Кэпсээ
Войти Регистрация

«Yчүгэй дьахтар» (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / «Yчүгэй дьахтар» (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
02.06.2017 18:00
Аан «лис» гына күүскэ сабыллыбыт тыаhа истиэнэни доргутан, серваҥҥа иhити лыҥкынатан, өссө тугу аймыыбын диэбиттии, кэрийэ сүүрэн иhэн, кириэhилэҕэ олорор Клавдия Ивановнаҕа иҥиннэ. Дьиэ иhигэр уу чуумпу бүрүүкээтэ. — Бүттэ! Барыта бүттэ! — диэн аймаммыт санаа өрө күөрэйэн иhэн, тоҕо эрэ улам уостан, симэлийэн сүтэн хаалла. Дьахтар мэндээриччи көрөн, сэниэтэ эстибиттии, тугу гыныан билбэккэ, кырааскалаах тыҥырахтарын одуулаhа олордо. Онтон ойон туран, сибилигин төннөн кэлиэ диэбиттии, түннүгүнэн таhырдьаны одууласта. Ким да төннөн кэлбэтэ, кэлииккэҕэ тиэрдэр суол, манан ким да ааспатаҕа диэн, мэлдьэспиттии ырылыйан көhүннэ. «Yйэм тухары ыал буолан, дьиэ тэринэн, кырдьыахпар диэри ньир бааччы олоруом диэбит ыра санаам ити баар! Соҕотох хааллым буолбат дуо? Туох аатай бу? Өссө ааны хайа бырахпыт буола-буола! Тугун абатай?!» — диэн абарбыт-сатарбыт санаа хаттаан оргуйан, суоhурҕанан кэллэ… Клавдия Ивановна, хаhан эрэ «Клаша», ыал соҕотох оҕото, куорат таhынааҕы дэриэбинэҕэ улааппыта. Дьоно кыыстарын туhугар тугу да кэрэйбэтэхтэрэ: үөрэппиттэрэ, таҥыннарбыттара, бэйэлэрин кэннилэриттэн сүөhүлээн-астаан балай эмэ улахан тэлгэhэлээх, гааhынан ититиллэр дьиэни хаалларбыттара. Иллэрээ сыл, аҕыйах ыйынан быысаhан, анараа дойдуга аттаммыттара. Төрөппүттэрэ хара өлүөхтэригэр диэри Клавдия Ивановна кинилэр тапталларынан угуттанан, хаhан да бу маннык нус-хас олох бүппэтигэр бүк эрэнэн, дьоллоохтук олорбута. Күтүөт да бэрт сымнаҕас киhи түбэспитэ. Клаша дьоно тугу этэллэриттэн тахсыбат, саҥата суох сөбүлэhэн иhэр, бэрт бүтэй, бэрт холку киhи этэ. Холкутун көрдөрдө ээ! Клавдиялаах Сергей киҥир-хаҥыр саҥарсыылара, өйдөспөт буолуулара былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Төрөппүттэрэ тыыннаахтарыгар Клаша бэлэм аска-таҥаска, сылаас дьиэҕэ-уокка сылдьыбыта. «Кэбис, Клаша үлэлиир», «Клаша сылайбыт», «Клаша кэллэ…», «Клаша барда…», «Клаша …», «Клаша…» диэн буолара. Ол буолар буолуохтааҕын курдуга. Бэйэтэ «оҕо буолан» оҕоломмотоҕор кыhаллыбатаҕа, өрө тутуллар санаатын ыhыктыбатаҕа. Иккиэ да хаалан баран, дьиэҕэ кини эрэ муҥур ыраахтааҕы, үҥүллэр таҥара буолуохтааҕын курдук санаммыта, бэйэтин эрэ интэриэhин өрө тутарынан муҥурдаммыта. Сергей бастаан саҥата суох барыны бары саба тутан, бүтэрэ-оhоро сатаабыта да, кыаллыбатаҕа. Хаhан да бүппэт дьиэ үлэтэ илиитин-атаҕын баайан, үлэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноhо курдук буолбута. Сотору буолаат бэйэтин эрэ иннин көрүнэр, бэйэтин эрэ чааhынай хаhаайыстыбатыгар охтубут мөкү үлэhит аатырбыта. Санаа аралдьытынабын диэн ааттаан, аhыы аска ыаллаhар буолан барбыта. Yлэҕэ да, дьиэҕэ да өйдөспөт буолуу үксээбитэ. Саас үлэтиттэн уурайбыта, дьиэтин-уотун, сүөhүтүн көрөр үhү диэн буолбута. Клавдия Ивановна ону тулуйбатаҕа. «Мин эрэ үлэлиибин, мин эрэ харчы өлөрөбүн, эйигин иитэн-аhатан олоробун», — диэн сирэй-харах анньара үксээн барбыта. Эр киhи да утары саҥарсар, хадаардаhар буолбута. Дьиэ иhигэр икки аҥы муннукка бүк түhүү элбээбитэ, саҥа-иҥэ мэлийбитэ. Онно эрэ Клавдия Ивановна оҕо суоҕа куhаҕанын туhунан санаталыыр буолбута. Икки, кэргэннии да буоллуннар, тус-туспа киhини холбуур уопсай ситим, түбүк суоҕа өйдөспөт буолууну өссө дириҥэтэрин, ыалы ыал гымматын өйдөөбүтэ. Ол быыhыгар:
«Арыгыhыттан туох аанньа оҕо төрүүр үhү, наадата суох!» — диэн санаалар эмиэ күөрэйтэлииллэрэ. Ону барытын бүгүҥҥү айдаан түмүктээтэ быhыылаах. Сергей киэhэ үлэтиттэн кэлбит Клаваны эмиэ холуочук көрсүбүтэ. Өр уларытымматах таҥаhынан хомуллубатах дьиэ ортотугар дьыбааҥҥа туох да кыhалҕата суох курдук телевизоры өрө мыҥаан сытар эрин көрүҥэ Клавдияны өрө кыынньаабыта. Суумкатын ороҥҥо элитээт, таҥаhын уларытта-уларытта: «Хайа дьахталлар суунар-тараанар, дьиэлэригэр-уоттарыгар, кэргэннэригэр кыhанар-мүhэнэр үчүгэй эрдээхтэрэ буолла? Миэнэ дьыбааны харабыллыырыттан атыны билбэт, дьэ күндү дьыбаан!» — диэн мөхпүтүнэн-эппитинэн барбыта. Элбэх тыл-өс этиллибитэ, хойох хостоммута. Саҥата суох сыппыт Сергей эмискэ ойон турбута. «Эн… Эн бааргын миигин төттөрү төлкөлөөбүт… Эх, Клава… Эн эрэ бэркин, эн эрэ үчүгэйгин!.. Олор бэйэҥ… үчүгэй дьахтар!» — диэн тыына хаайтарбыттыы төлө биэртэлээбитэ, өссө тугу эрэ этиэхчэ курдук өрүтэ тыыммахтаат, ааны хайа быраҕан таhырдьа ойбута. Хаhан да эргиллибэттии быhаарынан, суол хоту сорунуулаахтык хаама турбута. Оксана Гаврильева — Айсана * * * Оксана Гаврильева — Айсана «Аанньаллар» кинигэтэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыга баар. Бу кинигэҕэ эһиги «Бастакы булт», «Өйтөн суруйуу», «Отчуттар», «Оҕолор барахсаттар», «Аҕам ыттара», о.д.а. дьиэ кэргэн, оҕо, төрөппүт, эһээ, эбээ сыһыаннарын тустарынан бэрт сэргэх кэпсээннэрин биһирии ааҕыҥ!
edersaas.ru сайтан