Кэпсээ
Войти Регистрация

Маппыыс (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Маппыыс (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
02.11.2017 11:46
Бу күннэргэ «Литературная газета» хаһыакка «Саха сирэ» хаһыат ырытааччыта, суруйааччы Аграфена Кузьмина «Маппыыс» диэн кэпсээнэ таҕыста. Кэпсээни Аита Шапошникова тылбаастаата. edersaas.ru Маппыыс Уйбаан Уйбаанабыс сарсыарда эрдэ туран Лээппилээхтэн улуус киинигэр бараары хоммут ыалыттан айан суолугар тахсан массыынатын кэтэһэ турда. Кинини кытта биир бириэмэҕэ дэриэбинэ уһук хоту өттүттэн сүгэһэрдээх, былаатын бобуонньуктуу бааммыт, биир илиитигэр талах торуоскалаах, аҥарыгар биэдэрэ тутуурдаах отонньут иһэр. Бу – Маппыыс. Айанньыттар иккиэн тохтобулга көрсүһэ түстүлэр. — Байа, тоойуом, бачча эрдэ ханналаатыҥ? – эмээхсин сүгэһэрин сиргэ ууран, сиэбиттэн былатыагын таһааран сирэйин-хараҕын сотунна, халадаай ырбаахытын көннөрүннэ. — Улуус киинигэр бараары массыына кэтэһэ турабын. Оттон эн ханналаатыҥ, баабыска? – Уйбаан Уйбаанабыс кырдьаҕас киһи истибэтэ буолуо диэн саҥатын улаатыннаран биэрдэ. — Бэй, тоойуом, истэбин ээ. Хантан сылдьаҕын? – Маппыыс хаһан да көрбөтөх киһитин көрсөн кэпсэтэрдии оҥостон, биэдэрэтин, сүгэһэрин суол кытыытыгар халбарыта аста, талах маһыгар икки илиитин ууран өйөнөн сэһэргэһээччитин сирэйин-хараҕын одууласта. — Куораттан сылдьабын. Үлэлээн баран иһэбин. Оскуолаҕытын көрдүм, — Уйбаан Уйбаанабыс кыра бүрэ дьүһүннээх, айаҕар биир эрэ ардьайбыт суос-соҕотох тиистээх эмээхсини кытта кэпсэтиэн соччо баҕарбата. Арай хараҕа хомуһуол иһинэн көстөр халадаай ырбаахы таһынан иилиммит үрүҥ көмүс илин кэбиһэригэр уонна уҥа илиитин сөмүйэтигэр кэппит үрүҥ көмүс улахан биһилэҕэр хатанна, — Баабыска, ханна айаннаатыҥ? – эмээхсин тоҕо үрүҥ көмүһүн кэппитин интэриэһиргээн иккиһин ыйытта. — Ээт, мин отоннуу баран иһэбин. Быйыл отон үүммүт. Бүгүн күн бөҕө буолбут, Маппыйга күн үөрбүт, — эмээхсин кими эрэ санаан сирэйэ сырдаан ылла. Уйбаан Уйбаанабыс Маппый диэн кимин, киниэхэ тоҕо күн үөрбүтүн өйдөөбөтө, онтон эмээхсин түөһэйбит дии санаата быһылаах, чочумча туох диэҕин билиминэ кэпсэтиини салҕаары төбөтүгэр туох бастакы көтөн түспүтүн үлүбээй ыйытта. — Бүгүн кырдьык, дьэ анаабыт курдук күннээх, ичигэс күн буолбут. Быйыл дьэ отон үүннэ. Бу биһилэҕин тоҕо үчүгэйэй, арааһа сүрдээх уус киһи оҥорбут быһылаах, – уонна иһигэр эмээхсини сиилии санаабытыттан кыбыстан ылла. — Бу Маппый оҥорбута. Кэннигэр латыынныы суруктаах, — эмээхсин уҥуох-тирии буолбут илиитин тайаҕыттан арааран биһилэҕин көрдөрөр. Уйбаан Уйбаанабыс си буолуохтааҕар биһилэх ойуутун-мандарын сыныйан көрбүтэ буолар. — Үчүгэй оҥоһуу эбит. Олох былыргы оҥоһуу. Билигин манныктары ким да оҥорбот, — сэҥээрэн саҥа аллайар. — Бу илин кэбиһэрэ эмиэ итинник оҥоһуулаах. Маппый уус, — Маппыыс киэргэлин хомуһуолун иһиттэн хостоон илиитигэр тутан көрдөрөр. Уйбаан Уйбаанабыс эмээхсиҥҥэ умса нөрүйэн аны илин кэбиһэри одуулаһар. — Хамыһаарбын диэтиҥ дуу? Оскуолаҕа тугу көрдүҥ? – Маппыыс элбэҕи кэпсээтим, көдөрдүм диэтэ быһыылаах, аны сэһэргэһээччитин кимин-тугун туоһулаһар аакка барда илин кэбиһэрин хомуһуолун иһигэр кистии-кистии. — Ээ, суох. Оскуолалар үөрэхтэригэр хайдах бэлэмнэнэн эрэллэрин көрдүм, учууталлары кытта кэпсэттим, — Уйбаан Уйбаанабыс Маппыыс өйдөөрөй диэн хас биирдии тылын
тоһоҕолоон тохтуу-тохтуу саҥарда. — Ээт, оскуола бэлэм бөҕө буоллаҕа. Маарыйа Уйбаанабына дириэктэр бэккэ үлэлиир. Мин уолум эмиэ хамыһаар. Хонтуораҕа үлэлиир. Солото суох. Биир кэм үлэттэн орпот. Үчүгэй үлэһит. Быкыһын кыраамыка туппута, улахан киһиттэн дииллэр, — Маппыыс уолун туһунан өссө элбэҕи кэпсиэх эбит да, өлүү түбэлтэлээх бу кэмҥэ уола массыынанан ааһан иһэн түбэһэ түһэн түннүгүнэн быган: “Бу эмээхсин бачча сарсыарда ханна барда? Өссө илин кэбиһэрин иилиммит буола-буола. Олох да түөһэйбит буолбат дуо? Ыл, бар дьиэҕэр”, — диэн баргыытаан ааста. Маппыыс халахайдана түстэ, сүгэһэрин, биэдэрэтин туппутунан барда. — Байа, байа, мин барыым, — эмээхсин сүгэһэрин кэттэ, биэдэрэтин ылан тайаҕар тайанан тиэтэйэ-саарайа соҕуруу диэки туһаайыынан хаама турда. Бадаҕа, отоннуу барда. Уйбаан Уйбаанабыс эмээхсини кэнниттэн батыһа көрөн туран хаалла, массыыната кэлбитигэр кинини аһына саныы-саныы киирэн олордо. Массыына “мин ыксаатым” диэбиттии кэнниттэн буору өрүкүтэн улуус киинин диэки айанныы турда. Икки айанньыт суоллара итинэн араҕыста. *** Маппыыс кэтэ сылдьар биһилэҕин иһигэр “Күндү сэгэрим, Маппыыс. Бу күн отонноох ырааһыйаҕа миигин күүтээр” диэн латыынныы уус киһи кыраһыабай буочарынан суруйбутун ким да көрө илик. Маппыыс сиэбигэр Маппый фронтан суруйбут бастакы уонна бүтэһик үс муннуктаах суругун бигии сылдьарын ким да билбэт. Бу күн отоннуу диэн куоһурданан, кистээн сир симэҕин курдук таҥнан, киэргэнэн Маппыйы кытта көрсүһээри ол отонноох ырааһыйаҕа тахсар буолбута төрдүс сылыгар барбытын ким да сэрэйбэт. Арай ити кистэлэҥин билбэт айанньытыгар алҕаска быктаран кэбистэ. Кэпсээн нууччалыы тылбааһа: Иван Иваныч спозаранку покинул дом людей, у которых ночевал, и в ожидании машины направился к излучине дороги, чтобы из Ляппиляха уехать в райцентр. Одновременно с ним с северной окраины деревни на трассу вышла ягодница в косынке, повязанной повойником, за спиной её была котомка, в одной руке – тальниковая палочка, а в другой – ведро. Это была Маппыс. Путники встретились на автобусной остановке. – Бай, сынок, куда ты ни свет ни заря? – положив мешочек на землю, старуха вынула из кармашка носовой платок, вытерла лицо, потом расправила на себе платье халадай1. – Да вот, собрался в улусный центр, жду машину. А вы, бабушка, куда? – Иван Иваныч, думая, что та плохо слышит, несколько повысил громкость голоса. – Бай, сынок, я ведь хорошо слышу. Ты-то сам откуда будешь? – собираясь основательно поговорить с незнакомцем, старушка отодвинула котомку и ведро подальше от края дороги и, оперевшись обеими руками о палку, внимательно посмотрела на собеседника. – Из города я. Был тут в командировке по работе. Школу вашу проверял, – мужчине расхотелось болтать с этой маленькой некрасивой бабкой с единственным торчащим во рту зубом. Но глаза его зацепились
за серебряное украшение илин кэбисэр2, блеснувшее в вороте жакета, надетого поверх ситцевого халадая, а также крупное серебряное кольцо на её указательном пальце. – Бабушка, а вы в какую сторону направляетесь? – повторно спросил он, заинтересованный тем, что она надела дорогое серебро. – Э, по ягоды, милый. Нынче брусника уродилась хорошо. А день сегодня будет погожий. Солнышко радо Маппыю, – сказала, адресуя неизвестно кому, старушка, и личико её загадочно просветлело. – Денёк нынче, как нарочно, выдался солнечный, тёплый. В этом году ягод брусники выросло видимо-невидимо. А кольцо у тебя очень красивое, кажется, его сделал очень талантливый мастер. Иван Иваныч, честно говоря, не понял, кто такой Маппый и почему солнце радуется ему. А спросил он об этом кольце случайно, просто так, желая хоть как-то поддержать разговор, хотя сам втайне подумал, что бабулька малость не в своём уме. А сам при этом немного устыдился, что отнёсся к ней с предубеждением. – Это Маппый мне сделал. Там ещё есть надпись латинским алфавитом3 буквами, – старуха отняла иссохшую кисть от палки и протянула ему, чтобы показать кольцо. Иван Иваныч поначалу нехотя принялся разглядывать узоры украшения. – Хорошее изделие. Очень старинное. Теперь таких никто не делает, – воскликнул он с восхищением. – На илин кэбисэр точно такой же рисунок. Маппый ведь мастер, – Маппыс выпростала из ворота жакета широкие цепи украшения и, держа на ладони, показала ему. Иван Иваныч наклонился и принялся рассматривать. – Стало быть ты хамысар4? Что ты смотрел в школе? – с чувством выполненной миссии Маппыс запихала серебряный илин кэбисэр обратно в ворот жакета и надумала хорошенько разузнать про собеседника. – Ничего особенного. Я побывал в школе, чтобы узнать, как она готовится к новому учебному году, да поговорил с учителями, – Иван Иванович постарался говорить медленно и внятно, подбирая простые слова, чтобы бабка все поняла. – Э, школа-то, конечно, готова. Директор Марья Ивановна справно работает. Мой сын тоже хамысар. В конторе трудится. Он вечно занят. Всё время одна работа на уме. Он у меня хороший работник. Нынче зимой грамоту получил. Говорят, от самого большого тойона5. Много чего интересного Маппыс бы рассказала о своём сыне, но как назло тот мимоездом очутился около них и, выглянув из окна автомобиля, сердито гаркнул: «Куда ты, старая, в такую рань попёрлась? Она ещё илин кэбисэр напялила. Совсем ополоумела! Ну-ка, ступай сейчас же домой!» От этих слов старушка всполошилась и схватила поклажу с ведром. – Ну всё, всё, пойду я, – сказала она, надела лямки котомочки, подняла ведро и,
опираясь на палку, поплелась на юг. По ягоды, стало быть. Иван Иванович остался смотреть ей вслед. Когда подъехала машина, сел в салон, с жалостью вспоминая о бабушке. Оставляя за собой клубы пыли, она поспешно поехала в сторону улусного центра. Так разошлись дороги двух путников. * * * Никто ещё не видел на внутренней стороне кольца Маппыс надпись латинскими буквами, выгравированную красивым почерком художника: «Любимая Маппыс! Жди всегда в этот день меня на ягодной поляне». Ни один человек не ведал, что в кармане её хранится треугольное письмо с фронта – первая и последняя весточка от её Маппыя. Никому невдомёк, что уже четвёртый год подряд в этот день старушка наряжается, как полевой цветок, и идёт на заветную ягодную поляну, чтобы встретить наконец своего возлюбленного. И обмолвилась об этом лишь этому случайному незнакомцу. Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru Перевод А.Е.Шапошниковой
edersaas.ru сайтан