Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Яшка” таптала
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Яшка” таптала
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.08.2017 18:05
Дьахталлар бастакы батальоннарын тэрийбит, салайбыт, Георгиевскай кириэс кавалера Мария Бочкарева Арассыыйаҕа аан дойду бастакы сэриитин сылларыгар итиэннэ 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ кэмигэр киэҥник сураҕырбыта. Сорохтор кинини Аҕа дойдуну быыһааччынан, оттон атыттар норуот кыр өстөөҕүнэн ааттыыллара. Бочкареваны үрүҥ сэриитин салайааччылара Корнилов уонна Колчак, бассабыыктар сирдьиттэрэ Ленин уонна Троцкай, АХШ 28-с бэрэсидьиэнэ Вудро Вильсон, кэлин Англия премьер-миниистирэ буолбут Уинстон Черчилль сирэй билэллэрэ, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. edersaas.ru “Мин — саллааппын” Үйэ анараа өттүгэр ыраах Петроград куоракка “Аврора” буускатын ытыыта Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга устуоруйа саҥа кэрчик кэмэ саҕаламмытын биллэрбитэ. Өрөбөлүүссүйэ поэта Владимир Маяковскай “Хорошо!” поэматыгар оччотооҕу сабыытыйалар тустарынан «Куда/ против нас/ бочкарёвским дурам?!/ Приказывали б/ на штурм». Онтон салгыы: «Первым / боязнью одолён / снялся / бабий батальон» диэн суруйар. Манна поэт алҕаһыыр. Унтер-эпиһиэр Мария Бочкарева батальона 1917 сыл күһүнүгэр Петроградка суоҕа, фроҥҥа инники кирбиигэ баара. Зимнэй дыбарыас көмүскэлигэр юнкердары кытта штабс-капитан А.В. Лосков хамандыырдаах дьахталлар батальоннара кыттыбыта. Кэлин Бочкареваны Смольнайга тутан аҕалбыттарыгар, Ленин бэйэтинэн бырастыы гынарыгар көрдөспүтэ диэн буолар. Ленини, Троцкайы кытта сирэй көрсөн кэпсэтиигэ саҥа былааһы кытта бииргэ үлэлэһэртэн кыккыраччы батыммыта, “Мин саллааппын, онон сэрии диэн тугун үчүгэйдик билэбин. Оттон бу эһиги билбэккит”, диэн хардарбыта үһү. Күн-ый буолбут Бук уола Кини толору аата Мария Леонтьевна Бочкарёва диэн. Новгородтан төрүттээх инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан нэһиилэ тиийинэн олорор Фролкиннар үһүс кыыстара кыра сааһыттан оччотооҕу кэм олох кыһарҕанын, дьахтар аймахха тиксэр атаҕастыбылы толору билэн улааппыта. Эрэйтэн-муҥтан быыһанаары уон биэстээх кыыс-дьахтар бэйэтэттин быдан аҕа Афанасий Бочкаревка кэргэн тахсарга күһэллибитэ эрээри, киһитэ эмиэ иһээччи, сутуругар сокуоннаах буолан биэрбитэ. Төһө да баарсалары куруустааһын, суолу оҥоруу курдук ыарахан үлэҕэ миккиллиннэр, Мария дьону салайар дьоҕурдааҕа биллибитэ. Күүстээх үлэттэн доруобуйата алларыйан, ускул-тэскил сылдьыбыта. Ол кэмҥэ Сретенскэйгэ атыыһыт Бук уолун Яковы (Янкель Гершев Бук) кытта булсар. Киһитэ хаартыһыт, онно эбии, сүүйтэрбит иэһин төлөһөөрү, хунхузтар баандаларыгар (кытай ороспуонньуктара) киирэн, талааһынынан дьарыктанар буолан биэрэр. Ол эрээри олох дьэбэрэтиттэн быыһаан ылбыт сүүлүк, уоруйах киһитинээн Мария олох бары охсууларын тэҥҥэ үллэстэр санаалааҕа. Хоту, ыраах Саха сиригэр 1912 сыл сааһыгар Яков Гершевич Бук ороспуойдааһыҥҥа буруйданан Дьокуускайга аннынааҕы Павловскай сэлиэнньэтигэр көскө ууруллар. Бочкарева тапталлааҕын батыһан сатыы Саха сиригэр кэлэр. Бук манна даҕаны халыыр, уорар дьарыгын бырахпат. Өр-өтөр буолбат, эмиэ тутуллан, аны Аммаҕа утаарыллар. Бочкарева эмиэ барсар. Тоҕо эбитэ буолла, кини олоҕун үөрэтэр устуоруктар бары кэриэтэ үтүктүспүттүү “Аммаҕа Хотугу Муустаах байҕал үргүөрэ биллэрэ”, “Мария онно соҕотох нуучча дьахтара этэ” диэн суруйаллар. Крафт ураты болҕомтотун ылыыта Бочкарева “Моя жизнь крестьянки, офицера и изгнанницы» диэн 1919 сыллаахха омук сиригэр тахсыбыт ахтыы кинигэтигэр бастаан утаа Яковы Халымаҕа көскө уурбуттарын, ону кэлин уобалас
күбүрүнээтэрэ Крафтыын чугастыы буолан, онон ураты болҕомтотун ылан, кини быһаччы көмөтүнэн Дьокуускай куоракка хаалларыллыбыттарын ахтар. Ону хайдах ситиһэргэ күһэллибитин сиһилии суруйар эрээри, үгүс устуоруктар ону сымыйаргыыллар. Сорох устуоруктар бигэргэтэллэринэн, Крафт Яковы түрмэттэн босхолотоот, Дьокуускайга эт лааппытын арыйарыгар диэн 500 солкуобайы биэрбитэ үһү. Төһө да бэргэһэлэммэккэ олордоллор, Мария Яковыгар таҥнарыытын ыараханнык ылынар, уксуус иһэн бэйэтигэр тиийинэргэ холонор. Кэлин Мария күбүрүнээтэри кытта сыһыана арыллан, Яков Крафты өлөрөргө сорунар. Кинини күбүрүнээтэр кэбиниэтигэр тутан ылан, Аммаҕа ыыппыттара диэн буолар. Мария Амматааҕы олоҕо Аммаҕа кэлэн Бочкарева Яковтыын эмиэ бытархай эргиэнинэн дьарыктаналлар. Киһитэ хаартылаан, хастыы эмэ хонукка сүтэн хаалатылыыр. Сүүйтэрэн кэллэҕинэ, араас сылтаҕынан Мариятын кырбаан, онон кыһыытын-абатын таһаарынар идэлэнэр. Кэнникинэн киҥэ-хаана алдьанан, иһэн-аһаан, киһилии сиэрин сүтэрэн, көрсүүтүн кырбыыра-атаҕастыыра күүһүрэр. Быраастар Марияны Яковы кытта олорор кутталлааҕын туһунан сэрэтэллэр. Бочкарева Амматааҕы олоҕуттан биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн кини ыкса билсиилээҕэ Георгий Гантимуров диэн сыылынай 1910 сыллаахха Хоҥкуйа диэн сиргэ Амма нэһилиэгэр бастакы чааһынай оскуоланы аһан үлэлэппитэ буоларын бэлиэтиэххэ сөп. Бочкарева ньиэмэстэри кытта сэрии саҕаламмытын истээт, фроҥҥа барарга тылланар. Манна итириксит илиититтэн суорума суолланыахтааҕар, Аҕа дойду иһин кыргыһыыга өлбүт ордук диэн санаанан салайтаран, тапталлаах Явовын быраҕан, Томскайга аттанар. Манна Крафт көмөтө баарын эмиэ ахталлар. Хорсун саллаат “Яшка” Буулдьа, снаряд ардаҕын анныгар Бочкарева дьахталлар эмиэ хорсуннук сэриилэһэр кыахтаахтарын итэҕэтэр, иккитэ бааһырар. Үс бойобуой мэтээл, Георгиевскай кириэс кавалерынан буолар, унтер-эпиһиэр чыыннанар, саллааттар ытыктабылларын ылар. Кини тэрийбит дьахталлар батальоннарын туһунан кэнники сылларга элбэхтик сурулунна, бэл киинэ уһулунна. Ол эрээри устуоруктар билиҥҥээҥҥэ диэри Бочкарева олоҕун тиһэх сылларын чопчулуур докумуоннары була иликтэр. 1921 сыллаахха кыһыллар Бочкареваны “оробуочай-бааһынай өрөспүүбүлүкэтин эйэлэспэт уонна кыр өстөөҕүнэн” ааҕан ытарга уурбуттара биллэр. Ол эрээри, сорох устуоруктар суруйалларынан, кинини Красноярскайга өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан АХШ-тан сылдьар суруналыыс, Бочкарева “Моя жизнь крестьянки, офицера и изгнанницы» диэн ахтыы кинигэтин суруйбут Исаак Дон Левин быыһаан ылбыта диэн буолар. Ол кэнниттэн бииргэ сулууспалаабыт киһитигэр эргэ тахсан, араспаанньатын уларытан, 1927 сыллаахха диэри, нууччалары сэбиэскэй Арассыыйаҕа күүс өттүнэн көһөрүү иннинэ, КВЖД-га олорбута үһү. 1992 сыллаахха “Бэлитиичэскэй реперссиялар сиэртибэлэрин реабилитациялааһын туһунан” РСФСР 1991 с. алтынньы 18 күнүнээҕи сокуонугар олоҕуран, Мария Бочкарева үтүө аата ырааһырбыта. “Яшка” Яковын дьылҕата Аан дойду бастакы сэриитэ саҕаламмытыгар Яков-Янкель, туох сыаллаах эбитэ буолла, эмиэ фроҥҥа барарга сананар. “Биһиги килбиэннээх аармыйабыт кэккэтигэр киирэн, Күн судаары, Аҕа дойдуну көмүскүүрү бэйэм дьолбунан ааҕыныам” диэн элэ-была тылын этэр, эмиэ даҕаны санитарнай этэрээккэ сулууспалыам этэ диэн көрдөһөр. Ол эрээри Санкт-Петербурдааҕы полиция департамена кини көрдөһүүтүн ылыммат. Бука, итэҕэлтэн тахсыбыт киһи диэтэхтэрэ. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ күннэригэр “норуот ыраахтааҕыны утары охсуһуутугар эмсэҕэлээбит” аатыран түрмэттэн босхолонор, Дьокуускайга Үлэ коммунатын салайааччытынан ананар. 1918 сыл сайыныгар Рыдзинскай этэрээтигэр
киирэн Бүлүүгэ походка сылдьар. Былаас уларыйыытыгар Гордеев баандатынан тутуллар уонна 1918 сыл алтынньытыгар Уус Кукка баран иһэн кыһылларга түбэһэн ытыллыбыта диэн буолар. Сорох суруйууларынан, кинини балаҕан ыйыгар үрүҥнэр “холуобунай бүрүстүүбүнньүк, ытылларга ууруллар” диэн атаарар суруктаах баржаҕа олордон Өлүөнэ баһыгар утаараллар. Уонна аара, Үөһээ Бэстээх кытылыгар таһааран, Павел Юшин, Федор Царев диэн кыһыл саллааттарын кытта бииргэ саа уоһугар туруорбуттар. Түмүк оннугар Марияны фроҥҥа биир сулууспалаахтара “Яшканан” билэллэрэ. Итинтэн даҕаны көстөрүнэн, “олоҕун аргыһа” Яковы, (баҕар, бастакы уонна тиһэх тапталын буолуо) Мария сүрэҕэр өргө диэри сөҥөрдөн илдьэ сылдьыбыт бадахтаах. Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан