Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мааны сүллүүкүн… (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мааны сүллүүкүн… (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
07.10.2017 21:13
Бу өрөбүллэргэ сытан эрэ өрдөөҕүтэ истибит биир түбэлтэбин санаан кэллим. Төһө кырдьыктаах кэпсээн эбитэ буолла. Биир бэйэм соччо улаханнык итэҕэйбэппин. Эһиги, сыта-тура бэйэҕит сыаналааҥ. Кэпсээбит киһини сымыйаччы дэттэрбэт туһугар улууһа этиллибэт, нэһилиэгэ ыйыллыбат. Миитэрэйэп Уйбаан биһиги нэһилиэккэ холкуос ыһыллыаҕыттан хачыгаардыыр. Оҕонньор бэйэтэ испэт-аһаабат, ол иһин да буолуо, кыдьыктаах-кыыбаҕалаах дьону кытта бодоруһарын ончу сөбүлээбэт. Инньэ гынан, били, дэриэбинэҕэ өрүү буоларын курдук, хачыгааркаҕа ким да мээнэ мустубат. Судургутук эттэххэ – барыта бэрээдэк. Саҥа дьыл уһун өрөбүллэрэ – хачыгаарга саамай эппиэтинэстээх күннэр. Таһырдьа тымныйар, тэрилтэ дьиэлэригэр биир да киһи суох буолар. Инньэ гынан, биир эмэ дьиэҕэ батарыайа тэһиннэҕинэ, ону кэмигэр көрбөтөххүнэ, улахан иэдээн тахсыан сөп. Ороһуоспа бырааһынньыгын кэнниттэн биир түүн (хойут киэһэ диэххэ дуу) оҕонньор дьиэтигэр кэлэн, сып курдук чэйдээн баран, хочуолунайыгар төннөр. Хочуолунайа дэриэбинэ соҕуруу кытыытыгар, Оҥхой күөлүн үрдүгэр, турар. Уйбаан дьиэтиттэн наһаа ырааҕа суох. Түргэнник хаампыт киһи сүүрбэччэ мүнүүтэнэн тиийэр. Онон, уонна ол киэһэ былыттаах, ичигэс соҕус киэһэ үүнэн, оҕонньор тиэтэйбэккэ, аргыый аҕай арааһы эргитэ саныы-саныы, Оҥхойго быһа түһэр ыллыгынан баран иһэр. Арай ол истэҕинэ, кэнниттэн хас да киһи сүүрэн иһэр атаҕын тыаһа иһиллэр. Эбиитин, аҕылыыллара кытта иһиллэргэ дылы үһү. Уйбаан “бачча түүн кимнээхпит сырыттахтарай?” диэн, кэннин эргиллэн көрүөн икки ардыгар атах тыаһа субу ситэн кэлэр. Билбэт куолаһа: “Оҕонньоор, суолтан туоруу оҕус. Халбарый!” — диэн хаһыытыыр да, соһуйбут оҕонньор хаарга охтон истэҕинэ, үрдүнэн ойон ааһаллар. Уйбаан мөҕүттэ-мөҕүттэ, нэһииччэ оронон турар. Таҥаһын тэбэнэр уонна салгыы хочуолунайын диэки харбыалаһар. Түүн этэҥҥэ ааһар. Арай сарсыарда алта чаас саҕана туран оһоҕун эбэ турдаҕына, таһырдьа атах тыаһа кэлэн хочуолунай аанын иннигэр тохтуур. Таҥас-сап тэбэнэр тыаһа иһиллэр да, ким да киирбэт. Уйбаан да “кэлбит киһи киирээ ини” диэн, кыһаммат киһи буолан биэрэр. Өр-өтөр буолбат, били атах тыаһа эмиэ хоочугураан кэлэр. Эмиэ таҥас-сап тэбэнэр уонна дьэ, ааны тоҥсуйан дибдигирэтэн баран, киирэн кэлэр. Уйбаан көрбүтэ, бэрт мааны таҥастаах-саптаах билбэт киһитэ буолан биэрдэ: кыһын ортото сааскылыы болтуолаах, аммааҥка бэргэһэлээх, хара саппыкылаах уонна бартыбыал тутуурдаах. Иһэр-аһыыр киһи диэҕи сирэйэ-хараҕа, таҥаһа-саба бэрт сэргэх. — Дорообо, доҕоор. Туох кэпсээн? Ханналаан иһэҕиний бу? – диэн, Уйбаан “дьиэлээх” киһи быһыытынан кэпсэтиини саҕалаата. — Дорообо, кырдьаҕаас. Кэпсээн улахан суох. Арай бэтэрээ эргин нэһилиэктэргэ бэрэбиэркэҕэ сылдьан баран, куораттаан иһэн, манна адьас чугаһаан баран, Лыбынтах сиһин тахсан иһэн сэппит аппаҕа ыйанан хаалла. Дьонум билэр ыалларыгар тыраахтар көрдөһө киирдилэр. Мин тымныы массыынаҕа соҕотоҕун олорумаары бу иттэ киирдим. — Ол хайаан улахан аартыгынан кэлбэккэ кыһыҥҥы суолу баттыгыт? Лыбынтах сиһин бүгүһүн тыраахтардар быһа үктээн кэбиспит сурахтаахтара. Онно ыйаннаххыт. Итии киллэриэҥ буолаарай? – диэн Уйбаан киһитигэр тиэрмэһиттэн чэй кутан биэрэр. — Баһыыба.
Ол гынан баран итии чэйи испэт киһибин. Хата, муус уута баара буолаарай? – диир мааны киһи. — Суоҕа бэрт. Мин итии чэйэ суох сатаммаппын. Инньэ гынан тиэрмэскэ итии эрэ чэйдээх сылдьабын. — Кырдьаҕаас, саатар, ойбон уута суох дуо? — Но, ол сиикэй ууну иһэн иһиҥ ыалдьаарай? Ол эрээри онтубут да суох. — Оччоҕо, бука диэн, чугас ойбоҥҥо сирдээн киллэриэҥ буолаарай? Тамаҕым кууран иэдэйдим, – диэн, мааны киһи дьикти көрдөһүүлээх буолла. Оҕонньор “хайдах-хайдах буолбут баҕайыный, ойбон уутун көрдүүр. Эмиэ да көннөрү киһи буолбатахха, тойоҥҥо-хотукка дылы эрээри. Ол гынан баран куорат дьоно онтулара-мантылара, эҥин араас хаппырыыстара баһаам буолаахтаатаҕа” диэн, иһигэр арааһы саныы-саныы, таҥнан, киһитин батыһыннаран таһырдьа тахсар. Өр-өтөр буолбаттар, хочуолунай кэннинээҕи ыллыгынан кыра ой тыаны уҥуордаан, Оҥхой күөлүгэр киирэн кэлэллэр. Оҕонньор билэр киһи сиэринэн киһитин ойбоҥҥо сирдээн киллэрэр. Анараата ойбон таһыгар кэлэн баран: “Һуу, халлаан суһуктуйара чугаһаабыт. Хойутааһын буолаары гынна”, — диэн, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, Уйбаан ойбон бүрүөһүнүн ыраастыар диэри аттыгар тэпсэҥнии турбут. Онтон оҕонньор киһитигэр курууска уунуор диэри анараата: “Бэйэтиттэн уулуом”, — диэбит даҕаны умса түһэн иһэн, ойбоҥҥо дьылыс гынан хаалар. Уйбаан Миитэрэйэп “бабат-татат, тыыннаах киһи ууга былдьанна!” диэт, умса түһэн сытан сиэҕин ньыппарыммакка да эрэ, ууну булкуйан көрөөхтүүр да – мэлигир. Хайыа баарай. Тыллыы сүүрэр. Ити күн дэриэбинэттэн хас да киһилээх биригээдэ тахсан Оҥхой күөлүн муҥхалыы сатыыллар да, тугу да булбаттар. Дьон устунан Уйбааны “албыннаабыккын, тугу эрэ түһээбиккин ыатараҕын” диэн, ким кыыһыран, ким күлүү-элэк гынан барбыта. Оттон эһиги, итэҕэйэргитин-итэҕэйбэккитин бэйэҕит билиэххит. Бастаап ситимиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан