Кэпсээ
Войти
Регистрация
Албыннаппыт кыыс суруга
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Албыннаппыт кыыс суруга
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.10.2017 18:57
Мин эдэрбин эрээри, номнуо олохтон кэлэйбит кыыс суруйан эрэбин. Биир билсиһииттэн олоҕум алдьанна. Күүлэйтэн, арыгыттан, чэпчэки олохтон баара-суоҕа 20 сааспар ыарахан ыарыыга ылларан олоробун. edersaas.ru Мин оҕо сааһым тыа сиригэр ааспыта. Биэс бииргэ төрөөбүттэртэн саамай улаханнарабын. Ийэлээх аҕабыт биһигини үөрэттэрээри күнү быһа үлэлээн тахсаллара. Онон бырааттарбын, балтыларбын бэйэм көрөрүм-истэрим. Оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускай куоракка үөрэнэ кэлбитим. Баҕарбыт үөрэхпэр – быраас идэтигэр үөрэнэн саҕалаабытым. Үгүс эрэйэ суох уопсайга киирбитим. Онтон ыла дьоллоох устудьуон сыллара саҕаламмыттара. Хотуттан сылдьар сытыы-хотуу Маша уона Бүлүү кыыһа Сайыына буолан биир хоско олорбуппут. Тута биир тыл булан, эн-мин дэһэн, бодоруһан барбыппыт. Кыргыттарым эмиэ миигин кытта биир салааҕа үөрэнэллэрэ. Бастаан утаа биир да паараны көтүппэккэ, үөрэхпит ыытар туох баар тэрээһинигэр тэҥҥэ кыттан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн испиппит. Үөрэхпититтэн иллэҥ кэмҥэ библиотекаҕа сылдьан, кинигэ, хаһыат, сурунаал хасыһарбыт. Ол кэмҥэ атын оҕолор күүлэйдииллэрэ, түүҥҥү кулууптартан тахсыбат этилэр. Биһиги үөрэх кэннэ уопсайбытыгар кэлэн уруок ааҕар аакка барарбыт. Оннук биир сыл биллибэккэ ааспыта, биһига бары туйгуннук бастакы кууруһу түмүктээбиппит. Сайылыы дойдуларбытыгар тарҕаспыппыт. Онтон эһиилгитэгэр, дьэ, буолан-халан турбатыбыт дуо? Бастакы кууруска күүлэйдээбэтэхпитин ситиһэргэ былааннанныбыт. Үөрэхпитигэр былырыыҥҥы туйгун устудьуоннар кыратык да көтүттэхпитинэ бырастыы гыналлара. Ол иһин түүнү быһа күүлэйдээн бараммыт, сарсыарда паараларбытын утуйан хааларбыт. Хоту кыыһа Маша уоллана оҕуста, Сайыына атын кыргыттары кытта дьүөгэлэһэр буолла. Оттон мин дьонум барахсаттар үлэлээн, мунньан ыыппыт харчыларын биир-икки күннээх оҥорорум. Ол иһин түүҥҥү кулуупка официантканан үлэҕэ киирдим. Хата, күүлэйдии-күүлэйдии харчы өлөрөбүн диэн үөрэ саныырым. Иккис куурус оннук ааһан истэ. Туйгун үөрэхтээх бэйэбит үһүөн нэһиилэ токур үһүнэн сессиябытын саптыбыт. Маша кийииттии Таатталата, Сайыына дойдутугар Бүлүүлээтэ. Мин үлэлиир буоламмын Дьокуускайга халлым. Кыра сыанаҕа хос куортамнастым. Оннук үлэлии сылдьаммын биир уоллуун билистим. Айхал — куорат уола, биир биллэр улахан тэрилтэҕэ юриһынан үлэлиир эбит. Тута уруккуттан билсэр дьон курдук тапсан бардыбыт. Кини миигин массынанан хатааһылатара, сыаналаах көмүһү бэлэхтиирэ. Биир ый сылдьаат, бииргэ олорон саҕалаатыбыт. Бастаан барыта наһаа үчүгэй этэ. Мин үлэлээн бүппүтүм, Айхал үлэтиттэн кэлэригэр остуол хотойорунан ас астаан бэлэмниирим. Бииргэ буоллахпытына инникибитин ыралыырбыт. Оннук биир ый олордубут, ол тухары Айхал дьонун кытта миигин билиһиннэрбэтэ, мин да дьоммор билсэ тахсыан баҕарбат. Куруук «тоҕо ыксыыгын?» диэн кэбиһэрэ. Ол кэннэ, дьэ, үлэтигэр хойутуура, командировкаҕа айанныыра, дьиэтигэр хоммото элбээбитэ. Номнуо күһүн буолбута, үөрэх саҕаламмыта. Мин үөрэниэхпин баҕарбат буолан хаалбытым, көтүтэн-көтүтэн төрүт да үөрэммэт буолбутум. Оннук үөрэхпиттэн үүрүллүбүтүм. Баар дуу, суох дуу Айхалбын манаан баран күнү быһа дьиэбэр олорорум. Дьоммор «үөрэнэбин, уопсайбар олоробун» диэн албыннаабытым. Ол сылдьан тымныйаммын, балыыһаҕа көрдөрө тиийдим. Манныгы эрэ истиэм дии санаабатаҕым, анализтан анализка ыытан бараннар, быраастар «СПИДынан ыалдьыбыккын» диэбиттэрэ. Кэлин билбитим, Айхал олох да
юрист буолбатах, кыргыттары албыннаан, хоонньоһо-хоонньоһо ыарыы тарҕатар киһи эбит. Хас-хас кыыһы албыннаан, ыарыыга сутуйбута буолуой?! Билигин биир да аймаҕым, доҕотторум миигин кытта кэпсэппэттэр, бары тэйбиттэрэ. Дойдубар тахсыбытым, ким да миигин кытта айах атан кэпсэппэт, төрөппүттэрим төһө да мөхтөллөр, төрөппүт оҕолоро буоллаҕым. Биирдэ бэриллэр олоххутун харыстааҥ, сыаналааҥ диэн тиэрдэбин. Айыына, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан