Кэпсээ
Войти Регистрация

ПРОТАСОВ ОЙУУН ТУҺУНАН

Главная / Кэпсээн арааһа / ПРОТАСОВ ОЙУУН ТУҺУНАН

K
edersaas.ru Категорията суох
14.07.2017 18:00
Чурапчы оройуонугар Хайахсыт нэһилиэгэр төрөөбүт-үөскээбит, олорбут Протасов ойуун туһунан эҥин араас кэпсээн, номох бүтүн нэһилиэги ааһан улуустарга кытта тарҕанара. Бу улуу ойуун сэбиэскэй былаас буола илигинэ үөскээбит, эдэр сааһа баттал, атаҕастабыл үйэтин кэмигэр ааспыт. Кини алыптаах, хомуһуннаах тылынан, бэйэтэ көстөр модун көрүҥүнэн, кэрэ куолаһынан, оччотооҕу кэнэн саха дьонун абылаабыт, бэйэтэ аар саарга аатырбыт. Бу улуу ойууну биирдэ Чурапчыга ревком бэрэссэдээтэлэ ыҥыртаран ылан баран: «Аар суолга аатырбыт ойуун эн, бэйэҥ абааһыларгын, алыпкын, хомуһуҥҥун миэхэ көрдөр эрэ», — диэбит. Онуоха Протасов ойуун бэркэ ыараан-ыараан баран сөбүлэспит: «Өйүүн мин түһэн олорор балаҕаммар суос-соҕотоҕун кэлээр, туох эмэ туһунан кэпсээн көрүөм», — диэбит. Өйүүҥҥү күнүгэр ревком бэрэссэдээтэлэ болдьоспут кэмигэр Протасов олорор балаҕаныгар киирэн кэлбит. Ойуун көмүлүөк оһоххо уот оттубут, бэйэтэ уотун иннигэр бүк түһэн баран эриэнинэн көрөн, моонньо сөрүөстэн, хаана сирэйигэр ыгыллан дьэс алтан курдук кытара үллэн олороро, хара баттаҕа сүүмэх- сүүмэх буолан кэтит санныгар ыһыллан сытара үһү. Ревком бэрэссэдээтэлэ балаҕаҥҥа киирэн уҥа диэки остуол аттыгар талах олоппоско олорбут. Төһө да көрдөстөр, син дьулайа саныы-саныы, эр санаатын ылынан саҥаран барбыт: «Дьэ улуу ойуун, эн аатыҥ илин улуустарга аҥаардастыы атыыр оҕустуу айаатаата, суон сурахтанныҥ, онон илэ абааһыларгын дуу, айыыларгын дуу киллэрэн алыптаах албаскын, хомуһуҥҥун көрдөр, көрөн үөрүөҕү. Улуу дьаалы, улуу ойуун, дьэ көрдөр эрэ», — диэбит. Дьэ доҕор, онуоха ойуун киһи куйахата күүрүөх суордуу кыламмыт, төбөтүн көмүлүөк иһигэр уган булкуйан, ыллаан-туойан куһуйан барбыт. Сотору соҕус буолаат, дьиэ таһыгар ат туйаҕын тыаһа иһиллибит, сыарҕа кыыкынаан кэлбит. Балаҕан аана аһыллан кыкыр гына түспүтүгэр, аан туман өрө оргуйан киирбит. Ревком бэрэссэдээтэлэ көрө түспүтэ: былыргы таҥастаах түөрт киһи хоруобу көтөҕөн киллэрбиттэр. Киирэн уҥа остуол таһыгар таҥара долбуурун аттыгар аргыый аҕай ууран баран, хоруоп үрдүн аһан кэбиспиттэр. Киирбит дьон үтүлүктэрин кэтэн, тоҥхолдьуһан баран аанынан төттөрү тахсан барбыттар. Хоруоп иһигэр өлбүт киһи дьардьамата сытар эбит. Сотору соҕус буолаат, дьардьама хоруоп иһиттэн аргыый аҕай туран кэлбит. Туран салҕалыы-салҕалыы уҥа остуол аттыгар олорор ревком бэрэссэдээтэлигэр уҥуох буолбут дьардьама илиитин уунан хааман испит, хаамтаҕын аайы сап-салҕалас, ыһыллан хаалыах курдук эбит. Ревком бэрэссэдээтэлэ куттаныы бөҕөнү куттанан, ыксаан аҕай олорбут. Сирдээн тимириэҕин сир кытаанаҕа, халлааннаан көтүөн кыната суоҕа. Тахсан барыаҕын мөккүспүтэ сүр. Ону таһынан ойуунтан куоппут үһү диэн сурах-садьык тарҕанара тохтоппут, туох-ханныгын, дьиҥнээҕин билээри ыксаабыт. Дьардьама хааман кэлэн остуол аҥаар уһугуттан тайанан турбут, аҥаар илиитин тоһуйан табах көрдөөбүт: «Мин, улуу дьаалы киһи, күн сирин табаҕын тардыбатаҕым хас да сыл буолла. Дьэ эн, үтүө киһи, күн сирин «аһылыгыттан» бэрис, табахта тартар эрэ», — диэбит. Ревком бэрэссэдээтэлэ ойдуо дуу, быстыа дуу, сиэбиттэн таһааран дьардьама илиитигэр табах куппута, тарбаҕын быыһынан
саккыраан түспүт. Ити дьиктини көрөн дөйбүт курдук олорбут. Дьардьама хоруобар киирэн сытынан кэбиспит, сотору соҕус буолан баран, эмиэ били дьоно киирэн хоруобу көтөҕөн таһаарбыттар, балаҕан аана сабыллан лип гына түспүт. Онтон өйдөммүтэ, «һуу!» диэн өрө тыыммыта, хараҕын аһан көрбүтэ: ойууна оһоҕун иннигэр ыллаан дьигиһитэ, кутуран кулуһуйа олорор эбит. Ойуун уус-уран хомуһуннаах тылыгар алыптанан, ити дьиктини ойуулаан-дьүһүннээн көрбүт эбит. С.Е. Федосеев, педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Дириҥ, Чурапчы * * * Бу сэһэни Е.Г. Спиридонов «Иччитиэх өтөххө кииримэ» кинигэтигэр ааҕыаххытын сөп. Кинигэни «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыттан булуоххут.
edersaas.ru сайтан