Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕо сүрэҕэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҕо сүрэҕэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.08.2019 15:33
Үрүҥ дьиэ кырыанан бүрүйбүтэ нэһиилэ оҥойон көстөр түннүгэр биир эмээхсин олорор. Күрэҥсийэ сатаан баран аастыйбыт баттаҕын биир сүүмэх гына өрүммүт, чарчыстыбыт үрүҥ иэдэһэ кумааҕы курдук кубарыйбыт. Сүүһүн аннынан уолан эрэр көмүскэтин түгэҕэр бэркэ мунаарбыттыы, санаарҕаабыттыы хараҕын уота кылайар. Кини бу курдук күнү-күннүктээн көһүйүөр диэри түннүк иннигэр олорон тугу саныыра буолла? Эбэтэр тугу эрэ көһүтэн соҥуоран олороро дуу? Ырааҕы одуулаабыт харахтара чуҥкуйууну кэрэһилииллэр, сүөм түспүт көрүҥэ, куурбут-хаппыт бэйэтэ мунчаарыыны кэпсииллэр... Ылдьаана Мэхээйилэбинэ эдэр сылдьан үгүһү үлэлээбит, нэһилиэк ытыктанар кырдьаҕастарыттан биирдэстэрэ этэ. “Этэ” диир табыллыбата буолуо, билигин даҕаны бар дьон ытыктыыр, убаастаан кинини Мэхээйилэбинэттэн атыннык ааттаабат эмээхсиннэрэ. Арай саас ыллаҕын ахсын уруккуну-хойуккуну сыымайдыыра, олорбут олоҕун сыаналаан араас санааҕа тиийэрэ үксээтэ. Туохха-туохха сыыспытын, сүрүн алҕастарын була сатаан толкуйдуур да, билигин санаатаҕына, кэмсинэрэ суохха дылы. Арай дьылҕам, оҥоһуум манныга буолуо диэн уоскутунар идэлэннэ. Бөлүүн былыр үйэҕэ өлбүт Баҕыыр оҕонньору түһээн көрдө ээ. Ол кырдьаҕас туох үчүгэйгэ көстүбүт үһүө. Өлөрүн саҕана бэркэ иччилээхтик тылласпыта... “Чэ, хаалары, дьоҕойон былыт-хаар кэлээри гынна ини” диэн Ылдьаана уоскутунна. Аралдьыйаары, ааһар-барар дьону одуулаһан барда. Ылдьаана быйыл иккис сылын кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор. Бу дьиэҕэ кини курдук оҕолоох, ыччаттаах эрээри судаарыстыбаҕа иитиллэргэ күһэллибит аҕыйаҕа суох. Ким бэйэтин буруйунан, ким боҕуу буолумаары, ким бэйэтин үөлээннээхтэрин батыһан... Оттон Ылдьаана кырдьар сааһыгар дойдутуттан тэлэһийиэн баҕарбакка, өтөҕүн манаан хаалбыта. Кини атаҕар турбут икки үөрэхтээх оҕото иккиэн тэгил дойдуга тэҥнээхтэрин булан олохсуйбуттара. Төрүт дойдуларыттан, ийэлэриттэн тэйбиттэрэ. Былырыын кыыһа Кисиэнньэ соҕуруу көһөр буоллубут диэбитигэр, Ылдьаана харахтаан көрбөтөх сиригэр көһөн барсарыттан батынан кэбиспитэ. Дьиҥинэн, кыыһа аах бу дойдуга бэркэ табыллан, ытыс үрдүгэр сылдьыбыттара ээ. Аҕаларынан аймахтара кэлии омук күтүөттэригэр үлэ була охсон биэртэрэ. Кыыс да маннааҕы үлэтигэр табыллан ахан испитэ. Онто баара, биир үтүө күн күтүөт дойдутугар барар буолан хаалтара. Ылдьаана маҥнай соһуччута бэрдиттэн, баҕар, санааларын уларытыам диэн “ханна да барбаппын” диэн, кыра оҕолуу куттаан эҥин көрбүтэ да... Быһаарынан бүппүт дьон сиэринэн: “Ийээ, барсаҕын дуу хаалаҕын дуу, биһиги син биир көһөбүт”, — диэн мас-таас курдук талларбыттара. Ылдьаана Мэхээйилэбинэ өсөһө дэлэ дуо: “Барыҥ-барыҥ! Куосталаах кэлиэхтэригэр диэри соҕотоҕун да олороо инибин”, — диэбитэ. Санаатыгар, үйэтин бараабыт сиригэр, тапталлаах кэргэнэ көмүллүбүт өтөҕөр, олоҕун тиһэх сылларын олоруон баҕарбыта. Оҕолоро ону аахса, истэ да барбатахтара. Ити курдук Ылдьаананы кыыһа аах соҕотохтуу хаалларан ол баҕалаах соҕуруу дойдуларыгар көппүттэрэ. Аны биир сылынан Москуба куоракка үөрэнэр уола үөрэҕин бүтэрэн кэлиэхтээҕэр эрэнэн, Ылдьаана киэҥ-куоҥ дьиэтигэр соҕотох олорон хаалбыта. Куоста – Ылдьаана улахан уола, бэлиэр бэйэтэ дьиэ кэргэннээх, үлэлээх-хамнастаах, ол да гыннар олоҕун устата үөрэҕи сырсыбыт ахан киһи. Хас-хас дьупуломнааҕын ийэтэ сырсан да билбэт буолла. Хайаларын батан итинник билиигэ
тардыспыт барахсан эбитэ буолла. Ылдьаана да, бокуонньук аҕалара Ыстапаан да кинигэ ааҕартан ордукка үөрэммэтэх муҥнаахтар. Аҥаардас харыларын күүһүнэн оҕолорун атахтарыгар туруорбуттара. Онтулара да таайан, Ыстапаан эрэйдээх эрдэ-сылла анараа дойдуга тэскилээтэҕэ. Ылдьаана, сааһа соччо ырааппатар да, бэркэ ыарытыйар буолан эрэр. Кэнникинэн уола Куоста үөрэҕэ бүтэ охсон кэлэрин көһүтэрэ күүһүрэн иһэр. Сааһырбыт киһи чугас дьоно суох муунтуйара, чуҥкуйара дэлэ дуо?! Быһайын “оҕолорум өрөбүллэригэр сайылыы кэлиэхтэрэ” диэн көҥүллэтэн, дьиэтигэр тахсан сайылаабыта. Оҕуруотун сөхсүппүтэ, дьиэтин сууйбута-соппута. Ханна баарый? Дьоно соҕуруу итии дойдуга сынньана барбыт буолбуттара. Ол кэннэ үлэ атахтыыр аатырбыта. Чэ, оҕо дьон кыах баарына сири-дойдуну көрөн хааллыннар, миигин манаан олоруохтара дуо диэн, Ылдьаана санаатын алы гыммыта. Быйыл Саҥа дьылга хайаан да көһөн кэлэллэр ини. “Болдьохтоох кэмнэрэ оннук этэ”, — диэн, Ылдьаана ис-иһиттэн сырдаан, сиэбигэр укта сылдьар халандаарын ылан көрөр. Уол үөрэҕэ бүттэ да, урукку үлэтигэр кэлэн дуоһунаһа үрдээн, хата, бэркэ олоруохтара буоллаҕа. Бу санаатаҕына Ылдьаана сиэннэрин ахтыбыта да сүр. Былырыын, кыыһа аах көһөллөрүн саҕана, Ылдьаана бэйэтин бэрт тэтиэнэхтик сананара. Ол да иһин өсөһөн туран соҕотоҕун хааллаҕа. Дьоно барааттарын кытары ис кута кураанахсыйбыкка, тэлгэһэтэ тулаайахсыйбыкка дылы буолбута. Икки хас ый, өһөс санаатыгар, ол курдук соҕотоҕун олоро сатаабыта да, биир үксүн санаата да баттаан, ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Балыыһаҕа киирбит киһини ыала дьахтар ыарыылаан абыраабыта. Оҕолоругар биллэрэллэрин Ылдьаана буойсан тохтоппута. Ол оннугар кырдьаҕастар дьиэлэригэр киирэр докумуонун толортороллоругар көрдөспүтэ. Онтон бэттэх бу интэринээти дьиэ оҥостон олорор. Маҥнай утаа билэр дьонуттан кыбыстар да курдук туттара. Дьон кинини аһыммыттыы көрөллөрүн абааһы көрөрө, ону-маны ыйыталастахтарына: “Уолум эһиил кэлиэр диэри...” – диэн хоноччу туттан хоһугар киирэн хаалара. Ол абыраллаах уолбут кэлэр кэмэ уһаан, тиһэҕэр Саҥа дьылга диэн буолбута. Саҥа дьыллара буолара икки-үс хонук хаалбытын кэннэ, Ылдьаана сэмээр сээкэйин хомунан, бэркэ өрө көтөҕүллэн, интэринээттэн тахсардыы бэлэм сылдьыбыта. Остуорас оҕонньору көрдөһөн үс күн тохтоло суох тоҥ хаһаа дьиэтин отуннарбыта. Оҕолор кэллэхтэринэ, сылаас дьиэлээх көрсөөрү. Саҥа дьыл күн дьиэтин тиийэн сууйбута-соппута, ас астаан түбүгүрбүтэ. Хомойуох иһин, түүн үөһэ ааһыар диэри ким да кэлбэтэҕэ. Ылдьаана санаатыгар массыына тыаһын кэтэһэн ол түүн утуйбатаҕа даҕаны. Сарсыныгар Куоста субуоннаан Саҥа дьылынан эҕэрдэлээбитэ. Аттынааҕы улуус киинигэр баарын эппитэ. “Ааһан иһэн таарыйбатах даҕаны...” диэн санаа эмээхсин өйүгэр охсуллан ааспыта. Куостата, тапталлаах, кэтэһиилээх уола, сарсын төттөрү Дьокуускайга көтөрүн, онно үлэлии хааларын үөрэ-көтө кэпсээбитэ. Хас эрэ күн иннинэ быһаарыллыбытын ийэлэригэр умнан кэбиһэн кэпсээбэтэх этилэр. Ылдьаана уолун сонунун истэн, бэркэ санньыйан, холбугур бэйэтэ өссө кыччаабыкка дылы нөрүйэн саҥата суох олорбута. Үйэтин тухары үгүс ыарахан үлэни үлэлээн чарчыстыбыт ытыһын көхсүнэн мөл-мөл түһэр хараҕын уутун саҥата суох тарыйан кэбиспитэ. Оҕото кинини дьиэтигэр да ыҥырбата
эбээт... Ылдьаана өйүгэр-санаатыгар отучча сыллааҕыта буолбут түгэн бэрт дьэҥкэтик көстөн кэлэргэ дылы гыммыта. Ол сахтарга Ылдьаана үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьара. Ити икки оҕото саҥа оскуолаҕа киирбит кэмнэрэ этэ. Оччолорго үлэлээбэт, сылтаҕа суох көрү-нары тутуһар, доруобай эрээри дьиэттэн быкпат кыдьыктаах дьону уопсастыбаҕа соччо биһирээбэт этилэр. Ылдьаана да оннук дьону үгүстүк мунньахха кыайа-хото мөҕүтэлиир, холобур гынан тарбаҕынан ыйан хоруотуур сүрдээх актыбыыс хотууска этэ. Ол курдук үлэнэн дьоллонор кэмнэр турбуттара. Барытыгар былааны сырсыы, куоталаһыы... Ылдьаана ол кэмнэргэ кыах да баар ахан дьахтара этэ. Кини үлэтэ өрүү инники күөҥҥэ буолара. Биир сайын Баҕыыр диэн оҕонньор дьиэтэ умайан хаалбыта. Бу – үйэтин тухары үлэ диэҥҥэ умньамматах, уруккута-хойуккута биллибэт, сири-сибиири кэрийбит, тугунан ииттинэн олороро соччо биллибэт-көстүбэт кырдьаҕас этэ. Бу бөһүөлэккэ оҕонньор аймахтара да диэн суоҕа. Баҕыыр оҕонньор кэлин кыаммат буолан нэһиилэ уйутта сылдьара. Ол да буоллар арыгылыырын, итирдэр эрэ күөмэйин муҥунан ыллыырын уураппатах быһыылааҕа. Инньэ гынан мунньахтарга үгүстүк дьүүллэнэрэ. Дьиэтэ умайбытын кэннэ кырдьаҕаһы улахан дьиэлээхтэр диэн, быстах кэмҥэ диэн ааттаан, Ылдьааналаахха олохтообуттара. Ыстапаан, холку киһи,туох да диэн утарыласпатаҕа. Ылдьаана тосту-туора майгылаах оҕонньору иитэн-аһатан олороруттан кыккыраччы аккаастанан туһааннаах сиргэ сурук бөҕөнү суруйбута. Баҕыыры миэхэ олордумаҥ диэн айдаан бөҕөнү түһэрбитэ, дьиэтигэр оҕонньору кырыылаах хараҕынан көрөрө. Инньэ гынан оҕонньору оскуола аттыгар баар иччитэхсийэн турар кыракый дьиэҕэ көһөрбүттэрэ. Баҕыыр дьиэттэн тахсан бараары туран бэрт куһаҕаннык көхсүн этиппитэ уонна Ылдьаанаҕа туһаайан: “Хаһан эмэ эн биһикки сирэйбит тэҥнэһэр ини...” – диэн ботугураабыта. Ол кыракый дьиэҕэ олорон ол сыл Баҕыыр сүрэҕэ тохтоон өлбүт этэ. Оҕонньору туох да үгүс кэпсэтиитэ суох, сэбиэт дьаһалынан тиһэх суолугар атаарбыттара. Ылдьаана ол ааспыты санаан куйахата күүрдэ, этэ саласта. Ама, ол оҕото-уруута суох, олоҕор оннун булбатах муҥнааҕы холдьохпутуттан, ол кырыыһа туолан, оҕолоро кинини умнубуттара буолуо дуо? Төһөтүн да иһин, киһи буоллуннар ханнык диэн, үлэлээн атаҕар туруортаабыт оҕолоро киниттэн тиэрэ хайыстылар дуо? “Баҕыыр... оччотугар сирэйбит, кырдьык да, тэҥнэспит эбит...” – диэн Ылдьаана иһиллэр гына ботугураабыта... Сарсыныгар Ылдьаана аа-дьуо туран, сээкэйин төттөрү хомунан, ыалын уолун ыҥыран көмөлөһүннэрэн кырдьаҕастар дьиэлэригэр айаннаабыта. Иитиитэ итиннигэ дуу, өбүгэ өһө чахчыта дуу... Ийэ умнуллубут, оҕо сүрэҕэ тааска буолбут диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. М.Иванова.
kyym.ru сайтан