Кэпсээ
Войти Регистрация

Атыыр сибэкки

Главная / Кэпсээн арааһа / Атыыр сибэкки

K
edersaas.ru Категорията суох
21.08.2017 18:30
(КЭПСЭЭН САЛГЫЫТА. ИННИН 17.08. КӨР) Уһун кыһыҥҥы өрөбүл бутэн, Сэргэй тус арҕаа көтө турбута. Күүтүүлээх суруктар сүрэхтэн сүрэххэ илдьит тиэрдэллэрэ… Кырыа кыһын кыйдаммыта, сандал сааспыт эргийбитэ. Тыа сиригэр олох күөстүү оргуйара: Ленин төрөөбут күнүн көрсө үстүү күннээх коммунистическай субуотунньуктарга бары биир киһи курдук тахсан биир-биэс солкуобай хамнаһа суох, кыһыҥҥы уутугар улугуран турбут тыа баһын «Дружба» тыаһынан соһуччу сатарытан, курданаргынан тоҥ хаары кэһэ сылдьан саһаан охсуута; сопхуос уһун синньигэс эргэ хотонноруттан хаар туһэрии; маассабайдык төрүүр ынахтарга түүн дьуһуурустубалааһын; өрөбулэ суох үлэлээх ыанньыксыттары уочаратынан солбуйуу — нэһилиэккэ биир да тэрилтэ маннык күргүөм үлэттэн туора турбата… Ол быыһыгар олорор түөлбэлэринэн, тэрилтэлэринэн хайыһарга, мээчиккэ, кэнсиэргэ күрэстэр. Онно барытыгар таҥас-сап тиктиитэ, бэлэмнэнии тэрээһиннэрэ. Ыаллыы нэһилиэктэргэ сааскы тибии типпит суолларынан таһаҕас массыынатын куусабыгар тиэллэн бара-бара хардары-таары гастроллар, спорка табаарыстыы көрсүһүүлэр… Аны сотору-сотору, түмүктэрэ эрдэттэн биллэр да буоллар, үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэниллэр, бырааһынньык курдук далааһыннаахтык ыытыллар быыбардар. Манна мээнэ көстүбэт табаардары атыыга таһааран нэһилиэнньэни үөрдэллэрэ. Дьон-сэргэ, бары биир киһи курдук, сарсыарда алта чааска баран быыбардыыра, аҕыйах киһилээх учаастактар уон мүнүүтэнэн куоластаан бүппуттэрэ араадьыйанан иһиллэ охсоро, түмүктэрин оройуон киинигэр атынан, массыынанан ыыталлара билигин киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Онно барытыгар иилээччинэн-саҕалааччынан бастакынан хомсомуол ыччат буолара. Иллэҥсийэргэ, чуҥкуйарга бириэмэ да ордубата. Сотору айылҕа уһуктубута, тоҥ буору тобулааччы ньургуһун барахсан тыллыбыта, халдьаайы үрдэ сап-саһархай көбүөрунэн бүрүллүбутэ. Саха кэтэһэр маанылаах кэмэ — Сааскы Ньукуолун саҕаланан, күөххэ үктэнэн киһилиин-сүөһүлүүн өрө тыынар кэрэ кэммит эргийбитэ. Күнтэн күн кэрии тыа күөҕэ хойдон иһэрэ; тэлгэһэҕэ сылгы чыычааҕа ыраах айантан эргийэн кэлбититтэн үөрэн чырыптыыра, тахсан эрэр үрүҥ күнү уруйдаан кэҕэ куоталаһа-куоталаһа кукууктуура, онно кыттыһан бөтүүктэр хаһыытыыллара, сарсыардааҥҥы чуумпуга тохтоло суох сүүрдэ сытар үрүччэ кулдьугуруур-халдьыгырыыр тыаһа — барыта холбоһон туохха да тэҥнэммэт олох өрөгөйө буоллаҕа ээт! Онтон ордук туох баар үһү тыа сиригэр! Кус-хаас кэлэн, эр дьон саа сүгэ-сүгэ, ким матасыыкылынан, ким сатыы куска барбыта. Өбугэ саҕаттан кэлбит үгэһинэн, кыҺын устата мунньуллубут киртэн ыраастана, киэһэ дьон-сэргэ тэлгэһэтин кыраабыллаан, миинньиктээн, хотон сыбаҕын курулаан үрүҥ түүҥҥэ түптэ буруота унаарара эмиэ биир хатыламмат хартыына буоллаҕа. Маны баттаҺа аны сайылыктары сөхсүтүү, пиэрмэлэргэ көһүү түбүгэ-садьыга саҕаламмыта. Үрүҥ түүннэр үүммүттэрэ, айылҕа тупсуоҕунан тупсубута. Арай Сэргэй суоҕун курдук суоҕа. НэҺилиэккэ ыһыах ньиргийэн ааста, оскуола, кулууп улэһиттэрэ уоппускаларыгар тарҕастылар. Арай Надя дойдулаабакка доҕорун кэтэһэр. Биирдэ дьонун кытта төлөпүөннэһэн ыал буолан эрэрин, долгуйа-долгуйа иһитиннэрдэ, күтүөтү көрсөргө бэлэмнэнэллэригэр эттэ. Дьоно үөрүү бөҕө. Биир ардахтаах сарсыарда кыыс буочука уутун саамылыы тахсыбыта, арай Сэргэй аҕата уулуссанан ааһан иһэр эбит. Болдьообут курдук, утары уопсайтан Надя ыала суоппар Килимиэн тахсан, үөлээннээҕин ыҥыран ылла: «Хайа, Уйбаан, туох сонун?». Уйбаан: «Улахан суох. Арай бэҕэһээ киэһэ
уолум Сэргэй кийиит (?!) аҕалла». Надя истэн, чуут охто сыста. Биирдэ өйдөммүтэ, дьиэтигэр киирбит, кыргыттара уу иһэрдэ тураллар эбит. Кубарыйбыт сирэйин куттаммыттыы көрө-көрө: «Уой даа! Туох буоллуҥ?»— диэн үрүт үөһэ ыйыттылар… Надя дөйбут курдук олордоо-олордо, онтон кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан: «Сэргэй… кэргэннэммит», — диэн бэрт нэһиилэ ыган таһаарда. Дьиэҕэ уу чуумпу бүрүүкээтэ. Кыыс уйулҕата хамсаан, чабырҕайа кэйиэлээтэ, мэйиитэ эргийдэ. Баран оронугар сытынан кэбистэ. Кими да көрүөн да, истиэн да баҕарбата. Арай таһырдьа күүһүрэн кэлбит ардах курулаччы түһэрэ иһиллэр. Таҥнарыы күүстээх охсуутун соһуччу ылбыт кыыс хомойбут, хоргуппут ис туругун ийэ айылҕата барахсан алы гына сатаабыт курдуга. Ардах үс күнү супту тохтообокко суккуйда. Бу тухары Надя лип сытта. Бииргэ олорор буҕаалтыр кыргыттара аттыттан арахпакка буола сатаатылар, туох диэн уоскутуохтарын билбэтилэр. «Хонтуорабытыгар барбыппыт кэннэ, аны араас буолуо» диэн сэрэхэчийэн, дьиэлэрин ырааҕырҕатан эбиэккэ кэлбэт бэйэлэрэ бырыы да бадараан быыһынан уопсайдарыгар кэлэн аһыыр буоллулар, ону-маны кэпсээн сэргэхситэ сатаатылар. * * * Дэриэбинэ сураҕынан бэрт начаас туолла. Олохтоохтор Надежданы «Хаарыан үлэһиппит барар буолла» диэн эрдэттэн аһыйбыттара, уолларын мөҕүттэллэрэ. Хата соһуйуохтарын уонна үөрүөхтэрин быатыгар, кыыс дэриэбинэҕэ хаалар буолбута, оттон Сэргэйдээх кийиит дойдутугар олохсуйа барбыттара. Уол үөрэҕин кэтэхтэн көһөртөрбут этэ. Өр буола-буола дэриэбинэҕэ охсуллан ааһара. Биир сырыытыгар Сэргэй Надеждаҕа холуочуйан баран киирэн кэлбитэ. Кыыс кинини көннөрү билэр киһитин дуу, ырааҕынан аймаҕын дуу курдук судургутук көрсүбүтэ. Быһаарсыы буолбутугар, Сэргэй анараа билсибит кыыһа ыарахан буолан хаалбытын ылбыт курдук саҥарбыта. «Хайыах этибиний мин?» диэн хойуу өһөс баттахтаах төбөтүн көтөҕөн, ааттаһардыы өрө көрөн таһаарбыта. Ол эрээри Надеждаҕа билигин барыта синэ биир буолбут этэ. Туох баар урукку дьоллоох иэйиитэ, ыра санаата, таҥнарыы дьэбиннээх амтана — барыта ааһан хаалбыт курдуга. Олох салҕанан оргууй устубута. Эдэр үчүгэйкээн дьахтарга уруккутунуу элбэх киһи болҕомтотун уурара, ол эрээри кини кэһэй буолан, кими даҕаны итэҕэйбэтэ, чугаһаппата. Дууһата кубус-кураанах курдуга. Надежда Николаевна үлэтинэн эрэ олороро. Эргэ кулуубу өрөмүөннэтэн остуоруйа дьиэтин курдук оҥорторбута. Нэһилиэк, оройуон күрэстэригэр бочуоттаах миэстэлэри ылара, ырыа ансаамбыла, үҥкүүһүт оҕолор даҕаны улуус таһымыттан тахсан, Дьокуускайга саҥардыы тэриллибит «Хотугу сулус» куонкуруска кыттар, тэлэбиидэнньэҕэ уһуллар буолбуттара. Сэбиэдиссэй култуура туйгуна буолбута, хаартыската Бочуот дуоскатыттан түспэтэ. Надежда Николаевна киэһэ хойукка диэри репетициялаан тымныы кулууптан кэлэн тымныы оронун булара. Ити курдук кэм-кэрдии элэстэнэн испитэ. Биир күһүн оройуон киинигэр балыыһаҕа санитарнай киниискэ толорторо сырыттаҕына, сааһырбыт дьахтар бырааһа ыйытта: «Тоойуом, эн бу хаһан оҕолоноҕун? Сааһырыыҥ да чугаһаан эрэр курдук көрөбүн». Надежда дьэ «бабат» диэтэ. Кини күнэ арҕаалаан эрэрин санаабакка сылдьыбыт: тулатын көрүммүтэ, саастыылаахтарын оҕолоро оскуоланы бүтэрэн эрэллэр эбит, сорохтор бэлиэр сиэн минньигэс сытын билбиттэр. Били, кинини сэргээччилэртэн аттыгар биир даҕаны киһи хаалбатах. Сиэркилэттэн кинини хаһааҥҥыта эрэ
чаҕылхай кырааската суураллан хаалбытыныы өлбөөрбут, куттуун куурбут дьахтар одуулуура. Надежда маннык улугурууттан сылайбытын өйдөөбутэ. Саҥа уһуктубут киһилии, бэйэтин көрүнэр, тупсарынар түбүгэр түстэ. Эдэрдии элэстэнэн кэллэ-барда, элбэхтик оройуон киинигэр сыбыытаата. * * * Сулумах дьахтар чуҥкук олоҕор Кини киирдэ. Аныгы саха диэххэ дуу? Ырыынак тойоно. Уруккута биллэр спортсмен. Хаайыылаахтар билсиилээхтэрэ. Дьахтар аймахха сыстаҕас элик бэрдэ. Кэргэннээх, үс оҕолоох. Кини киһи саҥа көссүүттэн тоҕо аккаастаныай? Оттон Надежда олох олоруон баҕаран, оройуон киинигэр көһөн киирбитэ. Көссүүлэһэр дьон, буоларын курдук, чугас сыһыаннарын кистээбиттэрэ буоллар, туох даҕаны айдаан тахсыа суохтааҕа. Ону баара, кинилэр саҥа холбоспут дьон курдук аһаҕастык сылдьыбыттара. Бу киһи сокуоннай ойоҕо, обургу оҕолоро саакка-суукка киирэллэрин, ыал олоҕо айгырыырын Надежда аахайбатаҕа. «Мин даҕаны дьол амтанын билиим ээ» диэн олоҕор аан бастаан бэйэмсэх санаанан салайтарбыта. Нөҥүө дьылыгар кини ыарахан буолбута. Ийэ буолар үрдүк дьолго олоҕор аан бастаан тиксэн эрэриттэн сүрэҕэ үөрүүнэн туолбута. Кып-кыра оҕо хайдах сирэйдэниэн, илиилэрин тарбахчааннара тайбаҥнаһыахтарын өйүгэр оҥорон көрөрө. Маҕаһыыҥҥа саҥа төрөөбут оҕо таҥаһын-сабын, кэлээскэ сыанатын билсэрэ, тэлэбиисэргэ оҕо биэриилэрин көтүппэккэ көрөрө. Ол эрээри Айыыһыта киэр хайыспыта дуу, дьон тыла тиийбитэ дуу, анараа атаҕастаммыт дьахтар хомолтото, хоргутуута, кырыыһа тиийбитэ эбитэ дуу: Надежда Орто дойдуга кыыс оҕо, дьахтар буолан айыллан кэлбит сирдээҕи дьолуттан — ийэ буолар аналтан маппыта. Төрүүр болдьоҕун быдан инниттэн кинини балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Туруга ыараатар ыараан иһэрин иһин, куоракка суһаллык бөртөлүөтүнэн киллэрэн эпэрээссийэлээн оҕотун курдары ылбыттара. Бэрт мөлтөх уол оҕо икки эрэ хонон баран «төннөөхтөөбүтэ». Дьахтар куораттан хап-хара, хайа охсубут аҥаара буолан кэлбитэ. Наар аанньа, ол кэмҥэ киһитэ дьыалаҕа эриллэн хаайыыга утаарыллыбыта. Надежда таптала эмиэ табыллыбатаҕа. Надежда диэни тылбаастаатахха, эрэл диэн. Онон толору олох тугу даҕаны биэрбэккэ, эрэлинэн эрэ көөчүктэнэн аттынан аастаҕа дуу? «Үрүҥ түүн имэҥэ» Баишева-Федорова Людмила Алексеевна –Сыкына кинигэтиттэн. Уруһуй: интэриниэттэн.
edersaas.ru сайтан