгар норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева хоһоонноро киирбиттэр. “Праматерь Азия”, “Памяти моей мамы”, “Триптих о древних тюркских женщинах”, о.д.а. хоһоонноро бэчээттэммиттэр. Иван Тертычнай, Николай Переяслов, Николай Рачков, Татьяна Четверикова нууччалыы тылбаастаабыт хоһоонноругар саха дьахтарын уобараһа арыллар, уруккуну, аныгыны, инники кэми ситимниир санаалара, норуот дьылҕатын туһунан толкуйдара көстөллөр. Икки балаһанан Елена Слепцова-Куорсуннаах улахан интервьюта бэчээттэммит. Кини кыыллары дрессировкалыыр артыыскаттан хайдах суруйааччы буолбутун, аҕатын өттүнэн Слепцовтар (Ойуунускай аймахтара), ийэтин өттүнэн Оруоһуттар ыар дьылҕаларын, ол киниэхэ хайдах дьайбытын, оҕо сааһын кэрчиктэриттэн быһа тардан, арамааннарын хайдах суруйбутун туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээбит. “Аан талҕа” арамаанын уон сыл устата суруйарыгар дьоруойдарын ир суолларын ирдээн Сибиир, киин Арассыыйа куораттарыгар, Соловки лааҕырга тиийэ сылдьыбыт, архыыптарга үлэлээбит. Кини ханна тиийбит сиригэр барытыгар үтүө дьон көмөлөһөн, суола арыллан испит эбит. “Аныгы саха литературатын кэскилин туохха көрөҕүнүй?” диэн ыйытыыга “Билигин саха литературата өрө көтөҕүллүү долгунугар сылдьар. Бобуу-хаайыы суох, ол эрээри атын кыһалҕалар бааллар. Маассабай кинигэ ырыынагы толордо, ол эрээри ардыгар дьиҥнээх литература “ааллара” күөрэйэн тахсаллар… Сүрүннээн, саха поэзиятын уонна прозатын кэскилэ киэҥ диэн санаалаахпын”, –диэн хоруйдаабыт. Национальнай литературалар кыһалҕаларын ырытыыга Куорсуннаах: “Нуучча литературата урут даҕаны, аны даҕаны биһиэхэ суолдьут сулус буолар. Барыбытын холбуур, түмэр. Ону сэргэ Арассыыйа литературата национальнай литературалара суох сатаммат. Арассыыйа култууратын улууканнаах уратыта, чахчы, элбэх куолас холбоһуутуттан үөскүүр… Билигин, утарыта турсуулаах чэпчэкитэ суох кэмҥэ, судаарыстыба таһымыгар РФ элбэх омуктарыттан турар норуотун духуобунаһын бөҕөргөтөр идеологияны үөскэтиэхпитин наада”, – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбит. Биир балаһаҕа соторутааҕыта буолан ааспыт “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл туһунан “Литературная газета” хаһыат отделын эрэдээктэрэ Анастасия Ермакова бэйэтэ кэлэ сылдьан көрбүтүн-истибитин суруйбут. Бэстибээл тэрээһиннэриттэн Суоттуга “Доҕордоһуу” мусуойугар уста сытар үөстээх Өлүөнэни туораан барбыттарын, сахалар ыалдьытымсахтарын бэлиэтээбит. Прозаны Владислав Авдеев “Фокус”, Аграфена Кузьмина “Мааппыс” кэпсээннэринэн билиһиннэрбиттэр. Саха поэзиятын Михаил Иванов, Рустам Каженкин, Лиза Мигалкина хоһоонноро кэрэһилииллэр. Ону тэҥэ Саха сиригэр олорор нуучча бэйиэттэрэ Владимир Федоров, Марина Клюева, Сергей Москвитин, Андрей Шушминцев, Кирилл Долинскай, Елена Парыгина, Любовь Винс, Елена Овчарова, Ирина Дмитриева, Ольга Пашкевич, Ольга Никулина хоһоонноро бэчээттэммиттэр. Санатан эттэххэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа “Литературнай хаһыаты” кытта уруккуттан бииргэ үлэлэһэр. Ол түмүгэр хаста да бу курдук билиһиннэрэр таһаарыыларга Саха сиригэр олорор норуоттар суруйааччыларын айымньылара тахсыбыттара. Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан