Кэпсээ
Войти Регистрация

Вячеслав Ар-Серги – «Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээл ыалдьыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Вячеслав Ар-Серги – «Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээл ыалдьыта

K
edersaas.ru Категорията суох
16.10.2017 18:30
Бүгүҥҥүттэн ыла «Үрүҥ хаар алгыһа» IV норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлин ыалдьыттарын билиһиннэрэн саҕалыыбыт. Бэстибээл алтынньы19-22 күннэригэр Дьокуускайга буолуоҕа. Москваттан, Удмуртияттан, Татарстантан, Азербайджантан, Словенияттан ыалдьыттар кэлиэхтээхтэр. Кинилэр кимнээхтэрий, туох айымньылаахтарый, саха суруйааччыларыгар тугунан көмөлөөх-амалаах буолуохтарай? edersaas.ru Бэстибээл аан бастаан Саха сиригэр 2012 сыллаахха ыытыллыбыта, ол онтон ыла икки сылга биирдэ маннык поэзия бырааһынньыгын тэрийии үгэһэ олохсуйда. Манна араас омук бэйиэттэрэ көрсүһэн, кэпсэтэн, бодоруһан, инникитин бииргэ үлэлэһэргэ ааннар арыллаллар: ким тылбаасчытын булар, ким фестивальга, куонкуруска кыттар суолун тобулар, ким көннөрү биир санаалаах киһитин таба тайанар. Урукку бэстибээллэр түмүктэринэн, Польшаҕа саха аныгы поэзиятын антологията тахсыбыта, үгүс саха суруйааччыларын айымньылара англия, болгар, поляк, вьетнам, турок, кыргыз, татаар, тыва, бүрээт тылларыгар тылбаастанан ол дойдулар хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар таҕыстылар. Онон “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл саха литературата атын норуоттарга биллэригэр олук буолар. Вячеслав Ар-Серги (Удмуртия, Ижевскай), Удмуртия норуодунай суруйааччыта Вячеслав Витальевич Сергеев-Ар-Серги 1962 сыллаахха Удмуртскай АССР Завьяловскай оройуонун Новая Казмаска дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ. 1984 сыллаахха Удмурт судаарыстыбаннай университетын филологическай факультетын, кэлин А.М. Горькай аатынан Литературнай институт Үрдүкү литературнай куурустарын бүтэрбитэ. Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалаан баран суруналыыстыка эйгэтигэр үлэлээн корреспондентан саҕалаан “Кизили” сурунаал сүрүн редакторыгар тиийэ үүммүтэ. Кэлин “Кайрос” киностудияҕа сценариһынан үлэлээн баран, 1990-с сыллар бүтүүлэриттэн ыла идэтийбит суруйааччы быһыытынан айар үлэнэн дьарыктанар. 1989 сылтан ССРС, кэлин Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Поэт, прозаик, драматург, киносценарист, тылбаасчыт. 2003 сылтан Удмуртия норуодунай суруйааччыта, 1998 сылтан Удмуртия Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Удмуртия комсомолун Флор Васильев аатынан (1991), Москва Суруйааччыларын сойууһун Россиятааҕы А.П. Чехов аатынан (2009), Бүтүн Россиятааҕы “Золотой Дельвиг” (2013), “Югра” норуоттар икки ардыларынааҕы литературнай бириэмийэлэр лауреаттара. Астралар хаарга Хаарыан астралары хаарынан Хаһан тымныы хаарыйда! Бэҕэһээ мааны дьөрбөҕө Бэлэм этилэр түмсэргэ. Эн аахайбатаҕын сибэккини. Миигин да аахайбатаҕын. Мин эрэйбитим көмөнү Кыра күнчээн сибэккиттэн. Эн ону да өйдөөбөтөҕүҥ. Мин эмиэ кыһын кыһарҕанын, Субу кэлэн иһэрин Билбэт курдук этим. Күһүҥҥү сибэкки бэлэм Дьыбарга, тоҥорууга, Хойутуур сааскыга, Хаарга да хаарылларга. Дьыл-күн бутуллар Биһигиттэн ыйыппаккка, Күһүҥҥү астралардыы Бэлэм буолуохха хаарга! Халандаары көрбөтөх Ырааппыт, Бырастыы гын, Хотунум! Ситэ ыллаабакка Удмурт оҕонньорун тиһэх күнэ – Ытыһыгар – чүмэчи уота… Наардаата түүллэрин барытын, Таптаабыт дьахталларын санаата. Хараҥа улам хойунна, Күүһэ-уоҕа эһиннэ, Хараҕын уота өлбөөдүйдэ, Таҥара диэки харбаста. Уоһун иһигэр малыыппатын Хос-хос оргууйдук ботугураата, Кини ол тиһэх тылларын Иһиттэ кырдьаҕас куоската. – Ах! Талба дьахталларбын Дуоһуйа таптаабатахпын, Кыынньар бырааҕам уоҕун Уоскуйа омурдубатахпын, Ырыабын ситэ ыллаабатахпын, Өстөөхтөрбүн ситэ өһөрбөтөхпүн… …Айдаарбатахпын аатырардыы, Алҕаһаабатахпын, Ситэ сатаан байбатахпын, Барыһырбатахпын, Бэл, ситэ дайбаспатахпын, Тиэрэ дайбамматахпын! Анньыыларым – ситэтэ суохтар, Бэйэбэр хаалар буоллулар! Ол сиппэтэх – Тэй миигиттэн! Илиим-атаҕым тымныйда, “Аминь” диир кэм кэллэ. Быраҕыҥ атахпар эргэ
сону, Уҥа ойоҕоспор – саҕынньаҕы, Хаҥаспар – Файка кыыһы… …Удмурт айыылара бэккиһээн Ситэрбиттэрэ сиэрин сиэттиһэн, Оҕонньор халлаан кытыытынан – Айманара эмээхсин ыҥыран… (Наталья Харлампьева тылбаастара). edersaas.ru
edersaas.ru сайтан