Кэпсээ
Войти Регистрация

«Маамаа, отон ытыыр…»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Маамаа, отон ытыыр…»

K
edersaas.ru Категорията суох
05.11.2023 09:00
Оо, уулаах отон… Тыбыс-тымныы хаан оҕуолуур таммах буолан, хаарга кытарар… Ама ааспытын иһин, кэмигэр көмүс дуйданан, солко солотууланан, ыанньыйан аҕай турбут айгыр-силик айылҕа ардыгар атаҕастанан, абаран таммалаабыт хараҕын уута… Чоочугураччы үктэнэн ааһар эҥин бэйэлээх лаахтаах, лааҕа да суох бачыыҥкалар, саппыкылар уллуҥахтарын, хобулуктарын анныгар, чигдигэ, илдьи тэпсиллэ, үлтү үктэнэ сытаахтыыр. Тоһугураччы тоҥмут отончоон ытыһым сылааһыгар ирэн «үтүө суобастаах, амарах сүрэхтээх дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсээ, иһитиннэр. Маанылаах хара тыабыттан, суугунас күөх суорҕаным быыһыттан хайдах арахсан, килэгир таас куорат уулуссатыгар илдьи тэпсиллэ сытаахтыырбын» диэн муҥатыйан, ытаан-соҥоон, ньолҕоруйа ууллан, көрөн турдахпына кытарымтыйар кырыа муус кыырпаҕар кубулуйда. Күндү ааҕааччы, эн да, мин да айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Кини аһатан-таҥыннаран, иитиллэн олордохпут. Баҕар, «харым күүһүнэн, өйүм үлэтинэн айахпын хааччынан, иитиллэн олоробун, онуоха айылҕа тугун сыһыанай?» диэччилэр да баар буолуоххут. Мөккүөр туһа – туспа. Билигин ымыттан да көрбөккө үрүҥү хара, хараны үрүҥ диэн хайа баҕарар мөккүһэр көҥүл кэмигэр олоробут. Ол эрээри… — Айылҕа маатыска, дорообо! Быыллаах куораттан хал буолан, эн мүөттээх салгыҥҥын дуоһуйа ыйырбахтыы, сынньана, биэрэр бэлэххин ичигэстии кэллибит! — диэн массыына аанынан нэһиилэ батан, түөһүллэн тахсыбыт «айылҕа оҕото» көһүйбүт атахтарын ууннаҥалатан, тобуктарын «лачыгыр» кыннара чохчоҥноон ыла-ыла моонньо суох дүлүҥ саҕа баһын кураанах уһаакка батары биэрэн туран ордоотуур курдук ис-иһиттэн лүҥкүнээтэ. Суол быылын туртаччы бүрүнэн сирэйэ-хараҕа көстүбэт буолбут «Эскудо» биирдэ өндөс кына түстэ. — Маамаа, паапаа, отон элбэҕиин. Көрүҥ эрэ, көрүҥ эрэ! — эмдэй-сэмдэй эрбэспит уоллаах кыыс, аан бастаан күөххэ үктэммит мэник ньирэйдэр курдук алаарыйан хаалан, от-мас быыһынан бырдааттаналлар. Отон толбоннурар угар күөлэһийэ, үҥкүрүйэ сылдьан ичигэстээн ибигирэтэллэр, аһыырҕатан «аам» дэһэ-дэһэ сиэн момуҥнаталлар. Иһийэн турбут ойуур иһэ кинилэр хатан чаҕаарыыларынан туола түстэ. — Машаа, Мишаа, ыраатымаҥ эрэ. Мунан хаалыаххыт, Чучунаа тутан илдьэттии барыа!— ыал ийэтин сиэринэн, хайа муҥун, малын-салын хомуйан өссө да массыына иһиттэн тахса илик ийэлэрэ аһаҕас аанынан быгыалаата. — Ылыҥ эрэ, отону илдьи тэпсимэҥ! Кэлин, үргэммитин кэннэ, төбөҕүт оройунан да тураарыҥ. Баҕардар кабан курдук, сири муннугутунан түөрэ сүргэйээриҥ, — аҕалара көстөр дьүһүнүгэр холооно суох сымса туттунуулаах эр бэрдэ буолан биэрдэ. Багааһынньыгы аһа охсон хонуохтаах балааккаларын, ыһыктаах матаҕаларын, иһиттэрин-хомуостарын сиргэ тамнаталаата. Аҕыйахта тилигир-талыгыр кыннарда да, от-мас барчаланан, мутук-лабаа тоһутуллан, кэрдиллэн араҕас балаакка тиирэ тардылынна. Аһыы буруо сыта саба биэрдэ. Курданарыгар диэри ньылбыланан, бар түү түөс-көҕүс сэбирдэх-мутукча быыһынан, били Чучунаа курдук, күлүгүлдьүйдэ. Барахсаныҥ, ууһа, мындыра салаҥ киһи эбит. Чэй оргуйуон, шашлык сырдьыгыныан икки ардыгар дьылыгырас муус маҕан хахыйахтары быһыта кэрдэн атахтары саайталаан, холбоон-илбээн хата тып курдук остуол, ыскаамыйа оҥортоото. Ньаассын күөх сэбирдэхтээх лабаалары холбуу тутан миинньик баайа охсон, ыырдаах-дьаардаах хоннохторун аннынан сапсынан боруобаланан көрдө. Астынан көхсүн этитэн ылан, сыа-сым курдук тутан
багааһынньыгар чөкө уурталаан кэбистэ. Ийэлэрэ кэм да хойутаата. Иһитин сууйуор, чөмөхтөөн чөкөтүөр диэри имигэс тарбахтар хараара кытарар, тыҥырах саҕа отону ичигэстээн бөтүөннэрин түгэҕэ лоһугураабытынан барда. — Ээ, чыычаахтарым, итинник төһөнү хорутаарыгыт,— аҕалара арыы-сыа алла сылдьар шашлыгы кытта «анньан» кэбиспит ханньааҕыттан санаата манньыйан, мэндээриччи көрөн биир кэм уостара ыпсыбат буола мичээрдии сылдьар. Били, уһаат иһигэр лүҥкүнээбитэ уурайан, ууллубута, ньалҕаарыйбыта сүрдээх. — Үрүмэччилэриэм, мэйиҥ, бу хамбаайын диэн бэртээхэй тэрил баар. Отон угун устун барбах сууралыаҥ эрэ кэрэх, тугу да хаалларбакка хомуйар. Ат буола сылдьан оҕолорун үөрэтэ таарыйа адаарыйбыт тиистэринэн тараахтаан сирдьигинэттэ. — Көрүҥ эрэ, биир курууска отон чыпчылыйыах түгэнигэр бэлэм! Һа-һа-һа!— күлэн ыгыстыбытыгар ыанньыйбыт ынах синньин курдук сиргэ тиийэ сыһа ыйаастыбыт иһэ эйэҥэлээн ылла. — Оттон бу курдук сахсыйа түһэн баран үрэн кэбистигит да, бөҕө-сыыһа түһэн хаалар. Чэ, кытаатыҥ, оҕолорум оонньоон аата комбайнердар буолуҥ… Миша эр киһитэ өтөн, дьиҥнээх «комбайнер» буолан биэрдэ. Өрө бирилии-бирилии тула өттүн, дьиэ оннун саҕа сири, көрүөх бэтэрээ өттүгэр эргичийэн «астатан» кэбистэ. — Паапаа, биир бааһына бүттэ. Көр эрэ, бөтүөнүм туолла,— уолчаан сирэйэ-хараҕа чаҕылыйан, үлэ бөҕөнү көрсүбүт киһи быһыытынан чэмэличчи көрөн турда. Сэргэх киһи диэтэҕиҥ. — Маладьыас! — Атын бааһынаҕа көһөбүн, — дии-дии өлгөм отонноох угу көрдөөн куобах оҕотун курдук ойуоккалыы турда. Бары да сүрдээх бүгүрү, кытаахтаабыттарын ыһыктыбат дьон буолан биэрдилэр. — Маамаа, отон элбэҕэ бэрт дии. Барытын хайдах үргээн бүтэрэбит? – Маша балайда сонурҕаан үргээмэхтээн иһэн, кэнникинэн хоолдьугун оҕото босхо барда. Толбоннура көҕөрөр хойуу отон угугар сытан-олорон ылара үксээтэ. Онуоха эбии киэһэрэн истэҕин аайы сирэйигэр-хараҕар сапта сытар кыымаайы түһэн ыксатта. — Тоойуом, кытаат. Атын дьон кэлэн үргүү иликтэринэ туттумахтаан хаалыаҕыҥ. Кыһын барыанньа сиэхпит, морс иһиэхпит дии, – аҕаларыгар холоотоххо кытыан курдук дьылыгырас, түөһэ-көхсө тэбис-тэҥ ийэлэрэ быакайбыт биилинэн көҥүл өҕүллэҥнээн хамбаайыннаах илиитэ биир кэм сууралас. Хаппыт киһиргэс курдук кытарымтыйар баттаҕа саба түһэрин оҥоойулары кыйдыы таарыйа сурдурҕаччы өрө үрэн кэбиһэр. — Даамалар, көрүҥ эрэ. Биһиги, эр дьон, була-тала сылдьабыт! – оту-маһы силэйэн, эһэ барчалаан иһэрин курдук, ыал аҕата ырааһыйа саҕатыгар биирдэ бэрикис кына түстэ. Аҕылаан-мэҥилээн, көлөһүнэ сарт түспүт сирэйэ кытара кыыһар хаптаҕас быыһыгар симэлийэн, киһи тута өйдөөн да көрүө суох. Этэргэ дылы бүтүн биир ийэ ууһу имири эһэн, уктары тоһутан түүтэх бурдуктуу хам кууһан турар. Кэнниттэн уола эмиэ эһэ оҕотун курдук, аҕатын атахтарыгар сөрүөстэн уҥа-хаҥас быгыалыыр. Ол аайы хаптаҕас хойуу ытарҕалара эйэҥэлэһэ оонньууллар. — Маамаа, онно во элбэх!— Миша сөхпүтүн биллэрэн ытыһын кырыытынан моонньун туора соттон кэбистэ.— Өссө да тоһутан аҕалыам. — Биирдэ ытан иккилии-үстүү куобаҕы өлөрүөххэ наада. Бу ас аайы бириэмэни ыытыллыбат, күүһү хайытыллыбат. Киэһэ сололоннохпутуна олорон эрэн
тонуохпут, – диэн буолла. — Паапаа, оттон даачабытыгар үүнэр моонньоҕону эмиэ уктары тоҕо тосту туппаппытый? Оннооҕор дьээдьэ Степа Колята биир сэбирдэҕи туура тарпытыгар мөхпүтүҥ дии. Оттон манна… — Ак-каары, даача диэн даача буоллаҕа дии,— Маша уран, иринньэх дууһата туох эрэ сөбө суох, өйдөммөт быһыы тахсыбытын утарыах курдук кыммытын, аҕата өрө баргыйан, чүмэчи симик уотун курдук саба үрэн кэбистэ. Батыччахтаан тиийэн тутуурун балаакка ойоҕоһугар «сарк» кына бырахта. — Машенька, даачаҕа үүнэр маһы-талаҕы барытын бэйэбит олордубуппут. Паапаҥ биһиги эрэй бөҕөнү көрөн, сыра бөҕөбүтүн ыытан, эһигиттэн итэҕэһэ суох бүөбэйдээн үүннэрбиппит. Онон даача отун-маһын харыстыахха наада. Бэйэбит киэнэ,— ийэтэ кыыһын кууһан аргыый быһаара олордо. — Маамаа, оттон бу ойууру ким олордубутай. Ким бу ойууру харыстыырый? — Ким да олордубатаҕа. Бэйэтэ дьиикэй үүнэр. Ол иһин киһи барыта сылдьар, көҥүл отоннуур, тэллэйдиир, бултуур… — Маамаа, көр эрэ, көр эрэ, отон ытыыр…— Машенька ийэтин түһэҕэр сытан бобо туппут ытысчаанын тарбахтарын быыһынан ньыҕаллыбыт отон уута кытара бычаалыйан тахсан мөл-мөл таммалыырын одуулуур. — Хаан курдук. …Машалаах Миша оскуолаларыгар баран иһэллэр. Сотору-сотору сүгэн иһэр ыарахан үрүссээктэрэ тиэрэ түһэрин көннөрүнэн сүһүөхтэрин үрдүгэр өгдөҥөлөһөн ыллахтарын аайы, кууркаларын сиэбигэр хааламмыт отонноро саккырыы-ыһылла иһэр. Суох, көннөрү отон буолбатах. Бу сайын кинилэр дьиэ кэргэннэрин курдук сүүһүнэн, тыһыынчанан «айылҕа оҕолоро» тараах иэннээн, аны астаммат кына сибэккилэри, сэбирдэхтэри, силистэри турута сыыйтарбыт, тоһута туппут отоннорун, хаптаҕастарын уга, тоҕута сынньыллыбыт, быһыта кэрдиллибит от-мас бааһа-үүтэ сир-дойду устун хаан оҕуолуур. Ким да олордубатах, бэйэтэ дьиикэй үүнэр хара тыа барахсан хаанынан ытыыр…
edersaas.ru сайтан