Кэпсээ
Войти Регистрация

Тирэх Уйбаан анаарыылара

Главная / Кэпсээн арааһа / Тирэх Уйбаан анаарыылара

K
edersaas.ru Категорията суох
11.06.2017 00:41
Өбүгэлэрбит «кыыс оҕо — омук анала» диэн тугу этэллэр этэй? Ыал – оҕотунан Орто дойдуга дьол диэн – оҕо. «Оҕо – баай» диир сыыһа. Баай диэн мал. Малы харчыга атыылаһыахха сөп, оҕону харчыга ылбаккын. Оҕо — айылҕа анала, ыал дьоло, омук кэскилэ. Киһи, ыал кэскилин оҕотунан кэбиһэр. Онон оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллуохтаах. Edersaas ru Сымыйалыыр уонна киһиргиир дьон киртийэллэр, айгырыыллар. Албынныыр апка киирбит киһи сымыйаччы, киһиргэс буолар. Оҕону иитэргэ итини көрүллүөхтээх. Оҕо биирдэ сымыйалаабытын таба туппатахха, иккистээн сымыйалыа. Ону буойбатахха, буолуохтаах курдук ылыныа, мэлдьи сымыйалыыр идэлэниэ. Оҕону албыннаан ииттэххэ, эрэлэ уонна итэҕэлэ суох буолар. Кырбаан, таһыйан ииттэххэ, кырыкка киирэр, хара күүһү билинэр. Оҕотун атаахтатар ыал эрэйин оҥостор. Атаах оҕо ирдиир эрэ: “Иитиэхтээххит-аһатыахтааххыт, хааччыйыахтааххыт!” Аҕа уһуйар, ийэ иитэр аналлаахтар. Билигин ыал үксэ оҕотун оскуолаҕа найылыыр. Оскуола оҕону ииппэт, үөрэтэр уонна дьоҕурун арыйар аналлаах. Дьахтар уонна эр киһи Бу икки эйгэ. Көрсө-харайса, харыстаһа, ситэрсэ сылдьыахтаахтар. Ол эрээри, кистэл буолбатах, эйэлээхтик олорор ыал аҕыйах. Бастаан мөккүһэллэр, онтон этиһэллэр, салгыы охсуһаллар, тиһэҕэр арахсаллар. Оннукка тиийимэҥ, кыайан өйдөспөт буоллаххытына, көһөрөн кэбиһиҥ, кэтэх санаа кэһиитэ оҥостуҥ. Туох барыта кэмнээх, ситтэҕинэ бэйэтэ тиийэн кэлиэ. Оччоҕуна: “Дьэ кырдьык, кэргэним инньэ диэбитэ ээ”, — диэн өйдүөҥ. Айылҕа көрдөрөр, эйгэҕэ этитэр. Кэтэһиэххэ наада. Охсуһуу диэн алдьатыһыы. Киһи бу Орто дойдуга охсуһа кэлбэт, айа-тута, олох олоро, Айыы тыынын ситимин салгыы кэлэр эбээт. Киһи өллөҕүнэ «сырдык тыына быһынна» диибит буолбаат? Ол аата киһи суох буоллаҕына, киниэхэ Айыы тыынын ситимэ быстар. Дьахтар сайаҕас санаалаах, аһыныгас айылгылаах, уйан уйулҕалаах, эр киһи күүстээх, өйдөөх, кытаанах санаалаах, кэһиллибэт кииннээх буолуохтаахтар. Олоҕу эр киһи айар-тутар, дьахтар кэскили оҥорор. Оттон оҕо — дьол, уруу-аймах ситимэ. Омук кута дьахтарга Айылҕабытын кытары хайдах алтыһабыт да, оннук араҥаччыланабыт. Айылҕабыт эрэ араҥаччылыыр. Кыыдааннаах кыһыммытыгар махтаныах тустаахпыт. Уһун, тымныы кыһынтан саллан баччааҥҥа диэри атын сиртэн дьон кэлиитэ арыый аҕыйах курдук. Ийэ сирбитигэр иитиллэбит. Ийэ өйдөбүлэ илгэ уонна иитиллэр диэн. Оттон Аҕа уонна Айылҕа араҥаччылар. Кыргыттар, уолаттаргытын сэнээмэҥ. — Саха уола бытааннык өйдүүр, үөрэҕи кыайан ылбат, үлэлии сатаабат, бэрээдэгэ мөлтөх, — диэн этэргитин элбэхтик истэбин. Оннук буолбатах. Уһун, тымныы кыһыннаах дойдуга ордук уол оҕо хойутаан ситэр, бытааннык арыллар, ол эрээри удьуору ууһатар, ийэ сирин араҥаччылыыр аналын толорор. Толоруо даҕаны. Омук дьылҕатын, омук кутун дьахтар тутар. Кыыс оҕо итини кыра сааһыттан билэ улаатыахтаах. “Кыыс – омук анала” диэн өс номоҕун ис хоһооно “кыыс бэйэтин омугун анала” диэн, атын омукка сүктэн барыахтааҕын туһунан этиллибэт. Киһиргээбит кирсэ быстар Бэйэ-бэйэбитин наһаа дарбатыһар, хайҕаһар, аакка-суолга дьулуһар буоллубут. Былааска олус найыланныбыт. Былаас харчы биэрбэтэҕинэ, олох олорон бүтэр курдук сананныбыт.
Былаас диэн биһиги сүрүммүт, атына барыта бэйэбититтэн тутулуктаах. Үлэлиэххэ-хамсыахха наада. Үлэни үрүҥҥэ-хараҕа араарыллыбат, үлэ барыта олоҕу айар-тутар. Сүбэнэн сүрэхтэниэххэ, бэрди былдьаһымыахха. Сүбэ – өйү үллэстии, билиини бэрсии, санааны атастаһыы, хардарыта үүннэрии-сайыннарыы буолар. Билигин наар күөн күрэс айдаана буолан хаалла. «Онно кыайдыбыт, манна хоттубут». Киһи үксэ «улуу» дэнэр, ырыаһыт барыта «сулус» аатырар. – Киһиргээмэ, кирсиҥ быстыа, – диир өс хоһооно. Мээнэ киһиргэтэн киһини кэҕиннэриэххэ сөп. Омуктар тугу баҕарар сатыахтара, киһиргэтэн-киһиргэтэн, киһи кирсин, омук кирсин быһыахтарын сөп. Орто дойдуга киһи кыайыы туһугар олорбот. Иллээх олоҕу айар-тутар туһугар олорор. Киһи өйүгэр тугу үлэхтиирэ, санаатыгар тугу салайара бэйэтин олоҕо буолар. Ол иһин сырдыгы уонна хараҥаны, сылааһы уонна тымныыны тэҥниир туһугар олоруллуохтаах. Дьонтон ордо сатаабакка, итэҕэс буолбакка, сэнэммэккэ, олоҕу уонна дьону сыаналаан. Тыл сүрдээх уонна дьайыылаах Тылбытын наһаа киртиттибит, хас биирдии тыл туох суолталааҕын, дьайыылааҕын умнан эрэбит. Тыл сүрдээх уонна дьайыылаах. Ону уйуохха наада. Артыыстар тыл сүрүгэр сылдьаллар. Ис айылгыларыттан киирэн оонньоотохторуна эрэ, оруолларын арыйаллар. Ол иһин, испэктээк кэнниттэн ыраастаныахтаахтар. Тыйаатырдарга ыраастанар, арчыланар анал хос баар буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, тутулга киирэн хаалыахтарын сөп. Куһаҕан оруолу оонньообут киһи ол эйгэтиттэн босхолоноро ыарахан. Тугу барытын ийэ диэн тылга сыбыыр идэлэннибит. Тылбыт «ийэ тыл» этэ, өйбүт «ийэ өй» дэннэ, айылҕабыт «ийэ айылҕа» аатырда, аны муҥхабыт «ийэ муҥха» буолла. Аҕа диэн тыл эмиэ баар эбээт. Урукку сахалар хаһан да «Ийэ айылҕа» диэбэттэрэ, «Аҕа айылҕа», өссө «айгыр (атыыр)-силик айылҕа» дииллэрэ. Нууччалыы «мать-природа» дэнэрин сүһэн ыллыбыт. Алгыс — Айылҕа аартыга Айылҕа барыта айаҕа турар. Онон барарга-кэлэргэ аартыктары арынан, кэс тыллары кэбиһинэн, алҕанан сылдьыллыахтаах. Алгыһы үгүстэр сыыһа өйдүүллэр. Киһи мээнэ алгыы сылдьыбат. Баҕа санаа баайыыта, үтүөнү үлэхтээһин, кэрэни кэккэлэтии, сырдыгы сыһыарыы, тускулу туттарыы диэн баар. Ону аҕыйах тылы сыһыаран этэн баран, «алгыспын аныыбын» дииллэр. Алгыс диэн Айылҕа аартыга. Улахан. Урукку дьон «алгыспын аныыбын» дии сылдьыбаттар этэ, бэйэлэрин тылларынан баҕа санааларын баайан баран «үтүөнү баҕарабын» дииллэрэ. Олоҕу суолталыыллара. Былыр алгыһы, алгыс сиэрин-туомун айылгылаах дьон эрэ толороллоро. Сэрэниэххэ наада. Алгыс да араастаах. Билигин сатыырдыын, сатаабаттыын бары алгыыллар. Салаҥнык алҕыах кэриэтин баҕа санааны баайар, үтүө өй үлэҕин үлэхтиир ордук. Аны туран билиҥҥи алгысчыттар наһаа улахан Айыылары ыҥыраллар. Ити сыыһа. Улахан сүрдэр мээнэҕэ кэлэн барбаттар. Ааттара да улаханнык ааттаныа суохтаах. Ыһыах кэмигэр эрэ туттуохха сөп. Ону биһиги дьоммут ол-бу аайы, күнүс буоллун күнүс, түүн буоллун түүн ыҥыран иһэллэр… Тирэх Уйбаан, Edersaas ru сайтка анаан. Күндү ааҕааччылар! Уран уус, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Монастырев – Тирэх Уйбаан айылҕаны анаарыытын, эйгэни ырытыытын, этиттэриилээх айымньыларын саҥа тахсыбыт «Айыы сырдык тыына» кинигэҕэ ааҕыҥ. «Сахабэчээт» киоскаларыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан