Кэпсээ
Войти Регистрация

Даайыкка

Главная / Кэпсээн арааһа / Даайыкка

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.10.2019 18:01
Хаһан да үрүҥ хараҕын өрө көрбөттүү өрөмүөн диэни билбэтэх, кырааска диэни көрбөтөх дьиэ күүлэтин түннүктэрэ оҥоһон тураахтыыллар. Хаһан эрэ ким эрэ үөйэн салапаанынан үүйэн бүрүйэ сатаабыта былыр үйэҕэ тырыттан тыалга “быраһаайдарыҥ” диэбиттии, баарыстанан кэлэри-барары сапсыйар. Дьиэ иһигэр оҕо иэрийэ-иэрийэ ытыырын баһыйа: Мин Са-ахам си-иригэ-эр, Күө-өх хочом күөнүгэ-эр Ымы-ылар ыллыылла-ар, Ха-атыҥнар хамсыылла-ар – диэн инньэ уулуссаттан икки итирик ыллаан ыыра бараллара иһиллэр. – Морууса, кыыскын көр эрэ! Киһи ыллыырын мэһэйдиир, – эр киһи ордоотуур. – Айыа, оҕо эрэ ытыыр баҕайыта. Төрүөҕүттэн ытаан тахсар оҕо баар дии. Кими баппыта эбитэ буолла? – эргэ халаатын уолугуттан түөһэ тахсыахтыы илгистибит, баттаҕын хомуйа сатаан эрэһиинэнэн сөрүү баайбыт сырдык дьахтар эмиэ да холку, эмиэ да кыһыйбыт-абарбыт саҥата иһиллэр. – Эйигин батан буолуо, ырыаһытыҥ эрэ бэрт эбит дии, һэ-һэ, – Сүөдэр бэлэһинэн күлэн иһэн силигэр чачайан, сөтөллөн хахсайда, сонно кэннин хайыһаат, муннук диэки силлээн “палк” гыннарда. – Киһи дьиэтигэр наһаа силлээмэ эрэ! – Эн баҕас дьиэлээх буолаахтаан... – Ээ? Туох-туох диигиний? Өссө кини манна хоно-өрүү сытыахтаах, өссө кини манна аһыы-сии олоруохтаах!? Буор босхо! Ыл, сип-сибилигин хоромньубун төлөө биитэр тахсан бар, киэр кэбэлий! – Морууса баттаҕа бураллан, туран кэллэ. Сүөдэр онно отой да кыһаммата, бойобуой дьүөгэтэ итиннээҕэр буолуох кыыс кыскыйдаанныы кыыһырааччы, иһитинэн-хомуоһунан тамнанааччы. – Һа-һа-һаа... – күлэн күччүҥнээн баран, аны иэрийэ-иэрийэ сөтөллөн барда, сирэйэ көҕөрө өллө, өкчөччү тартаран, остуол анныгар охтон лүһүгүр гынна. – Хайыа, бу күтүр туох буолла? – аны Морууса ыксаата, остуол аннын өҥөйдө. Сүөдэр үйэлээх-сааһын тухары табаҕы уоппут буолан ааспат-арахпат, уулаах-хаардаах сөтөллөөҕө. Онтукатынан хам-түм балыыһаҕа киирэн сынньанан, сирэйдиин сырдаан тахсааччы. Бу сырыыга сөтөлө бүтэһиктээхтик хам ылла быһыылаах... * * * Хос түгэҕэр хабыс-хараҥаҕа сыгынньах аҥаардаах, сыыҥын-сыраанын ньухханан “кутуйахтаабыт” сирэйдээх, бытырыыс ынах ойуулаах кумаһыай ырбаахы дуомнаах, чачархай кугас баттахтаах, балтараалаах оҥой-соҥой көрбүт кыыс “арааһа, туох эрэ күттүөнэ суох буолан эрэр дуу?” диэбиттии, били уйа-хайа суох ытыы сыппыт бэйэтэ иһийэн хаалла. Быытыкаайык тарбахтарынан кураанах бытыылкатын албыннанан, соппойон көрөр, биир илиитинэн аҥаар кулгааҕа быһа тардыллыбыт куобаҕын ыгыта туппахтыыр. Даайыкка, дьиҥинэн, Морууса бастакы оҕото буолан, ойор күннээх оҕо саас саамай сырдыгын, кэрэтин, үтүөтүн, ийэ тапталын толору билиэхтээх эбитэ буолуо... Ону Морууса эрин кытта ыал буолан баран сатаспакка арахсыахтарыттан оҕо олох амтанын-ньулуунун, кыһыытын-абатын билэн барбыта. Морууса “по уходу” олорон үлэлээбэккэ оҕотун харчытыгар аһыы уу түгэҕэ биллибэт байҕалыгар тимирдэр-тимирэн испитэ. Өйөнүөххэ, тирэниэххэ сөптөөх эрэллээх эр киһитэ суох дьахтар өрүһүлтэтэ суох барбыта. Кырдьаҕас эдьиийэ Таанньа сотору-сотору кэлэн үөр арыгыһыттары үүртэлиирэ да, син биир бөһүөлэк дьоно муста турара. Ардыгар Морууса ийэ буоларын өйдөөн кэлэн дьиэтин-уотун хомунара, кылбаччы сууйара. Оччоҕо итирик дьон дьаара, табах
буруота иҥэн хаалбыт дьиэтэ кылгас кэмҥэ да буоллар, эмиэ нус-хас сылааһынан туолара. Ийэтэ ымманыйан сыллыырыттан, көтөҕөрүттэн Даайыкка үөрэн, оронугар ойуоккалаа да ойуоккалаа буолара, күлэн чаҕаарара. Онтон эмиэ... Онтон эмиэ түүҥҥү түлүрбэхтэр, аан хайыта барар дапсыырдара, элбэх киһи киирэн-тахсан ампаалыктаһар тыастара-уустара, охсуһан тиличчэхтииллэрэ, суксуруһан батыаккалаһаллара... * * * Хайа мэлдьи итинник уһуой? Туох барыта бүтэр кэмнээх-кэрдиистээх. Биир үтүө күн анал хамыыһыйа кэлэн Моруусаны ийэ быраабыттан быһар дьыаланы тэрийбитэ. Көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт Даайыкканы оҕо дьиэтигэр куоракка ыыппыттара. Морууса санаата батан, өссө суукка үҥсүһэн ийэ быраабын төннөрө сатаабыта. Эппиэкэлэр да, дьахтар сэбиэтэ да отой утарсан Морууса Даайыккатыттан үйэ-саас тухары маппыта. Дьахтар өссө бууса иһэн-аһаан бөһүөлэги аймаабыта, күнүстэри маҕаһыын аттыгар титирэстээн “уон солкуобайда иэһээ эрэ” диэн, ааһар дьону сүгүн аһардыбат буолбута. Таанньа “саатар, дьиэтин хомуйуохха” диэн дьахталлары мунньан сууйа, хомуйа сатаабыта да, хата, Моруусата бэйэтин үлтү үөҕэн, кыраан-таныйан кими да чугаһаабат оҥорбута. Дьон даҕаны хас арыгыһыт дьылҕатынан олоруоҕай? Тыа сиригэр кинитээҕэр буолуох кыһалҕа баар буоллаҕа... Моруусаны дьаһалта кум-хам тутан хаста да эмтэтэ сатаабыта да, киһи бэйэтэ баҕарбат буоллаҕына, туох да бэйэлээх ити оборчоттон ороон таһаарбат эбит. Морууса биир ый да уһаабакка иһэн кэбиһээхтиирэ. Арай ол быыһыгар биирдэ өйдөнөн кэлэн, “кыыспын көрүөм” диэн санааттан кымаахтаһан куоракка оҕо дьиэтигэр бара сылдьыбыта. Даайыкканы былыр үйэҕэ атын дьон иитэ ылбыттар этэ... * * * – Хайа, утуйа сытар дуо? – эр киһи саҥата имик-самык уокка оҕо оронун үрдүгэр нөрүйэн турар иирэлии имигэс таһаалаах дьахтары кэнниттэн кэлэн кууһан туран, сибигинэйэн ыйытта. – Отой быркыта суох утуйаахтыыр, тыыммат дуу диэхпэр дылы, – Иирэ хардаран сибигинэйэр. – Отой доруобай оҕону кэбилии сыспыттар дии. “Букет” ыарыылаах диэн тугу эппиттэрэй? – Оттон аанньа көрбөтөх буоллахтара дии... Кып-кыра ытыстар ибир гыннылар, кыыс тугу эрэ түһээн дьигис гынна. – Тахсыахха, аны уһугуннараары гынныбыт. * * * Иирэ уонна Бииктэр ыал буолбуттара ыраатта. Уонча сыл буоллаҕа буолуо. Ол гынан баран Айыыһыт оҕону бэлэхтээн үөрдүбэтэҕэ. Иирэ бастаан бэйэтэ көрдөрүммүтэ, онтон Бииктэрин балыыһаҕа соспута. “Барыта этэҥҥэ, муус доруобай эбиккит”, – диэн быраастар үтүктүспүт курдук биири этэллэрэ. Ол кэннэ аны норуот эмчиттэригэр кистээн сылдьа сатаабыттара. Мэктиэтигэр, баҕа силин кытта боруобалыырга бэлэмнэрэ. Барыта туһата суоҕа. Тиһэҕэр ким эрэ “арааһа, Иэйэхсиккитин кэлэппиккит, Айыыһыккытын атарахсыппыккыт быһыылаах” диэн эппитигэр “туох бэйэлээҕи оҥордохпутуй?” диэн ырыта, ырыҥалыы сатаабыттара. Хайдах эрэ хардата суох муҥурданыыга тиийиэхчэ-тиийбэккэ, тылларыттан матан кэпсэтэллэрэ да суох буолан барбыта, үлэлэригэр, биисинэстэригэр умса түспүттэрэ. * * * – Хайа, Иирэ, туох сонун? – кырдьаҕас эдьиийдэрэ Маайа биир хаардаах-самыырдаах күһүҥҥү өрөбүл күн эдэр Иирэлээххэ киирэн кэлбитэ. Маайа ыалы мээнэ кэрийбэт үгэстээх эмээхсин этэ. Күнү-күннээн сэлэһэн
ону-маны ыатарар, “үһү” диэнинэн дьарык оҥостон олорор эмээхситтэртэн отой атын этэ. – Ээ, туох кэлиэй? Олоробут... – Иирэ Маайа тиийэн кэлбититтэн бэркэ соһуйбута эрээри, таһыгар биллэрбэтэҕэ. Иирэ ийэтэ тыыннааҕар Маайалаахха куруук ыалдьыттыы бараллар этэ. Улаатан, ыал буолан баран, биирдэ эмэ киирэн уот ылардыы чэй иһэн тахсааччы. Маайалаах ардыгар Бииктэри ыҥыран сүгэр-көтөҕөр үлэҕэ көмөлөһүннэрээччилэр. – Иирэ, дьэ, саас ырааттар ыраатан иһэр. Биһиги аймахха элбэх оҕолонуу диэн аҕыйах эрээри, удьуорбут быстыбакка баччаҕа тиийэн кэллэхпит, – Маайа бэркэ сэрэнэн саҥарар. Оҕо тиэмэтэ Иирэлээххэ бэрт ыарыылаахтык иһиллэрин билиэ суоҕа дуо, ама? – Оннук ээ. Оттон биһиги да кыһалла сатаатыбыт да, туох буруйбутугар буолуой? – Иирэтэ хараҕа хачылыйан, саҥата суох ытаан барда. – Тоойуом, олус айманыма. Бу Орто дойдуга санааларын түһэрбит дьон иҥнибэттэр. Биир аан сабылыннаҕына, атын аан аһыллыахтаах диэни истибитиҥ дуо? Бу да кырыйдарбын, хаһан эрэ балачча үөрэхтээх, үлэлээх-хамнастаах этим ээ. Онон-манан эргиппэккэ эрэ мин сүбэм маннык – оҕото ииттэ ылыҥ. Сааһырдаххытына, хойутаан хаалыаххыт. Оттон билигин баҕас үп-харчы, дьиэ-уот баар, биир оҕону иитиэххит суоҕа дуо? – Атын ыал оҕотун... Өйбөр сатаан оҥорон да көрбөппүн ээ... – Бастаан саныахха эрэ оннук. Дьахтар киһи быһыытынан оҕо боппуруоһун эн урут көрүөх-истиэх тустааххын, – Маайа “ээх” дэтэн баран биирдэ дьиэлиир санаалаах утары көрөн олордо. – Оччоҕо хайыыбын? – Оҕо дьиэтигэр тиийэҕин уонна онтон ылаҕыт, быраҕыллыбыт оҕо элбэх. * * * Иирэлээх Бииктэр нэдиэлэни супту сүбэлэспиттэрэ, оннук буолуо, маннык буолуо диэн ыйааһыннаан көрбүттэрэ. Инньэ гынан биир үтүө күн оҕо көрө барар буоллулар. Оҕо дьиэтигэр араас саастаах оҕо эрэ элбэх эбит. Сонно тута “миигин ыла кэллиҥ дуо?” диэн тула өттүттэн сүүрэ сылдьар оҕолор үөмэхтэстилэр. Биир куудара баттахтаах хап-харанан көрбүт биэстээх уолчаан “миигин ылыҥ” дии-дии, Иирэни илиититтэн тутан баран ыытымаары мучумааннаспытыгар үлэһит дьахтар кэлэн оонньуур хосторугар дьөгдьөрүттэ. Биир-икки саастааҕы көрдүүр буолан, иитээччилэр үстэригэр диэри саастаахтарга илдьибиттэрэ. Үгүстэрэ сатаан хаампат, кыаммат эбит. Дьон киирдэ даҕаны тугу эрэ ыйыппыттыы, эрэйбиттии көрөөхтүүллэр. Ким эрэ тииһэ-уоһа суоҕунан саҥара сатаан айаҕа оҥоҥнуур, ким эрэ оронугар атаҕын төбөтүгэр туран эрэ өрүтэ өгдөҥөлүүр. Саамай түгэххэ турар манеж-ороҥҥо ып-ыраас сирэйдээх, чачархай баттахтаах, иккитэ буолан эрэр кыыс оҕо олорор эбит. Илиитигэр аҥаар кулгааҕа суох куобаҕын туппут. Иирэлээх чугаһаабыттарыгар өрө көрө түстэ, мичээрдээтэ, ол гынан баран турбата. – Адьас соторутааҕыта аҕалбыттара. Аата Даша диэн. Ийэтэ аанньа көрбөккө буомурдан кэбиспит быһыылаах. Рахиттыы сыспыт, сүгүн тахсан киирбэт, ыарыыта эҥин балачча элбэх быһыылаах, – диэн иитээччи быһа бааччы этэн кэбистэ. – Даша, Даайыкка, – диэн Иирэ орону өҥөс гынан илиитин ууммутугар кыыс быһа ыртайан тутуһаары даллаҥнаата. Иирэ көтөҕөн ылан иэдэһиттэн “һык” гыммытыгар кыыс хардаран
“һык” гынна уонна моонньуттан кууһан кэбистэ. – Хайыы, отой атыҥыраабата дии, – иитээччи ытыһын “тэс” гынна. – Даайыкка, көр эрэ, миэхэ туох эрэ баа-ар... – Бииктэр сиэбиттэн суулаах кэмпиэти хостоон хачыгыратта. Кыыс хайыһа түһэн кэмпиэккэ илиитин уунна. Ороҥҥо төттөрү олордоллоругар кыыстара ыытымаары тараппачыста, улахан баҕайытык ытаан тоҕо барда. Иитээччи “барыҥ” диэн сапсыйбытыгар Иирэлээх сэбиэдиссэй хоһун диэки дьулустулар. – Биһиги бу оҕону ылабыт, – диэн Бииктэр сорунуулаахтык эппитигэр: – Чэ, оччотугар дьыала-куолу хайдах буолуоҕун билсиэххэйиҥ. Мантыбыт, бээ-бээ, уһун-унньуктаах буолааччы... – сааһыра барбыт сэбиэдиссэй остуолугар кумааҕылары тэлгэтэн барда... * * * Даайыкка кыыс ити курдук саргылаах оҕо сааһа сып-сылаас күн сырдыгынан сыдьаайбыта, ийэ, аҕа таптала диэни толору билэн улааппыта. Билигин хайыы-үйэ улаатан, оскуоланы бүтэрэн эрэр буолуохтаах. Чэ, ол туһунан кэпсээн... Егор Николаев.
kyym.ru сайтан