Кэпсээ
Войти Регистрация

Аккаастамматах (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Аккаастамматах (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
15.10.2017 18:00
Сиэркилэ иннигэр кэрэчээн кыыс хап-хара уһун суһуоҕун тараана-тараана бэйэтэ бэйэтиттэн астына турда… Кыыс иһигэр ыллыырын быыһыгар оскуолаҕа тугу кэтэн барарыттан саҕалаан кистэлэҥ ыра санаатын бүөмнээн саныы турдаҕына: «Бар, эмиэ сиэркилэ иннигэр хатан турда, маамаҕар көмөлөс», – диэн убайа сөбүлээбэтэх куолаһынан саҥарда. edersaas.ru Алла икки улахан убайдаах, кини төһө даҕаны соҕотох кыыс буоллар, улаханнык өрө тутуллубат, барыта убайдара этиилэринэн сылдьар. Кыыс түргэн соҕустук ийэтигэр иһит сууйарыгар көмөлөһөн баран, таҥна охсон оскуолатыгар ыстанна. Таһырдьа кыһын диэтэххэ, бүгүн сып-сылаас, өссө эбиитин мап-маҥан хаар түһэ турар. Хата маннык дьикти эйгэҕэ били сиэркилэ иннигэр ситэ көтүппэтэх кистэлэҥ ыра санаатын ыалдьыттатарга сананна: «Оо, бүгүн эмиэ кинини утары көрөн ааһыам турдаҕа, хайдах тутуннахпына, дорооболостохпуна кини миигин өйүгэр-санаатыгар хатыай?», – диэн саныы истэҕинэ ким эрэ кэнниттэн кэлэн: «Привет!», – диэтэ. Эргиллэ биэрбитэ – кини… Кини саныыр санаата… Алла долгуйбут санаатыттан нэһиилэ: «Привет», – диэн быктарда. Хата тахсыбытыгар махтал диэн саныы истэҕинэ, киһитэ үчүгэй да күн үүммүтүттэн саҕалаан бүгүн ханнык уруоктар буолалларын кэпсээтэ, ол быыһыгар учууталлар тустарынан санаатын эмиэ үллэһиннэ быһыылаах. Оскуолаларыгр тиийэ охсубуттарын кыыс өйдөөбөккө да хаалла. «Чэ, Алла үчүгэй баҕайытык! Мин уруокпар бардым», – диэн баран уол кэтэһэн турар атастарыгар хаалла. Уолаттар буоларын курдук: «Айуу, чэ», – диэн дьээбэлиир саҥалара иһилиннэ. Бүгүн тапталынаан аргыстаспыт кыыс сүргэтэ көтөҕүллэн сырытта. Ол эрээри үөрүүтэ уһаабата. Алтыс уруокка дьүөгэтинээн бүгүҥҥү сонун ыһа-тоҕо кэпсии олордоҕуна, кинилэрдиин уруккуттан атааннаһар, «Тоҥ кырасаабысса» диэн хос ааттаах кыыстара Вероника «Тугуй, Алла ити эн Васектуун биирдэ аргыстаһан кэлбиккин сонун оҥосто олороҕун дуо? Оттон мин кинилиин куораттан манна көһөн кэлиэҕиттэн күн аайы төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит…», – диэн эппититтэн Алла соһуйан эрэ хаалла. Сарсыныгар кыыс оскуолатыгар аат эрэ харата үөрэнэ барда. Вероника эппит тыллара сотору-сотору төбөтүгэр көтөн түһэллэр. Ол быыһыгар: «Итиччэ кыраһаабысса кыыстыын мин тэҥнэспэт буоллаҕым дии…», – дии саныыр. Бастакы уруок этэҥҥэ ааста. Урут уруок кэнниттэн көрүдүөргэ кинини көрөөрү ыстанар бэйэтэ бу сырыыга ханна да тахсыбата. Ону-маны уруһуйдаабыта буола олордо. Арай ол олордоҕуна оонньуур тутуурдаах, аккырыыкка кыбыныылаах Вася киирэн кэлбитин көрөн соһуйбата: «Вероникатыгар кэллэҕэ», – диэн тапталын сүтэрэрин көрбүттээҕэр түннүк диэки көрбүт ордук диэн киэр хайыста. Онуоха Васята Вероникаҕа буолбакка, киниэхэ хааман кэллэ: «Алла, тапталлаахтар күннэринэн, бу эйиэхэ!», – диэн баран бэлэҕин туттарбытыгар, кини саҕа дьоллоох киһи суох буолла. Көрөн турааччылар бары: «Оо, тоҕо сүрэй, киинэҕэ курдук дии», – диэн сөҕө-махтайа биэрдилэр. Арай Вероника ыраахтан кырыы хараҕынан көрдө. Ол эрээри кини көрүүтэ Аллаҕа билигин туох да суолтата суох… Хата, бэлэхпин убайдарым көрдөхтөрүнэ туох дииллэр, хайдах буолабын дии санаата. Онон дьиэтигэр илдьэ киирбэккэ, таһырдьа кистээтэ. Дьиэҕэ киирбитэ убайдара аһыы олороллор:
«Дорооболоруҥ! Хайа туох сонун? Маа туох ааттаах минньигэс аһын астаатыҥ», – диэбитигэр, убайдара: «Туох ааттаах дьоллоннуҥ, ким эйигин маннык дьоллоото, илиигин суун бастаан», – диэн баргыытаан кэбистилэр. Кыыс илиитин сууна охсон кэлэн остуолга олорон, бүгүн кулуубка буолар биэчэргэ дьонуттан көҥүллэтэн хайдах барарын туһунан толкуйдуу олордо. Саатар, убайдара остуолтан турар санаалара суох. Олоро сатаан баран: «Маа, бүгүн дискотекаҕа барабын, баһаалыста», – диэбитигэр улахан убайа: «Ол бу араас буолума, көр эрэ маны, өссө кини эр көрдүү бараары гыммыт дии», – диэн баргыытаата. Уу чуумпу, ким да саҥарар быһыыта суох. Арай ийэлэрэ уолаттарыттан балтылара толлубутун көрөн: «Бараар, тукаам, сырыттын ээ, кини да эдэр ыччат ахсааныгар киирсэр сааһа кэллэ», – диэбитигэр убайдара кыыс диэкки өстөөхтүк көрдүлэр. Оттон кыыс барахсан үөрэн, биирдэ баҕас ийэм убайдарым утары саҥарар түгэннээх эбит, диэн кууһан ылан сыллаан ылла. Киэһээ кулуупка дьүөгэтинээн Мааһыҥкалыын аргыстаһан бардылар. Кыыс кулуупка киирээт Васяны хараҕынан көрдөөтө да, мэлигир. Арай бытаан үҥкүү тыаһаабытыгар Васятан кэлэн ыҥырда. Кыыс имэ тэтэрдэ, олус долгуйда, бу кини бастакы үҥкүүтэ… Ол эрээри уоллуун үҥкүүлүү сылдьарын убайдара көрүөхтэрэ диэн, кыыс наар ол эрэ толкуйугар сырытта. Үҥкүү ортото Вася куораттан кэллэ кэлээт киниэхэ хайдах хараҕын хатаабытын, бастакы көрбүт санаатын үллэһиннэ. Алла бытаан үҥкүүгэ уйдара сырыттаҕына, эмискэ төбөтө аһыс гынна… Биирдэ өйдөөбүтэ муостаҕа сытар, кинини ким эрэ баттаҕыттан соһо сылдьар. Ол сытан көрдөҕүнэ дьон болҕомтото киниэхэ эрэ… Биирдэ өйдөөбүтэ таһырдьа хаарга сытар. Кини иннигэр иккис убайа киниэхэ сыһыана суох быдьар тылларынан үөҕэр. Өссө кыыс сирэйин харса суох охсуолуур. Бүтэһик охсуутугар хаарга баран түһэр. Арай уҥа диэки көрбүтэ, улахан убайа кулууп ойоҕоһуттан тахсан кэллэ. Кини кэнниттэн кыа хаан буолбут Вася нэһиилэ өйөнөн туран. Кыыс диэки: «Барыта бүттэҕэ», – диэн көрбүт хараҕа охсуутааҕар ыарыылаах буолла… Ол курдук тапталлааҕын сүтэрбит кыысчааны аһыы утаҕынан аҥылыйа сылдьар икки убай диэн ааттанар абааһы көрөр дьоно кинини икки өттүттэн ойоҕоско анньыалаан дьиэҕэ киллэрдилэр. Айдаан-куйдаан, ыһыы-хаһыы… Ол кыбыстыылаах түгэн кэннэ, кыыс сүгүн аһаабакка, уута көтөн, дьүһүннүүн уларыйда. «Оскуолаҕа аны барбаппын», – диэн аккаастанан сыппыта иккис нэдиэлэтигэр баран эрэр. Онуоха бүгүн кылаас салайааччыта төрөппүттэринээн кэпсэтэн, кыыс сарсыҥҥыттан үөрэнэ барар буолла. Күүппэтэх сарсына үүннэ. Нэһиилэ хааман син оскуолатыгар тиийдэ. Киирэн кэлбитэ бииргэ үөрэнэр оҕолоро сорохторо аһыммыттыы, сорохторо күлүү гыммыттыы көрөллөрө тута харахха быраҕылынна. Дьүөгэтэ сүүрэн кэлэн элбэх уоскутар тыллары эттэ. Быһылаан кэнниттэн Васяны төрөппүттэрэ куоракка илдьэ барбыттарын кэпсээтэ. Бүттэҕэ ити. Саҥа саҕаланан испит истиҥ иэйии симэлийдэҕэ… Олох суолтатын сүтэрбит кыысчаан оскуолаҕа бастакы кыбыстыылаах, сүр баттатыылаах күнэ син ааста. Ол аата мин убайдардааҕым тухары дьоло суох киһи буоллаҕым дии саныы истэҕинэ, бииргэ үөрэнэр уола кэлэн:
«Мэ, бу эйиэхэ, Васек биэрбитэ», – диэн сурук туттарда. Кыыс түргэн үлүгэрдик арыйа баттаата: «Алла, миигин дьонум илдьэ баран эрэллэр, бырастыы, ону этээри икки күн устата эйигин маныы сатаатым. Мин эйигин эһиил куоракка үөрэх туттарса кэлэргин кэтэһиэм, ити икки акаары быһыылаах дьон биһиги тапталбытын алдьаттыбыт дии саныыллара сыыһа, күүскэ да күүскэ таптыыбын…», – диэбит тыллара кыыс таптала киниттэн аккаастамматаҕыттан сири билбэт буола дьоллонно… Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан