Кэпсээ
Войти
Регистрация
Халдьаайытааҕы ойуун уҥуоҕа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Халдьаайытааҕы ойуун уҥуоҕа
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.07.2017 18:15
Холкуос бааһыналарыгар сааскы үлэ үгэнэ. Киэһээҥҥи омурҕан буолла. Чочоо оҕонньор кырдьаҕас киһи сиэринэн чэй өрөн букунайа сырытта. Тырахтарыыс Сэмэнчик тимир көлөтүн туга эрэ туура барбытын өрөмүөннээн молотуок, балта көмөтүнэн чапчыйар, үөһэ-аллара түһэр-тахсар, түбүгүрэр. Бурдук ыһааччы икки быччаҕар бааллара тугу да гыналлара суох буолан, оту-маһы кытта өрө туста сылдьымахтаан баран, тоҕо эрэ тумул тыа диэки хаамыстылар. Онно, доҕоор, Эбэ Халдьаайытынааҕы «кырдьаҕас» сытар сирэ эбээт. Ол былыргы сүдү ойуун чардааттаах уҥуоҕун аттыгар киһи мээнэ дьаарбайбат тумула… Өтөрдөөҕүтэ ити тумул диэкинэн алдьархайдаах уот тура сылдьыбыта да, «кырдьаҕас» чардаатыгар чугаһаабатаҕа, тумнан ааспыта. Чочоо оҕонньор арай биирдэ өйдөөн көрбүтэ, уолаттара ойуун чардаатын миинэн олорон маһынан кырбаан эрэллэр эбит. Ону көрөн оҕонньор уйулҕата хамсаата: «Тохтооҥ!» — диэн сарылыы-сарылыы уолаттарын диэки сүүрэн такынайда. Ити кэмҥэ уолаттара сарыласпытынан, ойуун чардаатын үрдүттэн ыстаҥалаһан түһээт, үрүө-тараа сырыстылар. Ол күн киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олордохторуна, Кирииһэ тиэрэ түһэн тартаран барбыта, Соттуу уол өйө хамсаабыт, быһата өйүнэн моһуогурбут быһыылааҕа… Онтон ылата Кирииһэ сотору-сотору тартаран ыалдьар идэлэммитэ, онтон Соттуу саас аайы төбөтүнэн буккуллар буолан хаалбыта… Соттууттан, биирдэ ама эрдэҕинэ, ити түбэлтэ туһунан ыйыталаспыттарыгар манныгы кэпсээбиттээх. Кинилэр сүллүгэс мас булаттаан баран, ойуун уҥуоҕун миинэн олорон: «Дьэ, бэрт кырдьаҕас, бэтиэхэҕин көрдөр», — дии-дии, мастарынан чардаат үрүт маһын тоҥсуйа олорбуттар. Арай ол олордохторуна, чардаат иһиттэн дьабарааскыга маарынныыр куоска саҕа улахан туох эрэ кыыл тахсан кинилэри өрө мыҥаан олорон чардырҕаабыт. Дьабарааскы буолуоҕун биһиэхэ, илин эҥээргэ, ол кыыл төрүкү да үөскээбэт… Уолаттар, ол кыылы көрөөт, сүрэхтэрэ айахтарыгар тахсыар диэри куттанан, чардаат үрдүттэн хайдах түспүттэрин да өйдөөбөттөр эбит. Дьэ ити содула кинилэргэ ыараханнык дьайбыт. Куоҕас Биирдэ Куокалаах Куоса Хомустаах чүөмпэтин кытыытын кэрийэн иһэн хайа эрэ илимньит тыыта турарыгар кэтиллэ түстүлэр. Чүөмпэ ийэ уутун да көрдөрбөт кулуһуну кэрийэ хаамыах кэриэтэ иһирдьэнэн киирэн тыынан айаннаабыт быдан ордук диэн тойонноон, уолаттар тыыны ууга астылар. Куока эрдэн махчатар, онтон Куоса таайын баар-суох икки уостаах, кистэлэҥ сомуоктаах мааны саатын өрө тутан тыы иннигэр чөкөллөн олорор. Балачча барбахтаһан иһэн Куока: «Куоса, Куоса, куоҕас! Сааҕын, сааҕын бэлэмнээ», — диэн омуннуран турда. Онуоха киһитэ сибилигин ытан хабылыннарыахтыы кыҥаата. Тыы тумса уҥа-хаҥас хайбалдьыйда, мэктиэтигэр ууну тыырар тыаһа үрүйэ сүүрүгүнүү кылыгырыы ыллыырга дылы гынна. Чүөмпэ синньигэс, онон куоҕастара уһаты эрэ устар кыахтаахтар. Куоҕас ыарахан көтөр, өскө куттал суоһаатаҕына, көтөн тахсарынааҕар умсарын ордорооччу. Куоҕас уһуннук эккирэтиннэрдэ. Төбөтүн бэрт кыратык быктаран ыла-ыла умсан истэ. Бу умсара уһунун көрүөҥ этэ! Ырааҕынан умсан тахсарыгар, Куока сүбэтинэн, куоҕаска салгыны ылларбакка эрэ, Куоса туоһапканан үрдүнэн-аннынан ытыалаан чоһурҕата олордо. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс сэниэтэ эстибитин кэннэ «чэ, мэйиҥ, сиэҥ» диэбиттии куоҕастара уу үрдүгэр багдас гынан тахсаат, устан сундулуйда. Куоса
уһуннук кыҥаабакка эрэ ытан бытарытта. Куоҕастара хатан үлүгэрдик «ээйиис» диэн кыланаат умсаатын кытта, уу төгүрүк иилэрэ эрэ дьиримнэстилэр. Куока ыксалыттан: «Та-табылынна, табылынна», — диэн тардыалатан ылаат, бокуойа суох эрдэн кулупаайдаата. Сотору буолаат, куоҕастара эмиэ тахсан кэллэ. Куоса бу сырыыга бэрт ыксалынан утуу-субуу икки уоһун төлүтэ тардыталаата. Куоҕастара, биир сиргэ өрө холоруктана түһээт, соһутуон иһин, утары дайан лаһыгыратта. Чүөмпэ бүтэр уһуга да чугаһаабыт этэ. Ол икки ардыгар «кыыллара» бу тиийэн кэллэ. Куоса өйүгэр «түөһүм тылыгар» диэн санаа алдьархай быатыгар күлүм гына охсуллан ааста. Кырдьыгын-оонньуутун билигин да билбэт, былырыын сайын эһэтэ «хаарыан булчут буолуох ытым оҕотун туһахха иҥнибит куоҕас түөһүн тылыгар биирдэ охсон тыла суох ыыппыта» диэн кэпсээбиттээҕэ. Куоса олорон эрэ биэрбэт мөккүөрүттэн ойон тураары тыы биттэҕиттэн тайанан өндөс гынна. Онуоха тыылара айаас ат курдук хайбас гынарга дылы гынна да, Куоса, ойоҕоско кэйдэрбит борооску курдук бэрилии түһээт, ууга тас уорҕатынан тиэрэ таһылла түстэ. Улахан быһаҕаһынан ууну баспыт тыы нэһиилэ тутуспут Куоканы ыксаабакка эрэ түөрэ тутан кэбистэ. Дьэ манна таҕыста үлүгэрдээх мөхсүү, илии-атах тэҥҥэ биллээлээн кытыы диэки тарбачыһыы. Хомустарын саҕата быһытталана, тимириҥнии турар куталдьыгас кута буолан, кутталларыгар кутталы өссө эбэн биэрдэ. Сирэй-харах дьаабыта биллибэт буола дьэбэрэҕэ буккуллан, уолаттар кыл тыыннара эрэ ордон, хороонугар уу куттарбыт да дьабарааскытааҕар куһаҕан дьон чоккураһан тахсан, нэһиилэ чүөмпэ модьоҕотун буллулар. Хаарыан саа, хаарыан туоһапка… Чэ, баҕар, итэҕэй, баҕар, итэҕэйимэ, көҥүлүҥ… Николай Осипов. *** Дьылҕа Хаан диэн баар дуо? Сиргэ-уокка сылдьан ордук-хоһу тыллаһар хайдаҕый? Былыр баайдар көмүстэрин ханна кистииллэрэй? Былыт тыала диэн тугуй?… Бу туһунан Николай Осипов номохторугар, сэргэх кэпсээннэригэр ааҕыҥ. Кинигэ “Бичик” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар баар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан