Кэпсээ
Войти Регистрация

Бырастыы (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Бырастыы (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
15.05.2017 20:00
(Таптал сылаас иэйиитэ. Салгыыта.) Сарыал педучилищеттан уурайан кэлэн баран, бастаан сопхуоһугар хотоҥҥо бостууктаабыта, онтон оройуоҥҥа баһаарынайга үлэҕэ киирбитэ. Сарсыныгар үлэтин кэнниттэн оройуон киинигэр олорор аймах дьонугар сатыы баран испитэ. Үрэх муостатыгар чугаһаан иһэн, биир эдэрчи дьахтардыын көрсө түспүтэ. Сарыал хайдах эрэ аасыһыах курдук буолан истэҕинэ: «Уой, Сарыал!»- диэн саҥа иһиллибитигэр хайыһан көрбүтэ, били, оҕотук сааһыгар сүрэҕин туттарбыт кыыһа, таптаан эрэйдэммит доҕоро, Саргылаанчыга күлэн мичилийэн турар эбит. Сарыал, эмискэччитэ бэрт буолан, саҥата суох дөйүөрбүт курдук тура түһэн баран:»Оо, Саргылаанчык, хайдах түүл-бит курдук манна баар буоллуҥ?»- диэбитэ уонна Саргылаанчыгын ыга кууһан ылбыта. Таптыыр кыысчаана хап-хара хараҕа таптал, үөрүү кыымынан сылаанньыйа көрбүтэ. Уонна иккиэн уос-уостарыттан даҕайсан, тулалыыр эйгэлэригэр туох буоларын умнан туран, олус да минньигэстик уураспыттара. Онтон утарыта көрсөн тура түһэн баран:»Ити урукку ыскамыайкабытыгар баран олоруохха,»- диэбитэ Сарыал уонна уруккуларын курдук илии-илиилэриттэн ылсан ыскамыайкаларыгар сэргэстэһэ олорбуттара. Чочумча саҥата суох олорбуттара онтон Сарыал:»Хайа, Саргылаанчык, төһө бэркэ олордугут, хас оҕолоннугут?»- диэн ыйыппыта. Саргы саҥата суох сири тобулу көрөн олорон баран төбөтүн өндөтөн уу-хаар баспыт хараҕынан Сарыал диэки көрөн олорон:»Ээ, эн-эн миигин бырастыы гын… Эн миигин бырастыы гымматыҥ биллэр… Кэргэммиттэн арахсан бу соторутааҕыта кэлбитим. Кыыстаах уол оҕолоохпун уонна…»- диэн иһэн этиэхтээх тылын ситэ эппэккэ хаалбыта. Ол курдук иккиэн саҥата суох сир диэки умса көрөн олорбуттара. Сарыал хайдах эрэ этэ «дьар» гына тымныйталаан ылбыта. Урут бу ыскамыайкалара күндү да буолара! Кэлэр кэмнэрин ыралаан-ойуулаан көрөн, олус үчүгэйдик дьоллоохтук олоруохпут дэһээхтииллэрэ… Онтулара ханна баарый? Табыллыбатаҕа. Били, урут оскуоланы бүтэрбит сайыннарыгар кылааһынан Сыайаан үрэҕэр походтуу барбыттара. Онно сайыҥҥы үрүҥ түүҥҥэ икки таптаһар сүрэхтэр, сибэккилээх хонуунан сиэттиһэн ол түүнү олус да дьоллоохтук атаарбыттара. Кинилэр эрэ үрдүлэринэн күн кылбайа уоттанан, араас өҥнөөх сардаҥаларынан ыһыахтанарга, дьэрэкээн сибэккинэн симэммит хонууну сылааһынан угуттуурга дылыта. Сарыал сибэккилэр быыстарыттан саамай кэрэлэрин, сардаана сибэкки хас да дьөрбөтүн оргууй ылан, Саргылаанчык илиитигэр туттарбыта. Онно тапталлааҕа, эн биһикки хаһан да арахсыахпыт суоҕа диэн эппит тылларын Сарыал хаһан да умнуо суоҕа. Ол тыл кини өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар хаһан да ааспаттыы уратытык, дириҥник иҥмит. Алтааныскай.
edersaas.ru сайтан