Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эйигиннээҕэр үчүгэй уолу буллум (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эйигиннээҕэр үчүгэй уолу буллум (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
30.09.2024 10:00
Куорат биир остолобуойугар сыбаайба үгэнэ. Бастакы остуол түмүктэннэ. Ыалдьыттар номнуо чэпчээн, ким табахтыы, ким кыра наадатыгар, ким салгын сии таһырдьа тоҕо сууллан таҕыстылар. Иһирдьэ кыра саалаҕа үҥкүү буолбутугар, ыччаттар онно субустулар. Айсен таһырдьа тахсан табахтыы турда. Кинилэр биэс буолан университекка бииргэ үөрэммит кыыстарын сыбаайбатыгар ыҥырыллан кэлбиттэрэ. Бииргэ үөрэммит оҕолорун барыларын буолбакка, хампаанньалаһан сылдьыбыт чугас доҕотторун ыҥыртаабыт. Сураҕа, сорохтор өһүргэммиттэр үһү. Айсеннаах үөрэххэ киирэн, уопсайга олорон бииргэ үөрэнэр кыргыттарын кытта икки хоһунан доҕордоспуттара. Күнү быһа бииргэ сылдьан, адьас убайдыы-балыстыы курдук буолан хаалбыттара. Бииргэ аһыыллара, уруоктарын ааҕаллара, иһиттэрэ-хомуостара, тэлэбиисэрдэрэ уопсай этэ. Кыргыттартан конспектарын усталлара, бииргэ киинэҕэ, катокка сылдьаллара. Үчүгэй да сыллар-күннэр ааспыттар!. Ол бэйэлэрэ билигин тус-туһунан ыал буолан, тус-туспа сиргэ олохсуйан, бииргэ түмсэн көрсөллөрө да ахсааннаах буолла. Билигин биирдэ эмэ тосхойор маннык көрсүһүүлэргэ Айсен хайдах эрэ урукку кэмҥэ түһэн ылбыт курдук сананар. Айсен бу турдаҕына, сыбаайбалыыр кыыс Таня үп-үрүҥ былааччыйата суугунаабытынан, соҕотоҕун тахсан, чуо киниэхэ супту хааман кэллэ. Сыбаайба былааччыйатын кэппит кыргыттар тупсан хаалаллар диэн кырдьык быһыылаах. Таня кып-кыракый уҥуохтаах, симик соҕус, аҕыйах саҥалаах кыыс этэ. Устудьуоннуу сылдьан кинини Дюймовочка диэн ааттыыллара. Билигин симиттибит көрүҥэ суох, өссө кыратык холуочук быһыылаах. Айсен иһигэр: «Тоҕо соҕотох таҕыста? Дьон туох эрэ диирэ буолуо», – дии санаата. — Привет, Айсен! Хайа, туох сонуннааххын? — Привет! Сонун суох. Эҕэрдэлиибин! Хайа, кэргэниҥ ханна баарый? Билиһиннэрбэккин дуо? — Баһыыба. Оттон эн ыал буоллуҥ дуо? – диэн Таня ыйытыыны истибэтэх курдук, утары ыйытта. Айсен эмискэччитэ бэрдиттэн мух-мах барда. Нэһиилэ: — Суох, – эрэ диэтэ. — Тоҕо ыал буолбакка сылдьаҕын? Сааһыҥ да ыраатан эрэрэ буолуо? — Эс, наһаа да ырааппатар… Сөптөөх кыыс көстүбэт, – диэн куолутунан куотуна сатаата. Хайдах эрэ, кэпсэтии маннык хайысхаламмытын сөбүлээбэт буолан барда. — «Сөптөөх кыыс» буолан… Идеалгын көрдүү сылдьарыҥ буолуо? — Наһаа да идеал буолбатар… — Айсе-ен, эн билэриҥ эбитэ дуу, урут мин эйигин наһаа сөбүлүүр этим. Эн ону сэрэйбэт этиҥ дуо? Оонньуу-күлэ «миигин кэргэн ыл, кэмсиниэҥ суоҕа» диир этим дии… Эн оччолорго кырасаабыссалары эрэ көрөр этиҥ. Билигин да уларыйбатаххын быһыылаах. Ханна баалларый, ол кырасаабыссаларыҥ? Соҕотох сылдьаҕын. Оттон мин эйигиннээҕэр үчүгэй уолу буллум. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэн итини этэллэрэ буолуо. Урут эйигин таптаан эрэйдэнним да этээ! Ол барыта үчүгэйгэ эбит… Айсен соһуйан эрэ хаалла. Хайдах сыбаайбалыыр кыыс маннык этиэн сөбүй? Таня урут кинини сөбүлүүрүн сэрэйэрэ да, кырдьыга, улахаҥҥа уурбат этэ. Балтын, чугас дьүөгэтин курдук саныыра. — Таня, где ты? – диэбитинэн бааһынайдыҥы ыраас хааннаах, нууччалыы эрэ саҥарар, сырдык көстүүмнээх күтүөт уол тахсан кэллэ. Кинилэри соһуйбуттуу, эмиэ да уорбалаабыттыы көрүтэлээн ылла. — Владик, познакомься, это мой однокурсник. Помнишь, я рассказывала? — Влад, – диэн баран, күтүөт уол Айсеҥҥа илиитин биэрдэ, уун-утары тургутардыы көрдө. Ити икки ардыгар хайы-үйэ холуочуйа охсубут атастар-доҕоттор тахсан, туох эрэ бытархай кылабачыгаһынан уоллаах кыыһы ыһан күдээриттилэр. Бэлэм баҕайытык: «Горько! Горько!» диэн хаһыылаах буоллулар. Влад үөрүйэх баҕайытык Танятын кууһан ылан, уураһан бардылар. Айсен ол ыккардыгар Таня кини диэки эҕэлээх баҕайытык көрөн ылбытын бэлиэтии көрө оҕуста. Уопсай үөрүүгэ-көтүүгэ кыттыһыах баҕата сүтэн хаалла. Хайдах эрэ гынан, такси ыҥыран, дьиэлээбит киһи диэн саныы турда. Ангелина Васильева-Дайыына.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан