Кэпсээ
Войти
Регистрация
Буруо быыһынан олох
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Буруо быыһынан олох
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
11.10.2019 15:27
Һуу-һаа, ыксаан-бохсоон дьиэбэр үктэнним уонна таҥаспын уcтаат, супту куукунаҕа аастым. Оччо айылаах аччыктаан, ас астыан баҕардаҕа диэтэххит дуу, эчикийэ суох. Олоппоско лах гына олороот, суумкабын арыйа биэрэбин: та-ак, бу сиэпкэ суох, манна эмиэ, оччоҕуна — ханнаный? Мин куул курдук суумкабын хаһан барабын. Эчи, халҕайан түһэн, тугун киэҥэй! Ыксал тирээтэҕинэ, саараама, ту-угу да булбаккын! Дьэ, накасаанньа! Маныаха холоотоххо, урукку суумкам тип-топ курдук биир сиэбигэр докумуоннар, атыныгар кумааһынньык, косметичка, ойоҕоһугар күлүүс, өссө биир оҕойоһугар суотабай төлөпүөн, оттон иннигэр, молнияны арыйа биэрдэххэ, табаҕым барахсан куруук миэстэтигэр сытар буолан наһаа да табыгастааҕа! Буруйа диэн — эргэрэн хаалбыта. Ити курдук быһыыта-таһаата суох куул суумкабын хаһа олорон, саныы биэрэбин: ама, табахпын үлэбэр, остуолум тардарыгар хаалларбытым буолуо дуо? Дьэ, чахчы оннук эбит буоллаҕына, бээтинсэ киэһэтээҕи настарыанньам бүтэһиктээхтик хаахтыйар. Атахпын нэһииччэ соһон, сылайан-элэйэн бачча кэлэн баран, маҕаһыыҥҥа тахсар санаа суох. Мин өр сыл устата уһаарбыт быраабылам диэн биир: табаҕы хаһан да хаһаана атыыласпаппын. Баҕар, итинник гынаммын күҥҥэ биир паачыка диэн бэйэбин нуормалыырым буолуо. Сарсыарда, чаанньык оргуйа турдаҕына, бүтэһик хаалбыт сигэриэтэбин тардабын, ол кэнниттэн кофе иһэн баран, таһырдьа тахсабын уонна утары турар маҕаһыынтан эмиэ сигэриэтэ атыылаһабын. Иккис быраабылам: үлэбэр ким да иннинэ бастакынан тиийэбин. Дьэ, онтон курилка диэн ааттанар кып-кыра хоско суос-соҕотоҕун олорон эрэ, астына-дуоһуйа сабыс-саҥа паачыкаттан бастакы сигэриэтэни ылан, тардан барабын. Саҥа күнүм үүммүтүн итинник бэлиэтиибин. Барыта адьаһын сиэр-туом курдук. Ол кэһилиннэҕинэ, били, кимиэхэ эрэ суолун хара куоска туоруура куһаҕан бит буоларыныы, миэхэ ол күн хайаан да туох эрэ бөрүкүтэ суох быһылаан тахсар. Холобур? Чэ, холобур, ааспыкка Люся, туга эбитэ буолла, үлэтигэр миигин кытары тэбис-тэҥҥэ кэлбитэ. Этэргэ дылы, аан аттыгар сүүс-сүүспүтүнэн кэтиллибиппит. Мин абааһыны илэ көрбүттүү, соһуйан ходьох гымммытым, тоҕо диэтэргит, Люся биир дьиппиэктээх: хаһан да үлэ чааһа саҕаланыытыгар кэлбэт, мэлдьи хойутуур. Дьэ, түҥ-таҥ үктэнэн офиска киирээхтиир ээ! Оччоҕуна мин бэйэм «муннукпуттан» кини диэки «кырыктаах» харахпынан сүүһүм аннынан көрүтэлээн ылабын. Буруйдаах киһи быһыытынан, Люся эбиэккэ диэри кынатын сараппакка, баара-суоҕа ончу биллибэккэ үлэлээхтиир. Манна диэн эттэххэ, биһиги «Вояж» диэн турфирмаҕа үлэлиибит, мин онно муҥур хотуннара, дириэктэрдэрэ буолабын... Бээрэ, табаҕым инньэ гынан ханнаный? Эчи, кумааҕым да бөх курдук элбэҕин! Били бэйэлээх, дьиэбэр аҕалан, үлэлиир, бэрийэр киһиэхэ дылы, тоҕо эмиэ таһаҕас оҥостон төттөрү-таары таскайдыырым буолуой? Господи, аны илиим титирэстиирин ааһан, сүрэҕим күүскэ-күүскэ тэбиэлээн барда дии! Тук-тук-тук... бэл, бэйэм истэргэ дылыбын. Ханнаный, ханнаный, халлаан күөх хаймыылаах паачыкам? Та-ак, оттон Люсяҕа көстөххө маннык. Дьэ, ол күн, туга эбитэ буолла, кини эрдэ баҕайы үлэтигэр ойон-тэбэн кэлбитэ, миигин кытары тэбис-тэҥҥэ ааны аһыспыта. Хайыахпыный, кинилиин бииргэ табахтыыр «дьолломмутум». Бэйэ-бэйэбитин уун-утары көрсөн олорон эрэ, буруо таһааран барбыппыт.
Кыыһым (тэрилтэбитигэр саамай саастаахтара мин буолан, атыттар бары миэхэ «кыргыттар») үрдүк хобулуктаах, ханан да эргэрии быһыыта көстүбэт саппыкытын миэхэ көрдөрөрдүү, атаҕын атаҕар ууран баран олороро харахпар бу баарга дылы. Мин буоллаҕына хаанньаччы барыар диэри кэтиллибит эргэ замша саппыкаларбын саныы биэрэн, атахтарбын ыскамыайка анныгар төһө кыалларынан кумуччу тутан кистии сатаабытым. Да-а, дириэктэр ааттаах киһи кэрээхилэнэрэ диэн бөрүкүтэ суох быһыы: дьону «сырдыкка-кэрэҕэ ыҥырар» тэрилтэҕэ үлэлиирим быһыытынан дьүһүммүн-бодобун тардыныах тустааҕым буолуо... Господи, абааһы табаҕа ханна дьөлө түстэҕэй? Тугуй бу? Кибитээнсийэлэр, счеттар, дуогабардар. Бачча киэһэ маҕаһыыҥҥа тахсыахпын туох да иһин баҕарбаппын. Ол иһин салгыы Люсяны саныыбын. Ол сарсыарда соруоха кыыс мин соҕотоҕун уу чуумпуга олорон эрэ сигэриэтэм буруота салгыҥҥа эриллэ-эриллэ үөһэ тахсарын көрөр дуоһуйуубун уорбута. Ол оннугар кинини (эдэри, мааныны!) одуулуур дьылҕаламмытым. Эчи, кофточкатын декольтета улаханын! Сааппакка, анаан-минээн түөһүн көрдөрөөрү гыммыт быһыылаах. Сахаҕа, туох да диэбит иһин, улахан түөстээх, мыыла маҥан кыыс. Баттаатахха, баата курдук буолуо. Ол иһин да эр дьон офиска киирээт, супту киниэхэ ааһаллар уонна... аҕыйах мүнүүтэ иһигэр биир кэмсиниитэ суох ботуччу харчыны хаалларан бараллар. Атын кыргыттарым үксүн Кытайынан муҥурданар эбит буоллахтарына, Люся «ыыра» киэҥ. Холобур, бу бэрт соторутааҕыта отуччалаах эр дьон Саҥа дьылга Австралияҕа икки нэдиэлэҕэ бэйэлэригэр, ойохторугар, оҕолоругар туур ылбыттара. Биэс сулустаах отель, толору пакет. Биллэн турар, Люся ити чааһыгар маладьыас: кими да салгыппакка, ыкпакка, мөрөйдөөбөккө аргыый аҕай дьону «хайытар» дьоҕурдаах. Итинник түгэҥҥэ кини түннүк сэҥийэтигэр күҥҥэ сылааргыы олорор куосканы санатар. Сып-сымнаҕас, нап-наҕыл, биирдэ-иккитэ «мяу-мяу» диэн ньааҕынаатын кытары, клиент «киниэнэ». Ол эрэ иһин мин кинини тулуйабын. Господи, санаам букатын теннис мээчигин курдук бииртэн бииргэ тэйиэккэлээн олорор. Короче, Люсяттан сылтаан ол күн дьыалам үөйбэтэх-ахтыбатах өттүбүттэн эргийбитэ. Күн ортолоон эрдэҕинэ бэйэлэрин акаарыларыттан эриэйсэҕэ хойутаабыт туристар биһиэхэ, офиска, саккыраһан кэлэн ыһыы-хаһыы бөҕөнү тардыбыттара. Чэ, быһатын эттэххэ, оронноругар олоро биэрбиттэрэ, сөмөлүөттэрэ ол кэмҥэ халлааҥҥа тахсыбыта оруобуна чаас аҥаара буола охсубут. Ити эрэ буолуо дуо: сөмөлүөккэ билиэттэрин кытары Мальтаҕа сынньанар путевкалара эмиэ «умайбыта». Саҥардыы сыбаайбалаабыт уоллаах кыыс. Кыыс часкыйа-часкыйа «харчыбытын төнүннэриҥ!» диэн хаһыытыыра кулгаахпар бу иһиллэргэ дылы. Мин төһө эмэ кинилэргэ “хас да хонук саппаастаах гына эрдэ көтүҥ” диэн этэ сатаабытым да, истиэхтэрэ баара дуо: «Суох-суох, Москубаҕа төннөн иһэн күүлэйдиэхпит», — диэн буолбута. Оруобуна, мин төрөппүт кыыспын — Маринаны — санаппыттара: киһи тылын, саараама, истэн бэрт, буолар буолбутун кэннэ биирдэ айманар! Ол эдэр ыаллар кэннилэриттэн мин утуу-субуу үс сигэриэтэни тардаммын, нэһиилэ уоскуйбутум. Онтон киэһэ эрэстэрээҥҥэ барбытым (ол туһугар маҕаһыынтан саҥа саппыкы атыыласпытым уонна дьиэбэр төннөн кэлэн таҥаспын уларыттыбытым). Ити түбүк халтай буолбатах, тоҕо диэтэргит, тас дойдуттан кэлбит партнердары кытары көрсүөхтээх этибит. Дьэ, кэпсэтиибит саҥа саҕаланан
эрдэҕинэ, аттыбар олорор тылбаасчыт уол илиитинэн соустаах иһити садьыйбат дуо! Онтуката, өлүү болдьохтоох, мин били, Францияҕа сылдьан харахпын быһа симэн туран баһаам элбэх евроҕа атыыласпыт былаачыйабар кэлэн түспэт дуо?! Мин инфарктыы сыспытым: кып-кыһыл, хоп-хойуу соус таҥаспын буортулаабытын көрөргө дьулаан этэ. Тылбаасчыт уол, кини хамнаһа өтөрүнэн санаммат сыаналаах таҥаһын баҕарбатар да буортулаабытын өйдөөн, аймаммыта буолбута. Салпыакканан сото сатаабыта, туус куппута эҥин. Ол даҕаны хантан абырыай?! Үгүһү эрэннэрбит биэчэрим ити курдук хомолтолоохтук түмүктэммитэ. Ытыс саҕа арыы-сыа бээтинэлээх олорон, дьоһуннаах дьону кытары туох да буолбатаҕын курдук кэпсэтэр кыаҕым суоҕуттан, конкуреннарым дьоллоругар, эрдэ барбытым. Дьиэбэр кэлэн тылым аһыйыар диэри табахтаабытым. Бастаан кыһыыбыттан-абаккабыттан ытыы-ытыы, онтон бүтэһигэр, аны кэлэн, тугу да уларытар кыаҕым суоҕуттан синэ биирдик. Арба да, ол былаачыйам ыскааппар, пакет иһигэр, ыйанан турар. «Туох ааттаах уустук састааптаах соуһун тохпуккутуй? Биир да химикат кыайбат!» диэн, химчисткаҕа уой-аай бөҕөтүн түһэрбиттэрэ да, халтай тылтан хаһан туһа тахсыбыта баарай. Кэтиллибэт таҥаһы, дьиҥинэн, быраҕыах да баара, таах, киһи хараҕын эрэ аалар. Өйдүүбүн ээ, химчистка кэнниттэн массыынаҕа олорон эрэ эмиэ табахтаа да табахтаа. Онно эрэ буолуо дуо? Үөрдэхпинэ, кыыһырдахпына, тугу да гынарым суох буоллаҕына – мэлдьи тардабын. Ким эрэ «гитара – олоҕум аргыһа» диэбитинии, мин олоҕум быстыспат аргыһа – табах. Ханнаный, дьэ, ол аргыһым? Бүтэһик эрэлбин сүтэримээри, суумкам бөҕүн остуолга таҥнары сүөкүүбүн уонна биир-биир бэрийэн барабын... Бастакы сигэриэтэбин устудьуоннуу сылдьан боруобалаабытым. Оскуола паартатыттан саҕалаан, кистии-саба табахтаан соппойор оҕолору кытары тэҥнээтэххэ, хойут диэххэ сөп. Ол эрээри аҕыйах сыл иһигэр буор табахсыкка кубулуйбутум. Арай, хат сылдьан тохтуу сылдьыбыттаахпын. Ону да ыбылы токсикозтаан. Бэл, кэргэним Гриша «Аняны иккистээн хат оҥоруохха наада, ол эрэ кинини табах угаарыттан быыһыыр кыахтаах» диэн, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү этэрэ. Ол эрээри бэрт сотору кэминэн Гриша иккис оҕотун оҥорботоҕуттан үөрбүт буолуохтаах: олорбуппут сэттис сылыгар Жанна диэн парикмахерга иирэн, чымадаанын хомунаат, күлүүһүн ылаат, тахсан барбыта. Арба да, ол иннинэ мин киниттэн: «Жанна табахтыыр дуо?» — диэн ыйыппытым. Тоҕо ыйыппыппын бэйэм да билбэппин. Мээнэ диэххэ сөп. Онуоха Гриша, сэрэйбит сэрэх, миигин утары көрөөт: «Суох!» – диэбитэ. Оттон мин паачыкабыттан сигэриэтэбин ылаат, тарт да тарт... Табах, табах... Дьэ, буллум ээ! Сатана паачыката, саамай түгэҕэр саһан хаалбыт! Аллилуйя, үөрдүм даҕаны! Латырыайаҕа соһуччу үтүмэн элбэх харчыны сүүйбүт киһи эмиэ итинник салыбырыар диэри күүскэ үөрэрэ буолуо дуо? Ойон туран, бордууһунаны арыйа биэрэбин, биэпэлиҥсэбин чугаһатабын уонна остуолга хайа курдук сытар кумааҕылары хомуйбакка да эрэ, дьэ, синньигэс сигэриэтэбин айахпар даҕайабын. Оо, кэмниэ кэнэҕэс никотин амтанын эҕирийэбин уонна хойуу буруо быыһыгар олорон эрэ саныыбын: «Аан дойдуга мантан ордук дьол, ама, баар үһү дуо?» Даана Сард.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан