Кэпсээ
Войти
Регистрация
САНААМ СЫРДЫК ЫРАТА (кэпсээнтэн быһа тардыы)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ САНААМ СЫРДЫК ЫРАТА (кэпсээнтэн быһа тардыы)
K
edersaas.ru
Категорията суох
24.10.2017 19:00
Бу күннэргэ саха тыллаах бары да норуодунай бэйиэт Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылынан таптыыр бэйиэппитин ахтан-санаан, хоһооннорун булан ааҕан, туһааннаах тэрээһиннэргэ кыттан эрдэхпит. Бүгүн СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Надежда Егорова-Намылы «Төрөөбүтүм төлкөлөөх олоҕу олороору» диэн саҥа кинигэтиттэн Бүөтүр Тобуруокап олоҕор сыһыаннаах кэрчиктэри билиһиннэрэбит. Кинигэ дьоруойа – РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ Президенин Гранын хаһаайката Тамара Ивановна Федотова олоҕор Бүөтүр Тобуруокап оруолун бу кинигэттэн булан ааҕыахха сөп. edersaas.ru САНААМ СЫРДЫК ЫРАТА «Олох саамай ырааһын Саҥа хаарга тэҥниибин» Чуона Мэхээлэ – Эбээ, күөл уҥуор Нээлбиктэ диэкиттэн аттаах дьон иһэр. Ити кимнээххэ кэлэллэрэ буолуой ээ? – диэн ыас хара баттаҕын икки аҥыы өрүммүт, моонньоҕон курдугунан хап-харанан көрөр Тамарка таһырдьа оонньуу сылдьан дьиэтигэр көтөн түстэ. – Баҕар, били сэриигэ сураҕа суох сүппүт саллааттар төннөн иһэллэрэ буолуо! Баҕар, убайым Дьөгүөр буолаарай?.. – кыысчаан убайа Егорка, бэйэтэ төһө да итэҕэйбэтэр, эбэтин диэки сэрэммиттии, эмиэ да ыйытардыы көрөн кэбистэ. – Бу оҕолор тугу-тугу тыллаһан бардыгыт?! Бачча от үлэтин үгэнигэр, Бөтүрүөп өҥүрүк куйааһа сатыылаан турдаҕына, туох аттаах дьоно дьаарбайа сылдьыбыттар үһүө? Арай, бу биһиги киэһээҥҥи ыамҥа диэри быыс булан сайылыкпытыттан киирэн, дьиэбитин-уоппутун хомуннубут. Ийэҕит үүтүн эрийэн, сэппэрээтэрдэрин сууйа-сото эбэтэр ньирэйдэрин бүөбэйдии сырыттаҕа, – диэн эбэлэрэ Арыппыана таах хаалыаҕынааҕар түннүгү одууласта. – Ол да буоллар, кыысчааным киһи сүрэҕин эмиэ долгуттуҥ ээ. Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут таайдаргыт, абаҕаларгыт ол кырыыстаах дойду хара буорун кытта тэҥнэһэн сытаахтаатахтара. Кэпсээнтэн кэпсээн: эһиги үөрэнэр оскуолаҕыт учуутала сэрии саҕана ити суолунан айаннаан кэлэн турардаах. – Кими этэҕин, эбээ? – Тамарка эбэтин таһыгар кыра олоппоско олорунан кэбистэ. – Эн бастакы кылааска киириэххэр диэри бары пиэримэҕэ олорбуппут. Онон, билигин олорор Тойокугут остуоруйатын кыратык да билиэххитин наада. Кэлин үөрэхтээх дьон буоллаххытына, биһигиннээҕэр элбэҕи көрүөххүт-истиэххит. 1943 сыллаахха этэ. Нээлбиктэ күөл уҥуоргу өттүнэн киирэр суолунан ат сиэтиилээх икки киһи киирэн кэлбитэ. Чугастааҕы ыаллар бары тиэргэннэригэр тахсан, кэтэһэн турбуттара. Барахсаттар сэриигэ барбыт аҕаларын, кэргэттэрин санаан, «Мин киһим буолаарай?» диэн эрэл кыымнаах турдахтара. Аттаах дьон чугаһаан кэлбитигэр түөрт ыйдаах оҕолоох, олохтоох учууталынса Евгения Васильевна чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, тэлэгэриэйкэлээх киһиэхэ сүүрэн тиийбитэ. Ол кэлбит киһи – 1941-42 cc. Тойоку сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбит, билигин Саха сиригэр киэҥник биллэр суруйааччы Бүөтүр Тобуруокап этэ. Кини Ийэ дойдутун көмүскэлигэр бэйэтэ тылланан баран, Ысталынгыраад кыргыһыытыгар хорсуннук охсуһа сылдьан, улаханнык бааһыран госпиталга сыппыт этэ. Оччолорго, билиҥҥи курдук сөмөлүөт да, массыына да суоҕа. Онон Туобуйанан атынан айанныыллар этэ. Тобуруокап төрөппүттэрэ, элбэх оҕолоох ыал Өргүөт нэһилиэгин Тыһыкыс Арыылааҕыттан чугас күөл кытыытыгар олорбуттар эбит. Бүөтүр Тобуруокап кэргэниниин манна кэлэн билсибит. Онон биһиги сибэккилээх кырдалларбытынан, хатыҥнардаах чараҥнарбытынан төһөлөөх
хаамсыбыттарын, дириҥ уулаах күөллэрбитигэр тыынан устубуттарын эдэр сүрэхтэр бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ… Таптал туһунан хоһооннору төкүнүтэ сылдьан хоһуйар, – Арыппыана чараас уостара мичээрдээн ыллылар. – Эбээ, ол Тобуруокап кэлин ханна үөрэнэн, суруйааччы буолбутай? – Ээ, мин оҕом куруук да билэ-көрө сатыыра элбэҕин. Киһини чуҥкуппат киһигин! Кырдьык, төрөөбүт алааскыттан саҕалаан Сэбиэскэй Сойуус остуоруйатын биллэххинэ, сири Сибиири кэрийиэҥ, үөрэхтээх дьону кытары тэҥҥэ алтыһыаҥ. Биһигиттэн олус ырааҕа суох Хотун Бүлүү диэн ытык сиргэ элбэх киһини учуутал оҥортообут үөрэнэр сир баар, тоойуом. Петр Николаевич уонна кэргэнэ, Ороһу кыыһа Евгения Ноговицына ол үтүө сиргэ үөрэнэн, билигин дойдуларын ааттата, суон сурахтыы сылдьаллар. Дьиҥэр, билиҥҥи курдук электрическэй уот суоҕар кыраһыын лаампанан, чүмэчинэн олорон үөрэммит оҕолор. Үөрэххэ, олоххо тардыһыы күүһэ ити буоллаҕа-аа! Арай, биһигинньиктэр, сэрии сылын оҕолоро, күн сырдыгын билбэккэ, үйэбит тухары сүөһүнү кытта мөхсө сырыттахпыт. Эмиэ да сөп ээ, саха киһитэ сүөһүтэ суох ханна ыраатыай? Ыанньыйбыт ынаҕым маҥырыыра кулгаахпар билигин да иһиллэр. – Бүлүүтээҕи педагогическай училище! Мин билэбин, «Бэлэм буол» хаһыакка аахпытым. Онно үөрэммиттэр кыра кылаас оҕолорун үөрэтэр учуутал эбэтэр пионердары салайар баһаатай буолаллар үһү. Арай, мин улааттахпына, онно үөрэнэ бардахпына, эбээ? Эн баҕарарыҥ курдук, үөрэхтэниэм уонна үлэһит буоллахпына, ийэбэр уонна эйиэхэ көмөлөһүөм дии. Ийэбин көрөрүм да ахсааннаах, кыһыннары-сайыннары учаастакка сылдьар. Көмөлөһө бардахпына эрэ ийэбэр чугаһыыр курдукпун, – Тамарка эбэм баҕар ыытыа суоҕа диэбиттии, ааттаспыт хараҕынан көрөн ылла уонна ойон туран, эбэтин муос кырыбыайкатынан онон-манан үрүҥ кырымахтардаах баттаҕын сымнаҕас илиилэринэн тарыы турда. Онтон Егорка билбэт дьоно ханна кэлэн тохтуулларын, кимнээх тиэргэннэрин аттыгар аттарын баайалларын билиэх баҕата батарбата. Күүлэтин аанын халыр гына быраҕаат, элбэхтик орох тэппит ыллыкчаанын устун түргэн үлүгэрдик элэстэнэ турда. Улаатан эрэр уол оҕо сырыытын ким боппута баарай, эбэтэ да ыҥыра соруммата. Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан