Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХОСТОММУТ ӨЛҮК КЫРДЬЫГА (силиэдэбэтэл кэпсээнэ)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХОСТОММУТ ӨЛҮК КЫРДЬЫГА (силиэдэбэтэл кэпсээнэ)
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.10.2017 00:00
Бу түбэлтэ 1980-с сс. Саха сирин биир хотугу оройуонугар буолбута. Сайын уоппускаҕа барардыы былааннана сылдьан, салалтам дьаһалынан туһааннаах үлэм таһынан, ыаллыы оройуонум борокуруорун эбээһинэһин толорор буолбутум. edersaas.ru . Кэллиэгэм өссө уоппускаҕа барыан иннинэ, төлөпүөнүнэн: «Эйиэхэ 103-һүс ыстатыйанан (киһини соруйан өлөрүү) тэриллибит биир дьыаланы хаалларабын, буруйдаах дьахтар буруйун толору билинэр, сотору дойдутуттан, Украинаттан, кэлиэхтээх. Ол дьыаланы көрөөр», — диэбитэ. Ити кэпсэтии кэнниттэн син балачча кэм ааспытын кэннэ, арай, ол оройуонтан «Буруйу оҥорууга уорбаланар дьахтар кэлбит», – диэн биллэрдилэр. Мин суһал соҕустук хомунан бардым. Борокуратуураҕа тиийэн сиэйпэттэн ол дьыаланы ылан сиһилии билистим. Онтукайым хара бастакыттан бутуурдаах соҕус буолан биэрдэ. Оччолорго ол оройуоҥҥа өрүс пуордугар, эргиэн хонтуоратыгар, бырамыысыланнас атын да салааларыгар, сүрүннээн, соҕурууттан кэлии дьон үлэлииллэрэ. Үгүстэрэ тыйыс айылҕалаах хотугу дойдуну сөбүлээн, олохсуйаллара. Бу дьон ортотугар үтүө суобастаах, бэрээдэктээх киһи элбэҕэ, ол быыһыгар арыгыһыт, сатарыйбыт майгылах көкөттөр да аҕыйаҕа суохтара. Пиэрибэй Маай бырааһынньыгын кэнниттэн бөһүөлэк биир уопсай дьиэтигэр эр киһи өлүгэ көстүбүт. Быһылаан буолбут сиригэр сылдьан милииссийэ үлэһиттэрэ киһи уорбалыан сөптөөҕүн тугу да булбатахтар. Эр киһи оронугар сытарын, аттыгар муостаҕа хотуота тохтубутун бэлиэтээбиттэр. Кыбартыыраҕа өлүөхсүт кэргэнэ уонна кыра саастаах уол оҕото эрэ бааллар эбит. Дьахтар быһаарыытынан, эр киһи кэнники кэмҥэ чаастатык арыгылыыр буолбут. Онно сүрүн биричиинэнэн ойоҕун үлэтэ буолбут курдук. Дьахтар киэһэ аайы араас дьаһаллардаах кафеҕа официанкалыыр эбит, эр киһи ону сөбүлээбэтэ үһү. «Онтукатын биллэрэн арыгыны иһэр буолбута», — диэбит дьахтар. Өлүөхсүтү дойдутугар илдьибэккэ, бөһүөлэк кылабыыһатыгар кистээбиттэр. Сотору соҕуһунан дьахтар уоппускатын ылан, оҕотун илдьэ дойдутугар, соҕуруу, көппүт. Ыйтан эрэ ордук кэм ааспытын кэннэ, Украина биир уобалаһын борокуратууратыттан Саха сирин борокуратууратыгар ити түбэлтэҕэ сыһыаннаах матырыйаал кэлбит. Онтон биллибитинэн, дьахтар ол уобалас борокуруорун аатыгар кэргэнин муомахтаан өлөрбүтүн билинэн сайабылыанньа түһэрбит уонна ону хайдах быһыылаахтык оҥорбутун суруйбут. Биллэн туран, өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата ити матырыйаалы бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаабыта. Дьэ ону тутан баран, биһиги бу дьыала эксгумацията суох сатаан быһаарыллыбат диэн түмүктээбиппит. Онон, өлүгү хостоон, судебнай-медицинскэй экспертизаны оҥорбут Дьокуускайдааҕы судебнай-экспертнэй бюро эксперт бырааһа эр киһи быанан муомахтанан өлбүтүн быһаарбыта. Атыннык эттэххэ, дьахтар сайабылыанньатыгар ыйыллыбыт чахчылар кырдьыктаахтарын бигэргэппитэ. Ити курдук, ыраас күннээх халлааҥҥа этиҥ эппиттии соһуччу түмүк тахсан, аны холуобунай дьыала тэриллибитэ. Онно уорбаланааччынан өлүөхсүт ойоҕо эрэ буолбута. Ол дьахтары маҥнай көрөн баран: «Ама маннык үтүө-мааны сэбэрэлээх, куруук мичээрдии, үөрэ-көтө сылдьар дьахтар киһини өлөрүү курдук ыар буруйу оҥоруо дуо?» – диэн саарбахтыан сөп. Ол гынан баран, «сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн сахаҕа бэргэн өс хоһооно баар. Дьахтар эрин өлөрөн баран, «хаайыыга барар буоллум» диэн эрдэттэн бэлэмнэммит, оҕотун дойдутугар илдьибит, малларыттан билэр дьонугар, ыалларыгар хааллартаабыт. Доппуруоска дойдутугар биэрбит быһаарыытыттан туох
да уларытыыта суох, эрин хайдах өлөрбүтүн кэпсээбитэ. Бэриллибит ыйытыыларга толорутук, туох баарынан көнөтүнэн эппиэттээбитэ. Холбоһоллорун саҕана эр киһи арыгыны төрүт испэтэ үһү. Хас да сыл бэрт үчүгэйдик олорбуттарын кэннэ кыраттан саҕалаан, күүскэ иһэр буолбут. Кэнники кэмҥэ оҕотуттан туттуммакка, дьиэтигэр айдаарар, кэргэнин кырбыыр, күнүүлүүр адьынаттаммыт. Итинник быһыыланара үксээн барбыт. Дьахтар тулуйа, көрдөһө-ааттаһа сатаан баран, биирдэ итирэн охто сыттаҕына, эрин моонньугар быа кэтэрдэн муомахтаан кэбиспит. Тута хаайан кэбиһиэхтэрэ диэн куттанан, билиммэтэх. Ол эрээри, тулуйа сатаан баран, сүрэх баттыга оҥостон, сайын дойдутугар тиийэн кэпсээбитин дьоно билинэргэ сүбэлээбиттэр. Силиэстийэ бүтэн, дьыала суукка бэриллибитэ. Суут ыаратар да, чэпчэтэр өрүттэри көрөн баран, дьахтары усулуобунай болдьоххо уурбута. Онуоха кини буруйун толору билиммитэ, кыра саастаах оҕолооҕо, үлэтигэр уонна олорор сиригэр үчүгэй эрэ өттүнэн сыаналанара, оттон өлүөхсүт арыгыны батыһан иһэрэ, дьиэтигэр айдаарара учуоттаммыта. Манна сүрүн буруйдаах – кимий? Арыгы. Эмсэҕэлээбит киһи арыгыны испэтэ, кэргэнин, оҕотун уонна бэйэтин дьылҕаларын санаабыта буоллар, барыта атын буолуо этэ. Виталий Слепцов, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru . сайтыгар анаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан