Кэпсээ
Войти Регистрация

«Ньургуһун» түмсүү — Сунтаар күнүгэр анаан (видео)

Главная / Кэпсээн арааһа / «Ньургуһун» түмсүү — Сунтаар күнүгэр анаан (видео)

K
edersaas.ru Категорията суох
22.09.2017 19:33
Быйыл Сунтаар төрүттэммит күнэ биллэн, биир дойдулаахтарбыт Сунтаар күнүн уруйдууллар уонна айхаллыыллар. Аҕа баһылык А.В.Григорьев сорудаҕынан архыып кэскил үлэһитэ Аркадий Яковлев элбэх докумуону хасыһан Сунтаар төрүттэммит күнэ биллэн, бу сыл саҕаланыыта улуус дьокутааттарынан бигэргэммитэ. Бу күҥҥэ анаан «Ньургуһун» түмсүү элбэх хоһоону айбытыттан аҕыйаҕы эһиги иннигитигэр таһаарабыт. Бу барыта мин дойдум Һунтаар Сэһэн-сэппэн ырыабынан, Сэһэргиэҕим, атастарыам, Сунтаарым ытык сирдэрин, Биллэр дэриэбинэлэрин. Бу барыта дойдум Һунтаар, Оһуокай дойдута Һунтаар. Кыыл Уолун сирэ Ыгыатта, Күндэ дойдута Кутана, Арыынан аллар Аллыҥа, Налыы кытыллаах Наахара. Бу Сахам сирин дойдута Киэн туттар көмүс Һунтаара. Таас тэллэйдээх дьикти Тэҥкэ, Сибэкки симэхтээх Сиэйэ, Күннүү күндээрэр Күндэйэ, Улуу сыһыы Тоҕой Сэлэ. Бу бары кэрэ дойдулар — Бу мин дьылҕам түһэ Һунтаар. Кэрэ кэпсээн Кэппэндээйи, Нарын иэйии Нөөрүктээйи, Эһиэкэй этэр Элгээйи — Эдэр саастарбар эркээйи. Ити барыта Һунтаарым — Истиҥ дьонноох мин кырдалым. Тойук-ырыа дорҕоон Толоон, Талба талаан Түбэй-Дьаархан, Дьоһун-мааны түөлбэ Дьаархан, Бөҕө-таҕа, бүччүм Бордоҥ. Мэлдьи сайда, үүнэ турар Саҕахтара ыраас Һунтаар. Күн күлүмэ оонньуур Күүкэй, Түптэтэ унаарар Түбэй, Эдэригэр түһэр Элгээн, Бүтэй күрүөлээх Бүлүүчээн. Бүгэн сытар сир баайдаах Һунтаар, Бүгүн күнэ сырдык Һунтаар. Харыйа ойуурдаах Хоро, Үрдүк кырдал Үөһээ Мэйик, Аламаас таастаах Кириэстээх, Хортуоппуй хонуу Куокуну. Ити барыта Һунтаарым — Истиҥ дьонноох мин кырдалым. Уран уустардаах Уһун Күөл, Уу аала устар Уустуйа, Иилии хатыҥнаах Толустуой, Иирэ талахтаах Илимниир. Оһуор симэхтээх ыһыахтар, Оҕо-уруу дэлэй Һунтаар. Онно ыччат түмсэр, мустар, Олох түһүн уурар, тутар, Оһуокай, тойук айыллар, Остуоруйа күнэ тахсар. Ол төрөөбүт сирим Һунтаар, Олоҥхо дойдута Һунтаар. Күн Мичээрэ Үһүйээҥҥҥэ өбүгэм Туутун ууга түһэрэн «Суҥ-таар!,-диэн өмүрбүтэ Үһү-номох курдук хаалан, Биитэр ытык эбэҕэ Сүгүрүйүү бэлиэтинэн Сунтаар диэн ааттаммыт Үтүө-мааны мин дойдум Үгүс үйэ тухары Үүнэ-сайда тураҕын! Сунтаар диэн тыл, Тыл буолбатах, тыын- Төгүрүк сир үрдүгэр Саамай күндү муннугум, Түөрэхтэрбин түстээбит Төрүт буорум, Сунтаарым Түөспэр тэбэр, тиҥиргии, Тыынарым тухары тырымныы, Баарым тухары банаар буолан, Отуу уотун кэриэтэ Умайаҕын сүрэхпэр. Төрөөбүт күҥҥүнэн, Сунтаарым! 21.09.2017 Хагдаанай. Дьокуускай к. Һунтаар Һарсыҥҥы күнэ-унаар Кэскилигэр-киэҥ байҕал, куйаар Ол туһунан эн бүгүн хоһуйаар Һунтаар Ыҥырар угуйар буолаар Ыырбытын кэҥэтэн иһээр Инникигин эн бугун түстээр Һунтаар Һураххын истиэхпин һуруйаар Ыраахтан ымсыырда кучуйаар Ыллыктаах һанааҕын ылынаар Һунтаар Һиэттиһэ хаамарбын көҥүллээр Күннэтэ эн миигин көҕүлээр Ураты эйгэҕэр киллэрээр Һунтаар Һулуһуҥ чаҕылыйа тыгаар Кэрэни кэрэхсии тураар Һайдыы һуолун тутуһаар Һунтаар, Һунтаар, Һунтаар Саргылаана Меркурьева 19.09.2017с. Мария КОБЕЛЬЯНОВА — ТУСКУЛААНА, «Эдэр саас» сайтка анаан.
edersaas.ru сайтан