Кэпсээ
Войти Регистрация

Лара кыыс дьылҕата

Главная / Кэпсээн арааһа / Лара кыыс дьылҕата

K
edersaas.ru Категорията суох
03.08.2017 18:00
(Дьиҥ олохтон кэпсээн) Мэҥэ улууһун Бастыҥа уонна Сиэр Атыыр диэн ини-бии алаастар икки ардыларыгар “эһиги биэтэмэлэргит”, “оттон биһиги куоллараларбыт” диэн хос-хос ааттанан үөскээбит, тэриллибит түгэх дэриэбинэ. Дэриэбинэ Куоллара диэн Суола үрэх синньигэсчээн салаатыттан ууланан аһыыра. Кини Саха сирин бүк саһан сытар дэриэбинэлэриттэн туох да дьикти, оннук үлүгэрдээх уратыта суоҕа. Син биир оборчо бадараанынан ыбылы туолбут чаллырҕас тыастаах кыараҕас уулуссалардааҕа, үлэһит, сымнаҕас майгылаах дьоннооҕо, сүрэҕэ суох, чанчарык, бытынан, кулахынан туолбут да ыаллар бааллара. Арай, үксүлэриттэн улахан уратыта диэн, былыргы үйэҕэ тутуллубут багдайбыт нууччалыы таҥара дьиэлээҕэ эбитэ дуу… 1979 сыл. Олунньутааҕы тымныы күн арыый сэниэлээхтик уһаан, тэйиччи дьурааланан көстөр туманнаах саҕахтан аа-дьуо тэмтэйэн быган тахсыбыта. Бастаан барыларыттан саамай үрдүктүк ньолойон хаара хастаммыт, кубарыччы хаппыт ньолбуһах таҥара дьиэтин хара куупалын тыкпыта. Онтон аргыый аҕай сыҕарыйан, аллараа диэки түстэр түһэн, үрүҥ бэргэһэни кыҥнары кэппит дэриэбинэ эргэ бөлөх дьиэлэрин эргиччи сырдаппыта. Ону тэҥэ ханна эрэ киһиргэс, эрдэһит ыттар үрэн баргыстылар, сопхуос тыраахтардара тарыластылар, дьиэлэр турбаларыттан ыксаабыт унаар буруолар куоталаспыттыы киэҥ куйаар диэки харбыаластылар. Быһата, дэриэбинэ барахсан түүҥҥү уһун уутуттан уһугунна диэн кэбиһиэххэ. — Хотуой, тур, оскуолаҕа барар кэмиҥ буолла, — кэһиэхтээх итирик саҥаттан соһуйан, уоллуу кырыллыбыт кылгас баттахтаах кыракый Лара кыыс күөдэл курдук ыһыллыбыт тимир ороҥҥо чараас суорҕанын туора хаһыйан олоро биэрдэ. Чугас истиэнэҕэ сыста саайыллыбыт уотун кунуопкатын харбыалаһан, дьиэтин иһин сырдата оҕуста. Төкүнүк хап-хара хараҕынан куттаммыттыы тулатын кылап-халап көрөөт, дьиэ салгына тымныынан хаарыйарыттан ыксаан, тобуктанан хаалбыт кирдээх рейтуза ыстаанын булан, таҥнан букунайаахтаата. Лара кып-кыараҕас ыһыллаҕас дьиэтин иһигэр ийэтэ суоҕа да, бу кутталлаах саҥа кыыс кырачаан мэйиитигэр ааспыт күһүҥҥүттэн хатанан хаалаахтаабыт. Быһаччы эттэххэ, балаҕан ыйын бастакы күнүттэн пиэрибэй кылааска киириэҕиттэн эбитэ дуу… Түүнү быһа итирик дьон ньамалаһыытыттан утуйбатах оҕо сарсыарданан саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, ийэтэ буолуохсут баттаҕыттан чанчыктаан уһугуннаран турардаах. Этэргэ дылы, били, дьону ууларыттан уйгуурдан туруортуур тырылыыр да чаһы наадата суох курдук. Бүгүн эмиэ кини дьиэтин таһыгар боруоран турар алта кылаастаах оскуолатыгар тахсыахтаах. Үөрэнэ. Ааҕа-суоттуу. Онно кини барыан отой баҕарбат. Онно… оҕото да, эрэ да суох кырдьан-сорсуйан эрэр учуутал дьахтар, охсор-тэбэр, атаҕастыыр орой мэник оҕолор. Кинини кытары ким да кэпсэппэт, оонньообот. Оҕолортон эрэ мара таҥастаахтара кини, оҕолортон эрэ үөрэҕэр мөлтөх кини, эбиитин олох саҥата суох, муннугу-хайаҕаһы кэйиэлии сылдьар муҥкук кыыс буолаахтаатаҕа. Бука, ити барыта төрөппүттэриттэн сылтаан буолуо. Аҕата суох, ханна барбытын дуу, сүппүтүн дуу кини билбэт, ыйыталаспат даҕаны. Оттон ийэтэ, саһыл пиэримэтин остуораһа, дэриэбинэ биллэр-көстөр иһээччитэ этэ. Кыыс тымныынан хаарыйар муоста устун сыбдыйан, иһитинэн томточчу туолбут остуол баһыгар кэлэн, тугу эмэ сиэтэрбин диэн ону-маны тутан өҥөҥнөөн көрдө… Ити кэмҥэ таһырдьа бүтэҥи тыас тилигирээтэ: тоҥ аан
арылла биэрээтин кытары, хас да киһи кырыаны кытары куустуһан, арыгы сытынан тунуйан иһирдьэ кутуллан киирдилэр, олор быыстарыгар ийэтин хара бэргэһэлээх төбөтө лэкээрэр. Лара кыыс кыбыстан иһирдьэ куотта. — Хайа, бу оҕолор өссө да оскуолаларыгар бара иликтэр эбит дуу?! — ийэтин ньалыгыраабыт холуочук саҥата иһилиннэ. Саһыл ферматыттан бүгүн эмиэ кып гынан аҕалбыт тоҥ эт кырбастарын күөдэлэммит остуолга таҥнары тутаат: — Лаара, хотуой, тугу сиэри остуолу тиҥсириҥнии сылдьаҕын, убайдарыҥ турбуттара дуо? Иһирдьэ быыс кэннигэр киниттэн аҕыйах сыл аҕа үс убайа өссө да утуйа сыталлар этэ, муннуларын тыаһа буккуруура. — Суох, утуйа сыталлар. — Бар, уһугуннартаа! Кыыс эрэйдээх, кумуччу туттаат, соҥуорбутунан таҥас быыстаах хос диэки хайыһаахтаата. Бу курдук кинилэргэ, оҕолорго, эмиэ биир хобдох күннэрэ саҕаламмыта. (Салгыыта бэчээттэниэ) * * * Егор Федоров – Долун “Хопто хаһыыта” кинигэтиттэн. Эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн, олох аһыытын-ньулуунун эрдэ билбит ааптар кэпсээннэрэ ааҕааччыны толкуйдатар, баар быһыыны-майгыны ыараҥнатан көрөр, эмиэ да сэрэтэр тосхоллоохтор. Кинигэни «Бичик» маҕаһыыннарыттан ылыахха сөп. Манна “Хопто хаһыыта”, “Хаарты иэһэ”, “Лара кыыс дьылҕата” уо.д.а. кэпсээннэра ааҕыаххыт.
edersaas.ru сайтан