Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэбиэскэй саҕана хайдах этэй?

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэбиэскэй саҕана хайдах этэй?

K
kyym.ru сайтан Айымньы
20.02.2018 18:22
1970 сыл сааһыгар, Бүлүүгэ управление кылаабынай агрономунан үлэлии олордохпуна ТХМҥы ыҥыран ылан, “Амма” сопхуоска кылаабынай агрономунан аныыр бирикээһи туттаран кэбистилэр. Покровкаҕа ыһыы үлэтэ үгэннээн турдаҕына тиийдим. Аан бастаан киэҥ нэлэмэн бааһыналары көрөн, хайдах эрэ дьулайа санаабыпын өйдүүбүн. Дириэктэр В.В. Михайлов, санаабар, оччо-бачча сөбүлээбэтэх курдук: “Уолаттары кытта тахсан олор”, - диэтэ. Хата, онтуларым бары миигин кытта Омскайга биир кэмҥэ үөрэммит дьонум буолан биэрдилэр: Д.К. Кузнецов кылаабынай инженердиир эбит. Е.М. Николаев – мастарыскыай сэбиэдиссэйэ, Прокопий Константинов – кыл. экэнэмиис, Татьяна Кузнецова баара. Быһата, олох бэйэм дьоммор кэлбиттии сананным. Кырдьыга да кэлин оннук буолбута. Дириэктэр эмиэ Омскайга агрономия факультетын бүтэрбит эбит. Управление кылаабынай агронома Н.Н. Грязнухин биир нэдиэлэ матасыыкыланын кэрийэ сылдьан, агрегаттары, паар хорутар мэхэньисээтэрдэри билиһиннэрдэ. “Кытаанах бэрэбиэркэ” Арай биирдэ, киэһэлик этэ, эмиэ оннук бааһыналары кэрийэ сылдьан биир да тыраахтары, массыынаны булбатым. Иһиттэхпинэ, ханна эрэ элбэх тиэхиньикэ үлэлиир курдук да, чугас эргин көстүбэттэр. Кылабыыһа аттыгар баар алааска көтүтэн киирбитим: туох баар тиэхиньикэ, дьон-сэргэ онно тоҕуоруспут. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии бөҕө. Туох буолбутүн ситэ-хото өйдөөбөккө турдахпына, улахан куруускаҕа толору быраага кутан баран: “Эй, молодой агроном, подь сюда! Выпьешь – будешь работать с нами, не выпьешь – через месяц убежишь, -- диэн буолла. Мин биир тыынынан түһэрэн кэбистим. Ити, аатырбыт төрүт мэхэньисээтэрдэр кылааннарыттан Юлия Яцкова эппит эбит. Кэлин билбитим “Родительский день” диир тэрээһиннэригэр түбэспиппин. Саха киһитэ ону хантан билиэм эбитэй. Покровка олохтоохторо, билэргит курдук, бары кэриэтэ нууччалар. Дьэ, итинник саҕаламмыта бу чулуу мэхэньисээтэрдэри кытта төгүрүк тоҕус сыл тухары бииргэ үлэлээбит кэмим... Алтыспыт аргыстарым Оччолорго Райком 1-кы сэкиритээрэ П. С. Никитин этэ. Райсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн – С. Е. Васильев, управление начаалынньыгынан Д.В. Николаев, хомсомуол 1-кы сэкиритээринэн – С. Е. Николаева үлэлииллэрэ. Сопхуос дириэктэринэн Владимир Васильевич Михайлов 14 сыл устата, анаара дойдуга барыар диэри үлэлээбитэ. Партком сэкиритээринэн – Н. П. Устинов, профком бэрэссэдээтэлинэн -- араас кэмҥэ Д. С. Захаров, Е. В. Константинов, В.В. Шадринов үлэлээбиттэрэ. Кинилэртэн Виктор Шадриновтыын Сунтаардааҕы Бордоҥнооҕу Оҕо дьиэтигэр бииргэ олорбуппут. Кэлин үлэһит буолан баран, ити “Амма” сопхуоска – иккиэн, онтон салҕыы Өлүөхүмэҕэ мин – “Саҥыйахтаахха”, кини – “Төгөөҥҥө” дириэктэрдээбиппит. Манныгы этэн эрдэхтэрэ “сир – төгүрүк” диэн. Үлэ үтүө түмүктэрэ Ити кэмнэргэ “Амма” сопхуос экэниэмикэтэ биллэ бөҕөргөөбүтэ, элбэх тутуу да барбыта. Бурдук ыһыытын иэнэ – 5500 гаа этэ. Орто үүнүү гааттан 11,5-13,7 ц тиийбитэ. Күөх үүнээйигэ анаан, тыһ. гааҕа “зеленка” ыһыллара. Ынах сүөһү ахсаана 4500 төбөҕө, сылгы – 4400, оттон биэтэ 1700-кэҕэ тиийбитэ. Биир ынахтан ылыллар үүт, ортотунан, 1700 л буолбута. Отделение управляющайдарынан улахан уопуттаах салайааччылар үлэлээбиттэрэ. Ити сылларга дии, сопхуос, өрөспүүбүлүкэ чулуу ыанньыксыта П.И. Яковлев Социалистическай
үлэ дьоруойун үрдүк аатын ылбыта. Үс Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Кини идэтинэн учуутал, “За отвагу” бойобуой мэтээллээх сэрии кыттыылааҕа. Барахсан ыарахан үлэ-хамнас, сэрии содулуттан олохтон эрдэ туораабыта. Бурдук үүннэриитин маастардара, биригэдьиирдэр В.В. Соловьев, Я.Д. Анучин Ленин уордьанынан наҕараадаламмыттара. Болугур бурдук үүннэрээччитэ П.А. Петров “Үлэ Албан Аата” уордьан II уонна III истиэпэннэринэн, бүтүн 9 киһи “Бочуот знага” уордьаннарынан наҕараадалыммыта... Элбэх мэхэньисээтэр, сүөһү үлэһитэ мэтээллэринэн, Грамоталарынан бэлиэтэммиттэрэ. Маннык эмиэ баара К.П. Захаров кылгас кэмҥэ бастакы сэкиритээринэн үлэлииригэр олус боростуой, судургу салайааччы этэ. Кинилиин мөккүһүөххэ, быһаарсыахха, уопсай тылы холкутук булуохха сөбө. Ханна да сырыттар үлэни-хамнаһы табан салайара, быһаарсара. Ону баара биирдэ уопсай баанньыкка сылдьан баран, итирик баанньыксыт дьахтар үөхсүүтүн, күлүгээнниирин истэ сатаан баран, милииссийэҕэ туттарбытын иһин, “дуоһунаһын туһанна” диэн ууратан тураллар. Итинник эмиэ баара. Ол курдук, Райком сэкиритээринэн тахсыылаахтык үлэлии олорбут Е.Р. Артемьевы эмиэ араас албаһынан сыҕарытан тураллар. Еремей Романович – Амма биир чаҕылхай, кэскиллээх салайааччыта этэ. Тус санаатын ханна да буоллун аһаҕастык этэн тэйэр идэлээҕэ. Кинилиин ордук кэлин, Райсэбиэккэ сэкиритээрдии олордоҕуна чугастык билсибиппит. Еремей Романович уола Александр Еремеевич 8-с кылаастан сайын аайы “Амма” сопхуоска бурдукка үлэлиирэ. Тырахтарыыс, комбайнер бэрдэ этэ. Оскуоланы бүтэрээт сопхуоска мэхэньисээтэринэн, элбэх сыллаах оту үүннэриигэ биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Ол кэннэ сопхуос дириэктэринэн ананан, 12 сыл тааһарыылаахтык үлэлээбитэ. ТХМ миниистиригэр тиийэ үүммүтэ. Ити кэмҥэ бииргэ алтыспыт дьоммуттан Светлана Ефимовна Николаева Дьокуускайга Обкомолга үлэлии да сылдьан Амманы кытта сибээһи быспатаҕа. Баартыйа обкомугар сэкиритээрдиирин саҕана дьиэтигэр, даачатыгар да сылдьар этим. Онно Аммабыт, бииргэ үлэлээбит дьоммут туһунан ирэ-хоро кэпсэтэр буоларбыт. Били, аатырбыт “устудьуоннар хамсааһыннара” тахсыбытыттан сэдиптээн, хаарыан үлэлиэх-хамсыах киһини эмиэ ууратан тураллар. Саха чаҕылхай кыыһа кэлин, баҕар, Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ да буолуон сөбө дии саныыбын. Кэргэнэ Николай Ивановичтыын үтүө-мааны ыал этилэрэ. Хомойуох иһин, иккиэн билигин суохтар. Оттон бастакы сэкиритээр М.Н. Сибиряков 12 сыл устата Амманы салайбыта. Кини тыа хаһаайыстыбатын баһылаабыт, баай уопуттаах, ордук сүөһү иитиитигэр. Хас да үрдүк үөрэхтээх. Онон буолуо, бурдукка анаан ыһыллыбыт эбиэһи сиилэскэ, күөх аһылыкка көһөрөн, оттуу оҕустара сатыыра. Оннооҕор үрдүк репродукциялаах суорт култуураларын оттотоору ол айдаана буолара. Ити боппуруоһу кылаабынай эрэ агроном быһаарар аналлаах. Кини аактаҕа илии баттаатаҕына эрэ көһөрүллэрэ. Онон элбэхтик мөккүһэр этибит. Мээнэҕэ “бу уол сүгүннүө суох”, -- диэн, кылгас кэмҥэ Райком тэрийэр отделыгар инструктарынан ылан үлэлэтэ сылдьыа дуо. Кэлин Өлүөхүмэҕэ дириэктэринэн ыыталларыгар сөбүлэһэ охсон, бэйэм аккаастанан көрбүппүн түргэн үлүгэрдик ыыттаран турар. Баартыйа мучумаана Ол кэмҥэ оройуоҥҥа саҥа сопхуостар тэрилиннилэр: “Строд” уонна “Победа” диэннэр. “Победаҕа”, ол эбэтэр, биһиэхэ кылаабынай зоотехнигынан бу иннинэ солбуйар дириэктэринэн үлэлии олорбут А.И.Борисовы анаатылар. Сопхуос дириэктэрэ миигин ыҥыран ылан, солбуйааччы буол диэтэ. Партком сэкиритээрэ Н.П.Устинов:
“Булгуччу баартыйаҕа киирэҕин, оччоҕо эрэ солбуйааччы буолаҕын”, – диэн, иккиэн эрэкэмэндээссийэ суруйдулар. Үсүһү Ленин уордьаннаах биригэдьиир Василий Соловьев биэрдэ. Дьэ, ол кэннэ 50-ча чилиэннээх уопсай мунньахха баартыйаҕа киирэр боппуруоспун көрдүлэр. Онуоха 5-6 киһи утарда. Буруйум диэн – баартыйа ыйбыт болдьохторугар ыһыыны, хомууру толорбот: “Хаһан ыһары-хомуйары мин эрэ билэбин“ – диир эбиппин. Эбиитин айылҕа мэһэйдэригэр сигэнэр үһүбүн. Уопсайынан, баартыйа сорудахтарын толорбот үһүбүн. Миигин эрэкэмэндээссиэлээбит дьоммор улахан кыбыстыы буолла бадахтаах. Этиллибит кириитикэни бэйэлэригэр ылыннылар быһыылаах. Тугу да саҥарбаттар. Куоластаары гыммыттарыгар Сельпо бэрэссэдээтэлэ М.П.