Кэпсээ
Войти Регистрация

Ньааньыска уйата (ҮҺҮЙЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ньааньыска уйата (ҮҺҮЙЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
16.11.2024 10:00
Сэрии сылларыгар Өндөрүүскэ уонна Көстөкүүн (Килээдэ) диэн дьоннор Дьааҥы сиригэр бултуу тахсыбыттар. Эргэ өтөххө быраҕыллыбыт балаҕаны булан үүтээннэммиттэр. Балаҕан сэнэх соҕус: биллэрик ороннордоох, оһохтоох эҥин эбит. Биһиги дьоммут олохторун булан, оҥостон хас да күн бултаабыттар. Биир күн эмиэ бултаан баран балаҕаннарын хараҥаҕа булбуттар. Өндөрүүскэ көмүлүөк оһоххо куруҥах маһы толору симэн отто охсубут, сотору балаҕан иһэ сандаара түспүт. Көстөкүүн сээкэйин бэрийэн баран, таһыттан киирэн оронун диэки баран иһэн, саҥа аллайа түспүт: «Хайа, бу тугуй?» Өндөрүүскэ хап-сабар ойон тиийэн көрбүтэ, Көстөкүүн түүрбэккэ хаалларбыт тэллэҕэр көтөр уйатыгар маарынныыр бэргэһэ саҕа уйа оҥоһуллубут. Өндөрүүскэ урут чөчүөккэ итинник курдук уйа туттарын туһунан ханна эрэ истибитин өйдүү биэрэн: «Ээ, доҕоор, ньааньыска уйата буолбатах дуо?» — диэбит. Киһитэ үгүһү толкуйдуу барбакка, тоҕо эрэ кыыһырар санаата баһыйан, хаана оргуйа түспүт да: «Өссө киһи таҥаһыгар уйа туттубут буола-буола!» — диэт, ыстанан тиийэн уйаны сиргэ тоҕо хаһыйан кэбиспитэ ыһылла түспүт. Өндөрүүскэ онно көрдөҕүнэ, араас бөх-сах, сиэл, кыл, от уонна балайда өттө, киһи хараҕар быраҕыллар гына, таҥас кырадаһына үһү. Өндөрүүскэ тэйэ хааман баран, дьээбэлэнэн: «Ити, арааһа, сыыһа сиргэ хаһыйдаҕыҥ буолуо?! Баҕар, эйигин кытта хоонньоһоору, эн ороҥҥор уйа туттубута буолуо. Хайдах гынарын көрүө этибит буоллаҕа дии”, — диэн күлбүт. Моһуокка ылларбыт Көстөкүүн: «Киһини күлүү гынаргын эрэ билэҕин!» — диэн кыыһыран буугунаан кэбиспит. Аһаан-сиэн баран, улаханы тугу гыныахтарай, утуйарга баартар. Балайда сээбэҥнээн сыппахтаан баран, сылаалара таайан утуйан хаалбыттар. Ити итинэн ааспыт. Сыыйа-баайа умнуллан хаалбыт. Булчуттар атын туох да иҥэ-дьаҥа суох этэҥҥэ кыстаан, былааннарын толорон, бултуйан, этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлбиттэр. Көстөкүүн кэргэннэнэн, дьиэлэнэн-уоттанан, эмээхсининээн саастарын моҥоон өлбүттэрэ. Арай, оҕото суох этилэр. Өндөрүүскэ ону Көстөкүүн ньааньыска уйатын алдьаппытын кытта сибээстиирэ уонна: «Ити иччитэх, туох да суох балаҕаныгар хантан итиччэ элбэх таҥас кырадаһынын ылара буолла?! Хайдах, ханна ууран илдьэ сылдьара буолла?! Уруккуну илдьэ сылдьара буолуо дуо?! Биһиги эр дьон туох таҥаһын кырыйыахпытый, сиэллэммэт-туһахтаммат да этибит», — диэн муодаргыыра. А.Львов, Суотту, Уус Алдан. * * * Маннык кэпсээннэри, сэһэннэри, олоххо дьиҥнээхтик буолбут түгэннэри, абааһы, иччи, ойуун абын-хомуһунун, о.д.а тустарынан «Бичик» «Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ» сериянан тахсар эҥин-эгэлгэ кинигэлэригэр биһирии ааҕыҥ!
edersaas.ru сайтан