Кэпсээ
Войти Регистрация

Ынырык ыарыыны тулуйбута

Главная / Кэпсээн арааһа / Ынырык ыарыыны тулуйбута

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.09.2019 16:29
— Сир саарын киэҥ киэлитигэр киһи аймах былыыр-былыргыттан төрөөн-үөскээн, ууһаан-тэнийэн, бачча үйэҕэ тиийэн кэллэҕэ. Ол тухары олоххо улуу да, соччо уһулуччута да суох көннөрү, боростуой айдарыылаахтар, тыаҕа үүнэр мас тэҥэ суоҕун кэриэтэ, олордохпут, — диэн Зоя Федоровна кэпсээнин саҕалаабыта. — Мин уолум кылааһынньыга Альфред диэн баара. Өлөөхтөөбүтэ. Киһи да аһынар. Уолум аах кылаастарыгар баара-суоҕа тохсуолар эрэ этэ. Кыра нэһилиэк оскуолата буоллаҕа. Уолаттара элбэх буолан, оскуола үрдүнэн учууталлары кытта этиһэр, мэниктиир, бэрээдэгэ суох «баппат» кылаас аатыраллара. Ол эрээри Альфред, Алик кылааһын оҕолоруттан, бэл, кыргыттарынааҕар көрсүө, сэмэй майгылааҕа. Олус аһынар этибит. Алик оскуолаҕа киириэн иннинэ ийэтэ өлбүтэ. Онон аҕалара икки быыкаа уолаттарын кытта тулаайах хаалбыттара. Хата, аймахтара, эдьиийдэрэ көмөлөһөр быһыылаахтара. Ол да гыннар төрөппүт ийэни, ама, ким солбуйуой, эдьиийдэр аата эдьиийдэр. Аһаппыттарынааҕар-таҥыннарбыттарынааҕар мөхпүттэрэ-такайбыттара быдан элбэх буолуо... Алик ийэлээх аҕата иккиэн учууталлар этэ. Онон уол кыра эрдэҕиттэн үөрэҕэр олус кыһамньылааҕа, ону ааһан бэйэтэ даҕаны үөрэҕи олус ылынымтыа этэ. Кини бэһискэ үөрэнэ сырыттаҕына аҕалара суох буолбута. Тулаайах хаалбыт уолаттары аймахтара ииппиттэрэ. Алик маҥан, уһун уол буола улааппыта. Ол эрээри олус ырыгана. Кылааһынньыктара улаатан, кыргыттары дьээбэлээн, ытатан, баттахтаан араас быракааһы оҥороллоро. Онно даҕаны кини кыттыспата, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьара. Ити быыһыгар кылааһынньыктара олохтоох ыччаты, кыра кылаас уолаттарын, атын нэһилиэктэн да сылдьар уолаттары кытта бурайсан турдахтарына эмиэ кыттыспата. Били, туох дииллэрий, «батааньык» диэбит курдук уол этэ. Дьиэтигэр да сырыттахха, наар кинигэ тутуурдаах олорор буолара. Хата, уолаттара кинини кимиэхэ да атаҕастаппат этилэр. Кыра кылаас уолаттара оннук-маннык диэн күлүү гыннахтарына оройдорун хаһаллара. Уолаттарбыт ол курдук улаатан оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Ким ханна барарынан, баһа батарынан диэбиккэ дылы, араас үөрэххэ киирэн тарҕаспыттара. Алик СГУ геолого-разведочнай бакылтыатыгар киирбитэ. Хата, уопсай эҥин биэрбиттэр этэ. Устудьуоннуур кэмигэр элбэҕи билэр-көрөр, аахпыт буолан, үөрэҕэр соччо ыарырҕаппат быһыылааҕа. СГУ-ну аа-дьуо бүтэрбитэ. Кыргыттар-уолаттар үксүлэрэ ыал буолан, оҕолонон, олохторун оҥостон киирэн барбыттара. Алик үөрэҕин бүтэрэн, төрөөбүт нэһилиэгэр анатан, география учууталынан үлэлии кэлбитэ. Дьонун иччитэх турбут дьиэлэрин сөргүтэн олохсуйбута. Быраата оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга үөрэнэ сылдьара. Алик кыыс эҥин диэҥҥэ олох чугаһаабат, кыбыстанньаҥ уол этэ. Үчүгэй баҕайытык учууталлыы сылдьыбыта. Эбии үөрэххэ киирбитэ. Кыһыары күһүн ол үөрэҕэр Дьокуускайдаабыта. Биирдэ истибиппит, уолбут Дьокуускайга балыыһаҕа киирбит. Улаханнык ыарытыйар эбит. Туоһулаһан билбиппит, оһоҕоһо чарааһаан хайа барбыт диэбиттэрэ. Биһиги, үйэбитигэр оннук ыарыы баарын истибэтэх дьон, олус соһуйбуппут. Куоракка үөрэнэ сылдьар кылааһынньыктара баран көрсөллөрө. Улахан эпэрээссийэни ааспыта. Оһоҕоһун быһан ылан бырахпыттар, куртаҕыттан быһалыы туруупка холбообуттар, аһа тута тахсан иһэр гына салапаан кэтэрдибиттэр эбит. Эдэр киһиэхэ ынырык буолбатах дуо? Ол курдук суорҕаннаах-тэллэххэ өр баҕайы сыппытын кэннэ, Медкииҥҥэ быраастар аккаастаан, уолу күһүөрү соҕус дойдутугар ыыппыттара. Оройуон киинин балыыһатыгар салгыы эмтэммитэ. Ол
кыһын Дьокуускайтан уолум кэлбитигэр: — Доҕоргун баран көрүс. Сайыҥҥааҥҥа диэри тиийээхтээбэтэ буолуо. Аккаастаан ыыппыттар, — диэбитим. Онуоха уолум хап-сабар балыыһаҕа бара сылдьыбыта. Хараастан аҕай кэлбитэ. Ытыы сыһа-сыһа: — Алик сайын кылааһынан көрсүөхпүт диэхтээтэ, — диэбитэ. Биирдэ Дьокуускайтан Медкиин үлэһиттэрэ оройуон балыыһаларын көрө-истэ сылдьан, биһиэхэ, Бүлүү балыыһатыгар, эмиэ таарыйбыттар этэ. Онно кинини көрөн баран: «Бу киһи билигин да тыыннаах эбит» диэн олус соһуйбут сурахтарын истибиппит. Өссө соһуйуохтарын, Аликпыт балыыһаҕа эмтэнэн, арыый да буолбута. Бэйэтэ хаамар, наадатыгар сылдьар буолбута. Онтон күүс ылан дьиэбэр, дойдубар тахсабын диэн, сааһыары балыыһаттан тахсыбыта. Эдэрэ бэрт буоллаҕа. Оччолорго 25-һэ эрэ буолуо... Алик инбэлииккэ тахсыбыта. Ол биэнсийэтигэр олороро. Сайын оскуоланы бүтэрбиттэрэ уон сылын ылбыттара. Бары кэлбиттэр этэ. Мин уолум көрсүһүүттэн кэлэн баран, Алик соҕуруу эпэрээссийэлэнэ, салгыы эмтэнэ барыан баҕарарын туһунан эппитэ. — Ийээ, киһиэхэ сибиинньэ оһоҕоһун олордоллор үһү дии. Сибиинньэ уорганнара барыта киһи киэнин курдуктар үһү. Оннооҕор ити мааткатыгар киһи оҕотун улаатыннараллар үһү. Тэлэбиисэргэ көрдөрөөччүлэр дии? Баҕар, Аликка, оннук эпэрээссийэни оҥоруохтара. Кини эмтэниэн наһаа баҕар-аар... — диэбитэ. Алик хантан эмтэнэ бараахтыай, аккаастаабыттарын кэннэ? Харчыта да суох буолаахтаатаҕа. Билиҥҥээҥҥэ диэри оннук ыарыылаахтары истэ иликпин. Бука, оҕо эрдэҕиттэн сылаабай истээх-үөстээх буолан, онно эбии тулаайах аас-туор олоҕо таайан, устудьуоннуу сылдьан аччыктаан (ким харчы ыытыай) ыарыһах буолбута буолуо. Алик балыыһаттан тахсан баран, өссө 6 сыл олорбута. Санаан көрүҥ, оһоҕоһо суох, өссө алта сыл... Кэлин эрэлэ барыта эстэн, санаата оонньоон, «бүттүм быһыылаах» диэн, хаһан да табахтаабатах бэйэтэ табахтыыр, арыгылаабат бэйэтэ итирэн хаалар идэлэммитэ. Кэргэннэммэтэҕэ даҕаны, оҕоломмотоҕо даҕаны... Быһаас 32 сааһыгар сырдык тыына быстыбыта. Алигы тиһэх суолугар атааралларыгар: «Эдэрэ бэрт, сүрэҕэ үчүгэй буолан тулуһа сатаахтаата...» — диэбиттэрэ. Дьиҥэр, хара өлүөр диэри эмтэниэн олус баҕарара эбээт. Светлана ТИМОФЕЕВА.
kyym.ru сайтан