Кэпсээ
Войти Регистрация

Андаҕар (кэпсээн, бүтэһик чааһа)

Главная / Кэпсээн арааһа / Андаҕар (кэпсээн, бүтэһик чааһа)

K
edersaas.ru Категорията суох
21.10.2017 10:54
Салгыыта. Үһүс чааһа. Кинини арыгыһыт атастара көрсө түстэхтэринэ: “Акаары, оҕоҕо дылы мээчиги төкүнүтэ оонньуу сылдьаары гынаҕын дуо? Кэл, кыттыс!” – дэһэллэр. Хайыахтарай, “дуулаҕа буойуттар” хас эмэ үйэ тухары салҕанан бара турар “аһыы утах” хотуну кытта “сэриилэригэр” саллаат буолуох хас биирдии “буойун” күндүтэ бэрт буолан мэҥийэн эрдэхтэрэ. Истэр былаһын тухары бу унньуктаах уһун “сэриигэ” дьоруой буолан чиэстэммит киһи баара иһиллибэт. Хата, өтөр буола-буола үлүйэн өлбүт, буруйу оҥорон, хаайыыга симиллибит, ойоҕун, оҕолорун кэлэтэн үүрүллүбүт, кырбанан суорума суолламмыт, өйүнэн моһуогурбут, бэйэтигэр тиийиммит, хаамаайы буолбут “буойуттар” кэккэлэрэ күн-түүн кэҥээн, элбээн иһэр… edersaas.ru Унаараптар кэнники кэмҥэ кэм да күннэрэ тахса сылдьар. Маайыс кэрэ сэбэрэтэ ордук сырдаабыт, ииһэ олус табыллыбыт курдук. Оҕолор сирэйдэрин аһаҕастык туттан, көнөтүк хаамар, күлэр-үөрэр буоллулар. Аҕалара дьон курдук икки атаҕар хааман дьиэтигэр кэлэр. Ама, онтон ордук үөрүү баара буолуо дуо? Бу барыта Бүөкээн барахсан кыһамньытын түмүгэ. Кини Унаараптар олохторугар киирэн кэлбэтэҕэ буоллар, салҕыы хайдах-туох олоруохтара биллибэт этэ. Ол эрэн “Дьол икки сор икки сэргэстэһэ хаамаллар” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бүгүн икки ыалга тэҥинэн алдьархай ааҥнаата. Икки ыал дьоллоро кыайбата. Баар-суох дурда-хахха буолуох киһилэрэ Бүөкээн өлөөрү сытар… Кини сарсыарда сүөһүлэрин мэччитэ үүрбүтэ төннөн кэлбиттэрин хос үүртэлээт, дьиэтигэр баран иһэн, Тааскыннар кыра уоллара маска ыттан баран кыайан түспэккэ олорорун атастара уолаттар түһэрэ сатаан, ытаһан-соҥоһон, сирэй-харах буолан туралларын көрбүтэ. Түөртээх-биэстээх оҕо ытыы-ытыы маһы ыбылы кууһан баран олороро. Бүөкээн уолу эҥин араастык ааттыы, сүбэлии сатаабыта. Оҕо сир диэки көрө-көрө хамсаан да көрбөтөҕө. Кыра киһи ытыыра өссө эбиллэн барбытыттан сылтаан, кини уолу хайдах эмит гынан түһэрэргэ быһаарыммыта. Эргим-ургум көрбүтэ, чугаһынан киһи туһаныаҕа туох да суоҕа. Ол иһин ыттан тахсан, хайдах эмит гынан түһэрэргэ санаммыта. Саастаах киһи тахсара ыарахан да буоллар, син уолу илиитигэр ылан, төттөрү түһэн испитэ баара.., аҥаар илиитинэн тутуһан испит мутуга тостоотун кытта туох да өрүһүлтэтэ суох тиэрэ баран түспүтэ. Дьиҥинэн, оннук үрдүк сир буолбатах этэ. Өлүү түбэлтэлээх кыра мас төрдө сүгэнэн аһыылыы быһа охсуллубута хатан хоройо сытарыгар сайыҥҥы чараас таҥастаах киһи батары түһэн кэбиспитэ. Оҕо киһи үрдүгэр түспүт буолан туох да буолбатаҕа, эһиллэн хаалбыта. Оҕолор ытаһа-ытаһа дьонноругар баран тыллаабыттарыгар туох алдьархайа буолбутун билээри, сүүрэн кэлбит дьон көрбүттэрэ, Бүөкээн кыа хаан буолан, хайы сах киһини билбэт буолан сытара. Бары өмүрэн, соһуйан, сүүрүү-көтүү буолбуттара. Сорох балыыһаҕа тэбиммитэ, сорох Өкүлүүннээххэ сүүрбүтэ, сорох оҕолортон туох буолбутун ыйыталаһан ыххайбыта. Эмчиттэр көмөлөрүнэн Бүөкээн өйдөнөн кэлээт, Өкүлүүнүн ыҥыттаран ылан, бэрт мөлтөөбүт куолаһынан: “Дьэ, доҕор, киһи буолбат буоллум… Алдьаныым улаханын билэн сытабын. Тыын-быар кылгаата… Эһиги дьолгут тардан, өлөр-өлүүттэн кыайан мүччү туттарбатым… Маннык дьылҕалаах киһи эбит буоллаҕым. Доор, эйигиттэн биир көрдөһүүлээхпин. Ыалбытын Уйбааны ыҥыттара
оҕус эрэ. Санаабын этиэм этэ”,- диэтэ. Өкүлүүн орто уолун ыҥыран ылан ыалга ыытта. Сотору буолаат, Унаарап киирэн, Бүөкээн сытар хоһугар ааста. Ыҥырыллыбыт киһи ыарыһах хайы – сах мунна кырыыланан, хараҕа иһирдьэ түһэн хаалбытын көрөн, этин таттарда, “дьик” гынна. Кинини “Бүтээхтээбит…” диэн хом санаа саба кууста. Бүөкээн хараҕын аһан, киирбит киһини көрдө уонна “Кэл бэттэх, чугас олор”,- диэтэ. Кини күөмэйин чөллөрүтэн, көхсүн этиттэ уонна мөлтөөбүт да буоллар бэрт чуолкай сөҥ куолаһынан саҥаран барда: “Дьэ, бу көрөрүҥ курдук уурайан сытабын. Суох, суох, санаабын эттэхпинэ сатанар. Кэлин кыайан эппэккэ хаалыам. Дьэ, доҕор, эн биһикки ыаллыы бэрт эйэлээхтик олорон кэллибит. Хайабыт да бэйэ бэйэбитигэр хом санаабыт суох буолуохтаах. Мин эйиэхэ биир суолу көрдөһүөхпүн баҕарабын. Бүтэһиктээх көрдөһүүм… Эн кэргэниҥ сүрдээх дьоһуннаах, дьаһахтаах, бэрт сэмэй киһи. Ону эн миигиттэн итэҕэһэ суох билэҕин. Маннык дьахтар мааны олоххо олоруохтаах. Эн эр киһи быһыытынан кэргэниҥ кыһалҕаны билбэккэ, сөбүлүүр дьарыгынан төһө баҕарар дьарыктанарыгар күүс-көмө, бигэ тирэх буолуохтааххын. Ити арыгы диэн саха аһа буолбатах. Истэр былаһын тухары арыгыттан абыраммыт суох. Ону эн бэйэҥ да бу кэнники кэмнэргэ билбэхтэстиҥ. Дьэ, мин тыыным быстыан иннинэ эйиэхэ биир суолу толоттороору гынабын… Аҕал илиигин, түөспэр уур уонна күн диэки хайыһан олорон, миигин үтүктэн ис.” Уйбаан хайдах эрэ иэнэ кэдэҥэлээн ылла, илиитин тук хоту киһитин түөһүгэр уурда уонна салҕыы туох буоларын кэтэһэн, долгуйбутун аһараары, хараҕын быһа симмэхтээтэ. Кини кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан: “Мин, Унаарап Уйбаан, үөһээҥҥи үрдүк айыыларым истэн-көрөн турдахтарына, үрүҥ күнү туоһу туттан тураммын, ыалым Бүөтүр олоҕун түмүктүүр тиһэх күнүгэр туоҕунан да сууйуллубат – суурайыллыбат андаҕар этэбин: аны биир да үрүүмкэ арыгыны айахпар тиэрдиэм суоҕа, үлэттэн илиибин араарыам суоҕа, кэргэним уонна оҕолорум олохторун тупсарыам, дьонум-сэргэм бу күнтэн ыла кыһалҕаны билиэхтэрэ суоҕа,” — диэтэ. Бүөкээн ынчыктыы-ынчыктыы киһитин илиитин үрдүгэр бэйэтин кэтит ытыһын саба уурда. Кини: “Дьэ, Уйбаан, дьоммутун- сэргэбитин көрүөх-истиэх, өрө тардыах эн эрэ хааллыҥ. Онон бары эрэлим эйиэхэ эрэ. Өскөтүн андаҕаргын кэһэр түгэннээх буоллаххына, эйиэхэ мин илэ тиийэн кэлиэҕим… Онно атын кэпсэтии буолуоҕа. Ол эрэн эйигин андаҕарын толоруо диэн эрэнэбин,” – диэн түмүктээтэ. Бүөкээн хараҕын симэн, сынньана түстэ уонна: “Уйбаан, аны мантан ыла икки ыалы көрүөҥ-харайыаҥ. Отун-аһын, уутун-хаарын дьаһайыаҥ. Туох кыһалҕалаахтарын көрөҥҥүн, бэйэҥ санааҕыттан үмүрү тутан ис. Эр киһи буоллаҕыҥ. Чэ, билигин кэргэҥҥин ыҥыр”,- диэтэ. Унаарап долгуйбута өссө да ааспакка сылдьан, атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, тахсан барда. Биэлсэр кыыс Сибиэтэ киирэн, сүрэҕин тэбиитин, хаанын баттааһынын кээмэйдээтэ. Кэргэнэ Өкүлүүн киирэн, илиититтэн ылан, уу-хаар баспыт хараҕынан имэрийэ көрөн олордо. Кини олорбуттарын устата биирдэ эбит биир эмэ хомотор тылы эппэтэх, куолаһын сонотон тойорҕооботох, мэлдьи “ээх” хоту сөбүлэһэн, эн-мин диэн дэсиһэн,
эйэлээхтик олорбут кэргэнэ быстахтык былаҕайга былдьатан эрэриттэн, тугу эбит көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан хомойон, саҥата суох дууһата ытаан – соҥоон сордоноохтоото. -Биэлсэр кыыс: “Киһи кэтэстэҕинэ, чаас баран да испэтэ сүрдээх. Кыһалҕатын оҥорон, массыыналара алдьанна дуу, хайаата дуу?”- диэн саныы-саныы, улуус кииниттэн тахсыахтаах массыынаны манаһаспыта ыраатта. Кини ирдэнэр туох көмө оҥоһуллуохтааҕын барытын оҥорбута. Билигин улахан көмөнү кэтэһэригэр эрэ тиийэр. -Сотору буолаат, Маайыс киирэн кэллэ. Өкүлүүн утары тахсан, “Манна киир”,- диэн ыҥыран ылла. Бэйэтэ Сибиэтэҕэ кэлэн отур-ботур кэпсэтэн барда. Маайыс киирээт, хараҕын быһа симэн ылла. Кини бастакы “кылам” гыммыт санаата: “Оо, эрэйдээҕиэ даа…”- диэн этэ. Бүөтүр хараҕын көрөн кэллэ. Мичээрдээбитэ буолаахтаата. Чочумча саҥарбакка, соҥуоран сыппахтаан баран: “Маайыас, тоойуом, өлөр – хаалар күнүм өрүһүлтэтэ суох ыга анньан кэлэн, тыыннааҕым тухары таска таһаарыа суохтаах санаабын этэр кэмим тирээн кэллэ… Хайыаҥый, тулуйан истэ сатаа. Бу орто дойдуттан арахсаары сытан, санаабын эппэтэхпинэ, ыар таһаҕастаах курдук сананан барыам. Чэ, тоойуом, аны кэлэн туох кистэлэй, киһи буолан чахчы сүрэхпинэн сөбүлээбитим, харахпынан хайҕаабытым эн эрэ буолаҕын. Орто дойду күндү улахан бэлэҕинэн киһи киһини таптыыра буолар эбит. Онтон ордук сүҥкэн дьол баар буолуон сатаммат курдук”,- диэтэ. Маайыс сирэйин саба туттаат, саҥата суох ытаан барда. “Кэбис, тоойуом, ытаама. Хараҕын уутун көрдөрүмэ. Миэхэ өссө ордук ыарахан буолуо… Бэттэх кэл эрэ”,- диэтэ. Маайыс төҥкөйөн биэрбитин аргыый аҕай уулаах-хаардаах хараҕыттан сыллаан ылла уонна түөһүгэр сыһыары тардан ылан кууста. Маайыс ытыырын кыатана сатыы – сатыы: “Сүрэҕим ол да иһин сэрэйэр этэ ээ… Эн итии тапталыҥ, үтүө сыһыаныҥ, эйэҕэс майгыҥ биһиэхэ күүс-көмө буола туруоҕа. Биһиги эйигин хаһан да умнуохпут суоҕа”,- диэтэ уонна Бүөкээн төбөтүн илиитинэн күөйэ кууһан олорон, сирэйин имэрийэ-имэрийэ сыллаамахтаата. Бүөтүр: “Тоойуом, эн киһигин кытта хайдах эмэ гынан биир тылы, биир сүбэни булан, эйэ дэмнээхтик олоруоҥ этэ. Уйбаан, дьиҥэ, өйүн-төйүн буллаҕына, куһаҕана суох киһи. Арыгы обургу таҥнары миинньэ сылдьар. Эн киһи эрэ буолларгын кинини өйдүү уонна өйүү сатаа.. Билиҥҥи олоххо өйөбүллээх эрэ киһи өрүттэр кэмэ кэллэ. Мин “анараа дойдуттан” эһиги этэҥҥэ олороргутун көрдөхпүнэ, дууһам сынньаныа. Онон, тоойуом, быдан дьылга быраһаай…”- диэтэ уонна ытыырын кыатана сатыыр Маайыһы төбөтүттэн имэрийдэ. Кини: “Чэ, тоойуом, санаабын этэн көхсүм кэҥээтэ… Ол эрэн Өкүлүүммүн ыҥыра охсоруҥ сатаныыһы… Кытаат, бары этэҥҥэ буолуҥ…”- диэтэ. Маайыс бүтэһиктээхтик быраһаайдаһаат тахсан, саҥата кыайан тахсыбат буола-буола илдьити эттэ уонна мустубут дьону тумнан, таһырдьаны былдьаста. Кини төбөтүн тууна баанаат, чугас турар хатыҥ чараҥ диэки харбыаласта. Дьонноох – сэргэлээх сиртэн тэйээт, охто сытар суон маска олорон эрэ уйа-хайа суох ытыы олордо. Манна киниэхэ ким да мэһэйдээбэт… Туох да диэбит иһин Бүөтүр барахсан кыһыылаахтык төлө туттаран эрэр. Тоҕо да түбэспитэ бэрдэй?
Киһи кыһалыннаҕына, эмчиттэрбит, эчи, хойутаатахтарыан!.. Киһи буолбатын билэр буолан кэриэс тылын эттэҕэ. Алдьаныыта халымыр соҕуһа буоллар, итинник дьаһаныа суоҕа этэ. Дьэ, ама да буолтун иһин кыһыылаах суол, доҕор. Кини дьиэ кэргэттэригэр күн сырдыга, сылааһа буолан тыкпыт үтүө киһилэрэ көрдөрбүтүнэн күрэнэн эрдэҕэ. Маайыс бу олорон санаатаҕына, дьиҥэ, Бүөтүр сөбүлүүрүн чахчы да сэрэйэр этэ. Кини иистэнэ олорон, саахыматчыттар диэки көрөн аһардаҕына, ыала киһи кини диэки имэрийбиккэ дылы сымнаҕас, эйэҕэс хараҕынан көрөн олорор буолааччы. Ол да иһин ”Таптыыртан харах арахпат”,- диэн этэн эрдэхтэрэ. Биирдэ уола саһаан туруоран кэлэн баран: “Бүөкээн курдук аҕалаахпыт эбитэ буоллар, үчүгэй да буолуо этэ”,- диэбитэ. Маайыс үөһэ тыынаат, саҥата суох истэн кэбиспитэ. Оттон ааспыкка ас астаһа туран кыыһа сыста түһээт, кулгааҕар “сибис” гыммыта: “Көрүүй, ийээ, Бүөтүр эн диэки көрөн олорорун…” Маайыс онно бэйэтэ да билбэтинэн кыыс оҕо курдук кытара кыыһан хаалбыта. Бүөкээн тыына быстыан аҕай иннинэ Өкүлүүнүгэр: “Дьэ, доҕоор, уурайдым… Эн биһикки ыал буолан, оҕо төрөтөн, сиэн харайан, бэрт эйэ – дэмнээхтик олордубут. Эйигиттэн биир куһаҕан тылы истибэтим, биир мөкү сыһыаны билбэтим. Эн итии эйэҕэс сыһыаныҥ миигин олоҕум устата угуттаан кэллэ. Онон эйиэхэ туох да хом санаам суох. Оҕолорбут, сиэннэрбит барахсаттар айманыахтара эрээри, эдэр дьон кэм да аһарыныахтара. Эн эрэйи көрүөҥ буоллаҕа… Сүөһүбүтүн улахан уолбутугар биэрэн кэбис. Бэйэлэрин сүөһүлэрин кытары холбуу көрүөхтэрэ. Бэйэҥ соҕотоҕун көрө сатаама. Ыалыҥ Унаараптары кытары эйэлээхтик олороор. Хардары – таары көмөлөсүһүө этигит буоллаҕа. Улахан кыыспытын ыҥыран, бииргэ олороруҥ ордук буолуо этэ…”- диэн сүбэлии сытта. Өкүлүүн хараҕын уутугар хара-хара тыын быһаҕаһынан тыына сытар кэргэнигэр: “Кэбис даа… Инньэ диэмэниий… Билигин быраастар кэлиэхтэрэ, быыһыахтара”…- дии олордо. Суох, баҕа хоту буолбата. Быраастар кэлиилэригэр Өкүлүүн өрүһүллэр кыаҕа суох буолбут, өйүн сүтэрэн, тыынын былдьаһа сытар кэргэнин аттыгар ытаан санна дьигиҥнии олороохтоото… Бу кэмҥэ Уйбаан Унаарап дьиэтин иннинээҕи кирилиэскэ саҥата суох соҥуоран, санааҕа түһэн, өр да өр олордо. Кини төбөтө тугу “буһарарын” ким билээхтиэй? Үйэтин тухары уу-хаар тылланан, тугу да “хоҥоруутугар хоннорбот” бэйэтэ туох толкуйугар түспүтүн бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Кини, дьиҥинэн, соһуччу быһылаантан уйулҕата улаханнык хамсаабыта. Бу бүгүҥҥү күҥҥэ диэри киһи олоҕун түмүктүүр тиһэх чааһыгар хайдах да төлө түспэт, босхоломмот андаҕарын биэриэм диэн өйүгэр оҕустаран да көрбөт этэ. Кини да киһи буоллаҕа дии, ама, Бүөкээн кини кэргэнин кэрэхсии көрөрүн өйдөөн көрбөт үһү дуо? Хата, баҕа өттүнэн буор — босхо хамсыыр, барыны – бары дьаһайар, кинини киһи салҕар дьиэтээҕи түбүктэн босхолуур киһи баарыттан күлүгэр имнэнэр эрэ этэ. Дьиҥэ, кини Маайыһыгар тиийэр кэрэ дьүһүннээх, үтүө майгылаах, дьаһаллаах дьахтар киэнэ талыыта аҕыйаҕа буолуо. Арай кини, тойон эрэ, тугу да сыаналаабат тойооску буолан биэрбитэ. Маайыс
сиргэ соһуллубатын диэн намыһах олоппоско ыттан туран, сып-сырдык уп-уһун сып сымнаҕас баттаҕын тараана турарын алҕас түбэһэ көрбүт дьон сөҕүү-махтайыы бөҕө буолааччылар. Уйбаан эдэр-сэнэх сылдьан, суох, кэм да кэрэни кэрэхсиир эрдэҕинэ, кэп дьэбэригэр түһэ илигинэ, кэргэнин баттаҕын имэрийэ, суорҕан гына сапта оонньуура. Билигин санаан көрдөҕүнэ, оол ол эдэр сааһа уруут урут хаһан эрэ буолан ааспыт курдук. Этэ-сиинэ “эргэрбит”, өйө — санаата кытта ”эмэҕирбит” эбит. Оонньуу оҥосто сылдьан, кыраттан да саҕалаан, арыгыга хам ылларан, “оҕонньор” буолбут эбит. Кини да хаһан эрэ уолугунан тыынан уол оҕо одьунааһа этэ. Кыргыттар кыҥастаһалларыгар кыһаллыбат, бэйэтин бэркэ диэн билиммит уола хаан буолара. Ол үтүө кэм өрүһүлтэтэ суох уу сүүрүгүнээҕэр түргэнник ааһа охсубута түргэниэн! Куруук бэрт, мэлдьи эдэр, чугас дьонун далбарыгар талбыппынан таалалыы сылдьыам дии санаабыт бэйэкэтэ олоҕун орто омурҕаныгар тиийэн кэлбит эбит. Уйбаан төбөтүн таҥнары ыйаан олорон: “Мин туох туһалаах дууһабыный? Кими эбит үөрдэр, дьону кэрэхсэтэр тугу эбит оҥордум дуо? Оннооҕор хотун ойохпор биирдэ эбит биир эмэ киэргэниэх таҥаһын – сабын кэтэртим дуо? Оҕолорбун биирдэ эбит төрөөбүт күннэринэн эҕэрдэлээтим дуо? Төрөөбүт күннэрин буолуохтааҕар, эрэйдээх, күнү көрбүт сылларын да билээхтээбэт эбиппин… Туох көдьүүстээх киһи эбитим буолла? Үөнтэн туох уратылаахпыный? Бүөкээн оннугар мин өлбүтүм буоллар быдан ордук буолуо этэ… Миигин ким аһыйыай? Хата, “сынньанна да, сынньатта да”,- диэ этилэр”,- диэн ыарахан санааларга хам куустаран, кулгааҕа куугунуор, чабырҕайа ыгыллыар диэри олордо да олордо… Сүнньэ уйбат сүгэһэригэр баттаппыт киһини санатар. Кырдьыга да, кини сүнньэ мээнэҕэ этиллибэтэх андаҕары уйуо дуо? Сэлиэнньэ иһэ иһиллээбиккэ дылы буолла. Дьиэ аайы “Бүөкээн даа?! Дэҥнэммит дуо? Ол хайдах? “Куһаҕан” диигин дуу?! Тыый, хайдах оннугуй? Эчикийэ даа, түбэспитиэн…”- диэн уолуйбут, соһуйбут отур- ботур кэпсэтии иһилиннэ. Бүтүн нэһилиэк үрдүнэн хобдох, курус күн буолла. Орто дойдуттан биир үтүө киһи букатыннаахтык барда. Бэйэтин кэнниттэн итии таптал, үтүө санаа, эйэҕэс сыһыан курдук туохха да тэҥнэммэт сүдү баай хаалла. Истэр тухары халыҥ үп-харчы, үрүт үөһэ мунньуллубут ол бу буолар-буолбат бочуоттаах ааттар киһи үйэтин уһаппаттар, доруобуйатын тупсарбаттар, аатын үйэтиппэттэр. Ол оннугар дьиҥнээх үтүө киһи аата үйэлэр тухары ааттанар. Кини туһунан сырдык өйдөбүл өлбөөрбөт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үһүйээн буолан кэпсэлгэ сылдьар. Оннук үһүйээҥҥэ кубулуйан, үйэтийэн эрэр билэр киһим туһунан эһиэхэ, ааҕааччыларбар, кэпсээтим. Валентина Дьячковская, Кутана Бэс ыйа, 2013 сыл. Андаҕар (Кэпсээн, салгыыта)
edersaas.ru сайтан