Кэпсээ
Войти
Регистрация
ОҔОЛОРУН ХОНОҺО БЫЫҺААБЫТ (ҮҺҮЙЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ОҔОЛОРУН ХОНОҺО БЫЫҺААБЫТ (ҮҺҮЙЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.11.2024 10:00
Бу түбэлтэ чуо хайа дойдуга буолбута биллибэт. Биллэрэ эрэ былыргы үйэлэр быраман мындааларыгар, урукку кэмнэр улаҕа өттүлэригэр буолан ааспыта үһү диэн. Ол эрээри, күн бүгүнүгэр диэри дьон өйүттэн сүппэккэ, уостан уоска бэриллэн баҕар өссө тупсан, эбэтэр сыппаан кэллэҕэ. Оттон мин бу туһунан тугу истибиппин хайдах баарынан эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын. Сахабыт сирин кыыдааннаах кыһына кими баҕарар салытыннарар, тоҥорор күүстээх. Биир оннук кыһыҥҥы киэһэ туруорбах балаҕаҥҥа күннээҕи түбүктэн сылайан утуйаары тэринэн сылдьар ыалга айанньыт киһи хоочугураан киирэр. Саха сиэринэн ыалдьыты маанылыы көрсөн, бэйэлэрэ да унньуктаах уһун кыһын муунтуйан олорор ыал ирэ-хоро сэлэһэн бараллар. Хоноһо, хата, үтүө ыалга түбэстим ээ диэн үөрэр. Ыаллара — кырдьа барбыт эмээхсин, эдэр дьахтар кэргэнинээн уонна быыкайкаан саҥардыыҥҥыта төрөөбүт кыһыл оҕо. Дьэ, ол курдук аһаан-сиэн баран, утуйаары олорон эмээхсин аһыллыбычча аһыллан: «Бу ыал оҕо турбат ыала», — диэн кэпсиир. Сотору айан киһитэ сылайан утуйар аакка барар. Нухарыйыахча буолан истэҕинэ оҕо ытаан уһугуннарар, ону кытта дьахтар: «Ба-ай, ба-ай, ба-ай», — диир саҥата иһиллэр. Иккистээн нухарыйан истэҕинэ оҕо эмиэ ытыыр. Оттон үһүстээн ытаабытыгар хоноһо дьиибэргээн көрбүтэ, арай, оҕо оронун аттыгар чачархай баттахтаах оҕо турар үһү. Киһибит кэтээн көрөр. Арай, ол оҕо ороҥҥо сытар оҕону кытара-кытара үрэн сирилэтэр үһү. Үрдэҕинэ анарааҥҥыта ытаан бэбээрэр, оччоҕуна биирбит үөрэр да үөрэр. Оттон ийэ сылайан уутун быыһынан: «Ба-ай, ба-ай, ба-ай», — дии-дии оронун хамсатар эбит. Киһи: «Арааһа, ол баҕайылара бу сылдьар быһыылаах», — дии саныыр. Аргыый үөмэн тиийэн баттаҕар түһэр. Дьэ, тардыалаһыы буолар. Биирэ таһырдьа соһор, биирэ ыыппат санаалаах мадьыктаһан тыас-уус бөҕөтүн түһэрэллэр. Абааһы аата абааһы! Төһө да оҕотун иннигэр күүһэ-уоҕа сүрдээх үһү. Биһиги да киһибит мин аҕай диэбит эр бэрдэ буолан биэрэр. Ол курдук сосуһан холумтаҥҥа тиийэллэр. Киһи ыксаан бүтэһик күүһүн түмүнэн холумтантан тирэнээт, тардан бачыгыратар. Чөчүөккэ эмискэ сүрдээх куһаҕан саҥаны таһаараат, сүтэн хаалар. Киһи биир тутум чачархай баттаҕы илдьэ хаалар. Дьэ онно дьиэлээхтэр «һуу-һаа» буолан тураннар, уот оттон, алгыы-алгыы чөчүөккэ баттаҕын уокка бырахпыттар. Онтон ыла бу ыал оҕолоро өлбөт буолбута үһү. Бу үһүйээни истэн, киһи ааһан иһэр дьону ириэрэн, аһатан аһарыах аламаҕай санаалаах буолуон баҕарар. Екатерина Ильинична Герасимова тылыттан Сэргэх Сэргэй суруйда Бу уонна да атын үөр-иччи, дьикти түбэлтэлэр тустарынан «Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Иччитэх өтөххө кииримэ” кинигэҕэ ааҕыаххытын сөп. Кинигэ “Бичик” бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан