Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийээ, мин кэллим...

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийээ, мин кэллим...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
18.10.2019 18:16
Хаҕыс сыһыантан халыс гыммыт харах уута хайдах да хачылыйыбытын иһин, иэдээн төрүөтүн суох гыммат. Арай сүрэххэ нүөлүйбүт курус тууйуллууну арыый мүлүрүтүө дуу... Эбэтэр көхсүгүн кэҥэтэн өрө тыыннарыа дуу... Айыы Таҥара анаан-минээн айбыт буоллаҕа, аймалҕаны аһарар аһыы харах уутун, көймөстүбүтү көтүтэр көмүскэ уутун. Ардыгар үрдүк бааллыы долгутар, сороҕор сахсыйан титирэтэр кутуу суол устун быылы-кумаҕы бүрүнэн УАЗ массыына айаннатан иһэр. Массыына иһигэр кэнсиэрбэ бааҥкатын иһигэр ыга хааламмыт соҕуруу дойду балыгын санатардыы, уонча киһи кэчигирэспит. Сылайбыт-элэйбит, нуктаан тоҥхойбут пассажирдар бүтэн биэрбэт айантан улук буолбукка дылылар. Бэл, күнү быһа күлэн чуопчаара, айдаара-куйдаара олорбут оҕолор утуйан буккураан хаалаахтаабыттар. Тиһэх олоххо олорор Куоста уол симириктээн ыла-ыла биир кэм субуллар уһун синньигэс суолу тонолуппакка одуулуур. Суол кытыытыгар үүммүт талахтар массыына пааратыгар күлүгүрэн, ардыгар халлааҥҥа харбаһыахтыы уһаан унньулуһаллар, ол икки ардыгар аччаан, симэлийэн, хараҕы сылатыах элэҥнэһэллэр. Уол утуйуох-утуйбакка бииргэм куугунуур тыаһы араас муусука тыаһыгар балыйан бигэтэ сытан, эмискэ нэксиэттэн соһуйан олоро биэрдэ. Аттыгар сытар аргыс дьоно ол аайы кыһаллыбакка утуйбуттарын кубулуппатылар бадахтаах. Куоста нуктаан испитэ ааһа охсон хаалла. Иннигэр сүүһүнэн ааҕыллар сулустуу суһумнуур уоттаах хайа эрэ бөһүөлэк нэлэһийбитигэр ханна кэлбитин билээри, түннүгүнэн көрө сатаан өҥөҥнүү олордо. Дьиэтигэр, дойдутугар чугаһаатар-чугаһаан эрэрин билэн, сүрэҕэ мөҕүл гынна. Аны түөрт-биэс чааһынан ахтылҕаннаах дойдутун буоругар үктэниэ буоллаҕа. Өр кэм тэлэһийэ сылдьан баран, төрүт буорга үктэнэр саҕа долгутуулаах, кэтэһиилээх, ама, туох баар үһүө?! Куоста бу кэнники биэс сыл түүлүгэр көрбүт дьоҕус бөһүөлэгэ бу билигин киниттэн олус да чугас баарын, сотору онно тиийиэхтээҕин санаан, сүргэтэ олус көтөҕүлүннэ. Ол эрээри ханна эрэ санаатын түгэҕэр саһа сыппыт саппах санаа баарын биллэрэн, ол иэтэн кэлбит сырдык иэйиитин биирдэ саба халыйан, суох оҥорон кэбистэ. Уол ол биэс сыллааҕыта дойдутуттан соччото суохтук утаарыллыбытын санаан, бииртэн-биир санаа утаҕын ситимнээн, урукку ааспыты бу баардыы өйдөөн кэллэ. Оҕо сылдьан Куоста үгүс да ыра санаалааҕа. Ол ыра санаалара туолуохтарыгар быстах да кэмҥэ саарбахтаабат этэ. Билигин санаатаҕына, дьиҥ олох ыараханын соччо өйдөөбөт буолан оннук эрэнээхтиирэ эбитэ буолуо. Кыаммат-түгэммэт олохтоох киһи ыра санаата үгүс буолар диэччилэр. Олоххо суоҕу, саатар, санааҕа оҥорон манньыйыы баа буоллаҕай. Куоста дьоно үйэлэрин тухары хара үлэттэн тэйбэтэхтэрэ. Аҕата, төрүкү төгүрүк тулаайах уол, бу дойдуга кэлэн олохтоох сааһыра барбыт дьон тулаайах сиэн балтыларын, кини ийэтин, кэргэн ылбыта. Тулаайах эҥээрдээх дьон ким да бэлэмнээбит олоҕор буолбакка, тус бэйэлэрин кыахтарынан син дьиэлэнэн-уоттанан, сүөһү тутан олорбуттара. Үс оҕоломмуттара. Куоста ыал улахан оҕото буолан дьиэ, хотон үлэтигэр кыра эрдэҕиттэн миккиллибитэ. Син ол курдук дьору-дьоллоохтук сананан олоруохтара этэ да, дьон хаҕыс, сэнэбиллээх сыһыана хахсаат тыаллыы аргыйан барбыта. Онно эбии аҕалара аһыы ууга ылларан, ыал онто суох кэбирэх олоҕун
эбии түөрэҥнэппитэ. Суох, аҕалара аҥаардастыы арыгылыы-арыгылыы тиэрэ лаһыйа сытар көкөт этэ диир аньыы буолуо. Сүөдэр саҕа бүгүрү, үлэни уйумтуо киһи, туох да омуна суох, бу кинилэр дэриэбинэлэригэр суоҕа. Айылҕа барытын тэҥниир дииллэринии, баай-дуол сыстыбатах тулаайах уол барыга-бары дэгиттэр талааннаах этэ. Ол эрээри элбэхтик үлэлээн-харалаан, дьонун аһатан-таҥыннаран олорбута. Куоста билигин да өйдүүр, халааннаабыт сылга дьиэлэрин акылаата сытыйан, түүнүгүрэн турар кэмигэр сай устата ыаллара Баһылай ууга ылларбыт ампаарын чөлүгэр түһэрэ сылдьыбыттарын. Ол онно оҕонньор бэрт дуона суоҕу дук гыммыта быһыылааҕа. Арай аҕалара күннэри-түүннэри арыгылаан утуппатаҕа. От үлэтэ саҕаланнаҕына, маҥнай оҕонньордоох отторун бүтэрэн эрэ баран, ыкса күһүн бэйэлэригэр оттууллара. Көмөлөспүттэрин үтүөтүгэр ыаллара аах биир күн тыраахтардарын уларсан отторун оҕустараллара. Куоста ол кэмнэргэ тииһэ суох, уолу дьээбэлээн айаҕа оҥойо-оҥойо орсойор ыала оҕонньору олус да абааһы көрбүтэ. Уһун кыдаматынан ити ырҕайа сытыйбыты баһан ылан бадараан баҕатын курдук сиргэ баллаччы быраҕыан баҕарара. Ол санаатын биллэримээри, сымыһаҕын быһа ытырара. Куоста оскуолаҕа бэйэтин саастыылаахтарын кытта соччо бодоруспатаҕа, эн-мин дэһэн доҕордоспотоҕо. “Хотон хоруола” диэн ыыстаан ааттыыр кылааһынньыктарыттан ончу тэйиччи туттара. Оскуоланы бүтэрэр сылыгар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улахан алдьархай буолбута. Баар-суох тумус туттар аҕалаатар аҕалара былаҕайга былдьанан олохтон туораабыта. Тулаайах хаалбыт дьон инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан син айахтарын ииттэн олороохтообуттара. Ийэтэ ыар санааҕа хам ылларан, хатан, аччаан хаалаахтаабыта. Куоста оскуолатын ситэри бүтэрбэккэ, үөрэҕин быраҕан дьиэ үлэтигэр умса түспүтэ. Дэриэбинэҕэ баар чааһынай маҕаһыыҥҥа оробуочайынан киирбитэ. Ийэтэ үөрэҕэр төннөрө сатаабытын истэ да барбатаҕа. Хата, маҕаһыын хотуна Настаа кэмигэр хамнаһын төлүүр буолан, бу ыал олохторо биллэ сэргэхсийбитэ. Куоста ол курдук үлэлии сылдьан киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэн син бүтэрбитэ. Барыта син этэҥҥэ буолуо этэ, өскөтүн дьон бары тулаайах дьоҥҥо харыстабыллаахтык сыһыаннаспыттара буоллар. Соҕотохсуйбут, көмүскэлэ суох хаалбыт киһи барахсан хаҕыс сыһыаны ордук ыарыылаахтык ылынар буолар эбит. Куоста ол курдук кыра сэнэбил тыынын да биллэҕинэ, ис-иһиттэн санааргыыр, кэлиҥҥинэн тууйуллар буолан барбыта. Ыаллара Баһылай улахан уола итирэ-итирэ кинилэр ааннарын кэлэн дибдийэрэ. Дьиэҕэ киирэ сатаан ийэлэрин араастаан быдьардык үөҕэрэ. Хам-түм да буоллар бу хартыына хатылана турара. Биирдэ Куоста үлэтиттэн кэлэригэр бу киһи ибис-итирик кинилэр күүлэлэригэр олорор этэ. Ыскаапка кыстанан турар малы-салы биир гына муостаҕа тамнаабыта күөрэ-лаҥкы түһэ сытара. Уол бу хара батталтан хараҕа хараҥарбыта. Онно аан бастаан киһиэхэ илиитин көтөхпүтэ. Хата, киһитэ итирик буолан утарылаһар кыаҕа суох этэ. Онтон атын уол эрэйдээҕи тулутуо этэ дуо?! Ас гыммата биллэр. Куоста ол киһийдэҕи соһон таһааран күрдьүккэ бырахпыта. Анарааҥҥыта сааныы бөҕөнү саанан, түннүктэрин хаар күрдьэр туора күрдьэҕинэн үлтү быраҕаат, хата, дьиэтин диэки тэйбэҥнээбитэ. Ити итинэн ааспыта. Ол сыл сааһыгар ийэлэрэ сүрэҕинэн улаханнык ыалдьыбыта. Ол да иннинэ сытынан кэбиһэрэ үгүс этэ. Үлэтин сүтэримээри, кыл
тыынынан да буоллар, үлэлээн муҥнанара. Куоста биирдэ үлэлээн бүтэн дьиэлээри сырыттаҕына, харабыл Бааска ыҥыран ылбыта. Киһитэ биллэ холуочук этэ. Хоонньуттан биир иһити кылбатан таһаарбыта. “Иһис эрэ, бэйэм кыайымаары гынным. Онтон миигин таһыттан хатаан баран бараар, сарсыарда эрдэ кэлэн ааны аһыаҥ буо”, – диэбитэ. Куоста өр саараан туран баран, ол арыгыттан иһиспитэ. Аан бастаан испит аһыы утаҕа иһин-үөһүн бэрт куһаҕаннык салаан киирбитэ. Онтон тиһэҕэр бэрт үчүгэйдик туймааран хаалбыта. Тугу барытын кыайар, тугу баҕарар сууһарар кыахтаах курдук санаммыта. Ол түүн хойукка диэри арыгылаабыттара. Маҕаһыын иһигэр баар толору арыгыттан көҕүрэтиспиттэрэ. Куоста биирдэ өйдөөбүтэ, тоҕо эрэ хаасса аттыгар турара. Атыыһыт Айта кыыс хаассатын харчытын аллара кистиир сирдээҕин кини уруккуттан билэрэ. Киирбит харчытын үс күн буола-буола хотунугар тиксэрэрэ. Куоста ону санаан хайдах эрэ ис-иһиттэн кычыгыланан ылбыта. Итирик мэйиитигэр туох көтөн түспүтүн билигин да өйдөөбөт. Сарсыныгар уһуктубута, дьиэтигэр сытар эбит этэ. Халлаан лаппа сырдаабыт, чаһы ырааппыт быһыылааҕа. Ол курдук устунан утуйуох киһини күнүскү ыалдьыттар ойутан туруорбуттара. Биир-биэс тыла суох хоһун иһин, таҥаһын дьэҥдьийэн барбыттара. Өлүү түбэлтэлээх, сиэбигэр ыга хааламмыт халыҥ суулаах харчы баар буолан хаалбыт этэ. Ону булан түптэ-түрүлүөн бөҕө буолбута. Ыххайыы, доппуруос кытаанаҕа өйдөөбөтүн да билиннэрбитэ. Устунан уолу улууска киллэрбиттэрэ. Сүппүт харчы төһө да энчирээбэккэ көһүннэр, эдэркээн уолу маҕаһыын хаһаайыннара бырастыы гымматахтара. Алҕаһын сыыска-буорга түһэрбэккэ толору эппиэттэһэригэр күһэйбиттэрэ. Ийэтэ эрэйдээх кыаҕа тиийэринэн сүүрэ-көтө сатаахтаабыта. Төһөлөөх харах уутун тохпутай, элэ-была тылын этэн үҥсээччилэртэн көрдөспүтэй... Суох, уолун бырастыы гымматахтара, үс сыл хаайыы харахтыырга ууран “ол дойдуга” утааран кэбиспиттэрэ. Куоста билигин да умнубат, дьэҥдьийэр кэмнэригэр харчы көстүбүтүгэр ийэтэ саҥа аллайан бэрт ыараханнык өрө уһуутаабытын. Кини диэки уостан хаалбыт, кэлэйбит, эмиэ да аһыммыт хараҕынан батары көрбүтүн. Бу кэнники сылларга ол көрүү кини сүрэҕин хаста сулуйбута, санаатын аалан сордообута буолуой?! Куоста ол дойдуттан тахсан да баран, ол хомойбут, кэлэйбит омнуолуур ийэтин хараҕыттан куттанан дойдутугар кэлбэтэҕэ. Дьон тылыттан толлорунааҕар саамай чугас киһитин сыһыаныттан ордук куттанара. Икки сыл курдук Дьокуускай куоракка үлэлээн олорбута. Өлөрбүт харчытын дьонугар, бырааттаах балтыгар ыытара. Быйыл оскуолатын бүтэрэн балта куоракка үөрэнэ тиийбитэ. Онно ийэтэ ыарытыйара бэргээбитин, инньэ гынан биэнсийэҕэ тахсан үлэтиттэн уурайбытын кэпсээбитэ. Куоста быйыл ыал буолар былааннаах сылдьара. Таптыыр доҕорунуун номнуо бииргэ олороллоро. Бу аҕыйах хонуктааҕыта доҕорун кытта кэпсэтэн, быһаарсан дойдулаан эрэр. Массыына айанныыр да айанныыр. Бөһүөлэккэ кэлбиттэрин билэн, утуйа олорбут дьон ууларыттан бэттэх кэлэн, ханна кэлбиттэрин көрө сатаан өгдөҥнөһүү бөҕөтө. Куоста санааларыттан бэттэх кэлэн түннүгүнэн төрөөбүт дойдутун одуулаһа олордо. Суоппар: “Манна ким хаалар этэй? Хайа диэки олороҕун?” – диэн, бэрт улаханнык ыйыппытыгар аадырыһын этэн биэрдэ. Дьиэтин аттыгар кэлэн массыына тохтуу биэрдэ. Ыксыыр дьон бэрт тиэтэлинэн таһаҕаһын
сүөкээт “сус” гынан хааллылар. Куоста бу аҕыйах сыл иһигэр самнайан, кыччаан-аччаан хаалбыт дьиэтин одуулаһа турда. Арай эмискэ үлүгэр кыбыы иһиттэн үрбүтүнэн, ырдьыгынаабытынан эриэн ыт сүүрэн кэллэ. Куоста балта сүбэлээбитин курдук, бу билбэт ытын: “Баһырҕас, Баһырҕас...” – диэн ааттыы сатаата да, анарааҥҥыта онно эрэ кыһаллыбакка бу сиэхтии тииһин килэтэн турда. Төһө өр оннук манаһан туруохтара эбитэ буолла, хата, дьиэттэн ким эрэ таҕыста. Куоста ийэтэ буоларын билэн күөмэйигэр туора туран хаалбыт хомуогу ыйыста сатаата. Киниттэн тутулуга суох мөл-мөл түһэр хараҕын уутун туора хаһыйда. Ийэтэ дэлби кууран-хатан, өссө аччаабыт, санаа баттыга эрдэ кырытыннарбыт... “Ким кэллиҥ? Чот, абааһы ыта сүгүн иһитиннэрбэт ээ”, — диэн үрэрин кубулуппат ытын мөхтөҕө буолла. Куоста: “Ийээ, мин кэллим...” – диэн, кууран хаалбыт күөмэйин чөллөрүтэ-чөллөрүтэ бэрт симиктик да хоруйдаатар, ийэ барахсан төрөппүт оҕото кэлэн турарын тута биллэ. Сүүрэн бэдьэйэн кэлэн оҕотун кууһа түстэ. Лаппа эт туппут, улааппыт уолун сүүһүттэн бэрт сылаастык сыллаан ылла... Г.МАКАРОВ.
kyym.ru сайтан