Кэпсээ
Войти
Регистрация
Алексей Полубота: «Бэстибээл идиэйэтэ, аата олус табыллыбыт»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Алексей Полубота: «Бэстибээл идиэйэтэ, аата олус табыллыбыт»
K
edersaas.ru
Категорията суох
24.10.2017 17:09
«Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ Дьокуускайга төрдүс төгүлүн ыытылынна. Манна атын дойдулартан, регионнартан литератураҕа быһаччы сыһыаннаах суруйааччылар, тылбаасчыттар, кинигэни таһаарааччылар, кириитиктэр кэлэн ыалдьыттаан бардылар. Кинилэр санааларын билсэбит. edersaas.ru Алексей Полубота, бэйиэт, публицист (Москва) : – Аан бастаан кэлээт, cаха норуодунай бэйиэтэ Сэмэн Данилов улахан мэтириэтэ Дьокуускай киин болуоссатыгар ыйаммыта харахпар тута быраҕыллыбыта. Ити уопсастыба уонна салалта литератураҕа сыһыанын көрдөрөр дии саныыбын. Норуодунай бэйиэт ырыалара ылланаллар, хоһоонноро ааҕыллаллар, кини тыыннаах тыла сыаналанар. Ол –саамай сүрүнэ. Маннык сыһыаны киһи тута ытыктыыр, оннооҕор ымсыырар даҕаны. Бэстибээл идиэйэтэ, аата олус үчүгэй, тоҕо диэтэххэ, хаар – Арассыыйа бэлиэтэ. Бары кэриэтэ регионнарга хаардаах кыһыннаахпыт. Омуктар Арассыыйаны хаар дойдутунан билинэллэрэ сиэрдээх. Онон табыллыбыт идиэйэни салгыы сайыннаран, Арассыыйаҕа киэҥник таһаарыахха наада дии саныыбын. – Саха сирин тугу кытта ситимниэ этигиний? – “Саха сирэ” диэн иһиттэхпинэ, харахпар Өлүөнэ өрүс көстөн кэлэр. Өрүс мууһа туран эрэрин көрбөтөҕүм ырааппыт эбит – модун күүс, киэҥ дуол, ып-ыраас хаар, чэбдик салгын… Бу барыта – улуу Өлүөнэ өрүс! Мурманскайга улааппыт буолан, туундаранан муораҕа баран, балыктыыр этибит. Онон үөс өттүнэн уста сытар өрүһү туораан барарбар, хайдах эрэ оҕо сааспын санаатым. Урут Солоухин “сахалар ыалдьытымсахтар” диэн суруйарын ааҕарым, манна кэлэн ону дьиҥ чахчы биллим. Икки сыллааҕыта сайын кэлэ сылдьан кымыһы олус сөбүлээбитим, онтон амтанын умна быһыытыйбытым. Билигин амсайан баран, чахчы, аатырыан аатырар эбит дии санаатым. Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан