Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХААМААЙЫ КЭПСЭЭНЭ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХААМААЙЫ КЭПСЭЭНЭ
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.08.2024 10:00
Туманнаах аам-даам күннэр киэр үтэйиллибиттэрэ. Күн уһаан, маҥнайгы сааскы күннэр кэлбиттэрэ. Бары барыта сырдаабыт, оннооҕор халлаан үрдээбит курдуга. Тугун бэрдэй – саас! Ама, ким үөрбэт буолуой мантан? Ол эрээри, «сааскы киһи салбаммытынан» диэн сахаҕа өс хоһооно баар эбээт. Биир күн мин улуус киинигэр киирдим. Ок-сиэ, бу санаатахха, оннооҕор дьэллик ыттар үөрбүт курдук уулусса устун субуһаллар. Маҥнайгы тураах кэлэн, ыраах дааҕырҕыы олорорун көрөр үчүгэйэ! Массыынабыттан түһэн, били, туһааннаах сирбэр хаамтым. Оргууй киин уулуссанан сберкасса диэки хааман иһэн көрдөххө, туох даҕаны уларыйбатах. Барыта уруккутунуу орун-оннугар. Иһирдьэ киирбитим – толору киһи. Биир кэм үп-үллэҥнэс. Тугу гыныахпын билбэккэ уочараттыы сатыы турдахпына ким эрэ илиибиттэн тарта. Соһуйан ходьох гына түстүм. Биир эргэ баҕайы таҥастаах, арыгы-табах сытынан тунуйбут киһи ымаҥныы турар. Харчы умналыырдыы оҥоһуннаҕа диэн испэр сүрдээҕин кыыһыра санаатым. – Хайа, билбэтиҥ дуу, быраат? Эбэтэр улаатымсыйдыҥ дуу? – киһим аны боруоктаһардаах буолла. Мин дьиксинним. Сирэйин өйдөөн-дьүүллээн көрө сатаатым да, кимин билбэтим. «Ээ, чэ, хас арыгыһыты баран!» – дии санаат, уочараппын ыйыталаһан бардым. Киһим күлэ-күлэ аны ааппын ааттаата. Мин өссө соһуйдум. – Захаарбын дии, Захаарбын! Хайдах билбэккиний? – диэбитигэр көрбүтүм, кырдьык даҕаны, бэркэ билэр биир дойдулаахпар маарынныыр эбит. Хайыахпыный, арыый туора баран, киһибиниин кэпсэтэргэ соруннум. Төһөтүн да иһин биллэҕим дии. Көрүдүөр муннугар баар эргэ баҕайы ыскамыайка дуомугар олордубут. Киһим сирэйбин одуулуу-одуулуу бэркэ табыллыбыт чинчилээхтик ымаҥнаа да ымаҥнаа. – Быраат, көрсүбэтэх ыраатта. Миигин дьон билбэт буолбута ыраатта. Холобура, бу эн курдуктар эҥин! Һа-һаах! Урут, оттон, тыаҕа убаастанар киһи этим. Өйдүүр инигин? Мэлдьэх суох, «ээх» диэтэҕим дии. Кырдьык, хаһан эрэ оскуола саҕаттан атамаан, баппат, ыччат ортотугар охсуһуугунан биллибит ааттаах Захар Кириллин этэ. Хас субуота ахсын кини айдаана кэпсээн буолан тарҕанара. Ийэтиниин, тастыҥ убайа аах буолан, дэриэбинэ уһугар олороллоро. Ыччат ортотугар киниэхэ бэрт буола сатаан хаптаҥнаһааччылар да бааллара. Көннөрү куттанааччы, абааһы көрөөччү да аҕыйаҕа суоҕа. Сотору-сотору содуомнаан ол аймалҕана буолара. Ол бэйэтэ хайа охсор аҥаара эрэ хаалбыт. Киһи тааҕы-таах түҥнэри анньар киһитэ. Уҥа илиитигэр икки тарбахтаах. Мин испэр аһына санаатым. – Төһө өр буолла, манна кэлбитиҥ? Сураҕа, хоту барбыт диэбиттэрэ ээ, – мин интэриэһиргээн ыйыттым. – Ээ, ол мин сырыым диэн буолунай. Саха сирин аҥаарын кэрийдим. Манна кэлбитим биир ый буолла. Уолаттарбар баарбын. Урукку сирбиттэн үүрүллэн кэриэтэ кэллим. Дьиҥэр, табыллан испитим ээ. Ыт сиэтин ону, аны кэлэн! – Захар синигэр түһэн сылдьара өтө көстөрө. Киниэхэ бары барыта тэҥ, суолтата суох курдуга. Киһиргэс майгытын ыһыктыбатах. Мин киһим санаатын аралдьытаары мээнэ ону-маны кэпсии олордум. Холуочук буолан, кини мин кэпсээммин аахайбат этэ. – Ээ, чэ, ону-маны лабаҥхалаама! – диэн быһа баттаата. Мин ах баран хааллым. – Хата, тыаҕа уолаттар көстөллөр дуо, ити Бииктэр, ити Сэмэн? Бииктэр буруйу оҥорон хаайыыга барбыта, Сэмэн иллэрээ сыл оһолго өлбүтэ. Захар ону истэн сүрдээҕин кыһыйда. Ити кини аллар атастара, баар-суох бииргэ арыгылыыр дьоно этилэр. Захар, хата, биир үчүгэйдээх кини – кэпсээнньит бэрдэ, тылыгар сөрөөн дьону албынныыры сатыыр. Ол киниэхэ ырааҕынан буолбатах… – Мин ити эппитим курдук манна кэлбитим биир ый буолла. Бүтэһигин Майа, Төҥүлү эҥээр сылдьыбытым. Быстах үлэ син көстөр этэ. Ол-бу араас ыччаттыын бииргэ үлэлиирбит. Быһата, хайдах сатанарынан. Онон-манан син батаран олордоллор этэ. Уопсайынан, куһаҕана суохтук олорбутум. Хамнас да баара, арыгы да баара. Сороҕор табыллыбатахпытына көһө-көһө. Биир сыл биир дэриэбинэҕэ үһүө буолан, кэпсэтэн, сылгыһыттыыр буолбуппут. Анараа уолаттар сылгыга баҕас үчүгэйдэр, мин илии-атах буолан көмөлөһөбүн. Хаһаайын ас-таҥас чааһын булара. Биир үрэх баһыгар үүтээҥҥэ олорорбут. Уолаттар дэриэбинэҕэ киирдэхтэринэ хайаан да арыгылаах кэлэллэрэ. Урут наар хаама сылдьыбыт киһиэхэ, миэхэ дьэ, дьаабы этэ. Киһи биир үүтээҥҥэ тулуйбат бөҕө буоллаҕа. Чэ, хайдах эрэ гынан син ол кыһыны үүтээҥҥэ туораабытым. Бииртэн биир күн хотоҕос курдук субуллан ааһара. Күннээҕи түбүктэн, биирдэ эмэ тосхойор хас да күннээх арыгылааһыннартан ураты туох да суох курдуга. Хата, сороҕор туһах көрөн, андаатардаан аралдьыйарбыт. Анараа дьон сылгыһыт буолан, оннук олоро үөрүйэх этилэр. Мин дэриэбинэҕэ киириэхпин биир даҕаны билэр киһим суоҕа. Испэр таах сөбүлэһэн дии саныырым. Кыһын ортото ханна барыамый? Таҥас-сап мөлтөх. Хамнаһым дуомун арыгылаан кэбиһэрим. Сороҕор уолаттары кытта бурайсан ыла-ылабыт. Ити баара-суоҕа былырыын эбит. Былырыын саас баччаларга табыллан аҕай сылдьабыт. Биир уолбут дьонун балыгын уоран атыылаан уонна киһибит кыратык төлөөн, харчы бөҕө буоллубут. Дьааһыгынан арыгы ыламмыт үүтээммитигэр хас да күннээх омоллоон олоҕо буолла. Эгэ, сылгыларбытын көрөр аат кэлиэ дуо? Хата, арыгылыахпыт иннинэ маспытын-мууспутун бэлэмнэнэн кыһалҕа суох. Төһө өр арыгылаабыппыт буолла, түөрт-биэс күн буолуо. Дьэ, өйдөнөн баран, тобох-ибэх көрдөнүү буолла – биир уолбутугар кыра харчылаах эбит. Кыратык сэргэхсийэ диэн ааттаан, мин бу сырыыга дэриэбинэҕэ барыстым. Уһун кыһыны үүтээҥҥэ атаарбыт дьоҥҥо дэриэбинэҕэ киирии – куорат тэҥэ буоллаҕа. Биһиги үөрүү бөҕө. Дьэ, ол курдук оруобуна субуота күн түбэстэ. Уолаттарым дэриэбинэҕэ билэр дьонноох эбиттэр, төһөтүн да иһин ыаллыы нэһилиэк буоллаҕа. Өлүү түбэлтэлээх – бэйэлэрин дэриэбинэлэрэ быдан ыраах буолан уонна тойоммут көрүө диэн барбатыбыт. Киэһэ хараҥаран эрдэҕинэ, сыарҕалаах атынан сиэллэрэн, дэриэбинэҕэ тиийдибит. Билэр уолбут дьиэтигэр тута киирдибит. Соҕотоҕун олорор аҥаардас киһи буолан бэркэ табылынныбыт. Киһибит харчылаах дьон кэлбититтэн хомойбото. Эмиэ бэйэбит курдук хачыгаарын хамнаһын мэлитэн иһэр эрэйдээх эбит. Кыратык иттэн, чэйдээн баран быһаарыстыбыт. Мин дьиэлээҕи кытта туочука көрдүү барар буоллубут. Уолаттар аттарын сыбыдахтаан, чугас ыаллартан от уора бардылар. Чэ, ол курдук. Киһибин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ уулусса устун хаамса турдубут. Син обургу дэриэбинэ буолан, миэхэ бу дойду, чахчы, куорат тэҥэ көһүннэ. Туох имнэммитэ буолла, аара кулуупка киирдибит. Ыччат бөҕө, уоттаах-күөстээх дискотека эбит. Киһим дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалла. Мин аан аттыгар турдахпына биир ыччат үтэн ааста. Сирэйин өйдөөн көрбөккө хааллым. Аттыбар турар уолаттар, күлсэ-күлсэ, мин диэки өһүөннээхтик көрөн ылаллар. Таһырдьа тахсан табахтыы турдахпына, хата, киһим өр буолбакка кэллэ. Туочука ыйыталаспыт эбит. Биһиги начаас туочука булан, этэҥҥэ арыгы ылан дьиэбитигэр кэллибит. Уолаттар үөрэн ырдьаһа аҕай олороллор. От уора сылдьан биир ыал хоспоҕуттан сылгы этин «кып» гыннарбыттар! Биһиги бэйэ-бэйэбитин хайҕаһартан соло булбатыбыт. Арай, дьиэлээх улаханнык үөрбэт. Тугу да саҥарбата. Хайыамый, биһиэхэ син биир, туһугар олус табылынныбыт. Арыгылааһын-арыгылааһын курдук саҕаланна. Өссө кыра тыл этиилээх эҥин. Биһиги саҕа дьоллоох дьон суоҕун курдук. Кыракый ыыспа дьиэбит дыбарыас буолан сандаарда. Дьиэлээх саҕа үчүгэй киһи суоҕунуу саҥарсыбыппыт. Тоҥ сылгы ойоҕоһо бүтэрин саҕана, хас да буокка түгэҕин көрбүппүтүн кэннэ, арай, таһырдьаттан үс ыччат киирэн кэллэ. Кыра холуочуктар. Киирээт, дьиэлээҕи кытта илии тутуһан, остуолга олорбутунан бардылар. Биир балҕайбыт иһиккэ пиибэ тутуурдаахтарын остуолга уурдулар. Биһиги үөрэн сэгэс гына түстүбүт. Бу дьиэлээх бииргэ үлэлиир дьоно этилэр. Дьоммутун хайгыыртан соло булбатыбыт. Биир кэм «быраат» үөһэ «быраат». Сотору бары итирэн бардыбыт. Биирдэ өйдөөтөхпүтүнэ эмиэ хантан эрэ дьон кэлбиттэр! Хачыгаардарбыт суохтар. Били киирбит дьон быдьардык үөхсэр курдуктара. Остуолга бүк түһэн олорорум. Эмискэ сир-халлаан түҥнэстэргэ дылы гынна. Ыраах олоппостон киһи сууллар тыаһа иһиллиннэ. Биирдэ көрбүтүм – сылгыһыт уолум сиргэ хаан-билик буолан сытара. Онтон салгыытын өйдөөбөппүн. Сарсыарда уһуктубутум дьиэбит толору милииссийэ этэ. Барыбытын ол күн улуус киинигэр киллэрбиттэрэ. Оо дьэ, туһугар дьаабы күннэр этилэрэ. Өлөттөрө-өлөттөрө, доппуруоска эппиэттии сатаан ол эрэйэ. Кырбаныы да баара. Били түүн уолаттар, хата, улаханнык туохпун да эчэппэтэхтэр. Биир уолбутун ойоҕоһун тоһутан, иккис уолу чэчэгэйин тоҕо тэбэн өлөрөн, дьиэлээҕи муннун тоһутан иэдээн бөҕөтүн оҥорбуттар этэ. Хор, куһаҕан киһи оннук өлбөт үөстээх. Һа-һаах!.. Мин кэпсээнньиппиттэн кэлэйэн киэр хайыстым. Захар ол аайы кыһанан бэрт. Чочумча тохтуу түһээт, эмиэ кэпсээнин салҕаата. – Түүн арыгылыы олордохпутуна куораттан субуоталыы кэлбит түөрт устудьуон уол киирбит. Сураҕа, били хачыгаар уолаттарбыт ол иннинэ кулуупка айдаарсан баран, биир уолларын охсубуттар үһү. Ону көрдөөн булан, биһиэхэ тиийэн кэлбиттэр. Киирээт тута мордьооттообуттар. Ону дьиэлээх таһаартыыбын диэн охсуллан хаалбыт. Биһигини, итирэн нэһиилэ олорор эрэйдээхтэри, бурайталаан кэбиспиттэр. Өссө, аһара баран, дьиэ иһин бүтүннүү ыһан, түннүк тааһын алдьатан тахсыбыттар. Сарсыарда ыаллар таһынааҕы күүлэ түннүгэ алдьанан турарын көрөн, милииссийэлэри ыҥырбыттар. Силиэстийэ аан маҥнай барыах курдук буолан иһэн тохтообут. Сураҕа, оскуола дириэктэрин уола аах сылгыһыт ырааҕынан аймахтарын (ол сордоох тулаайах үһү) кытта кэпсэтэн икки сүүс тыһыынчаны биэрбиттэр этэ. Биһигини өр соҕус эрийэн баран ыыппыттара. Киһи олоҕо оннук икки сүүс тыһыынчанан боруостаннаҕа. Чэ, ыт уолаттара хайаатыннар даҕаны, хаһан эмэ түбэһэллэр ини. Һа-һаах! Кэлин бииргэ арыгыласпыт уолаттарбын көрсө иликпин. Ханна тиийбиттэрэ буолла? Син онон-манан сылдьан кыстаатым. Чэ, итинник түбэлтэ буолунай! Бүтүн кинигэ суруйуохха сөп. Бачча көрсүбүччэ, хата, харчыта иэстээ эрэ. Өлөттөрөн буорайдым. Мин биир иһит харчытын биэрээт, дьалты хаамтым. Захар кэннибэр баһыыба-махтал тылларын этэ хаалбыта. Ол кэннэ кинини көрсө иликпин. Бэйэтин курдук арыгыһыт дьахтарга олорор диэн кэпсииллэр. Дьон маҕаһыын таһыгар Захары көрөр үһү. Наар харчы умналаһар дииллэр. Ариан Протопопов- Куладьы * * * Кэпсээн “Бичик” кинигэ кыһатыгар “Үргэл” сериянан тахсыбыт “Айар эйгэҕэ айан” диэн эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньугуттан ылылынна. Бу хомуурунньукка айар эйгэҕэ саҥа үктэнэн эрэр эдэр, дохсун ааптардар кэрэхсэбиллээх, уус-уран тылынан чочуллубут, аныгы тыыннаах хоһоонноро итиэннэ киһи дууһатын өрүкүтэр, умсугутуулаах кэпсээннэрэ киирдилэр.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан