Кэпсээ
Войти
Регистрация
Лара кыыс дьылҕата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Лара кыыс дьылҕата
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.08.2017 18:00
(Кэпсээн салгыыта. Иннин 03.08. аах) Бу кэннэ сыллар-хонуктар биллибэккэ түргэнник элэҥнээбиттэрэ. Лара кыыс ийэтэ итирик сылдьан соһуччу тоҥон өлөн, ыкса турар атын улууска көһөн, аймахтарыгар олохсуйан, уон кылаастаах оскуоланы онно бүтэрбитэ. Билигин кини улаатан, ситэн-хотон тупсан, олус кыраһыабай кавказ омук кыыһын курдук буолбута. Ол гынан баран, олоҕун ыараханыттан эбитэ дуу, эбэтэр наар уолаттар ортолоругар улааппыт буолан дуу, наһаа тыйыс этэ. Бэл, бэйэтиттэн тэйитэр туох эрэ туспа күлүк курдук киниэхэ баара. Лара улаатан, үлэһит буолан, ахтылҕаннаах төрөөбүт сиригэр төннөн кэлэн, парикмахерынан үлэҕэ киирбитэ. Манна кыра кылаастарга үөрэммит сылларын кини саныан да, кэпсэтиэн да баҕарбата. Сүрдээҕин кыбыстара уонна хоргута саныыра. Били, арааһынай өҥнөөх сабыс-саҥа тэтэрээтин кылааһын оҕолоро атаҕастаан хайыта тыыппыттарын, олоҕор собус-соҕотох хаалбытыттан мэлдьи кыһыйа, быыппаста сылдьар учуутала токур тарбаҕынан ыарыылаахтык оройго охсорун, ама, умнуо дуо?! Төһө да ааспытын иһин, дууһатыгар ыарахан этэ. 1989 сыл. Күүтүүлээх ыһыах күннэрэ дьэ саҕаламмыттара. Куоллара уонна Биэтэмэ үрэх күүстээх, бөҕө ыччаттара күрэс былдьаһан күөн көрсүбүттэрэ, ырыаһыттара тойук туойбуттара. Онтон сарсыарданан бары илии-илиилэриттэн тутуһан, аламай күнү көрсө киэҥ түһүлгэ оҥорон, наһаа эйэлээхтик оһуокай тылын эппиттэрэ. Эргиччи күп-күөх, күн да күн, самаан сайын кийиит кыыс курдук саамай тупсан турар кэрэ кэмэ этэ. Бастыҥа алаас кырыытыгар үүммүт араҕас дьураалардаах бөлкөй талах быыһынан сырдык таҥастаах икки эдэр киһи аргыый сэргэстэһэ хаамсан иһэллэр. Саһан туран бу аанньаллары өйдөөн көрдөххө, үп-үрүҥ былааччыйалаах, моонньугар былааттаах, дьылыгыраабыт көнө уҥуохтаах хатыҥыр кыыс күлэ-күлэ ону-маны кэпсиир быһыылааҕа. Кэпсиирин быыһыгар, мэнигилээн буолуо, нарын-нарыннык көтө-дайа хамсанан доҕорун сибэкки дьөрбөтүнэн тамнааттыыр. Биирдэстэрэ үөһэттэн сэбирдэхтии тэлибирээн түһэр, арааһынай дьүһүннээх таптал бэлэхтэрин илиитинэн сэмээр туора хаһыйталыыр, ол быыһыгар, сороҕун хабан ыла-ыла түөһүн сиэбигэр уктар уонна күлэн лаһыгыратар. Бу Ларалаах Андрей этилэр. Уол төрөөбүт дойдутугар сынньана, кыыһын кытары көрсө кэлбит биир умнуллубат кэтэһиилээх кэмэ этэ. Арай хомолтолооҕо диэн, доҕоро Андрей аны икки хонугунан үлэтигэр Намҥа барыахтааҕа. Күн тахсыыта ыам бырдаҕа саба түһэрин аахсыбакка, Куоллара үрэх сыырынньа кытылыгар икки хара күлүк хаамсан киирбитэ. Кинилэр хаһан да арахсыа суохтук куустуһан турбуттара. Онно икки сүрэх тигинэччи тэбэр тыаһа тохтоон ылар курдук чуумпутугар, кыракый үрэх сүүрүгэ үтүрүйсэн чалымныыр тыаһыгар маннык тыллар сибигинэһэн иһиллэллэрэ. “Лара, эйигин таптыыбын даҕаны!…” . “Мин эмиэ, Андрей!”. “Мин хаһан даҕаны тапталбын түһэн биэриэм суоҕа, эрэн. Күһүн уоппускабын ыллахпына, холбоһон ыал буолуохпут!…” . “Мин ыраас тапталбын эйиэхэ эрэ анаан, харыстаан илдьэ сылдьыаҕым!…”. “Сөп, сөп, өйдөөтүм!..”. “Андаҕайабын!..”. “Мин эмиэ андаҕайабын!” Бу андаҕайсыылаах кистэлэҥ сипсиһиини үрэх уҥуортан биир ыйаастыгас харахтаах, уһуктаах муруннаах, чулбугур, саһыл курдук сирэйдээх сырдык уол саһан олорон уоруйахтыы истибитэ уонна, хатырбыт сымыһаҕын быһа ытыраат, иҥсэлээхтик кыбдьыгыраан ылбыта. — Дьэ, хайабыт буолар! Итиччэ
үчүгэй кырасыабай кыыһы бастаан мин иннин ылыахтаахпын, эн сордоох үлэҕэр бара сатаа. Күһүөрү сайын кыыс бу төрөөбүт дэриэбинэтиттэн олох көһөн барардыы оҥостубута. Уолугар Андрейга сурук суруйбута. «Эн миигин мантан букатыннаахтык илдьэ бар” диэн. Биричиинэтэ биллэр этэ, уолаттар кыыһы сүгүн-саҕын сырытыннарымаары сордууллара. Онно-манна тоһуйа, хаайа сатыыллара. Олортон били, чулбугур сарыннаах саһыл уол олох наһаалыыра, холуочуйан кэлэ-кэлэ “күүлэйдии барыахха” диэн модьуйара. Кини хаста да сирэйгэ таһыллан уулуссаҕа анньыллыбыта да, тохтуох быһыыта суоҕа. Сороҕор Лара хараҥаҕа соҕотоҕун таһырдьа да кыайан тахсыбат түгэннэрдээҕэ… Бу кэмҥэ Лараҕа Андрейтан күүтүүлээх күндү сурук почтанан тигинээн кэлбитэ. “Атырдьах ыйын бүтэһик күнүгэр эйигин ыла тиийиэҕим, бэлэм олороор” диэбит этэ. Кыыс үөрүүтүттэн олох көтө-дайа сылдьара. Халандаарын кыракый лиистэрин биир-биир хайыта тардан суох оҥортуура. Күн-дьыл илистиилээхтик аастар ааһан, уол кэлэрэ тиийэн кэлбитэ. Лара барахсан таҥаһын-сабын хомуммута, чугас дьонунаан быраһаайдаспыта. Сарсын мантан букатыннаахтык барыахтааҕа… Арай, ол күн чугас дьүөгэтэ соһуччу “миэхэ баһаалыста кэлэ сырыт” диэн илдьит ыыппыт этэ (баҕар, ол соруйан оҥоһуу буолуо). Ол тымныы киэһэ кини били дьүөгэтиттэн хойутаан дьиэтигэр ыксалынан кэлэн истэҕинэ, кэлээскэлээх кыһыл матасыыкыл иннин күөйэ тохтообута. Күлүгээттэр үһүөлэр этэ. Күлсэн ымаҥнаспыттара. Кыыһы хаһыытаппытынан сутуруктарынан охсон дөйүтэн түһэрээт, матасыыкыл кэлээскэтигэр симпиттэрэ уонна тэйиччи турар алаас диэки быылы бурҕачытан тэптэрэ турбуттара. Онно… онно быраҕыллыбыт өтөххө, тыын киллэринэн өйдөнө охсон өсөһөн чирээхтэһэ сылдьар кыыһы часкыппытынан соһон киллэрэн, күлсэн алларастаһа-алларастаһа айаҕар күүстэринэн арыгы куппуттара уонна кыыс эрэйдээҕи таҥаһын-сабын ньылбырыта тыытаат, түүнү быһа дьаабылаабыттара, сордообуттара. Эдэркээн кыыс чэгиэн маҥан этин үлтү тэпсэн, тэстэр тэллэх оҥостубуттара, уочаратынан былдьаһа-тарыһа таҕылларын таһаарбыттара. Тыытыллыбатах ыраас таптал, уйан таптал хаанынан, харах уутунан таммалаан өтөх кирдээх буоругар көмүллүбүтэ. Сарсыарданан икки уол баҕалара туолан, тарҕаһар аакка барбыттара. Арай, били саһыл сирэйдээх уол, өссө да санаата астыммакка, кыыс сордооҕу аны дьиэтигэр көтөҕөн илдьибитэ. Онно хаайылла сытан, баттаҕыттан соһулла сылдьан, кырбана-кырбана, өссө сидьиҥник күүһүлэммитэ: «Эн миэхэ үйэҥ тухары тэстэр тэллэҕим буолуохтааххын, сөп дуо?!»- диэн уордаах ньааҕынас саҥа дьиэ хараарбыт истиэнэтин өтөн тахсан, уулусса быыллаах салгыныгар симэлийэ сүппүттэ. Бу кэннэ “дьэ туох баар кыһыыбын барытын ситтим” дии санаат, кыыһы тыа саҕатыгар илдьэн быраҕан кэбиспитэ. Үлтү кырбаммыт, күүһүлэммит, кумаарга-үөҥҥэ дэлби сиэппит, иилистэ арбайбыт баттахтаах, номнуо кырдьыбыт киһилии кэхтэ дьүһүннэммит Лара кыыс эмискэ өйдөнө биэрбитэ. Тулатыгар саҥа суһуктуйбут халлаан сөрүүн салгыныттан ураты киниэхэ көмөлөһүөх, илиитин уунуох туох да, ким да суох быһыылааҕа. Бастаан ханна ааттаах кэлэн сытабыный дии санаата. Илиитин, атаҕын хамсатан көрбүтэ да… барыта күп-күөх, таарыйтарбат амырыын ыарыыта этэ, иһин түгэҕэ уотунан аһыйан ыалдьа сытара. Ол да буоллар, көһүйэн хаалбыт атахтарын аргыый аҕай хамсатан, илибирии-илибирии тобуктаата, илиилэрэ, синньигэс биилэ биллэр-биллибэттик титирэстииллэрэ. Аттыгар ыкса турар
хаппыт бөдөҥ чөҥөчөккө, аһыннаттарбын диэбиттии, бүк түһэн ытаан купчугур санна ыгдаҥнаан барда: «Андрейым, доҕорум, эн миигин бырастыы гын, тапталбын таҥнардым… Аны кэлэн олох олорон да диэн, мин бүттүм быһыылаах. Быраһаай! Андаҕарбын харыстаабатым! Бүгүн эн кэлэҕин, онтон мин… Хайыах баҕайыбыный, кимиэхэ этэн көмүскэттэрэбин, убайдарбар бараммын үҥсэбин дуу»… Киниэхэ оҕотук акаары өйүгэр эбэтэр оччотооҕу олоҕунан сэдиптээн кыбыстан эбитэ дуу, тоҕо эрэ милииссийэҕэ тыллыахха диэн санаа олох киирбэтэҕэ. Лара нэһиилэ оттон-мастан тутуһан, өйөнөн, алтахтаан хааман дэриэбинэ диэки бараахтаабыта. Халыҥ хаххатыгар дьиэтигэр тиийэн күүлэтин кирилиэһигэр олорон, таҥара куупалын үрдүнэн кытаран көстөр кураанах баата былыты көрөн өр да өр соҥуоран олордо. Кини аны дьоллоох, киһилии олоҕу хаһан да олорботун өйдөөбүтэ. Бүппүтэ барыта — эдэр сааһа, инники кэрэ ырата, кэскилэ, доҕорунаан күһүн сыбаайбалыыра, үөрэрэ-көтөрө… Үчүгэй да этэ ыһыахха, били, Андрейыныын сиэттиһэ хаамсыбыттара… Ону санаат, саҥа таһааран маккыраччы ытаабыта. Бу кэмҥэ дьиэ иһиттэн улахан убайа тахсан кэлбитэ, орто холуочук этэ. Балта иэйэн туран ытыырын, таҥаһа-саба илдьирийбитин, кырбаммытын көрөөт да, барытын өйдөөбүтэ. — Хайа, Лара, туох буоллун? Ким? Кыыс умса туттан ытаан сыҥсыйа олорон, көмүскэһэр киһи көстүбүтүттэн арыый уоскуйа быһыытыйан, обургу соҕустук саҥаран ботугураахтаата: — Ааттарын билэтэлээбэппин, көрөн эрэ, кыһыл өҥнөөх кэлээскэлээх матасыыкыллаахтар этэ. Убайа сордоох биир сири тобулу көрөн тураат, сэрэхэчийбит куолаһынан: — Матасыыкылларын ветровига күөх этэ дуо? — диэтэ. — Оннук, күөх быһыылааҕа, ыытааччыта били чулбугур муннулаах сырдык уол. Убайа буолуохсут кимнээҕин тута сэрэйбитэ даҕаны, ол дэриэбинэни сутуруктарыгар хам тутан олорор сидьиҥнэри кытары аахсар кыаҕа суох этэ. Баҕар, кинилэртэн олуһун куттанара эбитэ буолуо. Киниэхэ билигин балтынааҕар буолуох ордук төбө абыраҕа наада быһыылааҕа, ол иһин Лараҕа эргиллэн “милииссийэҕэ баран үҥүс” диэт, ыксаабыттыы тэйэ хаампыта. Кыыс манна дьэ өйдөөбүтэ, үс убайа кинини хайдах да кыайан көмүскэһэр кыахтара суоҕун, күүстэринэн даҕаны, санааларынан да мөлтөхтөрүн. Бу олорон уутугар аҥаарыйан дуу, түҥ-таҥ баран ылбыта, иннигэр тоҥон өлбүт, күп-күөх сирэйдэммит ийэтэ ибигирии турара. Кини маннык диэн бабыгыраан саҥарара: — Тоойуом, Кылаара, дьиэҕэр киирэҥҥин утуйан хаалаахтаа, ол кэннэ киэһэ били уолу халдьаайыга мин аттыбар ыҥыраар, онно барыта быһаарыллыаҕа, — диэт, симэлийэн хаалбыта. (Салгыыта бэчээттэниэ) Егор Федоров – Долун “Хопто хаһыыта” кинигэтиттэн Хаартыска: интэриниэттэн. *** Эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн, олох аһыытын-ньулуунун эрдэ билбит ааптар кэпсээннэрэ ааҕааччыны толкуйдатар, баар быһыыны-майгыны ыараҥнатан көрөр, эмиэ да сэрэтэр тосхоллоохтор. Кинигэҕэ “Хопто хаһыыта”, “Хаарты иэһэ”, “Лара кыыс дьылҕата” уо.д.а. кэпсээннэр киирдилэр.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан