Кэпсээ
Войти Регистрация

ОПТУОБУСКА

Главная / Кэпсээн арааһа / ОПТУОБУСКА

K
edersaas.ru Категорията суох
26.07.2017 18:00
Сарсыарда сэттэ чаас. Таһырдьа борук-­сорук. Чайковскай уулуссанан оптуобус тохтобулугар тиэтэйэ-­саарайа үөрэхпэр баран иһэбин. Үһүс нүөмэрдээх оптуобус кэлэн күр гына тохтоото, дьону «ыйыстаат», салгыы бара турда. Киһи аҕыйах. Миэстэбин булунан тулабын көрөбүн. Мин утары — нуорка бэргэһэлээх, дубленка саҕынньахтаах эр киһи кумааҕыга умса нөрүйэн тугу эрэ ааҕа олорор (бадаҕа, дакылаат быһыылаах). Кинини кытта сэргэстэһэ нэк буолбут кыһыҥҥы сонноох, эргэ бэргэһэлээх, сирэйин тууна бааммыт саал былааттаах эмээхсин, мүччү туппатарбын ханнык диэбиттии, хаһаайыстыбаннай суумкатын бобо тутан олорор. Мин түннүк диэки хайыһан, саҥа уһуктан эрэр куорат ураты көстүүтүн одуулуу олордум. Хас тохтобул аайы, кымырдаҕас уйатын тоҕо тардыбыт курдук, дьон үтүө­тараа ким­хайа диэки барарынан сырсаллар. Биир тохтобулга хайыһар тутуурдаах кыыс киирдэ. Кондуктор дьахтар сөбүлээбэтэх саҥата иһилиннэ. Кыыс мин аттыбар миэстэ тахсыбытыгар кэлэн олордо. Хайыһарын батарбакка онно­манна ууран көрдө. Саатар хайыһара, торуоскалара бары тус туһунан сылдьар буоланнар, тутарга да, уурарга да олус эрэйдээх. Салгыы айаннаатыбыт. Кулгааҕым кырыытынан иһиттэхпинэ, туох эрэ айдаан буолла. Оптуобуска номнуо киһи лыык курдук симиллибит. Дьон аллара көрбүт. Мин эмиэ кинилэргэ кыттыһааччы буоллум. Көрбүтүм — кыра тэллэх ыт чоҕулуҥнуу аҕай олорор эбит. Арааһа, кими эрэ батыһан үөйбэтэх дойдутугар үктэннэҕэ. Ыйылыы­ыйылыы дьон атаҕын, муостаны сытырҕалаата уонна миигиттэн утары олорор эмээхсин таһыгар тиийэн турунна. Анарааҥҥыта умса түһэн таптыы­таптыы саҥарда: -Ии, кырачааным, мунан хааллыҥ дуу? Тоҕо бэйдиэ бараҕын? Иччилээҕиҥ дуу, суоҕа дуу? Арааһа, баар быһыылаах. Манна киирэн муннаххын, быстахха былдьаннаххын. Ити курдук олордоҕуна, аттыгар билиэт биэрээччи багдаллыбыт улахан нуучча дьахтара кэлэн эмээхсини, ыты көрө турда. -Бабушка, это ваша собака? Где намордник? Вообще­то без намордника не надо было выгуливать. Эмээхсин бастаан утаа өдөөбөккө мээнэнэн көрөн кэбистэ. Онтон киниэхэ туһаайылларын өйдөөн, нууччалыы бэрт олуттаҕастык саҥарда. -Нэ­эт. Сабака саблудился. Абыраатна наада… Онтон туох диэҕин билиминэ мух­мах барда. Саатар саха да буолбат, син ону­маны кутуо эбит да, нуучча буолан сордоото. -Не ваша, так не ваша. Выпустим здесь. Не велика разница, — диэт, нуучча дьахтара ыты аан диэки дьулуруппутунан барда. Ыт барымаары кэннинэн чинэрийдэ. Эмээхсин ыксаата. -Сабака саблудится. Не найдет дарогу. -Не найдет, так не найдет. У нас здесь не такси. Бу кэмҥэ сэргэстэһэ олорор дубленка саҕынньахтаах киһи кумааҕытыттан хараҕын арааран ыты дьэ көрдө. -Женщина, на обратном пути оставите. Где­то на остановке Петровского. Видно, у собаки есть хозяин. Вон, с ошейником и притом такой маленький, безобидный. -Мужчина, пожалуйста, не лезьте. Это наше дело. Мы сами знаем, кого вести, кого нет. -Хайдах биһиги дьыалабыт буолуо суоҕай? Санаабытын тоҕо эппэт буолуохпутуй? Сырыттын ээ. Кэлэн иһэн хаалларан ааһар туох ыараханнааҕый? — диэн эр киһи сөҥ куолаһын өссө улаатыннаран саҥарда. Итини эрэ кэтэһэн олорбут курдук
оптуобус иһэ тигээйи уйатын тоҕо тарпыттыы эмискэ күйгүөрэ түстэ. Онтон­мантан «ыытыҥ, ыытымаҥ» диэн саҥараллар. Дьэ, араллаан буолла. Билиэт биэрээччи дьахтар тулуйа сатаан баран хаһыытаан бытарытта. Айдаан намырыахтааҕар өссө сатарыйда. Ыты аныгыскы тохтобулга таһааран кэбиһиэн ол дьоллоох дьон быыһынан иһирдьэ диэки бара турда. Үлүү түбэлтэлээх, бу кэмҥэ оптуобуспут уҥа­хаҥас ойуолаата, туормастаан кыырк гыннарда, олорооччулар иннинээҕи сидиэнньэлэргэ баран түстүлэр, турааччылартан ким суулунна, ким нэһиилэ хатаастан хаалла. Күөрэ­лаҥкы, күөдэл­таһаал буолла. Оптуобуспут көнөн, суол кытыытыгар таҕыста. Саахаллана сыстыбыт. Бары ааны былдьастыбыт. Улаханнык эчэйбит киһи, хата, суох. Саал былааттаах эмээхсини икки киһи өйөөн түһэрдилэр. Үчүгэй быһыылаах, туох да буолбатах. Дубленка саҕынньахтаах эр киһи кумааҕыларын хомуйар. Кини кэнниттэн хайыһардаах кыыс таҕыста. Болҕомто аны киниэхэ хатанна. Кыыс хараҕын муҥунан торуоскатын көрбүтэ, кыра ыт онно ыйанан, өлөр мөхсүүтүнэн илин, кэлин атахтарынан тэбиэлэнэр. Онтон накыс гынна, чуумпурда… Ким эрэ аһынар саҥата иһилиннэ. Эмээхсин ыты торуоскаттан арааран сиргэ сытыарда. -Кылгас олоҕуҥ манан бүтээхтээтэҕэ. Билээхтээбэккэҕин быстахха былдьаннаҕыҥ. Эбэтэр Дьылҕаҥ оннук буоллаҕа дуу! Оо, бу мускуурдаах­эриирдээх олох, билбэттэри, муналлары­тэнэллэри ханна­ханна тириэрдэҕин… — эмээхсин ыты имэрийэ туран хаалла. Дьон чочумча үмүөрүһэн баран, улам арҕам­тарҕам тарҕастылар. Ити айдаан кэннибэр хаалла. Үөрэхпэр семинарга ыксаан, атын оптуобуһунан айаннаатым. Аграфена Кузьмина. *** Кэпсээн Аграфена Кузьмина “Киһи сүрэҕэ бэрт чараас” кинигэтиттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик” маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан