Кэпсээ
Войти Регистрация

Быыралаан кэлэн, былааска тарбачыһыы (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Быыралаан кэлэн, былааска тарбачыһыы (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
08.06.2017 19:00
Кырдьаҕас прокурор кэпсиир Саха сирин соҕуруу эҥээригэр баар дьоҕус куоракка үлэлээбитим тухары эҥин араас салайааччылары көрөн-билэн кэллим. Ким эрэ уһуннук, ким эрэ олох кылгастык үлэлээн ааһар. Сорохтор хайҕанан, атыттар араас биричиинэлэринэн уурайан бараллар. Итинник быһыыга-майгыга үөрэнэн хаалбыт оройуон олохтоохторо салайааччылар уларыйыыларыгар улаханнык суолта биэрбэт, кыһаллыбат, ааһа баран, хал буолбут быһыылаахтара. Оттон мин, тустаах үлэбинэн алтыһар буоламмын, салайааччылары билэрим, кинилэри бэйэм да интэриэһиргиирим. edersaas ru 2000 сыллаахтан куоракка муниципальнай сулууспа тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Онно федеральнай сокуон тутуһуллуохтааҕын прокуратура кытаанахтык кэтээн көрүөхтээҕэ, тахсар кэһии тута туоратыллыахтааҕа. Сокуону араҥаччылыыр уорган үлэһитэ буоларым быһыытынан, оннук кэһиилэри булан туоратар, өскөтүн дуоһунастаах киһи сокуону бэйэтинэн кэспит түбэлтэтигэр, сокуон ыйарынан эппиэккэ тардар эбээһинэстээҕим. Саҥа кэлбит дьонтон тута Антон Кузьмич Славинскай биллэн-көстөн барбыта. Маҥнай олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай инженеринэн үлэлээбитэ, сотору кэминэн генеральнай дириэктэри солбуйааччытынан анаммыта, онтон генеральнай дириэктэр кириэһилэтигэр олорбута эрэ баар буолан хаалла. Итини таһынан, дойду баһылыгын Уһук Илин федеральнай уокурукка боломуочунайын бэрэстэбиитэлэ буолан, уопсастыбаннай приемнайга гражданнары көрсөр эппиэттээх да, үрдүк да солоҕо тигистэ. Өр-өтөр буолбата, аны оройуон Сэбиэтин дьокутаата буолан соһутта. Ити баара суоҕа икки сыл иһигэр. Мин бастаан утаа маннык киһи баар буолбут диэн болҕомтоҕо ылан баран, үлэҕэ-хамнаска тахсар боппуруостарынан биирдиилээн дьонтон уонна тэрилтэлэр салайааччыларыттан киирэр суруктартан төрүөттэнэн, ол киһини кытта сороҕор сирэй көрсөн, сороҕор төлөпүөнүнэн кэпсэтэрим. Сотору соҕуһунан куоракка сурах тарҕанна: Славинскайбыт Украинаттан кэлбит, эбиитин оройуоммут баһылыгын чугас аймаҕа үһү, онон, баһылык үрдээн атын сиргэ көһөр түбэлтэтигэр, бэйэтин оннугар хаалларыан сөп диэн. Сурах сураҕынан. Биһиги итинник сурахха сокуону кэһии, материальнай хоромньу таһаарыллыбатах буоллаҕына, бэрэбиэркэни ыытар төрүөппүт суох. Ити кэнниттэн сылы эрэ кыайбат кэминэн киһибит оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччытынан анаммыта иһилиннэ. Бу аҕай иннинэ кини маҥнай баһылыгы ОДьКХ уонна промышленнай энергетика боппуруостарыгар солбуйааччынан бэрт кылгас кэмҥэ үлэлии сылдьыбыта. Онон баһылык командировкаҕа эбэтэр уоппускаҕа барар түбэлтэтигэр кинини аны Славинскай солбуйан хаалар буолла. Оройуон салалтатыгар быһыы-майгы маннык уларыйбытыгар сокуону кэтээн көрөр олохтоох уорган, ол аата куорат прокуратурата, федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, бэрэбиэркэ ыытарга быһаарда. Ол бэрэбиэркэни ыытыы миэхэ сүктэриллибитэ. Бэрэбиэркэ түмүгэр, дьокутаат Славинскай оройуоннааҕы муниципальнай тэрилтэ салайааччытынан сокуону тосту-туора кэһэн туран анаммыта быһаарыллыбыта. 1998 с. ылыллыбыт «Российскай Федерация муниципальнай сулууспатын тутулун туһунан» 8 №-дээх федеральнай сокуону уонна да атын федеральнай сокуоннары кэһии түмүгэр дьокутаат Славинскай А.К. оройуоннааҕы муниципальнай тэрилтэҕэ көһөн, өссө биир улахан салайааччы кириэһилэтигэр олоро түспүтэ. Сокуон этэринэн, муниципальнай тэрилтэ үлэһитэ, сулууспалааҕа быыбарданар уорганнартан талыллан дьокутаат буолара бобуллара. Оттон Славинскай хайы-үйэ оройуон дьокутаатынан талыллан уонна оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччытынан ананан олороро. Киһибит били өс хоһоонун ханарытан эттэххэ, икки куобахтан биирин эрэ буолбакка, иккиэннэрин тутан баран,
хайатын да ыһыктыбат тойон буолан биэрбитэ. Улахан дуоһунаска ананнар даҕаны дьокутаат боломуочуйатыттан аккаастаныан баҕарбат этэ. Бу киһи биһиги куораппытыгар сулууспалыыр карьерата тоҕо эрэ олус эмискэ үрдээбитинэн сибээстээн уонна да атын төрүөттэргэ (ол иһигэр, «докумуонун ирдээтэхтэринэ, пааспарын куоппуйатын эрэ биэрэр, пааспарын көрдөрбөт» диэн иһитиннэриигэ) олоҕуран, өрөспүүбүлүэктээҕи пааспар-виза управлениетыгар ыйытыы ыыттым: – Славинскай тоҕо бачча түргэнник Россия гражданинын пааспарын ылары ситистэ, туох биричиинэнэн? Уопсайынан, кини билигин Россия гражданинынан ааҕыллар дуо? Ону чуолкайдыыргытыгар. Сотору Дьокуускайтан маннык харда кэллэ: – 1997 сыллаахха эһиги ыйытар Славинскайгытыгар кырдьык, Россия гражданинын пааспора бэрт кылгас кэмҥэ бэриллэ сылдьыбыт гынан баран, пааспар сокуону кэһэн бэриллибитинэн, төттөрү ылыллыбыт. Онон кини РФ гражданинын быһыытынан ааҕыллыбат. Тута Славинскайы прокуратураҕа ыҥыран, өрөспүүбүлүкэтээҕи пааспар-виза сулууспатыттан кэлбит сурук төһө оруннааҕын туһунан быһаарыы бэрдэрдибит. Билбиппит маннык буолла: кини манна кэлиэн иннинэ чахчы Украинаҕа олорбут, оскуоланы онно бүтэрбит. Кэлин техническэй институту бүтэрэн, инженер буолбут. Ханна үлэлиир туһунан боппуруос турбутугар саарбаҕа суох Россияны талбыт, ити кэмҥэ аймахтара Россияҕа, ол иһигэр Нерюнгригэ олорор эбиттэр. Ол гынан баран, оройуон баһылыгын кытары аймахтыы буоларын төрүт билиммэтэҕэ, көннөрү үчүгэй сыһыаннаахпыт диэбитэ. Россияҕа кэлээтин бастакынан гражданствоны ылыныы боппуруоһа турбут. Ону син этэҥҥэ быһаарбыт курдук буолбут эрээри, алҕас бэриллибит диэннэр ылбыт пааспарын төттөрү туттарарыгар модьуйбуттар. Гражданствоны ылбыт боппуруоһа тоҕо итинник эргийэн тахсыбытын кини быһаарар кыаҕа суоҕа. Оройуон прокуратурата оройуон баһылыгын уонна оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлин ааттарыгар сокуоҥҥа тахсыбыт кэһиилэри түргэнник, ыйыллыбыт болдьох иһинэн, туоратар туһунан сурук түһэрбитэ. Ол ис хоһооно, ааҕааччылар да сэрэйбиттэрин курдук, Славинскайы оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччытын дуоһунаһыттан уонна дьокутаатыттан босхолуур туһунан этэ. Оройуон баһылыга дьаһалы толороругар эрэ тиийбитэ. Дьоҕус эрээри, өрөспүүбүлүкэ соҕурууҥҥу түбэтин сайдыытын быһаарыыга дьоһун суолталаах куоракка туора дойдуттан быыралаан кэлэн былааска тарбачыһыы тохтотуллубута. Виталий СЛЕПЦОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas ru сайтка анаан.
edersaas.ru сайтан