Кэпсээ
Войти
Регистрация
ОТТУУ СЫЛДЬАН
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ОТТУУ СЫЛДЬАН
K
edersaas.ru
Категорията суох
07.07.2017 18:47
Бу түбэлтэ өрдөөҕүтэ, ааспыт үйэҕэ буолбута. Дойду сиргэ от үүммэккэ, дьон талыытын талан, илии биригээдэтин тэрийэн, Амма Эбэ уҥуор Хочоҕо оттото ыыппыттар. Көтөр аалынан күпсүйэн кэлэн, оттуур сирдэригэр түһэрбиттэр. Борук-сорукка аһаары аамайдаһа сылдьыбыттар. Арай биир уол көрбүтэ, эргэ гараас кэнниттэн аарыма улахан тайах быган, кинилэри көрөн турар эбит. Отчуттар сааларын үрдүгэр түспµттэр. Хантан, кэтэһэн туруо дуо? Айылҕа оҕото хара тыатыгар элэс гыммыт. Хочо иччитэ тута сөрөөн, кэлээттэрин кытта, маанылаах оҕотун көрдөрбүт. Сарсыҥҥы күнүттэн тыа дьоно барахсаттар күүстээх үлэҕэ туруммуттар. Астара-үөллэрэ татымсыйыыта, тайаҕы бултуурга көҥүл кэлэр. Икки эр бэрдэ Оппуос уонна Сахаар хараланаары, тайах тоһуйа барбыттар. Хас да түүн ууга тоһуйбуттар да, кыыллара уулуу киирбэтэх. Уолаттар сылбаахы буолбуттар. Айакка, күнү быһа хас да уон сыллаах сэтиэнэҕи эт илиигинэн эллэһэн баран, өл хабаат, борук-сорукка харбыалаһан, көстөөх сиргэ сатыы тайах тоһуйар сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Чахчы кыанар уонна булка баҕалаах дьон буолан сырыттахтара. Дьэ биир киэһэ, үгэс быһыытынан, кыра ууга тоһуйа кэлэллэр. Уочаратынан маныыллар. Маҥнай Сахаар маныыр, онтон Оппуос уочарата кэлэр. Оппуос эдэригэр лаппа кыанар уонна сылбырҕа, хапсаҕай туттуулаах эр бэрдэ этэ. Оппуос к үнүскү күүстээх үлэттэн сылаарҕаан, көхсө сааллан, утуктаан, тоҥхоҥноон барар. Арай ол олордоҕуна, туох эрэ хара күлүк курдук барыйан, тыаһа-ууһа суох аргыый устан ууга киирэр. Оппуос хараҕын сотто-сотто көрөр. Дьиибэтэ диэн, кыыла төрүт тыаһа суох, күлүк эрэ курдук барыҥныыр, улаатар, кыччыыр. Биһиги киһибит дьиктиргии-дьиктиргии киһитин уһугуннарар. Өр толкуйдуу барбакка, «тайах» дии санаан ытыалаан либиргэтэллэр. Дьэ манна буолар амырыын, киһи куйахата күүрэр дуолан часкыыра. Адьырҕа эрэ буолуо диэбэккэ олорбут дьон, өмүттэ түһэллэр. Иэдээн илэ бэйэтинэн иэнигийэн тиийэн кэлэр. Аар тайҕа муҥур тойоно өлүү-сүтүү аргыстаах идэмэрдээх буулдьаҕа тоҕута-хайыта ыттаран, кини да бэйэлээх буоллар, өмүттэн, мах бэрдэрэр. Онтон икки атахтаах уотунан уһуурар сэптэрэ ытыс таһынар хараҥаҕа эстэн чаҕылыйбыт уотун көрөн, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыынньан, иннигэр түбэспити тоҕута-хайыта сынньан, ардай аһыылаах айаҕын аллаччы аппытынан отчуттар диэки түһүнэн кэбиһэр. Уолаттар ыксаан ботуруоннарын сиргэ мүччү түһэрэ-түһэрэ, сааларыгар нэһииччэ укталлар. Ханна эрэ истибиттэрин санаан, сонос маска сөрүөстэллэр уонна сэрэх хоту ытыалаан батырҕаталлар. Оттон-мастан иҥнэ-иҥнэ, кэннилэринэн тэйэллэр. Ол кэмҥэ тыатааҕы обургу билигин аҕай турбут тииттэригэр ыстанан кэлэн, түөһүнэн сааллан «ньилк» гынар уонна өстөөҕүн тиит нөҥүө турара буолуо диэн, кууһардыы, дэгиэ тыҥырахтаах сүдү баппаҕайынан охсон хабылыннарар. Хата сыҕарыйбыт буолан, өлөр өлүүттэн быыһаналлар. Өлөр өстөөхтөрө куотан биэрбиттэрин кыһыытыттан-абатыттан, ол тиит хатырыгын часкыйа-часкыйа, маҥан субата кылбайыар диэри, хайыта тыытар. Уол оҕо уйана-хатана биллэр хабыр хапсыһыытыгар уолаттар уолуйан куоппакка, атын маска сөрүөстэн, эмиэ ытыалаан либиргэтэллэр уонна сыҕарыйан биэрэллэр. Кыыллара эмиэ тиити кууһа түһэр. Тыатааҕы эмиэ өлөр өстөөхтөрүн халты харбаабыт абатыгар тиит
хатырыгын хастыыр. Хаста даҕаны төхтүрүйэн кэннилэрин диэки бараллар, өйдөөн көрбүттэрэ — сүнньүөхтэрэ бүппүт. Дьэ манна буолар ыксал, ыгылыйыы. Хата, кинилэр дьоллоругар адьырҕа биллибэт. Сыгынньах бы һахтарын илиилэригэр тутан, оргууй кэннилэринэн хааман, дуолан охсуһуу буолбут сириттэн тэйдэр-тэйэллэр. Оннук айаннаан отууларыгар түүн үөһэ кэлэллэр. Дьоннорун туруоран, кулуһун оттон, сэрэнэн-сэрбэнэн, бэйэ бодолорун тардынан, олорбутунан хоноллор. Сарсыарда, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, хас да буолан ох курдук оҥостон били сирдэригэр бараллар. Кугас аарыма адьырҕаны булан ылаллар. Сыныйан көрбүттэрэ, бүтэһик буулдьалара тыын сирин булларбыт эбит. Дьэ, ити курдук тыа сэмэй отчут-масчыт дьоно ыксал кэмҥэ, өлөр-тиллэр алдьархайа тирээбитигэр куттаммакка, бэйэ бодолорун тардынан, хабыр хапсыһыыга үрүҥ тыыннарын өрүһүйдэхтэрэ. Егор Картузов. *** Бу уонна да кэпсээннэри Егор Картузов «Тыын былдьаһыгар” кинигэтигэр ааҕыҥ. Кинигэҕэ Саха сирин араас улууһун чулуу булчуттара уонна биллиилээх тустууктар Герман Контоев, Петр Бурцев, Владимир Кириллин уо.д.а. өбүгэлэрбититтэн хаалбыт үтүө үгэһи, сиэри-туому тутуһан, тулалыыр эйгэни харыстаан, айылҕа таайыллыбатах кистэлэҥин, дьиктитин да көрсөн, быһылааннаах, мүччүргэннээх түбэлтэлэргэ түбэспиттэрэ, ойуур адьырҕаларын кытта тыҥааһыннаах күөн көрсүүлэрэ, тыын былдьаһыгар киирэн тахсыылара, о.д.а. сытыытык, арылхайдык ойууланна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан