Кэпсээ
Войти
Регистрация
Куобаҕы кэтээри мэлийбитим (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Куобаҕы кэтээри мэлийбитим (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
22.09.2017 21:36
Урут сэбиэскэй кэм саҕана, сопхуостар тэриллэ иликтэринэ, ааспыт үйэ 60-с сылларыгар дьон холкуостарга үлэлииллэрэ. Холкуостаахтарга күннээҕи үлэлэрин иһин хара күнү суруйаллара. Ол хара күн күннээҕи үлэ нуорматын төһөтүн толорбуккунан буолара. edersaas.ru Сыл бүтэһигэр уопсай дохуоттарыттан ким төһө хара күннээҕинэн, уопсай мунньах быһаарыытынан үллэстэллэрэ. Үлэһиккэ тиксэр дохуот бэрт кыра буолар быһыылааҕа. Онон, дьон оҕолорун сайыҥҥы үлэлэргэ ыыта сатыыллара. Оччолорго кэтэх хаһаайыстыбаҕа биир ынахтан элбэҕи тутарыҥ бобуллара. Холкуос сүөһүтүн элбэтэ сатыыра буолуо, онон эти сайыҥҥы от үлэтин кэмигэр биирдэ эмэ дохуот суотугар звенолорга түҥэтэллэрэ. Сайыны быһа хара сарсыардаттан киэһээ үс туман түһүөр диэри, биир да өрөбүлэ суох үлэлээн баран хамнас аахсардааҕар төттөрү биэрэр иэстээх буолуоххун эмиэ сөбө. Инньэ гынан, түгэн эрэ түбэстэр, саалаах уолаттар кустаан, куобахтаан хаһан эмэ да буоллар, миин иһэрдэллэрэ. Биирдэ оҕус сиэтээччи Бииктэри угаайы угааччы, ол эбэтэр бугулламмыт эбэтэр түүрдэриллибит оту оҕус сыарҕатыгар тиэйээччи Куоста куобах кэтэбилигэр илдьэ барда. Ол иннинэ ким да оннук кэтээн куобах өлөрбүтүн көрбөтөр да, оннук кэтииллэрин туһунан кинигэҕэ аахпыта быһыылааҕа. Куобах күһүөрү алааска эбэтэр өтөххө түүн кэнчээри оту сиэри киирээччи. Киэһэ боруҥуй буолуута былыргы быраҕыллыбыт бааһына кытыытыгар тиийэн олорууларыгар балачча хараҥарда. Кыратык олоро түһээттэрин кытта Бииктэр төһө да тыаһаабакка олордор: «Тыаһаама!» – диэн киһитэ хамаанда биэрдэ уонна тугу эрэ иһиллиирдии чөрбөҥнөөтө. Бииктэр иһийиэҕинэн иһийэн олордо. Ол олордоҕуна, арай ыстаанын сототунан кымырдаҕастар хаамсаллара билиннэ. Куһаҕан дьыала буолан эрэринэн, кыратык хамсаары гынан эрдэҕинэ Куостата, хамсаама диэн буоллаҕа буолуо, ойоҕоско кэйдэ. Бииктэр куобах сиир баҕатыгар иһийэн олордо эрээри, биир кымырдаҕас ыарыылаах баҕайытык ыстаабытыгар кыратык хамсыырын кытта: «Хамсаама диибин буолбат дуо!» – диэн Куоста сибигинэйэ былаастаан эттэ уонна бастакытааҕар ыарыылаах соҕустук эмиэ ойоҕоско кэйдэ. Атын кэмҥэ уонна атын сиргэ эбитэ буоллар, кымырдаҕастары кытта баҕас атыннык кэпсэтиэ эбит. Билигин кинилэр көрүлээн эрдэхтэрэ. Маннык атаҕастабылга түбэһиэм диэбэтэх Бииктэр аргыый ытаан киирэн барда. Онтон кымырдаҕастар элбээтэр элбээн, били киинэҕэ көстөр кимэн киирэр ньиэмэс саллааттарын санаттылар. Кымырдаҕастар эмиэ айылҕа оҕолоро буолалларынан, куобахтарын көмүскээн, сэриигэ туруммут курдуктар. Икки атахтарын сотолорунан төттөрү-таары сүүрэкэлэһэн атахтарын икки ардыгар кэбирэх тыын сиригэр чугаһаан истилэр. Кымырдаҕас уйатын таһыгар олорбуттар быһыылаах, элбэхтэрэ сүрдээх. Куоста саатын бэлэмнии тутан хараҥаҕа тугу эрэ көрө сатыыр. Бииктэри ол кэмҥэ куобах буолбакка, ыстаанын иһигэр элбээн иһэр кымырдаҕастар ордук долгуталлара. Уонна хараҕын уута бүөлээн кэбиспит хараҕынан хараҥаҕа тугу көрүөй? Кэлин тиһэҕэр «сэриигэ» кымырдаҕастар кыайаннар, кинилэр ыстыылларын кыайан тулуйбакка, ытаабытынан ойон турда. Онон, куобах кэтээн бүттүлэр. Кымырдаҕастарыттан ыраастанан, отууларыгар бардылар. Эмиэ миин испэт дьон буоллулар… Виктор КОРЯКИН, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан