Кэпсээ
Войти Регистрация

Андаҕар (Кэпсээн, салгыыта)

Главная / Кэпсээн арааһа / Андаҕар (Кэпсээн, салгыыта)

K
edersaas.ru Категорията суох
19.10.2017 18:32
Салгыыта “Бу дьон аны кыһын хайдах оттонон-мастанан кыстыахтарай”, – дии санаан, Бүөкээн саһаан охсуутугар бэйэтин уолаттарын кытта ыалын уолун илдьэ сырытта. Уол кэпсииринэн бу ааспыт дьыл ийэлэрэ атыыласпыт маһын оттунан кыстаабыттар. Ыалларын аҕата, бэркиһээбитэ буолуо, балыыһатыттан тахсаат, саһаан туруоруста. Дьиҥинэн, соруннаҕына туох да үлэтин тулутуо суох, арыгы кулута буола сылдьар киһи эбит. Бүөкээн киилэ аҥаарын да кыайбат аһыы ууга бас бэринэн сылдьар киһини кыайан өйдөөбөт, дууһата ылыммат. Бу киһи кини курдук эмиэ ыал соҕотох оҕото үһү. edersaas.ru Ийэлээх аҕата барахсаттар олус атаахтатан, баардарынан-суохтарынан көрөн-истэн ииппиттэр. Оскуоланы бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, хайдах арыгыһыт буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыт. Устудьуоннуур бастакы сылларыгар ыал буолбут. Дьиҥэ, кини бэйэтин үөрэҕэ-майыра эрэ уурайбатах, кэргэнэ үөрэхтэниэхтээҕин эмиэ атахтаспыт. Идэтинэн уолаттардыын аһыы сылдьан, дьыалаҕа эриллэ сыһан, ол онтон сылтаан үөрэҕин бырахпыт үһү. Дьэ, уонна быстыбыт-ойдубут кини буолан арыгыны кытта аргыстаспыт. Кэргэнэ кинини батыһан, үөрэҕин хаалларан, түмүгэр, бу сири буллахтара. Нэһилиэк – нэһилиэк бөҕөнү кэрийэ көспүт дьон үһүлэр. Эр киһи ону туох эрэ үтүөнү оҥорбут киһи курдук тарбаҕар бүк баттыы-баттыы сиһилии сэһэргиир. Дьахтар дойдутугар олоруохтарын эр киһи ойоҕун дьонун кытта сатаспатах үһү. Арыгыһыт киһини ким “чээн” диэтэҕэй? Ыаллыылар бу курдук олордулар. Бүөкээн Өкүлүүнэ ыалымсаҕа суох да буолан, Унаараптарга сыстыбата. Хайа, уонна итирик киһилиин алтыспатах буолан, ити Хороох Уйбааннарыттан эмиэ да куттанар, эмиэ да сиргэнэр. Кэргэнэ тиэстэрин төһө да сөбүлээбэтэр, саҥата суох тулуйар. Оҕонньорбун хомотуом диэн тулуктаһар. Ыала дьахтардыын биирдэ эбит көрүстэҕинэ, өскүөрүтүн дьиэ таһынааҕы сонуну сэлэһэ түһэр. Онон бүтэ турар. Бүөкээн бэйэтэ да билбэтинэн ыалыгар тиэстэрэ элбээтэ. Били ырыаҕа ылланарын курдук атаҕа бэйэтэ тиэрдэр. Дьиэлээх киһи өйдөөҕөр мээнэ-мээнэ дьабыгыраатар да, син сэһэннээх-сэппэннээх киһи эбит. Эдэр эрдэҕинээҕи уонна атын нэһилиэктэргэ олоро сылдьыбыт кэмнэрин кэпсиир. Ол быыһыгар “Мин да оҕо эрдэхпинэ, көмүс кытахха үҥкүрүйэн улааппытым”,- диэн ахтан ааһар. Биирдэ кини “Оскуолаҕа сылдьан саахыматтыыр этим”,- диэн эппитигэр Бүөкээн эмиэ көх-нэм буолан, иккиэн оонньуур идэлэннилэр. Бүөкээн санаатыгар кэнники ыала киһи кэм да иһэрэ – аһыыра ама буолбут курдук буолла. Ол эрэн сотору – сотору төлө барара кэмнээх буолуо дуо? Сыыҥ сыраан аллан, тыла бөлүөхсэн, барбах бүдүктээн көрөн, тиэрэ- маары үктэнэн, дьиэтин нэһиилэ булар. Сороҕор син биир сылгылатар. Кэм да киһи буолан өнүктээҕэ диэн төһө да “аһаатар”, дьиэтигэр айдаана суох. Арыычча сыылыҥхайдаан киирэн, аан хоско турар мас ороҥҥо сууллубут киһини дьоно эрэйдээхтэр таҥаһын-сабын сыгынньахтаан, суорҕан сабан утуталлар. Бу киһи мин туспуттан ойоҕум – оҕолорум дьонтон кыбысталлара буолуо дии санаабат эбит. Хайдах эрэ атаахтык иитиллибит оҕо сааһа кэм да ааһа илик киһи курдук. Дьиҥ иһигэр туох санаалаах киһитэ эбитэ буолаахтаата? Маайыс бэйэтэ ийэлээх аҕалаах,
бииргэ төрөөбүт убайдардаах үһү. Кини да соҕотох кыыс буолан, мааныланан улааппыт. Ол эрэн төрөппүттэрэ окко – маска умньаммат атаах гына ииппэтэхтэр. Ийэтэ: “Кыыспыт кийиит буолар кэмэ кэллэҕинэ, тугу да сатаабат аатырыа, дьонтон сириллиэ”,- диэн дьахтар киһи тугу сатыахтааҕар барытыгар үөрэппитэ үһү. Дьиҥинэн, Маайыс Уйбааныгар чахчы сөбүлээн туран кэргэн тахсыбыта. Кэргэнэ эдэр эрдэҕинэ, өрөйөн – чөрөйөн уол оҕо этэ. Ол эрэн Маайыс ийэтэ-аҕата кыыстара бу киһиэхэ кэргэн тахсарын олох сөбүлээбэтэхтэрэ. Кинилэр санааларыгар оҕолоро үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит киһи буолан баран биирдэ бэйэтин дьүөрэлии киһитигэр кэргэн тахсыахтааҕа. Аҕата кыыһыгар: “Ити киһиҥ тыла — өһө оттомо суох, хараҕа сүүрэлэс, киһини утары таба көрбөт, бэрт саарбах көрүҥнээх”,- диэн күтүөтэ буолуохтаах киһини ахсарбатаҕын биллэрбитэ. Ийэтэ эмиэ: “Тоойуом, аҕаҥ биһикки киһигин олох испитигэр киллэрбэтибит. Ону баалаама. Өскөтүн ыарахан буолбут буоллаххына, биһиги билигин да тэтиэнэхпит. Биир сиэммитин көрөр кыахтаах дьоммут. Онон олохтоохтук толкуйдан”,- диэхтээбитэ. Суох, Маайыс таптаабытын сокуон оҥостон, дьонун утары баран, Уйбааныгар кэргэн тахсыбыта. Кини: “Киһи үксэ иһэр-аһыыр да, ыал буолан олороллор. Кэргэним мин итии тапталбын, үтүө сыһыаммын урут дуу, хойут дуу сыаналыа”,- дии саныыра. Ол толкуйа, дьиҥинэн, сыыһа эбит. Кэргэнинээн иккиэн икки аҥы өйдөбүллээх дьон ыал буолбуттар. Уйбаана: “Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр. Онон уол оҕо одьунааһа биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр буолуохтаахпын”,- диэн өйдөбүллээх. Оттон Маайыс: “Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр. Киһи олоҕун устата таптыахтаах уонна таптатыахтаах”,- диэн бигэ санаалаах. Кини олоҕун устата аһыыны – ньулууну амсайан: “Таптаһыы диэн олох оҥкулун тутулун сүнньэ буолбатах эбит. Кэргэннии дьон олохторун саамай сүрүн тутула бэйэ бэйэни хардарыта убаастаһыы, эрэнсиһии, көмөлөсүһүү буолуохтаах”,- диэн түмүккэ кэлбитэ ыраатта. Тус олоҕо сатамматаҕар, кини бэйэтин буруйдана саныыр буолан, барытын саҥата суох тулуйар. Ийэ киһи быһыытынан оҕолорун аһынар. Кинини үөрдүөн быатыгар, уола дьүһүннүүн-бодолуун майгылыын-сигилилиин Маайыс ийэтигэр, ол эбэтэр, эбэтигэр, оттон кыыһа кини аҕатыгар, ол эбэтэр, эһэтигэр майгынныыллар. Онон кини: “Оҕолорум мин төрөппүттэрбин батан, көнө көрсүө, үлэһит, дьоһуннаах дьон буолаа инилэр”,- диэн кистэлэҥ бүөм санаалаах. Билиҥҥитэ оҕолоро этэҥҥэлэр. Кыра саастарыттан оттомноохтор. Ийэлэрин тылыттан тахсыбаттар. Төһө кыалларынан илии – атах буолан көмөлөһөллөр. Улаатан, ийэлэрин харайыытыттан таҕыстахтарына, хайдах – туох буолаахтыыллара биллибэт курдук. Ол эрэн хаһан баҕарар инникигэ эрэл санаа диэн киһини кынаттыыр күүс баар буолар эбит. Күн-дьыл биллибэккэ баран истэ. Уйбаан испитин курдук иһэ сылдьар. Хаарыан доруобуйаны харыстаабат киһи. Арыгылыырын арыый да аҕыйаппыт эрэ курдук. Эмтэнэр туһунан эттэххэ, истэ да соруммат. Дүлэй киһи курдук туттан, килээриччи көрөн кэбиһэр. Бэйэтэ буолуммат киһини хайдах эмтиэҥий, туһата суох. Бүөкээн ыалыгар атаҕа барбытын курдук бара турар. Кырдьан баран кылыыһыт буолла диэх иһин, атыҥҥа аралдьыйбыт быһыыта көстүбэт. Арай харахха быраҕыллара
диэн кэм да сэнэхтик таҥнар – саптар буолла. Кэлиҥҥи кэмҥэ туттара – хаптара өссө сыыдамсыйбыт, кэлэ – бара элэстэммит курдук. Киһи дьиктиргиэҕэ диэн бэйэтэ эрэ сылдьан, муннун анныгар киҥинэйэн ыллыыр буолбут. Туох туһунан ыллыырын бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Кини биирдэ өйдөөбүтэ, бачча сааһыгар диэри дьахтар аймахха улахан болҕомтотун уурбатах эбит. Кэргэнинээн улаханнык эйэргэспитин тоҕо эрэ өйдөөбөт. Өкүлүүнэ өрүүтүн аттыгар баарыгар, уу долгуйбатынан олохторугар үөрэнэн хаалбыт. Оҕолоро, сиэннэрэ этэҥҥэ буоланнар, барыта үүт тураан үчүгэй эбит. Дьиҥинэн, кини дьоллоох киһи. Бүөкээн ыала дьахтары Маайыһы наһаа аһынар. Киниэхэ өрүү туох эрэ үчүгэйи оҥоруон баҕарар. Ол онто табылыннаҕына, оҕо курдук олус үөрэр. Били бастакы алтыспыт күнүттэн ыла кинилэр икки ардыларыгар туох эрэ биллибэт ситим тардыллыбыт курдук. Ол ситим айа кирсэ тыҥаабытын санатар. Кинилэртэн хайалара да бу тыҥааһыны билбэт- көрбөт курдук тутталлар. Төһө кыалларынан айа кутталлаах кирсин таарыйбатарбыт ханнык этэ диэбит курдук күннээҕи олохторо ааһар. Маайыс дьонтон кыбыстар быһыылаах. Сэлиэнньэҕэ тугу-тугу сипсиһэн эрэллэрин ким билээхтиэй? Ааспыт өрөбүлгэ атыыһыт Арамаан ойоҕо Муоча таҥас тиктэрэ сакаастаһа кэлэ сылдьан, олох маска томтоллон олорон: “Ыалгыт оҕонньор ааҥҥытын саппат буолбут сурахтааҕа”,- диэн оруо — маһы ортотунан тылласпыта. Ол ону Маайыс ончу сөбүлүү истибэтэҕэ эрээри, хайыай? Өскүөрүтүн таах хаалымаары: “Ээ, ити уолбутун куобахтата, мас көтөрдөтө үөрэтэ таарыйа сылдьааччы”,- диэн хоруйдаабыта. Кини ким да ханна да тиэһиннин, ону билбэт, билэ да сатаабат. Сололоох дьахталлар иҥэ бата сатаан, барыны бары сонун гынан тиһэн эрдэхтэрэ. Хайыаҥый, хас киһи айаҕын саба тутуоҥуй уонна Маайыс итинник сонуннарга уруккуттан да болҕомтотун уурбат. Ити дьахтар “оҕонньор” диэтэҕэ үһү. Бүөкээн кини киһитинээҕэр баҕас таһыччы тэтиэнэх киһи. Хайа, кини уҥуоҕа кытаата илик уолугар кыайтарбат кытаанах үлэтигэр көмөлөһөн абыраата. Оннооҕор оҕолоро “оҕонньор” киирдэҕинэ, сирэйдэрэ сырдыы түһэр. Аҕалара киһи буоллаҕа буолан, өйдөөх кэмигэр сэһэнэ-сэппэнэ элбиир. Маайыс бэйэтэ бүтэйдии мичээрдии сылдьар буолар. Онон ити этэр “оҕонньордоро” кинилэргэ сэргэхсийиини эрэ аҕалар киһи. Дьиҥэ, кинилэргэ улаханнык киһи сылдьыбат ыала. Аны Маайыс бэйэтэ олох ыалымсаҕа суох. Атын ыал оҕолоро оҕолоругар тоҕо эрэ эмиэ сылдьыбаттар. Ийэлэригэр иистэннэрэр эрэ дьахталлар сыбыытаһаллар. Өкүлүүн Бүөкээнэ идэтинэн ыалын диэки хааман эрэрин түннүгүнэн көрөн, үөһэ тыынна. Кини маҕаһыыҥҥа, атын да тэрилтэҕэ сылдьан, оҕонньорун туһунан таайтарыылаах сурахтары кулгааҕын уһугунан истээччи эрээри, кинини кытаанах майгылааҕынан билинэр буоланнар, дьахталлар мээнэ тылга тииспэттэр. Хайа акаары кини кэргэнин биир эбит мөкү тылынан саҥаран, киирэн биэрэн быстардаҕай? Оннооҕор билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕалаах күн сололоох дьахталлар тылларын быһа ытыраллар, тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук тутталлар. Кини дьахтар киһи быһыытынан сылыктаан, кэргэнэ Маайыһы сөбүлүү саныырын сэрэйбитэ өр буолла. Киһитэ ыалыттан сэгэччи туттан, санаата манньыйан киирэрин бэлиэтии көрбүтэ ыраатта. Күнүүлүү саныа эбит да, тоҕо эрэ
киниэхэ оннук санаа олох киирбэт. Инники, хата, “Мин үтүө көрүҥнээх испэт – аһаабат киһим баччааҥҥа диэри биир эбит үчүгэй дьүһүннээх сытыы дьахтар илимигэр иҥнибэккэ кэллэ”,- диэн кистээн үөрэ саныыра. Аҕалара, эһээлэрэ билигин кэлэн, оҕолоруттан, сиэннэриттэн араҕан, ханна да бараахтаабат. Атын киһи дьонун-сэргэтин сир-халлаан икки ардыгар хааллартаан барыа эбитэ буолуо. Кини киһитэ оннук гымматыгар үс бүк эрэнэр. Ол үтүө дьүһүннээх дьахтары кыҥастаспытыгар туох буруйдаах буолуой?! Үчүгэй аата үчүгэй буоллаҕа. Кини да кэрэ дьүһүннээҕэ буоллар, сириэ суоҕа этэ. Ону баара киниэхэ оннук үтүө бэлэх тиксибэтэх. Ыала дьахтар көстүүлээх бэйэлээх эрээри, ити дьүһүннээх киһиэхэ сөбүлэһэн олордоҕо. Эрэ чахчы да мөлтөх киһи быһыылаах. Өкүлүүн “Сороххо итинник эр тиксибэтэҕэр үрдүк айыыларбар махтал”,- диэн толкуйдуур. Бүөкээн бүгүн сыарҕа сыҥааҕа буолуох маһы таҥастыы сылдьар. Сынньана түһээри, олоро түстэ. Табаахсыта буоллар, бурҕаҥната олоруо эбит. Бу кэнники үлэлии сылдьан, тохтуу түстэр эрэ, туой ыалын Маайыс барахсаны саныы түһэр буолла. Санаан кэллэр эрэ, туох эрэ ип итии сүүрээн этигэр – хааныгар тарҕанар. Сирэйэ сырдаан, мичээрдээн кэлбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Эдэр сылдьан да, маннык туруктаммытын өйдөөбөт. Кинини Маайыс сэмэй мичээрэ, килбигийбит дьүһүнэ долгутар. Ыалын дьиэтигэр киирдэҕинэ, кини намыын саҥатын иһиттэҕинэ, эгди буола түһэр. Бу дьиэҕэ төһө баҕарар олоруо эбит да, ол сатаммат. “Сатаммат” диэн тылы олоҕун устата элбэхтик истэн да кэлбитэ, бэйэтэ да туттан улааппыта. Оҕо эрдэҕинэ, кыаллыбат суолу көрдөһөн кыҥкыйдаатаҕына, ийэтэ барахсан төбөтүн имэрийэн, сыллаан ылара. Ол кэнниттэн “Сатаммат, тоойуом, сатаммат. Киһи тугу баҕарбыта барыта туолбат. Оннук эбитэ буоллар, бу олорор олохпут атын буолуо этэ”,- диирэ уонна уолуттан кистии-саба хараҕын уутун сотторо. Бүөкээн оччотооҕуга оҕотук да, билбэт да буолан буолуо, ийэтэ тугу этэрин өйүгэр түһэрэн өйдөөбөт этэ. Кэлин улаатан баран билбитэ, ийэтэ оҕо эрдэҕиттэн доҕордоспут уолугар кэргэн тахсыахтааҕа үһү. Ону баара дьылҕа хаан атыннык дьаһайбыт. Ол уол, Бүөкээн айбыт аҕата Бүөтүр, биир куйаас күн сөтүөлүү сылдьан, ууга түспүт. Ийэтэ улахан ыйдаах ыарахан хаалбыт. От үлэтэ үмүрүйдэҕинэ, туспа дьиэлэнэн-уоттанан, ыал буолан олоруохтаахтара үһү. Бүөкээн киһи буолар ыйааҕа кытаанаҕа буолуо, син түһэн хаалбакка, кыл саҕаттан кытаахтаһан, ийэтин иһигэр хаалбыт. Ол эрэн толору кэмин туолбакка сылдьан төрөөбүт буолан бэрт иринньэх этэ. Ийэтэ барахсан таптыыр киһитин оннугар кэлбит оҕотун көрөн-истэн биэбэйдэһэн, син киһи-хара оҥорбут. Бүөкээн күндү киһитэ — ийэтэ ааспат арахпат аһыыттан уурайыаҕын Ньукуус диэн ийэтин кыыс эрдэҕиттэн сүрдээҕин сөбүлээбит, ыраахтан ыҥырар сулус оҥостон, күлүгэр кытта үҥмүт-сүктүбүт уола бигэ тирэх, күүс-көмө буолан, олоххо иккистээн эргиллибит этэ. Ол киһи ийэтин олох кыра оҕо курдук харайара үһү. Ийэтэ арыт санаата тууйуллан, бүччүм сири булан ытыы-соҥуу олорорун булан, кыра оҕо курдук көтөҕөн киллэрэн, ааттаан-хайаан биэбэйдиирэ үһү.
Ол ииппит аҕата Бүөкээни бэйэтин оҕотун курдук көрөн – истэн улаатыннарбыта. Ийэтэ тоҕо эрэ иккистээн оҕоломмотоҕо. Онон Бүөкээн чороҥ соҕотох оҕо буолан, окко-маска умньаммат оҕо буола улаатыан сөбө да, ийэлээх-аҕата кинини бэрт дьоһуннаахтык ииппиттэрэ. Соҕотох оҕолоро буолан, дьоно үөрэххэ-майырга ыыта сатаабатахтара. Аттыларыттан араарыахтарын баҕарбатах буолуохтаахтар. Бүөкээн хаһан да үөрэҕим суох диэн киһиттэн итэҕэс санамматаҕа. Биир киһи сөптөөх олоҕун олорон кэллэ. Күн-түүн биллибэккэ ааһан истэ. Икки ыал олоҕор улахан туох да уларыйыы тахсыбата. Арай Унаараптар аҕалара кэм да арыгылыырын аччатан, нэһилиэк килбэйэр киинигэр турар сынньалаҥ дьиэтигэр илии-атах үлэһитинэн киирдэ. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, кинини ким үлэһит оҥоһуннаҕай? Эрэлтэн тахсыбыта ырааппыт киһи. Дьиҥэ, Бүөкээн кийиитин нөҥүө кэпсэтэн, ыалын аҕаларын үлэҕэ ылларбыта. Хороох билиҥҥитэ ибир-сибир үлэлээбитэ буолан, өрө таҥнары сыымайданар. Төһө кэм тулуспахтаан сылдьар тойооскута эбитэ буолла? Ол эрэн саҥа үлэһит Уйбаан Унаарап бу үлэтигэр сылдьан, биири сэргии көрдө. Түгэн эрэ көһүннэр, олохтоох эр дьон сынньалаҥ дьиэтигэр мустан, бильярдыыр идэлээхтэр эбит. Кини бастаан утаа күнү — чааһы атаара таарыйа, күрэхтэһээччилэри мээнэ көрөр этэ. Кэлин ким да суох кэмигэр бэйэтэ бэйэтин кытта оонньуур идэлэммитэ. Ол онно санаатыгар дьонтон итэҕэһэ суох оонньуох курдук санаммыта. Устунан бэйэтэ да билбэтинэн бу оонньууну бэркэ сэргээн көрөр буолбута. Дьон хайдах-туох оонньууруттан үөрэнэн, сыр мыр үлүһүйэн туран дьарыктанан барбыта. Бильярдьыттар дөрүн-дөрүн араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттар эбиттэр. Уйбаан маннык күрэхтэһиилэргэ кыттыа ыраах. “Кырдьаҕас” бильярдьыт Сааска Уйгуурап: “ Үөрэн, ыччат, үөрэн. Кэлэр күрэхтэһиилэргэ кыттыаҥ”,- дии-дии саннын таптайбыта. Кыһытыан быатыгар бу уол кини оҕолоруттан эрэ аҕа саастаах. “Дьэ, ити курдук кыһытар буоллаххытына, кырдьык да турунан туран дьарыктаныам ээ”,- дии санаан, Уйбаан чахчы да ылсан туран эрчиллэн барбыта. Салгыыта бэчээттэниэ. Андаҕар (кэпсээн) Валентина Дьячковская, Кутана, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан