Кэпсээ
Войти
Регистрация
Курастыйбыт сүрэхтэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Курастыйбыт сүрэхтэр
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.10.2019 12:22
...Таһырдьа тыал да тыал, ардах да ардах. Аһаҕас болкуоҥҥа ыйанан турар сууйуллубут таҥас көтөн хаалыахтыы тэлимниир, түннүк тааһын алдьатыахтыы сабыта охсуолуур. Уол, ону истэ сытан, көтөн эрэр уутун ситэри үргүтүмээри хараҕын быһа симэ сатаата, суорҕаныгар өссө ыга сууланна. Ким эрэ таҥнары кутарыныы, таммах тыаһа өссө сүрдэннэ. Хабырыыс – орулуур отутун туолбут эдэр киһи. Дьокуускайга «үс боросуонак» диэнинэн аатырар ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар тутуллубут дьиэлэртэн биирдэстэригэр куортамнаһан олорор. Дьиэбит «сүрэхтэммит» аатыгар толору сөп түбэһэр – подъезтара хаһан да хомуллубат, олохтоохтор таһырдьа бөх дьааһыгар тиэрдиэхтэрин сүрэҕэлдьээн, аара көрүдүөргэ олордон кэбиһэллэр. Оччотугар бүтүннүү итинник бакыат “устуруойдуур”, ардыгар сыыҥы-сырааны, сили, сыҥсары, табах сототун, күлүн, мэктиэтигэр, бэрбээкэйгэр диэри кэһэн киирэр курдук сананаҕын. Буолумуна, уута-хаара аанньа кэлбэт-барбат буолан, уоттарыгар иэстэрэ да ботуччу улаатан, сотору-сотору арааран кэбиһэн сордуур дьиэлэриттэн дьиҥнээх хаһаайыннар тэскилээн, үгүс кыбартыыра куортамҥа барар. Быстах кэмҥэ олорор дьон харыстыахтара баара дуо? Сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо эрэ курдук туттан-хаптан, дьэ дьиҥнээх боросуонакка кубулуйан олордохторо. Оннооҕор буолуоҕу көрөн-көрөн, ууну-уоту ааһан, олоҕу дьиҥнээх охсуһуу оҥостор дьылҕалаах дьон мустубут дьиэлэрэ. Оттон Хабырыыс бэйэтэ оннук чанчарык буолбатах ээ. Билсэр-көрсөр, хам-түм кэлэн хонон барар Маасата кинини «ып-ыраас, уурбут-туппут курдук дьаһанан олорор, сүрэхпэр саантыыр бэрт элбэх вакансиябыттан биирдэстэрэ” диэн сыана быһан турардаах. Мааса – аныгылыы «кыыс оҕотобун” дэнэр кыргыттартан биирдэстэрэ. Чуумпу, эгилитэ-бугулута суох Хабырыыстааҕар быдан атын олохтоох. Чоху курдук килэйбит чөкө массыынатынан куораты уһаты-туора айанныыр, дьиэни-уоту атыылыыр чааһынай тэрилтэҕэ докумуону бэрийээччинэн үлэлиир. Хабырыыстыын билсибиттэрэ, “көҥүл олох” сиэринэн, сөп буола-буола “көрсүспүттэрэ” үһүс сылыгар барда. Хайалара да ыал буолар туһунан санаабат. Ол туһунан кэпсэтээччилэрэ да суох. Кыыс кистии-саба дьиэ атыылаһаары сүүрэр-көтөр быһыылаах – тоҕо эрэ Хабырыыска тугу да кэпсээбэт, сүрэҕэр тугу тута сылдьарын арыйбат. Хабырыыс буоллаҕына куораты булуоҕуттан (киһини өйдүүр буолуоҕуттан дии сыстым) наар куортамнаан тахсар. Хамнаһын улахан аҥаарынан атын дьону байытар. Кэллиэгэлэрэ харчыта мунньун, дьоно кыбартыыралаах кыыһы бул дииллэрин дуостал истибэт. Мэктиэтигэр, “хаһан ыал буолаҕын?” диэн сулуйалларын тулуйбакка биир да аймаҕар сылдьыбат буолбута ыраатта. Ийэтэ бэрт уһун испииһэктээх быһыылаах – онно кыбартыыралаах кини саастыыта аҥаардас кыргыттар (үгүстэрэ оҕолоохтор) суруллан сылдьаллар. Биирдэ алҕаска ийэтин “угаайытыгар” киирэн, биир судьуйа кыыһын кытта дуруускалыылларыгар сылдьан турардаах. Кыыс балачча сэргээбиттии көрөр-истэр этэ да, Хабырыыс, били, Майаҕатта Бэрт Хара курдук үчүгэйи оҥордугут диэн үөрбэтэҕэ, куһаҕаны гынныгыт диэн кыыһырбатаҕа. Ол кыбартыыралааҕа диэн бүрүчүөм – биирдэ кыыһырса түстүҥ да, аан диэки ыйыахтара турдаҕа – “мин дьиэм-эн дьиэҥ...” Һуу, ол оннугар бу курдук сылдьыа, бэйэтин муннугун булунан, оҥостон баран биирдэ... Арах, арах... Үнүрүүн эмиэ уочараттаах «түүҥҥү шоутугар» сылдьыбыта – “Дракоҥҥа”. Сахсыллыы диэн мааныта, пиибэ, арыгы диэн байҕал уостубат күүгэнинии элбэҕэ, кыыс
да аймах курбалдьыһан талбыта баара – умуллубат имик-самык уоттаах, дьэ, мааны дойду. Этээстэринэн сүүрэ, аҕылаһа сылдьан төһө баҕарар көрүлүөххүн сөп. Табаарыстара сөп буолан, сарсыарда халлаан хайыы-үйэ үөл-дьүөл буолуута тарҕаспыттара. Хабырыыс баар-суох аллар атаһа өрүү көрү-нары сырсан тахсар Оппуостуун сырыылара өрүү да итинник буолааччы. Хабырыыс бастаан утаа кинилиин барытыгар эт кутурук буолара. Киһитэ “сылдьар ыыра” киэҥэ бэрт. Бастаан “драконнуур”, онтон “джеккэ” ойон тахсар, онтон “белые ночи”, онтон “ремикс”, онтон “зодиак”, онтон “парадокс”, онтон... Киһи итэҕэйимиэн курдук. Хабырыыс Оппуоһу билбэтэ буоллар итэҕэйиэ суох этэ. Айыы-айа, ол кэннэ төбө ыарыыта диэн... Чэ, туох буолуой, биир уол оҕо сырыытын сылдьыахтаах, биэнсийэҕэ тахсан баран наһаа “драконнаабата” буолуо... Муҥутаан “комузалар” “ностальжиларыгар” эркини өйүү барар ини. Былырыын эмиэ Оппуос уккуйан, оннук “ностальжига” сылдьан турардаахтар. Орто холуочук орто саастаах дьахталлар суумкаларын ортотугар чөмөхтөөн баран, төгүрүччү туран эрэ «модерн токинг, абба, боним, о.д.а.» муусукаҕа уйдаран барбах дайаҥныы сылдьаллара. Кинилэр суорга-тураахха дылы хаһан да арахсыахпыт суоҕа диэбиттии, эркиҥҥэ хам хатаммыт, эмиэ ортонон эрэ бэтэрээ өйдөөх орто саастаах эр дьонтон тугу эрэ эрэйбиттии тулаларын эргим-ургум кылап-халап көрөөхтүүллэрин туораттан көрдөххө, киһи аһыныах хартыыната этэ. Омуннаах Оппуос бастаан «һок, бу чүөчэлэри кытта үҥкүүлүөххэ, һук, аны баларга кыттыһыахха» диэн отой “ностальжи “сулуһа” буолан аһара чаҕылыҥнаан эрдэҕинэ, кыараҕас саала уотун холбоон сандаардыбыттара – биир дьахтар суумкатын уораннар айдаан, хаһыы-ыһыы бөҕө оргуйа түспүтүгэр Хабырыыстаах тыас хомуммуттара. Аны ити дойдуга онуоха-маныаха диэри өҥөйбөт ини, ама да баҕарбыт иһин... Хата, Оппуоһа кыыһа элбэҕэ бэрт – бэрчээкки курдук уларыта сылдьар. Хабырыыстыын эт саастыылар эрээри эмиэ ойоҕо суох. – Оппуос, оттон хаһан ыал буолабыт, хаһан шафердаһабыт? – диэн Хабырыыс биирдэ эмэ халдьыы гыннаҕына киһитэ: – Билбэтим ээ, оттон күүс-уох баарына, эдэр-сэнэх эрдэххэ сылдьымахтаан хаалыахха буоллаҕа! – Отукка диэри оҕолору кытта тэҥҥэ дискотекалаһар диэн эмиэ сүрэ бэрт ээ... – Холостуой кыргыттар түүҥҥү кулууптарга кырыы-кырыыларынан кэчигирээн турдахтарына, ойохтоно оонньуу сылдьыам үһү дуо? Мин кинилэри таптыыбын диэбэппин ээ. Таптаатахтарына – ол бэйэлэрин дьыалалара. Мин сүрэхпин иччилиэх билигин ким да суох! – Һэ-һэ... – итинэн бүттэхпит ол. Оппуос түүҥҥү олоҕунан олорор санаатын өссө да ыһыкта илик. Хата, кырдьаҕаһыҥ, аны массыыналанан, улаханнык испэт буолла. Көннөрү кыргыттары «хатааһылата» эрэ барабын диир идэлэннэ. Хата, кини куортамҥа харчытын ыыппат эбит дии, ыал атаах уола. *** Кэлин-кэлиҥҥинэн Хабырыыс сүрэҕэлдьэс, барыга-бары ээл-дээл буолан хаалбытын бэйэтэ да бэлиэтиир буолла. Урут уоппускатыгар кустуу, балыктыы диэн былдьаһан туран барар бэйэтэ билигин онно соччо дьулуспат. Тугун эмиэ – тэрээһинин ороскуота, бырдаҕа, дьону тылыгар киллэрэ сатыыр бодьууһа... Аны бултуур сиртэн көҥөнөр буолбуттарын кэннэ хайа диэки барарыҥ улахан кыһалҕа да буолла. Ити “драконугар” даҕаны ааттатан-ааттатан, төрөөбүт
күҥҥэ ыҥырыллыбычча эрэ барсыбыта. Дьиҥинэн, тыастаах-уустаах түүҥҥү кулууптарынан сыҕарыйа сылдьан “шоулууруттан” сылааргыыр да буолла. Ол эрээри куорат олоҕо киинэҕэ сылдьыбат, тыйаатырга көҕүйбэт буоллаххына, тугунан кэрэ буолуон сөбүй? Суох буоллаҕа... Соҕотох киһиэхэ. Дьиэтэ да суох киһиэхэ. Үлэтигэр даҕаны миигин таба көрбөтөллөр ханнык диэн сымыыттааҕар бүтэйдик, уутааҕар чуумпутук, оттооҕор намыһахтык сылдьа сатыыр үгэстэннэ. Кыайар-хотор алын салалтатыгар сорудах биэрдэхтэринэ, охсурҕаланан кэбиһэр, “уурайан хаалыам” эҥин дэтэлиир. Сыаналаах испэсэлиис буоллах аатыран ыарыыр-чэпчиир. Үрдүкү салалтатын бирикээһин кимиэхэ эмэ көлбөрүтэ сатыыр. Кини билигин сүүрбэччэлээх оҕо буолбатах, отуттаах киһини хайдах мээнэ сүүрдүөххүнүй, ама? Ааспыт нэдиэлэҕэ баар-суох эдьиийэ “харчыта иэстээ” диэн көрдөспүтүн аккаастаабыта – кинилэр бысталлара-ойдоллоро бараммат. Кинилэргэ харчы иэстээтэххинэ, бэлэхтээбит курдук саныыгын – хаһан да төннөрбөттөр. Таайа быгыһын эмчиттэргэ көрдөрүнэ кэлбитигэр, онтон устунан балыыһаҕа киирбитигэр биирдэ да баран көрсүбэтэҕэ. Куруук солото суох аатыран, сыҕарытан-сыҕарытан, таайа этэҥҥэ былыр үйэҕэ үтүөрэн тахсыбытын кэннэ өйдөммүтэ. Ийэтэ Хабырыыһы «муус сүрэхтээх буолан эрэҕин дуу, тугуй?” диэн хомуруйбута. “Бээ, ити уруу-тарыы да хаһан эрэ наада буолан туруо”, – диэн кынчарыйбыта. Хабырыыс туохха да наадыйбат, күннээҕинэн олорор буолбутун бэйэтэ да мэлдьэспэт. Урут бэркэ сөбүлүүр дьарыгын – кинигэ ааҕарын – бырахпыта ыраатта. Бэркэлээтэҕинэ, «вечерканы» атыылаһан ааҕар. Кини өйдөөн көрдөҕүнэ, кини саастыылаахтара кинигэ аахпаттар, хата, ол оннугар кириминээллээх «вечерканы» остуол кинигэтэ оҥостубуттара ыраатта. Арааһа, итини аахтахпытына да сөп диэн санаан эрдэхтэрэ. Кып-кыранан, чып-чычааһынан да сөп буолар буоллахпыт. *** Хабырыыс утуйа сатаата, хаста да эргичийдэ, төбөтүн сыттыгын анныгар анньан сыта сатаата. Эмискэ түннүгүн аннынан таһырдьа чалбаҕы бардырҕаччы кэһэр тыас сүрдэннэ – кимнээх эрэ сырсыакаластылар. – Ээй, тохтоо диибин! – көөҕүнэс күргүй-көбүө былаастаах улахан саҥа иһилиннэ. Ону даҕаһа элбэх этээстээх үөхсүү суостанна-суодалланна. Хабырыыс, бэлэм сылтах, кулгааҕын чөрөс гыннаран болкуонун түннүгэр сүүһүнэн сыһынна. Элбэх атах тыаһын хоту, подъезд аанын диэки, хайыста. Тас ааннара, өрүү буоларыныы, хатамматах быһыылаах. Эмискэ көрүдүөр биир уһугар баар ааны дарбыйар тыас сүрдэннэ. Хабырыыс аны аанын таһыгар баар буола түстэ. Тоҥсуйар тыас улам-улам Хабырыыс ааныгар чугаһаатар-чугаһаан истэ. Хабырыыс сүрэҕин тыаһа сүрдэннэ, тыынара кылгаата. Ыараханнык ыгыллан тыыммыт киһи саҥата: – Аһыҥҥытыый, быыһааҥ, абырааҥ! – диэн хаһыыта көрүдүөрү толорон кэбистэ. Хабырыыс тимир лиис аанын кураанаҕынан дарбыйда. Хабырыыс аһыах курдук дук-дах буолан иһэн тохтоон хаалла. Аны, били сырсан иһэр урдустар билэн буулуохтара, хайыы, аны ол эрэйэ буолуо, полиция буолуохтааҕар, арбаҕастаах да быыһаабат буоллаҕа оччоҕо... Дьоруой буолан баран өлөн хаалар хомолтото сыттаҕа... Били киһи аттынааҕы ыалларын аанын балачча тоҥсуйа сатаата, ыксаан ытаан сыҥсыйара иһилиннэ: – Ким баарыай, быыһааҥ! Биир да аан аһыллара иһиллибэтэ, мааҕыҥҥытааҕар өссө дьиппиэрэ чуумпурбут, иһиллээбит курдук буолла... Били киһи сордоох төннөн, аны иккис этээскэ тахсар тыаһа иһилиннэ. Ону
кытта мааҕын көөҕүнээбит саҥа: – Аа, бу баар эбиккин ээ, дьэ билигин... – эмиэ киһи куйахата күүрүөх сааныылаах үөхсүү, маат-муут сүрдэннэ. Субу диэн арааран иһиллибэт эрээри, били киһини охторон түһэрэн үлтү тэбиэлээн эрэллэрэ чуо билиннэ. Хабырыыс ону истибэтэрбин ханнык диэбиттии, төттөрү суорҕанын анныгар дьылыс гынна. “Мин ону хайыахпыный?”, “мин итинниккэ түбэспитим буоллар, бэл, Элиэнньин да болуоссатыгар күрүлүүр күнүс да кырбаан бардахтарына, ким да кымаардаан көрүө суох этэ буолбат дуо?”, “билиҥҥи үйэҕэ хас биирдиибит дьылҕатын бэйэтэ оҥостор, ким да кимиэхэ да наадыйбат буолла буолбат дуо?”, “тугу түүннэри хаама сылдьыбытай?” диэн, бэйэтэ-бэйэтин алы гынан, суорҕанын иһигэр сүрэҕэ көбүөлүүрэ улам уоскуйан, утуйан хаалла... *** Сарсыныгар иккис этээстэн отуччалаах эдэр киһи өлүгүн булбуттарын туһунан сонун Хабырыыс дьиэтин, онтон бүтүн куораты толорон кэбиспитэ. Бүттэтэ суох үлтү кырбаммытыттан мэйиитигэр хаан туран, сүрэҕэ тулуйбатах диэн быһаарбыттара... Егор Николаев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан