Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ырытыы: Таптал туһунан Сиэн Кынат айымньыларыгар…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ырытыы: Таптал туһунан Сиэн Кынат айымньыларыгар…
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.07.2017 13:55
Истинное убежище, во всякое время открытое для всех страждущих нравственно, есть и будет природа. Г. Линднер. Сиэн Кынат көҥүл хоһооннорун дөрүн-дөрүн өҥөйөн көрдөххө, туох эрэ дьикти тэтим, эрчим киһи утаппыт ис кутун дьикти уобарастардаах, сырдык тыыннаах айымньыларынан угуттаабытынан барар курдук. «Айылгы арыллыыта» (2006 с.) кинигэҕэ, ааптар ааҕааччыларга аан тылыгар: «…тэҥ сүһүөҕэ, рифмата суох хоһоон эт-хаан эймэниититтэн, тымыр тыгыытыттан бэйэтэ айылгытынан тахсан кэлэр. Оннуктар бу көҥүл хоһооннорум». «Охсуллубут от» (1996 с.) кинигэ аан тылыгар, бэйэтэ эппитинии, ааптар ийэ айылҕатын, дойдутун, оҕо, эдэр саастарын, тапталын, итэҕэлин, туругун, аналын, кутун-сүрүн, санааларын-оноолорун тустарынан суруллубут сомоҕо хоһоон хомуурунньуга буолар. Кинигэ бастакы илииһигэр Үрдүк үөрүү диэн тылтан саҕаланар. Үөрүүттэн ордук үрдүк үөрүү миэхэҕэ баар. …Төрүт буорум, алаһа дьиэм сылаас ахтылҕаннара Хааммын кытта тымырдарбар устуһар. Кинилэринэн эрэ этим-сииним дьэгдьийэр, Бэйэбин бу күн сиригэр дьоллоохпун дэнэбин. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» кинигэтиттэн. 11 с.). Киһи олоҕо, этэ-хаана айылҕалыын биир тэтимҥэ, сүүрээҥҥэ алтыһан сылдьара, ийэ айылҕа бэйэтэ – ол үрдүк үөрүү, дьол буоларын Сиэн Кынат бэлиэтиир. Мин сүрэҕим күн курдук сылаас. Кини өрүү Сир хас биирдии сиигин этинэн-хаанынан билэ, Олох хас биирдии тыыныытын үөрүү оҥосто, Киһи хас биирдии санаатын-оноотун өйдүү Киэҥ да киэҥ үрдүү турар сырдыгы утары Чэбдиктик туттан көтөн иһиэ бу сир, бу күн Уонна кэнэҕэски көстөр сирдэр тустарыгар. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 11 с.). Айбыт ийэ айылҕатын киһини сүрүннүүр-ситэрэр, үүннүүр-тэһиинниир сүҥкэн күүһүгэр итэҕэйэн туран киһи көрдөһөр: …Айылҕа соһуччу өйдөбүлүн, айылҕа тапталын, иэйиитин Уолгутугар илбийэн иҥэриэххитиий дуу, О, хаардаах буор хайалар, о, хаардаах уор хайалар. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 13 с.). Киһи барахсан эргэнэ хара тыатыгар бултуу-алтыы сылдьан, бэйэтэ да билбэтинэн, ол хомуһуннаах сүдү үрүҥ күүскэ абылаттаран сүгүрүйэр, тугу барытын аһыныгас, амарах санаа нөҥүө көрөн ырыҥалыыр буолар, киһилии киһитэ өтөн тахсар. Миэхэ ол аптаах турук туһунан дьиҥнээх олоххо буолбуту биир булчут кэпсээн турар. Ааптар күн тура дьулуһар дьулуурун, сирдиир ыра санаатын ымыытын айылҕа көстүүтүн нөҥүө этэрэ бу тылларга иһиллэн ааһар: …Оҥорон көрөн буолбакка дьиҥнээхтик Баар миэхэ олоҕум устата хайаҕа умайар саһарҕа. Хайаҕа умайар саһарҕа миигин илдьэр Кэлэр кэм үүт маҥан уйгу-быйаҥ түһүлгэтигэр, Аан бастааҥҥы сааскы оһуохай уруй-тускул тойугар… …Кинитэ суох мин соҕотохсуйабын, Байанай биэрбэтэх булчутун курдук санньыйабын, самнабын. Илиҥҥи халлаан итии иминэн ийэлии сылаастык угуттуур Эн бааргын соҕотох махталым – хайаҕа умайар саһарҕам. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 13 с.). Саха киһитэ сүөһүтэ-сылгыта да суоҕун иһин, тоҕо эрэ ходуһаҕа сайыҥҥы от үлэтэ кини кутун-сүрүн, ис туругун чөл киэптиир, айыы киһитинии ис тыынын тутар- иитэр, толору киэлилиир, хаһан да сүтэн-иҥэн хаалбат, хааныгар баар, курдаттыы тарда сылдьар сүрүн тыын
дьарык буолар. От үлэтэ – олоҕум үөрүүтэ. Хотуур тыаһа хомус дорҕоонунуу Ходуһаҕа кутуллан хоһооммор холбоһор. Ол үлэтэ – олоҕум үөрүүтэ оол оллооҥҥо олорор чаанньык Ол үөрүүбүн оргутар курдук. От үлэтэ – олоҕум үөрүүтэ. Отуу уота ону уматан олоҕум устата унаарыта туруоҕа. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» кинигэтиттэн. 40 с.). Сиэн Кынат бу хоһоонун тылларыгар от үлэтэ саха киһитин бүтүн олоҕун ис хоһооно буоларын таһынан, нуучча улуу суруйааччыта Лев Толстой эппитинии, олох диэн муҥура суох үөрүү диэбитэ киниэхэ эмиэ иһиллэн ааһар: …Хотуур тыаһа хомус дорҕоонунуу Ходуһаҕа кутуллан хоһооммор холбоһор. …Ол үлэтэ – олоҕум үөрүүтэ оол оллооҥҥо олорор чаанньык Ол үөрүүбүн оргутар курдук. Ити оргуйар олох ааспат-арахпат үөрүүтэ хас биирдии киһиэхэ кырдьаҕаһыттан-эдэриттэн тутулуга суох кини сүрэҕэр, дууһатыгар ыллыы-туойа сылдьар, ол тэтимиттэн илиитигэр туппут от охсор хотуура хомус дорҕооннонор. Оттон бу кэнники устуруокаларыгар ааптар, улахан суруйааччы, философ олоҕун, айар үлэтин анаабыт сүрүн тосхоло сылдьар: …Отуу уота ону уматан олоҕум устата унаарыта туруоҕа. Ханнык да киһи ийэ айылҕалыын силбэһиитэ, биир ситимҥэ, сүүрээҥҥэ киириитэ, ол эбэтэр дьол, үөрүү туруга – бу эбээт киһилии киһи киэлитэ. Тоҕо диэтэххэ бу таптал туруга. Любовь сильнее смерти и страха смерти. Только ею, только любовью держится и движется жизнь. И. Тургенев. Былыр-былыргыттан бу Үрүҥ Күн анныгар төрөөн ааһар Аан дойду ааттаахтара, үс дойду өргөстөөхтөрө өйдөрүн-санааларын түмэн, бүтүн олохторун аныыр тиийиэхтээх ыра санааларын айаныгар суолдьут сулустара — Таптал таабырына буолан сүтэ-сүтэ суһумнуур, угуйар буоллаҕа эбээт. Аныаха диэри ол таайыллыбат, таба туттарбат Дьикти дьэргэлгэн буолан дьирибинии оонньуур… Оо, хаста, хаста мин ааппын Эриэн ыт элэгэр ыыппыттара буолуой? Хаста, хаста мин ааппын ахта-ахта Астына, дуоһуйа тиистэрин сууммуттара буолуой? Ол туох суолталаах буолуой, Өскөтүн саас ахсын саҥаттан саҥа Икки таптаһар сүрэх көрсүһүүтэ бу тыҥаан кэллэҕинэ? Өскөтүн күһүн ахсын аата-ахса суох Өһөс майгы көмнөх курдук көмүлүннэҕинэ? (Сиэн Кынат «Айылгы арыллыыта» к. 100 с.). Сиэн Кынат бу хоһоонунан киһи Сиргэ олоҕо таптал уотунан кытыаста умайан ааспыт буоллаҕына эрэ, киһи олох олорбутуттан астынара көстөр. Киһини айар сүрүн күүс онон Таптал буоларын ааптар этэр. Эйигин көрүстүм. Бу үгүс дьону сырдата, бу түргэн сири биир түгэҥҥэ тохтото Угут күүс сайа түстэ этим сааһын устунан. Эйигин көрүстүм. Күнү быһа ол күүһүнэн тыынан, тулабар ол мичээри бэлэхтээн,.. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 89 с.) Хас биирдии таптаабыт киһи бу турук дьол сыттаах үөрүүтүн билэр, өйдүүр. Сиэн Кынат «Охсуллубут от» кинигэтин иккис тиһилигин «Таптал чараҥар» таптал диэн кэрэ иэйии итиитэ-тымныыта, таайыллыбат таабырына, үөрүүтэ-хомолтото, харах уулаах, суһуох сыттаах угуйар умсулҕана барыта тыл, өй-санаа дьэргэлгэн ойуутунан оонньуур. Эбэтэр киһи бүтүн бэйэтин атын таптыыр киһитин туһугар
анаан, дьиҥнээхтик, бэриниилээхтик таптыырга үөрэнэр. Дьикти санаа чүөмпэтигэр умсабын. Эйигин эҥин эгэлгэтик киэргэтэ симээн дьүһүйэ сатыыбын. Сэргэстэһэ хаамыаҥ баара дуо? Эрэнэ, эрэйэ көрүөҥ баара дуо? Дьэ хайдах эйигин ыҥырыахпыный Туойар тускул тойугум аанай-туонай айыллар кэмигэр? Эн ис кистэлгин таайбат муҥмуттан Дьиибэ санаа далайыттан мин үөһэ сырдыкка көтөбүн. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 97 с.) Үгүс киһи таҥара биэрэр бэлэҕин аахайбакка, мүччү тутан, тапталыгар сатаммакка, санаата түһэн, дуоннаах олоҕу олорбокко, толору дьол утаҕын амсайбакка, бу сиргэ төрөөн ааһар. Эн эрэн бэйэҥ күүскэр, дьылҕаҕар Ханнык даҕаны түбэлтэҕэ өлөн-охтон биэрбэккэ. Кэм-кэрдии дьалхаанын, кэм-кэрдии үүнүүтүн утары көрсүһэ Эрэн доҕотторгор. Эрэн тапталы. Өскөтүн кини эйигин эрэй быатыгар соҕотохтуу хаалларан, Алаһа уоккун умулларан барбыт да буоллун. Эрэн тапталы, Кэлэр күннэри, кэлэр ардахтары билгэлиириҥ курдук. Эрэн олоҕу, өскө олох тоҕойдоруттан охсуллан Көҥүлү көрбөккө бу айантан хаалбыт да буол. Төһө да ыарахан буолбутун иһин син биир эрэн., Эйгин эрэнэллэрин курдук, Өстөһөр, иирсээннээх олоҕу өйдөһө, иллэһэ олороҥҥун Тулаҕар Эрэли уматыаҥ. Дьон диҥнээх ыратын эрэн, Уус мындыры, олоҥхоһут илбиһи эрэнэллэрин курдук. Силис тымыр уутунан утахтанарын курдук эн эрэн, Айыыһыт сылааһын, алгыһын, Иэйиэхсит итиитин, иэйиитин. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 103 с.). Сиэн Кынат бу улуу хоһоонугар сүгүрүйэ санаатым, эбэтэр, бу күүстээх санаалаах киһилии киһи санаатын быһыыта. Маннык этилэр эбээт, мин төрөппүт: дьоннорум ийэм, аҕам, кыра эрдэхпиттэн тулабар көрө үөрэммит сахам дьоно, ыалларым. Ааптар күн сиригэр көрсүбүт күндү киһитин хайдах баарынан ис сүрэҕиттэн иэйэн таптыыр тыына илгийэр. Итиннэ кини талба таһаата, кэрэ дьүһүнэ, дьылыгырас атаҕа буолбакка, киһи ис кутун кэрэтэ, ырааһа, бэриниилээҕэ сүрүн буолара иһиллэр. Мин хайаан да тиийиэм! Күүт миигин түүлгэр, үөрүүгэр, санньыар кэмҥэр, Сааскы халаан буолуутугар баҕар суолга хаайтарыам. Күүт этиллибэккэ хаалбыт ырабытын харыстаан Саха сиригэр аан маҥнай анды кэлиитигэр. Күүт хаһан да арахсыбаттык Түүн аҕалбыт хараҥатын сырдык эрэлгинэн үрэйэн. Күүт, ахтылҕаҥҥынан дириҥ харахтарыҥ эрэммит бэриниилэринэн Тохсунньу тымныытын ириэрэрдии. Биһигини ыксаллаах сыллар букатын даҕаны күүппэттэр. Элбэх саас, сайын, кыһын ааһыа. Эн иннигэр элбэх сааһынан, күһүнүнэн Мин көрдөһө үҥүөм. Күүт. (Сиэн Кынат «Охсуллубут от» к. 105 с.). Все пути сходятся в человеке. Ж. Бернарден де Сент Пьер. Хайдах курдук улуу хоһоонноруй… Киһи сүрэҕэр олус чугас, истиҥ тыллар, күн сирин күндү иэйиитэ… Сиэн Кынат этэригэр сөбүлэһэбин: таптал — диэн кырдьык, тыыннааҕыҥ тухары, хаһан даҕаны бүппэт кэргэннии да, бииргэ да буолар кыаҕа суох эрээри, ыраахтан тардыһар-ахтыһар сүрэхтэр айыы сыдьаайын уматан, үтүөнү, кэрэни булларан киһилии киһи буолар сындааһыннаах, айымньылаах үлэлэрэ, бэйэ бэйэҕэ Айаннара. Мин төрөппүттэрим итинник олорон ааспыттара. Аҕам барахсан өлөр охтуутугар, ийэм аттыгар баарыттан таптаан дьоллоно, чыычаах курдук үөрэ-көтө сытан быстыбыта. Елена
Антонова–Күн Сиккиэрэ, edersaas.ru сайтка анаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан