Кэпсээ
Войти Регистрация

Улахан үөрүү

Главная / Кэпсээн арааһа / Улахан үөрүү

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.08.2019 15:58
— Эн ханна-ханна бааргыный? — Баарбыа-ыан... — хантан эрэ, биллибэт сиртэн истиҥ куолас сибигинэйэр. — Эн кимнҥиний, эйигин көрүөхпүн олус баҕарабын. — Мин эн АйыыґытыІ буолабын. Мин көстүбэппин ээ, мин саҥарабын эрэ. Ону атыттар истибэттэр даҕаны, таайбаттар даҕаны. Арай эн эрэ истэр кыахтааххын. — Атыттар диэн кимнээҕий? — Атыттары эн ийэҥ иһиттэн таһырдьа таҕыстаххына көрүөҥ, билигин улаата түс. — Таһырдьа диэн ол аата тугуй? — Эн билигин, ийэҥ иһигэр сылдьаҕын. Кэмэ кэллэҕинэ, Орто дойдуга кэлиэҥ. Онно олус сырдык күн тыгар, туох барыта көстөр. Салгын баар. — Оттон салгын диэн тугуй? — Тыынар тыыннаах барыта салгыны тыынар. Салгын — олох сүрүнэ. Чуумпур эрэ... — .... — Ити ийэҥ тыынар. Кини тыыннаҕына, эн искэр эмиэ салгын киирэр. Ол аата эн эмиэ тыынаҕын. — Мин ийэм иһиттэн таҕыстахпына, бэйэм тыынар буолабын дуо? — Бэйэҥ тыынар буолаҕын. — Иэхэйбиин. Тыын да тыын буолуом. — Эйигин ийэҥ олус таптыыр. — Таптыыр диэн хайдаҕый? Ийэ миигин таптыыр, оттон мин кинини таптыыбын дуу? — Эн кинини олус таптыаҕыҥ. Ийэҥ эйигин Орто дойду үөрүүтүн көрдөрбүт саамай чугас киһиҥ буолуоҕа. — Мин ийэбиттэн таҕыстахпына, эн, мин уонна ийэм үһүө буолабыт дуо? — Эн ийэҥ иһиттэн таҕыстаххына, миигин истибэт буолуоҥ, атын элбэх баҕайы киһини көрүөҥ. Маҥнай быраастар баар буолуохтара, онтон аҕаҥ кэлиэ. Онтон эбэҥ, эһэҥ, эдьиийдэр, убайдар, таайдар, саҥастар... — Мин таһырдьа тахсарбын олус күүтэбин, ол гынан баран куттанабын аҕай. — Куттаныа суохтааххын. Олус куттанар буоллаххына, Орто дойдуну көрбөккө хаалыаххын сөп. — Чэ, оччоҕуна аны куттаныам суоҕа... * * * — Мин күннэтэ улаатабын. Ийэм уонна аҕам саҥаралларын истэр буоллум. Ийэ наар ырыа ыллыыр. Оччоҕуна мин иһим кычыгыланар уонна утуйан хаалабын. Утуйдахпына, улаатан иһэр курдукпун. Сотору бу хахпар баппат буоларым буолуо. Түргэнник таһырдьа тахса охсубут киһи. Тоҕо эрэ уу чуумпу. Арааһа, ийэ утуйа сытар быһыылаах. Атахпынан маннык тэбиэлээтэхпинэ, кини уһуктааччы: «Ийээ, тур-тур. Мин аччыктаатым». Айыыґыт , бааргын дуо? — Баарбыа-ыан... Эн төрөөтөххүнэ, ийэҥ эйигин эмиийин үүтүнэн аһатар буолуоҕа. Оччоҕуна эн кииҥҥинэн буолбакка, айаххынан аһыы үөрэниэҥ. Аччыктаатаххына, ытаан бэбээрэр буолаар. — Хайдах ытаан бэбээрэбин? — Кыра оҕо айаҕынан саҥа таһаарарын ытаан бэбээрии дииллэр. Эн тоҥноххуна, аччыктаатаххына, тугуҥ эрэ ыалдьар, билбэт туруккар киирдэххинэ, ийэҕэр биллэриэхтээххин, өйдөөтүҥ дуо? — Оттон ийэ ытыыр дуо? — Ийэ эмиэ ытааччы, туохтан эрэ олус хомойдоҕуна... * * * — Мин ийэм бүгүн ытаата. Аҕам хайдах эрэ киһи быһыылаах. Саҥата улааппыт аҕай. Онуоха ийэм: «Мээнэ-мээнэ тыллаһыма, утуй», — диир. Ийэм наһаа хомойдо. Мин ону барытын эппинэн билэбин. Ийэм үөрдэҕинэ, тэҥҥэ үөрсэбин, ытаатаҕына сүрэҕим сэлибириир, салгыным тиийбэт курдук буолар.
— Эн ийэҥ сүрэҕин анныгар сылдьаҕын. Ол иһин кини туругун ким-хайа иннинэ билэҕин. Эн дьоллоох оҕоҕун — ийэлээх аҕаҥ улахан тапталларын кэрэһилээн сиргэ кэлиэҥ турдаҕа. Аҕаҥ эйигин уһанарга, бултуурга үөрэтиэ. Мэлдьи батыһыннара сылдьыа, көрүө-харайыа, харыстыаҕа. Ол иһин аҕа ийэттэн итэҕэһэ суох чугас киһиҥ буолуоҕа. — Иэхэйбиин. Мин ийэлээх аҕабын билиҥҥиттэн, көрө иликпиттэн олус-олус таптыыбын. Ийэ буолаары сылдьар Туйаара оҕолонор күнүн олус долгуйа күүтэр. Иһэ кэлиҥҥи нэдиэлэҕэ биллэ улаатта. Дьүөгэлэригэр: — Хаһан оҕолоно охсобун. Мээчик курдук сылдьабын. Наар тиэрэ сытан утуйабын, сиһим көһүйэн хаалар, — диэн күлэ-күлэ кэпсиир. Быраастар кыыска: «Иһиҥ улахан баҕайы, бухатыыр төрүүһү», — дииллэр. Эдэр ыал уол оҕону күүтэллэрин УЗИ аппараакка көрөн, өссө алта ыйдааҕар билбиттэрэ. Туйаара оҕолонуор диэри өссө икки нэдиэлэ хаалла. Онон бу күннэргэ дьиэтин-уотун сууйар-тарыыр, малларын бэрийэр. Оҕолоно илигинэ ону-маны атыылаһыан аньыырҕаан, көннөрү былаанныыр эрэ. Онтукайын испииһэк оҥорон кэргэнигэр хаалларыа. Ити курдук, кыра-кыралаан былааннана-былааннана кыһыны быһа хам сабыллан турбут түннүк пуортачыкатын арыйан сууйарга быһаарынна. Биэдэрэлээх уутун бэлэмнээтэ. Олоппоһу салҕанан үөһэ таҕыста. Эчи, иһиҥ улахан буоллаҕына, илиигин өрө көтөҕөрүҥ да ыарахан курдук эбит. Мэйиитэ эргийэрин аахсыбакка, сууйа сорунан баран, үлэтин саҕалаата. Эмискэ иһин түгэҕэ аһый гынна. Муоста, ботолуок устарга дылы буолла. Туйаара “тугун дьиктитэй, бэлиэр төрөөрү гынным дуу?” диэн чочумча тохтоото. Онтон тыын ыла түһэн баран, эмиэ аалбытынан-соппутунан барда. Арай ыарыыта иккистээн киирэр курдук гынна. Кыыс олоппоһуттан түһэн төлөпүөнүн көрдүүр аакка түстэ. Сүрэҕин тэбиитэ ордук күүһүрбүккэ дылы буолла. Үлэлии сылдьар кэргэнигэр эрийдэ. Анарааҥҥыта төлөпүөнүн тоҕо эрэ ылбата. Дьэ, эбии ыксаата. Онтон туран, өй ылан эдьиийигэр эрийдэ. Эдьиийэ Кылаара, кэлиэх буолла, ускуорайга «көннөрү төлөпүөнтэн» сибилигин эрийиэм диэтэ. Туйаара ыарыыта ыллар-ылан истэ. Уһуутуу-уһуутуу дьыбааныгар олоро сылдьар буолла. Ол быыһыгар наадалаах, балыыһаҕа барар докумуоннарын көрдүү сатыыр. Тоҕо да эрдэтинэ бэлэмнээн кэбиспэтэҕэ буолла? Докумуона аны ыскаап үөһэ баар, салҕанан тахсан ылара дуу, мэйиитэ эргийэрэ дуу — араас санаа киирэн тахсар. Бээ, туох наада этэй? Пааспарым, полиһым, обменнай хаартам, төрүүр сэртипикээтим. Барыта баар буолуохтаах. Кылаара сибилигин кэлэр ини. Ыксаатахха, ыгылыйдахха, кыра да кыһалҕа улаатан көстөр. Саатар, Игорь төлөпүөнүн ылбат. «Таҥара, баар буоллаххына көмөлөс. Ускуорай, баһаалыста, түргэнник кэл!» — диэн иһигэр көрдөһө саныы сытта. Кэтэстэххэ, бириэмэ ааһан испэт. Эмискэ төлөпүөн тыаһаата, Игорь эбит. Туйаара төлөпүөнүн ылан, киһитин саҥардар да бокуой биэрбэккэ, титирэстии-титирэстии: — Игорь, төрөөн эрэбин быһыылаах. Түргэнник кэлэ оҕус. Тоҕо төлөпүөҥҥүн ылбаккыын... Ыалдьар аҕай буолбат дуо... — дии-дии, ытаан сыҥсыйан барда. * * * Нэдиэлэ ортото, сэрэдэ күн буолан, Игорь отчуот туттаран мучумааннана сылдьыбыта. Отчуота эрэ, туга эрэ. Кэргэнэ туруупкаҕа ытыырыттан бэйэтэ кытта ытыах курдук ыгылыйда. Сып-сап хомунан, тахсан барда. Ускуорай
кэлэ илик буоллаҕына, кэргэнин балыыһаҕа бэйэтэ илдьэригэр тиийэр. "Аны массыынаҕа төрөөн кэбиһэбит дуу. Эчи, кутталын. Ускуорайбыт кэлэ охсоро буоллар" дии саныы-саныы, муҥ кыраайынан дьиэтин диэки көтүттэ. * * * Ити бириэмэҕэ кыыс эдьиийэ Кылаара уулуссаттан “Жигули” массыынаны тутан, айаннаан кэлэн истэ: — Доо, баһаалыста, арыычча түргэнник айанныыгын дуо? Балтым төрөөн эрэр. Дьиэтигэр соҕотох. — Аа, что делать? Мне-то жизнь дорога и машинка тоже. Ты будешь оплачивать что ли? Не могу же объехать все машины. Как могу так и едем, — диэн суоппар бэрт наҕыллык хардара олордо. Кылаара иһигэр абарда аҕай. Саатар, булан-булан олорсубут массыыната да баар. Кыыкырдатан-хаахырдатан бытаана сүр курдук. Иномарка эбитэ буоллар, элэҥнэччи айанныахтар этэ, суоппара да бу киһитээҕэр дьорҕоот буолуо этэ. Ол буолан син тиксиһиннэрдэ. Кылаара сүүрүү былаастаан тоҕус этээстээх дьиэ подъеһыгар киирдэ. Аны туран лииптэрэ үлэлээбэт эбит. Сэттис этээскэ ыттыахха наада. Билигин кэлэн, толкуйдуур бириэмэ суох. Аҕылаан-мэҥилээн тахсыбыта, балта кууркатын, соппуоскатын кэтэн бэлэм турар. Игорьга эрийдилэр, хата, «чугаһаатым» диэтэ. Докумуоннарын ылан аллара түстүлэр. Кирилиэһи түһэн иһэн ускуорайдары уун-утары көрүстүлэр. Игорь ыгылыйда аҕай. Кэргэнин роддомҥа илдьэ бардылар. «Хайдах гыныах баҕайыбыный, үлэбэр төттөрү барарым дуу, роддомҥа барарым дуу?» — диэн саарбахтыы хаалла. * * * Туйаара ыарыыта сүрдэннэ. Ол аайы куттанара улаатан истэ. Роддомҥа тиийэн балайда өр кэтэстэ. Төрөтөн испэттэр. Халаат кэтэрдэн баран, сылдьа түс диэн, көрүдүөргэ ыытан кэбистилэр. Төрүүр балаататтан кэмэ суох орулуур-сарылыыр хаһыы иһиллэр. Кыыс ыарыытыттан хайдах да буолуон билбэтэ. Түннүк кытыытынааҕы батарыайа тимир турбатыттан тутуһан турда. Ыарыыта киирдэҕинэ, төҥкөйө-төҥкөйө турбатын быһыта тутар, сымыһахпын быһа ыстыам диэн бэлэмнэнэр буолара да, уоһа-уоһугар ыпсыбат, тыына хаайтарар курдук. Кэмниэ кэнэҕэс ыҥыран төрүүр остуолга тиэрэ сытыардылар. Туйаара ыарыытыттан өй-мэй барда. Аттыгар биир нуучча дьахтара сол курдук төрөөбөккө уһуутуу, истиэрикэлии сытар. Быраастар хаһыылара иһиллэр: — Оннооҕор, бу кып-кыра кыыс хаһыытаабат, тулуйа сатыыр. Түксүлээ! –дэһэллэр. Туйаара иһигэр: «Бу ийэ буоларга бүтэһик эксээмэн курдук. Ыарыыны бүтүннүү тулуйуохтаахпын. Дьахтар барыта төрүүр. Оҕом эрэ этэҥҥэ таҕыстар», — диэн баран, түһүнэн кэбистэ. * * * Игорь роддомҥа сотору-сотору эрийэр, «кэргэниҥ төрүү илик» дииллэр. Бэйэбит эрийиэхпит, аралдьытыма диэн мөҕөллөр. Эмискэ төлөпүөнэ тыаһаата: — Игорь, это вы! Поздравляем, у вас мальчик-богатырь! Вес 4 кг, 50 гр., длина 52 см. Игорь чэпчии түстэ, дэлби ымайан-ымайан, мэктиэтигэр алааран хаалла. — Баһыыба-баһыыба, как они, нормально даа? –диэн нууччалаабыта буолла. — Все нормально, состояние удовлетворительное, — диэтилэр. * * * Игорь Кылаараҕа эрийдэ, дьонугар эрийдэ, үлэтигэр эрийдэ. Онтон билигин хайыыр? Сууйуохха, сууйуохха наада! Хап-сабар, атаһа Бөтүрүүс нүөмэрин көрдөөн, салыбырас буолбут илиитинэн, үөрүүтүн үллэстэ охсоору, төлөпүөнүн хаһа турда. Светлана ТИМОФЕЕВА.
kyym.ru сайтан