Григорьев: “Хайдах буоллугут, төттөрүтүн баартыйаҕа ылан иитиэххэ, үлэһит уол!”, -- диэтэ. Онуоха, аны, бары сүүс бырыһыан ыларга диэн куоластаатылар. Сыл буолан баран, хандьыдааттан чилиэҥҥэ ыллылар. Ол кэннэ бэйэбин тута сэкиритээринэн талан кэбистилэр. Сотору буолаат, баартыйа бэлиэ икки чилиэнин баартыйаттан устан кэбистим. Мартынова диэн “Бочуот Знага” уордьаннаах ыанньыксыты – баартыйатын билиэтин буортулаабытын иһин, оттон Токосов диэн участкыабайы – милииссийэ хапытаанын – арыгылыырын иһин. Онтон сылтаан Райкомҥа аҕыс айдаан таҕыста. Биир мунньахха икки киһини устуу, буолан баран биллэр-көстөр дьону таһааран кэбиһии сиэргэ баппат көстүү буоллаҕа. Инньэ гынан Мартынованы төннөрдүлэр, оттон бэйэбэр Сэрэтии биэрдилэр. “Устабыт диэҥҥэ баартыйа чилиэннэрэ бары 100 куоластаабыттара эбээт”, -- диэн көрдүм да, ончу ылымматылар. Үлэҕэ араас буолара Биир саас, паар көтөҕүүтэ үгэннээн турдаҕына, Чакыр отделениетыгар кэлбиппит – биир да тыраахтар бааһынаҕа суох. Управляющайы булан ыйыппыппытыгар: “Тыраахтардар от хомууругар бэлэмнэнэллэр. Паар наадата суох, бурдук тохтубута, сыыс от үүннэҕинэ сүөһү мэччийиэ, кыһын сылгылар хаһыылара буолуо”, -- диир. Бу Максимов диэн управляющай, М. Сибиряков бу иннинэ үлэлээбит В.С. Кириллини атын үлэҕэ ыытан баран, анаан-минээн Чурапчыттан аҕалбыт киһитэ этэ. Бастыҥ отделениеҕа анаммыта ый да буола илигэ. Этэр: -Эйигин кытта быһаарсыбаппын, дириэктэри эрэ кытта кэпсэтиэм. - Дириэктэр суох, мин кини солбуйааччытабын, -- диэн көрдүм да, истэн да бэрт. Покровкаҕа кэлэммин, паар көтөҕүүтүн тохпутун иһин кинини үлэтиттэн устарга диэн бирикээс таһаардым. Нөҥүө күнүгэр Райкомҥа эмиэ аҕыс айдаан таҕыста. “Управляющайдар Райком номенклатуратыгар тураллар, дириэктэр да, буолан баран, солбуйааччы киһи, хайдах да устар бырааба суох” диэн буолла. Сопхуос дириэктэрэ кэлбитигэр бирикээһи кининэн көтүттэрэ сатаатылар. Владимир Васильевич баартыйа бюротун чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа аптарытыаттаах киһи, кэриэтэнэр бирикээһи көтүрбэтэ. Миигин солбуйааччыттан уурат диэбиттэрин эмиэ ылыммата. М. Сибиряков да буоллар, бүтүн сопхуос салалтатын утары барбата. Чакырдар да үөрдүлэр. Виктор Софроновичпытын төттөрү управляющай оҥордубут. Бу түгэннэр тустарынан оччотооҕо Аммаҕа Райком сэкиритээринэн үлэлээбит С.С. Попов “Олох түгэннэрэ” диэн кэпсээнигэр суруйбут этэ. Манна даҕатан эттэххэ, Покровка ыһыаҕар былырыын “Земля и люди” кинигэбин билиһиннэрэн, сүрэхтээн турабын. Көмөлөспүт дьоҥҥо, Амма улууһун, Покровка баһылыктарыгар махтанабын. И.С. Иванов, САССР Үтүөлээх агронома, “Кыһыл Знамя”, “Бочуот знага” “Гражданскай килбиэн” кавалера,
Өлүөхүмэ оройуонун Ытык олохтооҕо.
kyym.ru сайтан