Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баҕа санаата туоллаҕа (саҥа кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баҕа санаата туоллаҕа (саҥа кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
23.10.2017 18:22
Киэһэңңи ыам кэнниттэн кыргыттар кэлэн иһэн арааһы кэпсэттилэр. Дьиэлэригэр чугаһаан Тоняны эмиэ дьээбэлээтилэр: «Хайа, син биир бараҕын дуу?!», – диэн саңа таһаардылар. Кыыс хоруйу кэтэһиннэрбэккэ: «Эбэһээт буо, көрөөрүң да истээриң, мин мантан син биир барыаҕым, баай-талым олохтонуоҕум», – диэбит тылларыгар соччо кини саңатын итэҕэйбэт куоластарынан: «Ээх», – диэн хоруйунан күлүү-элэк оҥоһуннулар. edersaas.ru Сэбиэскэй былаас саҕана кылаас оҕото бары кэриэтэ үөрэххэ барбакка фермаҕа ким ыанньыксытынан, ким бостуугунан үлэлии хаалаллара. Хата, эдэр оҕолорго ол кэрэ кэм үчүгэйэ эрэ бэрт, бары бииргэ күргүөмүнэн сылдьаллара… Тоня оҕо эрдэҕиттэн арыт кэлэҕэйдээн саҥарара. Ол эрэн кыыс итэҕэһин улахаҥҥа уурбакка барытыгар инники күөҥҥэ сылдьара, тыл этии буолла кини, туох эрэ туруорсуу буолла да эмиэ кини, онноҕор саҥа киһи кэлбит буоллаҕына бастакынан кэпсэтээччи кини этэ… Аттыгар сылдьар кыргыттара, уолаттара: «Дьэ, кини… Оттон кини буолан сүрдээх буо», – дэһэллэрэ. Субуота аайы тэриллэр биэчэргэ ферма үлэһиттэрэ туох баар мааныларын таҥнан-саптан үҥкүүлээн, оонньоон-көрүлээн иллэҥ кэмнэрин олус бэркэ атаараллара. Ол онно билсиһии, бу манна тапталга билинии… Биир оннук киэһэ, Тоня уруккуттан сөбүлүү көрөр бииргэ үөрэммит уола, кинини бытаан үҥкүүгэ ыҥыран тапталга билиммитэ. Ол күнтэн ыла эдэрдэр алтыһан, бииргэ олорон барбыттара. Тоня сотору кэминэн оҕо кэтэһэрин билэн, эһиилги үөрэххэ барар былаана ыһыллыбытыттан эмиэ да курустук санаммыта, эмиэ да саҥа, кырачаан киһилэнээри сылдьарыттан үөрэ санаабыта. Өссө эбиитин тапталлааҕа куорат диэн сирдэригэр отой таласпат киһи буолан биэрэн, үөрэххэ бэйэтэ да барбатаҕа, кэргэни да ыытар санаата суоҕа… хата ол оннугар бу сыл биригэдьииргэ дылы дуоһунаһа үрдээбитэ, саңа дьиэ бэриллибитигэр эдэр дьиэ кэргэн киирэ охсон, кыра биэчэр тэриммиттэрэ. Тоня саҥа дьыл киэһэтигэр кыыс оҕону төрөтөн дьиэлэрин дьолунан толорбута. Эдэр аҕа үөрүүтэ үксээн саҥа дьыл өрөбүллэрэ бүтүөхтэригэр диэри бырааһынньыктаабыта. Ыал ийэтэ кырачаан кыыһынаан балыыһаттан тахсар күннэригэр бииргэ үлэлээбит ферматын кыргыттара, номнуо үөрэхтэриттэн сынньалаҥҥа кэлэ сылдьан көрсүбүттэрэ. Манна кыыстарын кыһытаары куорат угуйар уоттарыттан саҕалаан, хайдах киинэҕэ сылдьыбыттарын, күүлэйдээбиттэрин ыһа-тоҕо кэпсээбиттэрэ. Ол онно Тоня ыра санаатын өссө бигэргэтэн: «Мин син биир куоракка барыаҕым…», – диэбитигэр кыргыттара: «Эн биһиги иннибитигэр барыах курдук этиҥ даҕаны, отой даҕаны бэйэҥ манна хаала сылдьаҕын дии, билигин дьиэ кэргэннээххин, оҕолооххун, ханна барыаххыный?!», – диэн кыыһы саҥата суох ыыттылар. Дьиэ, оҕо, ас астааһына, таҥас сууйаһын бүппэт түбүгэр сылдьар, эдэркээн хаһаайка маннык олохтон салҕан, киэһэ аайы үлэтиттэн сылайан-элэйэн кэлэр эригэр ньиэрбэтин араас абытайдаах тылларынан таһаарар идэлэммитэ. Ол барыта олоҕо барыта биириттэн, интэриэһинэйэ суоҕуттан абарар быһыыта этэ. Сотору кэминэн иккиһин хат буолбутун билэн, суох гынабын диэбитигэр, киһитэ бопсон син түһэттэрбэтэҕэ. Иккис оҕолоро уол этэ. Утуу-субуу оҕолор улаатан истэхтэрин аайы, ийэлэрэ ырыанан үлүһүйэн сотору-сотору, күнүн да аайы оҕолорун кыбыммытынан кулуупка
ыстанар буолбута… Ханнык да кэнсиэри көтүппэккэ, хайдах эмит быыс-хайаҕас булан, инники миэстэҕэ олорбута эрэ баар буолара. Оннук үлүһүйэн ырыанан дьарыктанан барбыта. Ол тухары: «Сотору баҕалаах куораппар барыаҕым, мин дэриэбинэҕэ олорорго анамматаҕым», – диэн ыра санаатын кэпсиир тыллар уоһуттан түспэттэрэ. Биир үтүө күн Тоня икки оҕолорунаан куоракка күрээбит диэн сурах дэриэбинэни толорбута. Бу сурах кырдьыга биллэн, кинитэ суох табыллан олорбот эригэр ыарыылаах буолбута даҕаны, хаһан куоракка сылдьыбыт бэйэтэ буолуой, батыһа барбатаҕа, саатар ханна да барбытын билбэт эбит этэ. Кэнники бу быһыы хайдах буолбутун сыымайдаан көрдөххө, кыыс инньэ ыал буолуохтарыттан кэргэнэ бэйэлээх аҕалбыт хамнаһыттан ырыбыллаан ыра санаатын толорор сыалтан харчы мунньуна сылдьыбыт эбит. Онуоха, кыра дэриэбинэ олохтоохторо эмиэ да сонньуйан, эмиэ да бу быһыыга үтүө өрүтү көрө сатаан: «Хата, ийэ буолан оҕолорун умнубатах», – диэн кини туһунан кэпсээннэрин түмүктүүллэрэ. Оттон Тоня куоракка туга да суох көһөн кэлээт дьиэ куортамнаспыта, оҕолорун икки-үс ый иһинэн, сытыыта-хотуута баһыйан түргэнник оннуларын буллартаабыта, оскуола, детсад хата киниэхэ түргэнник көстүбүтэ. Аны бэйэтэ дьиэ сууйааччы үлэтиттэн саҕалаан, биир сыл иһигэр арааһы боруобалаабыта. Соторунан кыргыттарын булаттаан кинилэр тэрийэр араас биэчэрдэригэр ыллыыр идэлэммитэ, ол сылдьан киирбит-тахсыбыт, булбут-талбыт эр бэртэрин кытары билсэн-көрсөн харчы бэрсиһиннэрэн айаҕын ииттинэр буолбута. Маннык сылдьан биир улахан киһини кытта билсэн, олоҕун суолтата түргэнник уларыйбыта. Баай-дуол, аҕыйах сыллааҕыта кэргэнин сүтэрбит, талааннаах суруйааччыны кытта билсэн, таптаһан саҥа ырай олоҕо саҕаламмыта. Олорор дьиэлэрэ түргэнник көстүбүтэ, бэйэтин сөбүлүүр идэтинэн ырыатынан хамнастанар ырыаһыт дьахтарга кубулуйан олоҕо тосту уларыйбыта. Бу курдук Антонина мэлдьи этэр тыла туолан, билигин нус-бааччы олорор, сорох ардыгар кыракый дэриэбинэтигэр ырыатынан ыалдьыттаан аастаҕына: «Эппит тылын халты түһэрбэккэ куорат дьахтара буолан, эчи маанытын, ыра санаа туһугар ырыаһыт буолбутун көрүң эрэ», – диэн күрүөйэх кыыстарын эмиэ да хайгыы, эмиэ да сүөргүлүү саныыллара – киниэхэ синбиир этэ… Ол аайы кини баҕа санаата туоллаҕа… Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан