Кэпсээ
Войти
Регистрация
КӨЛДЬҮН БЫҺЫЫ ҮЧҮГЭЙГЭ ТИЭРДИБЭТ (олоххо буолбут түбэлтэ)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ КӨЛДЬҮН БЫҺЫЫ ҮЧҮГЭЙГЭ ТИЭРДИБЭТ (олоххо буолбут түбэлтэ)
K
edersaas.ru
Категорията суох
26.06.2017 18:30
Силиэдэбэтэл кэпсээнэ Былыр-былыргыттан сымыйа харчыны оҥорон тарҕатыы судаарыстыба экономикатын сатарытар ураты ыарахан буруйунан ааҕыллар. Ону утары охсуһуу күүскэ ыытыллар, буруйдаахтар кытаанах миэрэҕэ тардыллаллар. Сокуон төһө да кытаанаҕын иннигэр, маннык буруйу оҥҥорооччулар суох буолбатахтар. Биир оннук түбэлтэ 1993 сыл бүтүүтүгэр Саха сирин соҕурууҥҥу куоратыгар тахсыбыта. Урут бу куорат олохтоохторо сымыйа харчы диэн баарын туһунан хаһыаттан ааҕан эбэтэр «күөх экранынан» көрөн, араадьыйаттан истэн эрэ билэллэрэ. Ол бэйэлэрэ ити кыһын аҕыйах күн иһигэр кимнээҕэ биллибэт дьон сымыйа харчыны тарҕаппыттарын түмүгэр, албыннаппыт, эмсэҕэлээбит дьон буолбуттара. Куорат бааннарыгар, маҕаһыыннарыгар, ырыынактарыгар эмискэ элбэх сымыйа кумааҕы харчылар (50-нуу тыһыынча солкуобайдаах купюралар) көстүбүттэрэ. Биири эрэ сэрэйиэххэ сөп этэ: сымыйа харчы хантан эрэ атын сиртэн аҕалыллан тарҕатыллыбытын. Кэлин ити таайыы чахчыта бигэргэтиллибитэ. Улахан айдаан, түрүлүөн тахсан, холуобунай дьыала тэриллибитэ. Кэмигэр ылыллыбыт суһал миэрэ халтайга хаалбатаҕа, сотору уорбаланааччылар булуллубуттара. Буруйу оҥорбут бөлөх үс киһилээҕэ биллибитэ. Олортон иккитэ улахан дьон, үһүстэрэ сокуоннай сааһын туола илик уол. Бөлөҕү Тураев диэн Кавказка төрөөбүт, манна аймахтарыгар кэлэ сылдьар, отут саастаах киһи салайара биллибитэ. Онтон Першин уонна 18 сааһын туола илик Дрогов үлэтэ суох, куорат олохтоохторо этилэр. Сүрүн уорбаланааччынан Тураев буолара тута биллибитэ, сымыйа харчылар киниэннэрэ этилэр. Силиэстийэ бастакы күнүттэн үчүгэй дакаастабыллар, туоһулар көстөннөр, ону бэйэтэ да мэлдьэспэтэҕэ. Тураев этэринэн, соторутааҕыта куоракка көрсүбүт икки биир дойдулааҕа: «Маны дьиҥнээх харчыга уларыт», — диэн сымыйа кумааҕы харчыны (50 тыһыынчаалаах купюралары) хаалларбыттар. Бэйэлэрэ ханна эрэ салгыы айанныы турбуттар, хаһан кэлэллэрин туһунан тугу да эппэтэхтэр. Төһө сууммалаах харчыны хаалларбыттарын чопчу өйдөөбөт аатырбыта. Сэтинньи ыйга Тураев саҥа билсибит дьонугар, Першиҥҥэ уонна сокуоннай сааһын туола илик Дроговка, ол сымыйа харчылары дьиҥнээх харчыга уларытарга көмөлөһөллөрүгэр эппит. Үлэтэ суох олорор дьон тута сөбүлэспиттэр. Тураев кинилэргэ уларытыллыбыт дьиҥнээх харчыттан төлөһүөх буолан эрэннэрбит. Өссө милииссийэ үлэһитин дастабырыанньатын көрдөрбүт, туораттан сылдьан араҥаччылыах, түбэстэхтэринэ быыһаан ылыах буолбут. Эдэр дьон үчүгэйи, куһаҕаны ырыҥалаан өйдүүллэрэ буоллар, итинник саарбах дьыалаҕа киирэн биэриэ суохтаах этилэр. Дьэ, манныгы этэн эрдэхтэрэ, албыҥҥа акаары бараммат диэн. Сэтинньи 29 күнэ үүммүт. Першин уонна Дрогов Бэстээх уулуссаҕа баар оҕуруот аһын атыылыыр ырыынакка тиийэн харчыны уларытыыга кимиэллээхтик, туох баар сатабылларын киллэрэн үлэлээбиттэр. Түргэн соҕустук икки сымыйа харчыны дьиҥнээххэ уларыппыттар. Ону тута хаһаайыннарыгар Тураевка аҕалан биэрбиттэр. Бастакы ситиһииттэн санаалара көтөҕүллэн, дьиксиммэккэ салгыы үлэлииргэ быһаарыммыттар. Сымыйа харчы үчүгэйдик оҥоһуллубут буолан, дьон дьиҥнээхтэн араарбат эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Ол да буоллар сир уларытарга быһаарыммыттар. Куорат атын ырыынагар, малы-салы атыылыыр сиргэ тиийэллэр. Уорбаҕа киирбэт туһугар аны атыылаһааччы оруолун толороллор. Дрогов биир сымыйа купюраҕа 19 тыһыынча солкуобай сыаналаах эр киһи ырбаахытын «атыылаһар», ордугун дьиҥнээх харчынан олордон ылар. Көмөлөһөөччүлэриттэн астыммыт Тураев Першиҥҥэ уонна
Дроговка 15-тии тыһыынча ыраас харчыны туттаран үөрдэр. Киэһэ, хараҥа буолуута, үпкэ-харчыга ымсыы Першин биир сымыйа купюраны көрдөөн ылан, чугастааҕы киоскаттан ыарахан сыаналаах икки хаа сигаретаны уонна икки плитка сакалааты «атыылаһар». Тураев эрэллээх көмөлөһөөччү буолалларын көрдөрбүт уолаттарга туох да моһуога суох үс купюраны биэрэр. Онон биир бааҥка бразильскай кофены, биир хаа омук сигаретатын уонна биир иһит шампанскайы «атыыласпыттар», ордугун эмиэ дьиҥнээх харчынан ылбыттар. Дрогов ырыынактан дьахтар саҕынньаҕын 160 тыһыынчаҕа атыыласпыт. Ону уонна харчытын ордугун эмиэ Тураевыгар туттарбыт. Бөлөх чилиэннэрэ «бэйэбит икки ардыгар сыһыан дьэҥкэ уонна чиэһинэй буолуохтаах» диэн быраабыланан салайтаран сылдьыбыттар. Силиэстийэ кэмигэр, ол саҕынньах Тураев олорор дьиэтиттэн көстүбүтэ. Ахсынньы 2 күнүгэр Тураевтаах Дрогов түөрт сымыйа купюраҕа дьахтар киис бэргэһэтин 160 тыһыынчаҕа атыыласпыттар. Ити курдук куорат ырыынактарынан, маҕаһыынарынан, эргинэр киоскаларынан сылдьан, туох да моһуогу көрсүбэккэ балачча элбэх сымыйа кумааҕы харчыны уларыппыттар. Өссө да төһө баҕарар уһуннук сылдьар санаалаах эбиттэр, абааһы аһаабыт сириттэн арахпат. Сарсыныгар Тураев кыбартыыратын өрөмүөннүүргэ сөбүлэспит Карпухин хамнаһын 450 тыһыынча солкуобайы сымыйа харчынан биэрбит. Киһитэ онон тута ас-үөл арааһын атыыласпыт. Ордубут 150 тыһыынчатынан итирдэр утахтары батарар маҕаһыыҥҥа киирэн арыгы көрдөөбүт. Атыылааччы кини харчытын эргитэн-урбатан көрөн баран төннөрбүт, арыгыны биэрэртэн аккаастаабыт. Онтон ыга кыыһырбыт Карпухин Тураевка тиийэн, харчытын сирэйигэр быраҕан биэрбит. Иҥэн-тоҥон ыытыллыбыт силиэстийэ энчирээбэт чахчыларга олоҕуран, сымыйа харчыны тарҕаппыт дьон буруйдарын бары түгэннэрин, хас биирдиилэрэ тугу оҥорбутун чуолкайдаабыта. Үһүөннэрин холуобунай эппиэккэ тардыбыта. Криминалистическай экспертиза түмүгэ силиэстийэ кэмигэр булуллубут кумааҕы купюралар барылара сымыйа харчы буолалларын быһаарбыта. Оттон бөлөх 800 тыһыынча солкуобай суумалааҕы куорат иһигэр тарҕаппыта биллибитэ. Бу харчылар дьиҥнээх харчыны үтүгүннэрэн элбэтэр техника көмөтүнэн кэнсэлээрийэ кумааҕытыгар араас өҥнөөх кырааскаларынан оҥоһуллубут этилэр. Арай, ону кимнээх уонна ханна «уһаммыттара» чуолкай быһаарыллыбатаҕа. Оччолорго дойдуга быһыы-майгы сытыырхайбыт кэмэ буолан, ыытыллыбыт сорох ыйытыктарга толору харда кэлбэтэҕэ. Буруйдуур түмүк бигэргэтиллэн, дьыала суукка ыытыллыбыта. Холуобунай дьыаланы Саха өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун көһө сылдьар мунньаҕа кэлэн көрбүтэ. Хас да күн устата барбыт суут түмүгүнэн Тураев түөрт сыл күлүүс хаайыытыгар ууруллубута, Першиннээх Дрогов көҥүллэрэ үстүү сылга усулуобунайдык быһыллыбыта. Виталий Слепцов, Нерюнгри. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтыгар анаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан