Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Түүҥҥү дьахтар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Түүҥҥү дьахтар
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.11.2024 10:00
Бу түбэлтэ Дьокуускай куоракка буолбута. Биһиги саҥа ыал буолан, холбоһон, дьиэ куортамнаан икки этээстээх мас дьиэ биир кыбартыыратыгар олорбуппут. Дьиэбит үс хостоох этэ. Түгэх хоско утуйарбыт. Онно эбии саала уонна бэтэрээ ааннаах хос бааллара. Ааннаах хоско аймахпыт уол олорбута. Биир сааскы киэһэ киинэ көрөн баран утуйбуппут. Түүн үөһэ уһуктан кэлбитим хайдах эрэ уум көтөн, сэргэхсийэн хаалбыппын. Хайыахпыный, эргичиҥнии сыппытым. Кэргэним аттыбар утуйа сытара. Ол сыттахпына, арай, эмискэ аан таҥас сабыыта хамсаабыта. Ону көрөн одуулаан сыппытым. Сотору буолаат, биир сырдык ис таҥастаах дьахтар аргыый аҕай устан киирбитэ. Бэл, хос иһэ сырдыы түспүтэ. Дьахтарым орон атаҕар кэлэн көрөн турбута. Бастаан соһуйан хааламмын мах бэрдэрэн сыппытым. Онно кини аргыый аҕай утуйар ырбаахытын устубута. Түннүк сырдыгар дьүһүнэ-бодото илэ буолан көстөрө. Быһа холоон отучча саастаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, уһун соҕус хара суһуохтаах, нарын, ыраас дьүһүннээх саха дьахтара этэ. Мин дьэ өй ыламмын аттыбар сытар кэргэммин уһугуннараары илиибин хамнатаары гыммытым, олох хамсаабат, ыҥыран, хаһыытаан көрбүтүм саҥам тахсыбат этим. Этим-сииним барыта ыараан, утуйан хаалбыт курдуга. Саатар, бэйэм тиэрэ түһэн ньылбы сыгынньах сытарым. Аны ол дьахтар оргууй аҕай устан кэлэн мин үрдүбэр олорон сыллаан-уураан барбыта. Бастаан утарылаһыахча буолан баран ууруура-сыллыыра, кууһара-имэрийэрэ үчүгэйэ бэрдиттэн аккаастанар санаам сыыйа олох да көтөн хаалбыта. Төһө өр сыппыппыт буолла, билбэппин. Дьикти таптал иэйиитигэр ыбылы куустарбытым. Онтон дьэ бүтэн, дьахтарым туран оргууй аҕай хайдах киирбитин курдук таҥнан хостон тахсыбыта. Тахсарын кытары хос иһэ хараҥара түспүтэ. Мин куттаммытым көтөн хаалбыта. Хата, муодарҕааммын өссө кэлээрэй диэх курдук сыппытым. Ити ким кэлэ сылдьыбытын көрөөрү көрүдүөргэ тахсан куукунаҕа эҥин көрбүтүм да, ким да суоҕа. Чэй куттан куукунаҕа олорон туох буолбутун эргитэ санаабытым. Дьэ ол кэннэ, хаһан эрэ саҥа көһөн кэлбиппит кэннэ аймахпыт уол (кэргэним быраата): «Утуйа сыттахпына киирэн тоҕо кинигэ ылаҕын?» — диэн кэргэммэр мөҕүттүбүтүн өйдөөн кэлбитим. Ол уол утуйар хоһугар урут олоро сылдьыбыт дьоннор кинигэ долбуурун уонна оҕо кинигэтин хаалларбыт этилэр. Мин дьэ, ол дьахтар сылдьар буоллаҕа дии санаатым. Кэргэним куттаныа диэммин тугу да кэпсээбэтэҕим. Ол оннугар тугу эмэ көрбүттэрин оргууй аҕай ыйытар буолбутум. Бырааппытыттан ыйыппыппар: «Биир дьахтар наар киирэн долбууртан кинигэ ылар. Эдьиийим киирэн кинигэ ылар буоллаҕа дуу диэбитим, төрүт да атын эбит. Кэнники үөрэнэн хааламмын кыһаммат да буоллум», — диир. Онтон биһиги иннибитинэ ол кыбартыыраҕа олоро сылдьыбыт дьону булан ыйыталаспыппар: «Биһиги иннибитинэ биир кырдьаҕас ыал олорбуттара үһү. Соҕотох кыыстара биир уол оҕоломмут, онтуката иринньэх эбитэ үһү», — диэн кэпсээбиттэрэ. Онтон сотору кэминэн атын сиргэ көспүппүт. Ол эрээри, мин хам-түм ыйыталаһар этим. Биһиги кэннибититтэн хас да ыал олоро сылдьыбыт этэ. Бары дьахтар илэ көстөр диэннэр көһөн испиттэр. Сураҕынан иһиттэххэ, кэлин ол оҕо соҕуруу эмтэнэ барбыт уонна өлбүт үһү. Ол кэнниттэн түүҥҥү дьахтар көстүбэт буолбут. Үтүө тыын үтүөрдүбүтэ Орто дойдуга төрөөбүт саха ыччата буоламмын айыыны, абааһыны итэҕэйэбин, сиэри-туому тутуһабын. Саха сирин араас муннуктарыгар бэйэм түбэһэн көрбүт уонна табаарыстарым түбэһэ сылдьыбыт хас да дьикти түгэннэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдээрибин суруйарга холоннум. Бу түбэлтэ Амма улууһун Соморсунугар буолбута. Атырдьах ыйын ортото этэ. Сайын бүтэрэ чугаһаан, от-мас хагдарыйан эрэр кэмэ. Киэһэтин тымныйар, түүнүн хараҥарар, ыйдаҥа тахсар буолбут этэ. Мин табаарыс уолбунаан Дьокуускай куораттан «ЗИЛ» массыына тимир кузовыгар от тэлгээбитэ буолан олорон айаннаан тиийбиппит. Суол соччото суох этэ. Күһүн чугаһаан ардахтыыра, тыалырара. Мин халтаҥ таҥастаах буоламмын, сиспин үрдэрбитим. Кэлээт, сылайбытым бэрт буолан, итии киллэрээт, утуйарга тэриммиппит. Түспүт ыалым көрүдүөргэ түннүк анныгар дьыбааҥҥа орон оҥорбуттара. Сылаам киирэн нухарыйбытым. Түүн уһуктан кэлбитим, сиһим кутаа уотунан салыыра. Түннүгүнэн хоһу ыйдаҥа уота сырдатара. Кыайан хамнаабатым. Оннук сытан арааһы бары эргитэ санаабытым. Төһө өр оннук сыппытым буолла, арай, хос иһэ сырдыктан сырдык уотунан туолан барбыта. Ону кытта сиһим ыарыыта өссө күүһүрбүтэ. Онно саҥарар да, хамныыр да кыаҕым сүппүтэ. Ыксааммын ол түспүт сырдыктан көмөлөһөрүгэр көрдөспүтүм. Аны, ыйдаҥа түһэр түннүгүнэн төп-төгүрүк, сып-сырдык бүлүүһэ саҕа саар (шар) устан киирбитэ. Устан кэлэн аттыбар араас сырдык уотунан оонньуу-күлүбүрүү турбута. Оттон мин сиһим ыарыыта олох кэдэрги тарпыта, санаабар ынчыктаабат, тыыммат буолбутум. Саарым балайда турбахтаан баран, аргыыйдык киирбит сиринэн устан тахсан барбыта. Ол кэннэ хос иһэ барыта хабыс-хараҥа буола түспүтэ. Мин хараҥаҕа балайда сыппахтаан баран, кытаанахтык утуйан хаалбыт этим. Сарсыарда уһуктан кэлбитим сиһим ыарыыта мэлдьэспиттии олох сүтэн хаалбыт. Бэҕэһээ нэһиилэ сылдьыбыт киһи киирэн-тахсан, баран-кэлэн, табаарыстарым улаханнык соһуйбуттара. Ол саар туһунан кэпсээбиппэр соһуйуу бөҕөлөр, өссө итэҕэйбэт курдук тутталлар. Сиһим ыарыыта ааспытыттан муодаргыыллар. Ол түгэнтэн ыла онтум-мантым ыарыйдаҕына ыйдаҥа түһэр сиригэр утуйа сатыыбын. Оннук дьикти саары өссө көрө иликпин гынан баран, ыарыыларым ааспыт курдук буолааччылар. Баҕар, хаһан эмэ эмиэ көстөн ааһыа диэн эрэнэбин. Түһүүр да араастаах Атаһым Маппый туһунан суруйаары гынабын. Биһиги аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыппыт. Сулууспабыт бүтүүтэ 18 саллааты хомуйан тутуу биригээдэтэ оҥорбуттара. «Дембельский аккорд» диэн ааттаах гараас туппуппут. Гарааспытын бүтэрэрбит чугаһаан бары турунан туран үлэлээбиппит. Биир сарсыарда атаһым кэлэн: «Бүгүн үлэлии тахсыма, уопсайынан ханна да барбакка хаһаарынаҕа хаал», — диэбитэ. Мин соһуйан: «Тоҕо?» — диэн ыйыппыппар киһим: «Дьэ доҕоор, куһаҕан түүлү көрдүм. Түһээтэхпинэ эн төбөҕүн ким эрэ хайа охсубут. Барыта хаан буолан баран сылдьаҕын. Нэһиилэ тохтоттубут», — диир. Ону мин: «Оо, бу да киһи, ону-маны түһээбитэ буолаҥҥын», — диэтим. Уолум: «Дойдубар сылдьан араас куһаҕаны түһээтэхпинэ оннук буолар этэ», — диир. Инньэ гынан, тылыгар киллэрэн, эбиэккэ диэри хаһаарымаҕа таах сыттым. Эбиэт кэннэ тэһийбэккэ үлэлиир сирбитигэр тиийэн көрбүтэ буола, дьээбэлэнэ эҥин сырыттым. Дьэ ол сылдьан күрэхтэһии буолла. Үөһэ турааччылар түргэттэр дуу, алларалар дуу диэн. Мин таах туруохтааҕар аллара турааччыларга көмө буоллум. Дьэ ол үлэлии-хамсыы сырыттахпына, эмискэ төбөм «ньир» гына түстэ, түҥ-таҥ, ирим-дьирим буолла, төбөбүттэн туох эрэ сылаас саккыраан эрэрэ. Дьон саҥата оргууй аҕай сүтэн хаалла. Санчаас чугас буолан уолаттарым көтөҕөн начаас аҕалбыттар. Өйдөнөн кэлбитим төбөм барыта биинтэ буолбут. Аттыбар Маппый кэлэн турар эбит. «Дьэ маны түһээн көрбүт эбиппин», — диэн буолла. Хайыахпытый, күлсэн ылбыта буоллубут. Ол кэнниттэн сулууспалаан бүтэн дойдубутугар кэллибит. Мин бастаан атаһым дойдутугар сылдьан баран, киһибин бэйэм дойдубар күүлэйдэтэ аҕаллым. Айаннаан киэһэ тиийдибит. Аһаан-сиэн баран утуйан хааллыбыт. Сарсыарда туран аһыы олорон ыалдьытым аҕабыттан ыйытар: «Манна чугас эмээхсин дуу, саастаах дьахтар дуу олорор дуо?» — диэн. «Олороллор», — диир аҕам. Ыалдьыппыт: «Арааһа, эмээхсин куһаҕан буолла быһыылаах», — диэн соһутта. Дьиэ иһэ уу-чуумпу буолан хаалла. Ол олордохпутуна ыалбыт уол аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн киирдэ. «Ийэм эрэйдээх бараахтаата», — диэхтээтэ. Бары соһуйан ыалдьыппыт диэки көрө түстүбүт. Дьэ оннук… Бүөккэ «Иччитэх өтөххө кииримэ» кинигэттэн. Кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан